Үлэ
- Сир үүнүүтүнэн, киһи үлэтинэн биллэр.
- Кэккэҕэ киирдиҥ — симэлийэн, сүтэн хааларга дылыгын эрээри, таммах курдук модун сүүрүк кыаҕар кыттыһаҕын… Николай Лугинов
- Үлэлээн, эрэйдэнэн киһи үчүгэй үлэһит буолар.
- Уопсай дьыалаҕа кыырпах да саҕа кэтэх, хос санаа буккуһара сатаммат.
- Киһини бытыгын иһин буолбакка, үлэтин иһин ытыктыах баара.
- Төрөөбүт дьонун-сэргэтин, төрөөбүт норуотун олоҕун кытта сибээһэ быһыннар эрэ, киһи үлэтэ-хамнаһа да үөтэлээбэт үгэстээх. Софрон Данилов
- Таптыыр идэ туһунан анаан кэпсэтии ыраахтан ыалдьыттаһар, сэдэхтик көрсүһэр дьоҥҥо ордук табыллан тахсар.
- Эйэлээхтик, көрдөөхтүк үлэлээтэххэ, киһи сылайбат, салгыбат…
- Таптыыр үлэҥ ырыа курдук эбээт, тахсардаах-тахсыбаттаах. Таҕыстар эрэ, тохтуоххун баҕарбаккын. Амма Аччыгыйа
- Эрэйдэнэн бултаабыт булт минньигэс. Иван Гоголев
- Киһи норуотугар туһата үйэ уһунунан буолбакка, үлэ үйэлээҕинэн кэмнэнэр-кээмэйдэнэр.
- Бу орто дойдуга киһи көлөһүнүн таһаарбакка олорбот дойдута.
- Үйэ-саас тухары — норуот, эйэ уонна үлэ үһүөн арахсыспат биирдэр. Киһи-аймахха илиинэн оҥоһуллубут, биитэр өйтөн булуллубут күндүттэн күндү туох баарын барытын үлэһит норуот, соҕотох кини эрэ айбыта уонна айар.
- Үлэһит киһи эстэр, өлөр тускула суох. Киһини үлэ киһи онорбута. Үлэ киһиэхэ кини тыыннаах буоларыгар быйаҥы эрэ биэрбэтэҕэ, өссө кини киһи өйө-санаата сайдыытын, прогрессивнай буолуутун эмиэ айбыта.
- Үлэһит киһи эстэр, өһөр тускута суох. Суорун Омоллоон
- Үгүс үчүгэйгэ көҕүйбэккэ
Үлэлээтэххинэ үссэниэҥ,
Алыс аймааһыҥҥа аралдьыйбакка
Аһыыргын санаатаххына абыраныаҥ,
Кэлтэччи киһиэхэ кэнтэйбэккэ
Кэскилгин тэриннэххинэ
Киһи-хара буолуоҥ.
Алампа
- Улахан үлэтэ суох, улахан патриотизма суох, цивилизация суох. Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй
- Үлэ — олох ис хоһооно,
Үлэтэ суох олох суох.
Үлэ диэн дьол доҕуһуола,
Үлэтэ суох дьол да суох.
- Оһох оттуллар аналлаах:
Оттуллубатаҕына — тымныйар.
Өрүс сүүрүгүрэр аналлаах:
Сүүрүгүрбэтэҕинэ — сытыйар.
Хатыҥ көҕөрөр аналлаах:
Көҕөрбөтөҕүнэ хатар, өлөр.
Кынаттаах көтөр аналлаах:
Көппөтөҕүнэ — сорсуйар.
Хомус хоһуйар аналлаах:
Хоһуйбатаҕына — дьэбиннирэр.
Киһи үлэлиир аналлаах:
Үлэлээбэтэҕинэ — өлүктүйэр.
- Үлэ диэн дьол доҕуһуола,
Үлэтэ суох дьол да суох…
Үлэ диэн үтүө киһи
Үйэлэргэ өлбөт мэҥэ…
Үлэ диэн дьон аргыһа,
Олох үрдүк муудараһа.
Семен Данилов
- Киһи сүөһүттэн уратыта диэн үлэ үрдүк ис хоһоонун өйдөөһүнүгэр сытар. Николай Лугинов
- Күн анныгар үлэтэ суох туох да айыллыбат, оҥоһуллубат, туох баар киһиэхэ, тыыннаахха сыһыаннаах ийэтэ — үлэ. Бүөтүр Тобуруокап
- Үлэ киһититтэн ордук чиэстээх, ытыктабыллаах бу күн анныгар ким баар буолуой? Үлэ үөрүүтүттэн ордук үрдүк, ыраас үөрүү туох баарый? Иван Гоголев-Кындыл
- Үлэни саҕалыах эрэ иннинэ ыарахан. Үлэлээн бардахха, киһи үлэ иһигэр киирэн, улам сыстан, таттаран барар, кыаллыа да суох курдук кыаллан иһээччи. Василий Яковлев-Далан
- Үлэнэн туох бары кэмнэнэр,
Үлэттэн дьол-соргу тарҕанар.
В. Ксенофонтов
- Үлэ бөҕөнү үлэлиэҥ,
Үп-ас бөҕөнү өлөрүөҥ.
Илья Баишев
- Үлэ, үлэ барахсан буоллаҕа дии, олох туллар тутааҕа: дьону дьоллуур, киһини кэскиллиир. Леонид Попов
- Киһи олох олорорун устата үлэлиир
Тус бэйэтигэр, тулалыыр эйгэтигэр,
Үлэ иилии эргийэр эн, күҥҥүн,
Үлэ, үлэ эрэ арыйар эн, кимҥин.
Үлэнэн оҥоһуллар уйгу,
Үлэнэн салаллар саргы.
Саргы Куо
- Үлэ көҕө диэн бу улуу күүс. Михаил Ефимович Николаев
- Норуоту норуот, өрөспүүбүлүкэни өрөспүүбүлүкэ оҥоруохпутун баҕарар буоллахпытына, үлэҕэ сыһыаннаах, үлэни өйдүүр, билэр, төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин таптыыр, ытыктыыр ыччаты иитэн таһаарыахтаахпыт.
- Биһиэхэ барыта баар: баай сир-уот, билиигэ-көрүүгэ, үлэҕэ-хамнаска тардыһыылаах нэһилиэнньэ. Онон, бары биир киһи курдук турунан, үлэлиэххэ-хамсыахха эрэ наада. Егор Афанасьевич Борисов
- Саха киһитэ куруутун аччык буолуохтаах, аһаабакка буолбатах, үлэнэн түбүгүрэ сылдьыахтаах. Эдьиий Дора
- Дьиҥ чахчыта үчүгэй үлэһит үлэлии сылдьан аатырыы, албан аат, наҕараада тустарынан хаһан да санаабат. Михаил Алексеев
- Үчүгэйи үлэ-хамнас үөскэтэр,
Үлүгэри үлэлээбэт үксэтэр. - Көлөһүнү тохпокко эрэ,
Олоххо тугу да ситиспэккин. - Үлэҕэ үлүһүйүү
Үчүгэйгэ өксөйүү.
Идэ
- Таптаатахха, сөбүлээтэххэ идэ барыта, дьоҥҥо туһалыыр идэ барыта үчүгэй. Кылаабынайа — үчүгэйдик үлэлиэххэ наада. Куһаҕаннык үлэлиир буоллаххына, ханнык да бэйэлээх үтүө идэ быыһыа cyoҕа. Софрон Данилов
- Хас биирдии идэҕэ аат-суол, чиэс диэн баар. Эдьиий Дора