1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (2 оценок, среднее: 3,50 из 5)
Загрузка...
15 308 просмотров

Эҕэрдэлэр

Күндү оҕолорбут!

Алаһа дьиэни тэринэр, аал уоту оттор, төрөтөр оҕону төлкөлүүр, иитэр сүөһүнү күрүөлүүр үтүө-мааны күҥҥүтүнэн ис сүрэхтэн долгуйан туран итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Алтан сэргэни анньан, аар баҕаҕы айгыһыннаран киһи-сүөһү төрдө буолуҥ, кэхтибэт кэскиллэниҥ, оҕону-урууну ууһатан охтубат оҥорууланыҥ, уйгу-быйаҥ олохтонуҥ, уолбат ойбот, чөҥөрө чүөмпэ буолан ааспыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр саха бастыҥ ыала дэтиҥ! Үс дойдуга үтүө дьонунан аатырыҥ, үйэлэр тухары үргүөр үргүйбэккэ айымньылаахтык үлэлээҥ-хамсааҥ! Умса түстэххэ сүүс-сүүскүтүттэн өйөһөн, биир сүбэнэн өйдөһөн этэҥҥэ сылдьыҥ! Сонуҥҥут сойбокко, тапталгыт
татыарыйбакка, өйгүтүн-санааҕытын холбоон, күүскүтүн-күдэххитин түмэн, уу тэстибэтинэн Уруйу кытта Алгыс курдук ааттаах үчүгэйдик, иллээхтик-эйэлээхтик, уһуннук-дьоллоохтук олоруҥ!

 

Үтүө-мааны доҕоттор, Саҥа дьылынан!

Саргылаах Саҥа дьыл салаллан кэлбитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэхпит буоллун! Сыллааҕы үлэни-хамнаһы, үмүрүтэ туппучча ыллыаҕыҥ-туойуоҕуҥ, үөрүөҕүҥ-көтүөҕүҥ! Кэрэ кэскили кэрэһэлиир нус-хас, быр бааччы олохпут түөрэҕин түстүөҕүҥ! Үүммүт саҥа сыл хас
биирдиигитигэр уонна эһиги чугас дьоҥҥутугар үлэҕэ-үөрэххэ, олоххо-дьаһахха сонун арыйыыны, саргылаах саҕахтары, үрдүк ситиһиилэри, талба табыллыыны тосхойдун! Эйэ-дьол эҥээрдэстин, уйгу-быйаҥ үксээтин!
Чэгиэн-чэбдик сылдьыҥ, дьоллоох-соргулаах буолуҥ!

 

Үбүлүөйгүнэн!

Эйигин олоҕуҥ кэрэ-бэлиэ кэминэн, өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн, бу ытык сааскар олоххо көхтөөх позицияҕын ыһыктыбакка сылдьаргынан киэн туттан туран, ис сүрэхтэн тахсар истиҥ тылларынан эҕэрдэлиибит!
Саха киһитин олоххо күүстээх тапталын, Дьылҕа Хаан араас тургутууларын этэҥҥэ ааһан, ыарахаттартан чаҕыйбакка, иннин диэки эрэ барар дьүккүөрүн, үлэһит сүрэҕин Эн хоһуун холобургар көрөбүт. Чугас дьонуҥ, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, биир дойдулаахтарыҥ, кыһамньытынан
сүһүөҕүҥ үрдүгэр, үлэ үөһүгэр сылдьан ытык сааскын көрсөргүттэн үөрэбит, сөөҕөбүт-махтайабыт! Үтүөкэн киһибит, чэгиэн-чэбдик сырыт, Эйиэхэ уонна дьиэ кэргэҥҥэр мэлдьи ситиһии эрэ эҥээрдэстин, куруук дьол-соргу эрэ тосхойдун! Алгыс баһа сыаланнын! Уруй-туску, айхал-мичил буолуохтун!

 

Күндү учууталларбыт!

Эһигини бу дьоһун дьоро киэһэнэн, кэрэ-бэлиэ күнүнэн, үүнэр ыччат өйүн-санаатын, билиитин-көрүүтүн биһигэ буолар үөрэммит кыһабыт үбүлүөйдээх чааһынан, итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Үгүс көлүөнэ ыччаты иитэн-үөрэтэн, саҥаттан саҥа кирбиилэри ситиһэн, сайдыы үтүө саҕахтарын арыйан төрөөбүт оскуолабыт нэһилиэк, улуус кэскилин түстэһэр. Араас сылларга оскуоланы бүтэрбит үөрэнээччилэр билигин улуус уонна өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар дьоһун кылааты
киллэрсэллэр, олох араас эйгэтигэр биллэр-көстөр үлэһит буолан нэһилиэктэрин, оскуолаларын аатын ааттаталлар, үөрэппит-такайбыт учууталларын барҕа махталынан ахталлар-саныыллар. Биһиги бүгүн эмиэ күндү учууталларбытыгар барҕа махталы, үрдүк сыанабылы бу бэлиэ
түгэҥҥэ этэбит.
Инникитин даҕаны айымньылаахтык, уҕараабат эрчиминэн кэрэ кэскил туһугар үлэлии-хамсыы сылдьыҥ, ылсыбыккыт сыыйа-баайа ыпсан, саҕалаабыккыт сатанан, уурбуккут-туппуккут барыта биллэр-көстөр үтүө түмүктэнэн истин! Мэлдьи ситиһии эрэ эҥээрдэстин, куруук дьол-соргу эрэ тосхойдун!

 

Суон дурда, халыҥ хахха буолар,
эркин курдук эрэнэр эр дьоммут!

Эһигини Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Чиргэл тиит мас киилин курдук бөҕө туругу, ылбыт тэтими ыһыктыбат эрчимнээх, киэҥ аартыктары тэлэйэр таһаарыылаах үлэни баҕарабыт!
Эһиги тускутугар
Үрдүк дабаан намтаатын,
Хара тыа ыллыктаннын,
Дириҥ далай оломноннун,
От төбөтө охсубатын,
Талах төбөтө таарыйбатын, -диэн өбүгэлэрбит былыргы алгыстарынан алгыыбыт, Алгыс баһа сыаланнын!
Уруй-туску, айхал-мичил буолуохтун!

 

Айар куттаах киһибит!

Эйигин олоҕуҥ кэрэ-бэлиэ кэминэн ис сүрэхтэн истиҥник эҕэрдэлиибит! Айар талааныҥ сылтан сыл аайы саха алмааһын курдук чочуллан, үгүс кырыыланан, араас өҥүнэн чаҕылыйа оонньуур, эн айымньылаах үлэҥ дьону-сэргэни үтүөҕэ-кэрэҕэ кынаттыыр, сырдыкка-ыраахха угуйар. Бу курдук кэскиллээҕи көрөн, өйгүн-санааҕын, билиигин-көрүүгүн түмэн, дьоҕургун биэрэн, бар дьонуҥ ытыктабылын ылан дьаныардаахтык, үтүө суобастаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаргынан киэн туттабыт!
Саҥаттан саҥа ситиһии, сонунтан сонун арыйыы, сүргэҕин көтөҕөн, санааҕын кынаттаан, үрдүктэн үрдүккэ көтүтэ туруохтун. Эйиэхэ уонна дьиэ кэргэҥҥэр мэлдьи ситиһии эрэ эҥээрдэстин, куруук дьол-соргу эрэ тосхойдун! Алгыс баһа сыаланнын!

 

Ытыктабыллаах салайааччыбыт!

Эйигин, өйүн-санаатын, билиитин-көрүүтүн, дьоҕурун улуус сайдыытыгар, кэрэ кэскиллээх буолуутугар биэрэн үлэлии-хамсыы сылдьар, улууһун историятын, дьонун-сэргэтин үгэс буолбут дьарыктарын уонна олохторун илгэтин чөл хаалларыыга, байытыыга ылыктаах, киэҥ
далааһыннаах санаалардаах, этиилэрдээх салайааччы быһыытынан үрдүктүк сыаналыыбыт.
Төрөөбүт улууһуҥ нэһилиэнньэтин олоҕо-дьаһаҕа социальнай-экономическай өттүнэн көмүскэллээх, сайдыылаах буоларыгар, эдэр көлүөнэ ыччата дьиҥ чахчы төрөөбүт норуотун тыыныгар уһуйуллан инники кэскилин саныыр буола улаатарыгар, кыаҕын-дьоҕурун толору арыйан үүнэригэр-сайдарыгар улахан суолтаны биэрэргин билэ-көрө сылдьабыт, киэн туттабыт, барҕа махталбытын этэбит! Сыралаах, үтүө суобастаах үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри, биллэр-көстөр үтүө түмүктэри баҕарабыт! Чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр или-эйэни, тапталы, дьоллоох уһун олоҕу!

 

Күндү биир идэлээхтэрбит!

Эһигини үүнэр саҥа сылынан, саргылаах Саҥа дьылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Ахсынньы аам-даам тымныытын аахсыбакка, чаҕылхай күннээх итии-куйаас дойдуттан ойон-тэбэн иһэр Эбиссийээнэ саҥа сылга эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар тэбэнэттээх, үөрүүлээх түгэннэри бэлэхтээтин, сырдык-сылаас сыһыаны, уоттаах итии тапталы аҕаллын!
Уҕараабат-уостубат күүһүттэн, эстибэт эрчимиттэн бэристин! Айымньылаах үлэҕит эһигини уонна тулалыыр дьоҥҥутун үрдүккэ кынаттаатын! Ситиһии -табыллыы үксээтин, саргы-дьаалы салалыннын! Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан!
Бас-көс, тумус туттар киһибит!
Эйигин ис сүрэхпититтэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эн ыччаты иитиигэ, бар дьон өйүн-санаатын түмүүгэ суолталаах дьыаланы өйүүргүн, ону таһынан тус бэйэҥ аата-ахса суох үгүс түбүктээх, сүҥкэн эппиэттээх, кэскили түстүүр, дьон-сэргэ уйгу-быйаҥ аргыстаах, чиҥ, бигэ туруктаах олохтоноругар туһуламмыти уустук үлэҕиттэжн быыс булан, кэмэ суох элбэх
сыраны-сылбаны эрэйэр, күнү-дьылы ирдиир дьыалаҕа ыллыктаахтык ылсаҥҥын сыралаһан үлэлиириҥ хайҕаллаах суол. Бар дьонуҥ туһугар тугунан да кэмнэммэт сүдү кылааккын сөҕө-махтайа бэлиэтиибит. Эн туохтан да иҥнэн-толлон турбат, ылыммыккын тиһэҕэр тиэрдэр майгыҥ, ураты дьулууруҥ биһиэхэ холобур буолар. Үтүө-мааны_________! Эйиэхэ, бу бэлиэ түгэнинэн сиэттэрэн, баҕа санааҥ барҕара туоллун, ыра санааҥ ыпсан истин, туппутуҥ тубустун,
толкуйдаабытыҥ тобулуннун, дьаныардаах үлэҥ өссө үрдүктэн үрдүк чыпчааллары дабайар үктэл буоллун диэн алгыс тылбытын аныыбыт!

 

Улуу Кыайыы күнүнэн!

Эйигин бу бэлиэ күнүнэн ис сүрэхпититтэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бүгүҥҥү көлүөнэ дьоллоох олохпут оҥкулун уһансыбыт, түөрэҕин түстэспит, уоттаах сэрии сибиниэһинэн силлиэрэр, буулдьанан толоннурар толоонун ортотунан ааспыт ыарахантан чаҕыйбат чаҕаан
майгылаах хорсун буойуннарбытын, тыылга аччыктыыры-хоргуйары, сылайары-элэйэри аахсыбакка түбүгүрбүт, аас-туор кэмҥэ уһулуччулаах тулуурдарынан Улуу Кыайыы Өрөгөйдөөх күнүн чугаһатыспыт туруу үлэһит дьоммутун умнарбыт сатаммат, аҕа көлүөнэ дьоммут туһунан өлбөөдүйбэт үтүө өйдөбүлү кэнэҕэс кэнчээри ыччакка тиэрдэрдии өссө сириэдитэн, чэчирэтэн иһэр ытык иэстээхпит. Кинилэр сырдык ааттарын үйэтитиигэ кэскиллээх, кэрэхсэллээх санааны өйөөн, дьоһун үлэни иилээн-саҕалаан тэрийбиккит, күүс-көмө буолбуккут хайҕаллаах суол.
Бу бэлиэ түгэнинэн сиэттэрэн эйиэхэ, үгүс түбүктээх үлэҥ үтүө түмүктэри аҕаллын, сыралаах, дьаныардаах дьарыгыҥ сайдыы саҥа саҕахтарын арыйдын, баҕа санааҥ барҕара туоллун, ыра санааҥ ыпсан истин, туппутуҥ тубустун, толкуйдаабытыҥ тобулуннун диэн алгыс тылбытын аныыбыт!

 

Улууспут ытык-мааны киһитэ!

Тэрилтэ үлэһиттэрин уонна тус бэйэбит ааппытыттан Эйигин, өр сыллар устата улуус дьаһалтатыгар олус таһаарыылаахтык, айымньылаахтык салайан кэлбит ытыктыыр бииргэ үлэлэспит киһибитин, доҕорбутун, олоҕуҥ кэрэ-бэлиэ түгэнинэн, сыралаах үлэҥ сыаналанан, үрдүк наҕарааданы ылбыккынан олус үөрэн, астынан тураммыт ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит!
Төрөөбүт дойдуҥ буор кутун бухатыыра буолаҥҥын төрөөн-үөскээн, үүнэн-сайдан, дьонун-сэргэҥ уйгулаах олоҕун уһансыбытыҥ, тыа сирин бүппэт кытаанах үлэтигэр буспутуҥ-хаппытыҥ, төрөөбүт дойдуҥ олохтоохторун өҥ-тот, үүт-тураан олохторун, улуус экономикатын сүрүн
көрдөрүүтүн үрдүк кэрдиискэ таһаарбытыҥ. ырааҕы көрөн, кэскили санаан үлэлиир уонна наһаа дьаныардаах, ирдэбиллээх салайааччы буоларгын билэбит, сыаналыыбыт, киэн туттабыт. Инникитин даҕаны айымньылаах, киэҥ далааһыннаах үлэҥ ылбыт тэтими ыһыктыбакка салҕанан барыа диэн эрэнэбит.
Дьоһун олоххунан, үлүскэн үлэҕинэн, мааны майгыгынан, үтүө санааҕынан дьон-сэргэ ытыктабылын ыла тур, ылыммыт сыалыҥ ыпсан истин, тутуспут суолуҥ тупсан ситин, дьолунан толору, үөрүүнэн ситэри уһун дьоллоох олоҕу баҕарабыт! Күүс-көмө, сүбэ-ама, өйөбүл-тирэх
буоларыҥ иһин барҕа махталбытын этэбит.

 

Айар-чинчийэр үлэһиппит!

Эйигин, норуоппут чулуу интэлигиэнсийэтин биир дьоһун бэрэстэбиитэлин, наукаҕа сонун көрүүлээх саҥаны арыйааччыны, дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт кэккэ үлэлэрдээх кэллиэгэбитин, өрөгөйдөөх сааскын айар-чинчийэр үлэҥ үөһүгэр сылдьан көрсөргүнэн кэлэктиип аатыттан иттитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Эн араас үлэҕэ, салайар да дуоһунаска үтүө суобастаахтык үлэлээн кэллиҥ. Төрүт уус дьонтон удьуордаан, айылҕаттан мындыр толкуйдаах, сылык өйдөөх буолаҥҥын, эдэр сааскыттан үөрэтии-чинчийии үлэтигэр олоххун аныырга быһаарыммытыҥ. Тустаах үлэҥ таһынан сыал-сорук оҥостон, соҕуруунан-хотунан уоппускаҕар сынньаммакка араас архыыптары хасыһан үлэлээбитиҥ. Өр кэмнээх сыралаах үлэҥ түмүктэрэ анал идэлээхтэр улахан болҕомтолорун тардар, кинилэр үлэлэригэр көмө-тирэх буолар.
Ытык-мааны_________! Эн курдук сэмэй көнө сүрэхтээх, саха муударай кырдьаҕастара биһиэхэ барыбытыгар холобур буолаллар. Бу курдук өр сыллаах үлэҥ түмүгүн чөмчөт, чинчий, бар дьонуҥ дьолугар чэгиэн-чиргэл буол, уһун үйэлэн!
Үтүө-мааны киһибит!
Эйигин баай ис хоһоонноох олоҕуҥ биир бэлиэ күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит! Бар дьон билиниитэ, дьон-сэргэ дириҥ махтала санааҕын кынаттаатын, үрдүктэн үрдүккэ көтүтэ туруохтун. Эн төлкөлөөх төрөөбүт кыраайгар муҥура суох тапталыҥ, көнө, чөл олоххо дьулууруҥ үүнэркэнчээри ыччакка үтүө холобур буоллун. Чэгиэн-чэбдик олоҕу, үгүс үөрүүнү-көтүүнү баҕарабыт!

 

Ыал буолбуккутунан!

Уоттаах тапталгыт иэйиитинэн саха буолар саргыгытын салайар, киһи буолар кэскилгитин тэринэр кэрэ-бэлиэ күҥҥүтүнэн, ыраах да баар буолларбыт, адьас чугастык санааммыт, олус астынан, долгуйан тураммыт, истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит, уруй-айхал этэбит!
Олус үөрэбит биһиги ытыктьыыр үтүө-мааны доҕотторбут — дэгиттэр талаанынан, тэрийэр дьоҕурунан, үгүс үлэтинэн биллэр, ытыктанар дьоммут оҕолоро ыал буолбутуттан! Астынабыт киһи кэтэһэр кэскиллээх төрүт уус, үтүө удьуор ыччата сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан холоонноох доҕор, тапталлаах кэргэн буолбуттарынан. Күндү________! Экчи эрэнэбит эһиги төрөппүттэргит дьоһун холобурдарын батыһан, утумнарын салҕаан тапталгытын харыстаан-бүөбэйдээн бэйэ-бэйэни ситэрсэр, мэлдьи өйөһөр-өйдөһөр, хардарыта ытыктаһар уйгулаах олохтоох дьиэ кэргэн буолуоххутугар!
Эдэр ыалга Айыыһыккыт арыалластын, Иэйэхсиккит эҥээрдэстин, дьол-соргу тосхойдун, ааты ааттатар, удьуору ууһатар, оҕолоох-уруулаах, өлгөм астаах-үөллээх ыалдьытымсах ыал буолуҥ, үлэҕит-хамнаскыт ситиһиилэннин, дьон-сэргэ убаастабылын ылыҥ диэн алгыс тылбытын этэбит! Күн сиригэр баар бары үтүөнү-кэрэни, сырдыгы, уостубат тапталы баҕарабыт! Уруй-туску, айхал-мичил, күөгэл-нусхал буолуохтун!

 

Ырыа куттаах киһибит!

Баай ис хоһоонноох олоҕуҥ биир бэлиэ түгэнинэн сахалыы итии-истиҥ эҕэрдэ этэбит! Бүтүн норуот култууратын сайдыытыгар, кэнчээри ыччакка тиэрдиигэ, байытыыга кылааккын киллэрсэр, ырыа кустук эгэлгэ өҥүнэн суһумнуур уратытын, музыка дууһаны долгутар сүдү күүһүн бар дьоҥҥо тиэрдэр, ис сүрэххиттэн кыһаллар айымньылаах үлэҥ ситиһиилээх буоллун, айылҕаттан талааныҥ алмаас таастыы араас өҥүнэн чаҕылыйа оонньоотун.
Эйиэхэ уонна дьиэ кэргэҥҥэр мэлдьи ил-эйэ эҥээрдэстин, куруук дьол-соргу эрэ тосхойдун! Алгыс баһа сыаланнын!

Ис сүрэхтэн… : эҕэрдэлэр [хомуйан оҥордулар: Н.Э. Игнатьева, А.И. Филиппова]. -Дьокуускай : Бичик, 2018. — 56 с.