- Уол оҕо барахсан!
Уол оҕо барахсан дьоллоох,
Охтон түспэт оҥоруулаах.
Уол оҕо барахсан… Суорун Омоллоон
- Мин даҕаны,
Уол оҕо, эр киһи буоламмын,
Биир көлүөнэ дьылҕатын
Билэн-көрөн ааспытым,
Төһөнү эрэ син оҥорбутум,
Төрөөбүт иэспиттэн толорбутум.
Онон,
Иннибэр төһө да иэстээҕим иһин,
Кэннибэр хаалар кэриэстээх инибин. Болот Боотур
- Мин санаабар, киһи олоҕо
Эрэйтэн эриллэн тахсар:
Ыараханы туоруохтаах уол оҕо,
Оннукка үүнэр киһи барахсан!
Леонид Попов