Семен Данилов
АЙАННЬЫТ ЫРЫАТА
Ыркый ырыатын кытары
Ыраас санаабын хаһаанан,
Ыһык, өйүө оҥостон,
Ыраах аартыгы булаары
Хаҥыл буулуур аппынан,
Хара тыалары тэллэрэн,
Хаамыы, сэлии иккинэн
Хабылыннаран иһэбин.
Сайыҥҥы кэм барахсан,
Саһыл, саарба түүтүнүү,
Солко суһуоҕун ыһыктан
Суугун оонньуу турара.
Кэрэ кэмтэн сүрэҕим
Килбигийбит курдук дуу,
Кимтэн эрэ кистээммин
Киҥинэйэн ыллыыбын.
Барар суолум омооно
Бадаар таастаах хайанан
Бадык-бүдүк үмүөрэн,
Баллыгыраан сытара.
Таптыыр сүрэҕим уотунан
Талаһаахтыыр биэрэкпэр
Таас хайаны унуордаан,
Тиийиэм буолуо дуо, сэгээр?!
ТААЙБАТЫМ ТОҔОТУН:
Таптыыбын күһүнү
Сааскыттан, сайынтан ордорон.
Сэбирдэх тохторун,
Кэхтии дьэс дьүһүнүн
Кэтиибин нэһирэн олорон…
Сайыһа хаалбатым,
Санаарҕыы көрбөтүм
Куттас кус соҕуруу куотарын.
Куруһу булбатым
Тоҕотун өйдөөтүм:
ТОТ САХА мин күһүн буолабын!
«КҮҺҮҤҤҮ КУРУҺУ»
Ылгын Чыңыйа
Кэхтиигэ тэңнииллэр,
Чуңкутар күннэрин
Олус да сирэллэр…
Арай мин кинини
Сүрдээ5ин таптыыбын,
Ол дьикти иэйиини
Олустук суохтуубун…
Хараңа былыттар
Арда5ы а5алан
Ыраастыыр курдуктар
Мин куппун барыттан…
Айыл5ам саhаран
Олоххо ыксатар,
Ааспыты санатан
Иэйиини күөдьүтэр…
Мин кэрэ күhүммүн
Арахсыы дэhэллэр,
Ара5ас өңнөө5үн
Олус да сирэллэр:
Арай мин кинини
Сүрдээ5ин таптыыбын,
Ол дьикти иэйиини
Олустук суохтуубун…
Күhүнү сирэңңит
Дьаабытын дэhимэн,
Куруhун сиилээңңит
Олустук үө5үмэн!
Сир ийэ быйаңын,
Кэрэтин барытын
Күhүҥҥэ бэлэхтиир-
Бар дьонун күндүлүүр!
Күhүммүт биhиэнэ
Бэйэбит тэңэ дии,
Барыта киниэнэ
Сахалыы эбит дии:
Ханна да ыксаабат
Бэрт холку майгылаах,
Кими да матарбат
Үтүмэн сир астаах…
Сыл ахсын күhүммүт
Биир тэңник эргийиэ,
Оччугуй омугун
Барынан күндүлүө!
Бэл мунаарбыт куту
Холкутук сааhылыа,
Ураты күүhүнэн
Оло5у таптатыа!..
***
Бэрт кэлин сылларга,
Бу орто дойдуга
Мин күhүн эргийиэм,
Саңалыа күөрэйиэм!
Ылгын Чыңыйа
Дьахтар сайына
Аны түспэттэр өҥүрүк куйаастар,
Дапсыйбаттар этиҥнээх ардахтар,
Тыллыбаттар хонууну толору сибэккилэр,
Оргуйбаттар күргүөм күүстээх үлэлэр.
Айылҕам налыйа уоскуйар,
Толору дуоһуйуу баһыйар,
Билигин да элбэх кэрэхсиир —
Сэбирдэх ардаҕа ибирдиир…
Оо, дьахтар сайына барахсан,
Таптыыбын эйиигин ааккыттан,
Хаһыҥнаах хараҥа түүннэртэн
Саһара киэркэйэр кыаххыттан.
Аны баҕар түспэтиннэр даҕаны
Оргуйар, умайар куйаастар,
Курулаччы куппатыннар даҕаны
Имэҥнээх, илгэлээх ардахтар…
Мария Алексеева-Арылы Дуйдаах
АТ КУЛУН
Дьөһөгөй оҕотун
Күн айыы сорҕотун
Ситтэрбэт дьоруотун
Хайгыыбын соргутун.
Эн көҥүл иэйиигэр,
Тамайар сэлиигэр
Күн иитэ эргийэр,
Күлүмнүүр эн сиэлгэр.
Ат кулун сырыыгын
Ойутар сыһыыгын,
Ол айаас быһыыгын
Мин аҕам сыһыттын.
Эн көнө сүнньүгүн
Булларбыт көнтөскүн
Илиибэр ыламмын,
Салайа туттарбын.
Мин баҕа санаабын
Толоруоҥ, таайаҥҥын,
Түөрт түөрэм туйаҕыҥ
Тургутуо айаҥҥын.
Мин сахам дьоннорун
Миҥэлээх уйгутун,
Аарааннаах айанын
Эн аһыаҥ аартыгын!
Марта- Мария.
Петуховтар — Баян тыаһа.
Баян кэрэ дьүрүскэнин
Бүгүн истэн уйадыйдым
Ааспыт эдэр саас күннэрин
Аймаһыйа санаан ыллым
Хос ырыата:
Баян тыаһа нарын намчы
Сандал сааһы аҕаллаҕыан
Тохтор кѳмүс дорҕоонноро
Доҕотторбун санаттаҕын.
Кылбачыгас тимэх устун
Имигэстик тарбах сүүрэн
Истиҥ матыып дьүрүһүтэн
Абылаата саастаах куппун
Хос ырыата:
Баян тыаһа нарын намчы
Сандал сааһы аҕаллаҕыан
Тохтор кѳмүс дорҕоонноро
Доҕотторбун санаттаҕын.
Умнубаппыт кулууп дьиэтин
Умсугутар киэһэлэрин
Кутар байаан дьүрүлгэнин
Куйуһутар иэйиилэрин
Хос ырыата:
Баян тыаһа нарын намчы
Сандал сааһы аҕаллаҕыан
Тохтор кѳмүс дорҕоонноро
Доҕотторбун санаттаҕын.
БИЛИИ БИҺИГЭ — БИБЛИОТЕКА
(ырыа)
🌿
А. Егорова тыллара
Марианна Макарова — Барахсаана матыыба
Үйэлэри уҥуордааннар
Ааҕар дьиэлэр кэллилэр,
Үтүө кэрэ түгэннэри
Дьоҥҥо бэлэх ууннулар.
Киһи бары киэн тутта
Ахтан аастын эйигин,
Хас биирдиибит таптаатын
Билии ылар биһигин.
Манна киириэҥ — аан дойдубут
Арылыйа сырдыаҕа,
Кистэлэҥнээх киэҥ куйаарбыт
Илиигиттэн ылыаҕа.
Киһи бары киэн тутта
Ахтан аастын эйигин,
Хас биирдиибит таптаатын
Билии ылар биһигин.
Суолдьут сулус буолан куруук
Ааҕар дьиэбит ыҥырдын,
Сырдык сылаас эйгэтигэр
Өрүү кууһан ылыахтын.
АПТААХ ДЬИЭ
(ырыа)
А. Егорова тыллара
Гаврил Пахомов мелодията
Ааҕар дьиэҕэ — остуолга
Остуоруйа арааһа,
Кинигэни арыйыаҥ —
Бэйбэрикээн алааһа.
Ааҕар дьиэ — аптаах дьиэ,
Оҕо аймах таптала.
Мэнигийээн мэникчээн
Миигин манна көһүтүө,
Кып кыракый сэлиичээн
Тиллэн кэлэн көтүтүө.
Ааҕар дьиэ — аптаах дьиэ,
Оҕо аймах таптала.
Аан дойдубут аартыга
Мин иннибэр арыллыа,
Ааҕар дьиэ аргыстанан
Инникибэр айанныам.
Петр Тобуруокап
Бултуу сылдьан (быһа тардыы)
Саас кусчут дьон үксүн идэбит:
Көрсүһээт сэһэммит сэтэрэр,
Биир суолу биэстэ да кэпсиибит,
Кистэл суох, ардыгар эбиллэр…
Тыал түһэн, ардахтан куотаммыт,
Өтөххө чэйдээри сытаммын,
Истээтин сүрэхпин хамсаппыт
Биир сэһэн мин өйбөр хатаммыт….
Сыыспатах ытааччы аатырбыт
Омукча оҕонньор диэн баара,
Сирэйэ салгынтан хараарбыт,
Бэйэтэ сэһэргээн чаҕаарар…
-Оҕолоор, былыр мин аатыран,
Булчут уол, эр бэрдэ сылдьаммын,
Таптал ап туһаҕар туттаран,
Манныкка түбэһэн турабын.
Оччоҕо кыыс килбик көрүүтэ
Уотунан уматар хааннааҕым,
Күһүнүн, үлэ-той бүтүүтэ
Холбоһор үлэхтээх кыыстааҕым.
Дьэ биирдэ аттанан айгыстан
Үс көстөөх үрэххэ барбытым,
Булпуттан эмиһин, бастыҥын
Кэһиим диэн илдьиэхпин баҕаартым……
Петр Тобуруокап
Булчут музыката
Кыраһа долгун аалан
Кытыы кылыһа кырылыыр,
Кырыымпа кыла буолан
Кыра-кыратык дьырылыыр.
Аҥыр, уу оҕуһа аатыран,
Атынан үлүгэр мөҥүрүүр –
Уу анныгар тыаһыыр барабаанныы
Уҥуоргу хомустан лүҥкүнүүр.
Көҕөн, баас киэнин бастыҥа,
Күннэтэ күөмэйин оҥостор,
Түүн аайы сииктээх дьыбарга
Тымнытан кэбиһэн сордонор.
Чөркөй уйустуун куотуһан
Иҥин араастаан иһиирэллэр,
Чөкчөҥө үөрэ хосуһан
Илин-еэлин түсүһэллэр.
Ийэ кус симик тенора
Күөрэгэй тохтообот чуораана,
Ээбиллэ эйээрэр горна,
Туруйа лоҥкунас турбата –
Барыта булчут таптала,
Булчут сүрэҕин музыката.
Умсаах умсулҕана…
Саабын сото олорон,
Санаан кэллим, оҥорон,
Сайылыкпар сытарбын,
Сааскы куһу ытарбын…
Дурдам турар элгээнэ,
Долгуннура устаахтыыр,
Дьыбар тымныы чэлгиэнэ,
Дьигиһитэ кууспахтыыр…
Эмискэччи үрдүбэр,
Элиэтээтэ,халыйда,
Эр-биир кэлэн түстүлэр,
Эргийбэхтээт, ханайдар…
Умса-умса күөрэйэ,
Ууттан тэйэ, күөгэйэ,
Көөчүктэнэр көҥүллээх,
Күндү көтөр-көҕүллээх…
Куһуйбахтыыр көтүүлээх,
Кустан ордук күүтүүлээх,
Кэһиэҕирбит саҥалаах,
Күндү ыалдьыт, дьэ, умсаах…
Кыраһыабай баттаҕын,
Кылбаҥнатта,илгистэ,
Кытта кэлбит аргыһын,
Көҥөнөөхтөөн кииристэ…
Бэркэ таптыыр биэбэйим,
Биэстэ эстэр бэниэллим,
Биэстээҕинэн биэртэлээн,
Биллиргэттэ биирдиилээн…
Тоҕо бэрдэй, үөрдэрэ,
Туртайдылар түөстэрэ,
Табылламмын бултааммын,
Тыыбар сүүрдүм буурдааммын…
Хаһан тиийэн элгээммэр,
Киирэбиний дурдаҕа,
Байанайым үүтээммэр,
Кэтэһээхтээн турдаҕа…
Даҕанча
Хоҥор хаас
Сылы быһа кэтэспиппин толорон,
Киирдим номнуо хаастыы диэн арыыга,
Хас да күн олохтоохтук оҥостон,
Бэлэммин дьэ дүппүлүөттээн ытыыга…
Кумах тахсан, өрүс эриэн иэннэнэн,
Хахсаат тыала соммун курдат өтөрө,
Хаһан эрэ Байанайым имнэнэн,
Кэлэр булчут саамай күүтэр көтөрө…
Тыалга оргууй мончууктарым хамсыыллар,
Кумах тибэн, харахтарбар симиллэр,
Хатааһыннар, хаҕыс тыаллар, тымныылар,
Бултуур санаам онтон бууһа эбиллэр…
Хоту диэки хотоҕостуу субуллан,
Хоҥор хааһым хоҥкуната айаннаар,
Хоһуун булчут мончуугунан тардыллан,
Хойуостаҥҥын, холкутуйа халыйаар…
Оо оччоҕо сүрэх тэбэн тиҥийиэ,
Үүнүө булчут саамай күндү түгэнэ,
Түргэн туттуу, бэргэн ытыы дьэ билиэ,
Хотутуохтун куйаххын дэрэбинэ…
Хоҥоруулаах,олус сэрэх майгылаах,
Хоҥор хааһы бултаһарбын таптыыбын,
Хотуттарбат, чугаһаабат айгылаах,
Хоруол курдук туттарын убаастыыбын…
Өбүгэм саҕаттан сөбүлэммит үгэскэ,
Бултка бүттүүн, дууһалыын бэринэрбин,
Көрөн билэн бэрсиэ бүтүгэскэ,
Байанайым диэн бигэ эрэбилбин…
Сааскы күнүм харахтарбын саатырдар,
Саҕах быыһын кыраҕытык маныыбын,
Хаһан эрэ дьэ били аатырдар,
Хоҥор кэлэн, аахтарабын ытыыбын…
Даҕанча, 11.05.21.
Мунхаҕа айан
Мин бүгүн дьэ кэмниэ айаннаан,
Маардары, тыалары уҥуордаан,
Көтөбүн дойдубар муҥхалыы,
Көрсүүй дуу, оо эбэм, айхаллыы…
Ааһаллар алаастар элэҥнээн,
Айаннаан ахсымнык дайабыт,
Күүтэр дии, кэһиитин бэлэмнээн,
Күндэлэс эбэбит-Лахабыт…
Күөх Боллох, Байанай барахсан,
Күндүлүүр дии эбээт сыл ахсын,
Быстыбат баайыттан бэрсэрэ,
Бар дьону куруутун үөрдэрэ…
Аймахтар доҕоттор мустаммыт,
Анньыыны күөрэччи тутаммыт,
Киириэхпит кэккэлии эбэҕэ,
Күөх Боллох көрдөрөн иһиэҕэ…
Халлааным, кылааҥҥын кыларыт,
Хахсааттаах тыалларгын оҕуурдаа,
Муус чоҥку санааҕын уҕарыт,
Муҥхаһыт саханы уруйдаа…
Көмүс күн алҕааҥҥын амалый,
Көрүүй дуу, санаабын кынаттаан,
Тумарык ыгарын эн арый,
Тулабыыр эйгэбин алыптаа…
Ама дуу, кэтэһиин кэтэһэн,
Айаннаан иһэбин муҥхаҕа,
Сорукпун барытын ситиһэн,
Төрөөбүт дойдубар, Лахаҕа…
Даҕанча, 2019 с., сэтинньи.
Булчут санаата…
Турабын эмпэрэ үрдүгэр,
Өлүөнэ эбэбин одуулуу,
Ол онно, үлүскэн үөһүгэр,
Көтөбүн мин бүгүн хотойдуу…
Арыыны, үөстэри уҥуордаан,
Ахтыбыт үүтээммэр тиийэммин,
Булт кэмэ кэлбитин уруйдаан,
Алгыаҕым, уоппар ас кээһэммин…
Хоҥор хаас, эриэн түөс, кэлиитин,
Мончууктаах олорон, күүтүөҕүм,
Маҥнайгы көҕөнү кэтээммин,
Дурдабар ньимийэ сөҥүөҕүм…
Манньыйыа мин булчут айылгым,
Сааскы тыал сүрэхпин сиксийиэ,
Бу сыыйа уһуктар айылҕам,
Кэпсээнин, кулгаахпар, сипсийиэ…
Сахалар, биһиги дууһабыт,
Сис тыаҕа, үүтээҥҥэ,дурдаҕа,
Булт хаанын, өбүгэ алҕаабыт,
үйэҕэ бэриллэ турдаҕа…
Кэтэспит дьэ дьикти түгэни,
Мин булчут буоламмын, күүтэбин,
Тулабар тиллибит кэрэни,
Ардыгар хоһоонноон этэбин….
Турабын эмпэрэ үрдүгэр,
Өлүөнэ эбэбин одуулуу,
Улуукан бу Кыайыы күнүгэр,
Көтөбүн, үүтээммэр, хотойдуу…
Даҕанча, 07.05 19.
Булчут тойуга
Леонид Попов
(Эмээхсин ырыатын үтүктүү)
Арбаҕастаах, саҕынньахтаах
Айыыларга үҥпэппин,
Аал уокка аргынньахтаан,
Алгыс тылы эппэппин,
Байанай диэни билбэппин,
Барылыны билиммэппин.
Ол эрэн оҕо эрдэхпиттэн
Оноҕоһунан оонньоон улааппытым,
Эмньик-эмэн эрдэхпиттэн
Саанан саатаан сааһырбытым.
Син кэлин булчут дэппитим,
Сир ахсын сиэлбитим;
Тайҕа баһын тайаммытым,
Үрэх баһын өҥөйбүтүм;
Хайыһарынан хаампытым,
Туркунан сүүрпүтүм.
Көтөн сүтэр кынаттааҕы,
Сүүрэн куотар атахтааҕы,
Үрүҥ-хара кылааннааҕы,
Адьырҕа да ааттааҕын
Үксү үллүктээтим ини,
Үрдүбэр сүктүм ини!
Ханнык улуу ууспут
Хаһан көмүс кыыннаммытай,
Ханнык туйгун тойуксут
Хаҥыл дьоруо аттаммытай,
Ханнык чулуу булчут
Хара саһылы таҥныбытай?! –
Бар5а баайданаары буолбатах,
Суон сурахтанаары буолбатах,
Бар дьонум туһа диэммин,
Ийэ сирим иннэ диэммин,
Отуу лабаа дьиэлэммитим,
Уотум күлүн тэлгэммитим,
Тоҥуу суолу тутуспутум,
Тоҥуу хаары кууспутум,
Ол да буоллар, доҕотторуом,
Оҕо, эдэр дьонноруом,
Отуу уотун саҕа үөрүүнү
Ончу билэ иликпин,
Бултуйбут саҕа үөрүүнү
Букатын көрсө иликпин.
Булчут киһи курдук,
Бу сиргэ дьоллоох буолуҥ,
Булчут киһи курдук,
Булуҥ, көрдөөҥ саҥа суолу!
Гаврил Старостин
ЧЫРКЫМАЙ
Элбэхтик эллэспит, эриспит
Чыркымай доҕорум, күүтэ түс.
Миигиттэн ытыллан, кыйданан
Аны эн эрэйи көрбөккүн.
Саас ылан сылайан-буорайан
Мин аны кустааммын бүттэҕим,
Эргэрбит доруоппун кичэйэн
Суулааммын хаатыгар уктаҕым.
Ол эрэн саастыы дьон сиэринэн,
Иллээхтик эйэнэн кэпсэтиэх,
Кистээммин эйиэхэ атаспар
Сэрэтэр кэриэтэ мин этиим.
Аны уон сылынан мин саабын
Сиэним уол хаатыттан оруоҕа,
Кыараҕас көлүйэ уутугар
Түһэриҥ сэрэхтээх буолуоҕа.
«Эһэтэ буолуохсут кустарга
Ыарахан илиилээх этэ», — диэн
Кустаргар сэрэтэр буолаар дуу
Чэ, доҕор, мин бардым бырастыы.
Хараҕым мөлтөөтө, сүһүөх да ыараата,
Күөрэтэн ытар да бытаарда,
Мин хааллым буорайан, эн кыайдыҥ,
Чыркымай, дьэ кытаат көтө тур.
***
Булчут муҥнаах бурҕалдьытын,
Оҕом, бэлиэр кэтэҥҥин,
Аҕаҥ моонньун синньэппит
Саатын сүгэн үөртэҕиҥ.
Сындалҕаннаах сойуо сонор
Умсулҕана куустаҕа,
Дьааҥы дьаптал таастарын
Тапталлара ыҥырдаҕа.
Ыт саҥатын дуораана
Ыраах тааска охсуллуоҕа,
Ыйдаҥалаах ыраас тууҥҥэ
Ыллык ыраах сыыйыллыаҕа.
Тимир оһох сыралҕана
Сылааһынан угуттуоҕа,
Хотун дьахтар хойуу чэйэ
Бөһүөлэккэ күүтүөҕэ.
БУЛТУУР ЫЛЛЫГЫМ
Онно баар диэх курдук ымсыырдан,
Ыраахха угуйан тыргыллар
Кыараҕас мин булчут ыллыгын
Олуһун даҕаны аҕынным.
Аҕынным үрүйэ баһыгар
Ыт үрэр саҥатын дуораанын,
Илийбит таҥаһы куурдунар
Балаакка сыралҕан сылааһын.
Аҕынным даҕаны тыа аһын
Эмис кыыл бититии, мыысаһын
Тыс сүлэн, уҥуоҕун охсунан
Чаҥкы сиир үтүөкэн кэмнэрбин.
Муҥ саатар ыраахтан көрдөрбүн
Киэҥ үрэх нэлэмэн алыытын,
Алыҥах саҕатын кэрийэн
Кыыл үөрүн көрөммүн үөрдэрбин.
Ыҥырар, угуйар, ымсыырдар
Ыраахха тыргылла сыыйыллар
Кыараҕас мин булчут ыллыгын
Иккиһин эргийэн кэллэрбин.
Пантелеймон Тулааһынап
БЫРААСКА
…Быстах ыалдьыбыт дьолбутугар
Кэл, сиэстэрэ, киирэн кыраадыстаа.
Этим итийэр, тамаҕым куурар,
Түөрт уоҥҥа тиийэ таҕыста
Бу киэһэ мин температурам.
Кыраадыһым үрдүүрэ тохтоон,
Миигин тимир кырабааппар
Сордоох ыарыы хам тоһоҕолоон,
Сытыарбытын өрө бурҕайан,
…Туруом..айманымаҥ, доҕоттоор!
Үтүөрэн олохпун оҥостуохпун
Аҕалыҥ биир ыстакаан уута
Уонна кальций бороһуогун —
Быраас обход оҥоруута
Ороммуттан ойон туруоҕум.
…Сырдыыр күнүс — күн, киэһэ -ый.
Уо, хирург, олоҕум уһаатын.
Тоҕо мин манна сытабыный?
Тыҥам тымыра уһаабытын
Чэ, кыптыыйгынан быс, кырый!
Мин сүрэҕим холкутук тэбэр.
Эһиги куттаммакка эмтээҥ.
Төрөөбүт Сахабыт сиригэр
Биир да киһи сэлликтээн
Өлбөтүн сүүс сааһын иннигэр.
Е. Васильев
Оо, быраас барахсан
Үтүөкэн майгылаах
Үтүөрүөҥ диэн тыллаах,
Үчүгэй ыралаах
Үүт-маҥан халааттаах –
Оо, быраас барахсан,
Оо, быраас барахсан.
Истиҥниир мичээрдээх,
Эйэҕэс бэйэлээх,
Эгэлгэ эмтэрдээх,
Имигэс илиилээх –
Оо, быраас барахсан,
Оо, быраас барахсан.
Өлүүлүүн мөккүһэр
Өлбөт мэҥэ илгэлээх,
Күн ийэ майгылаах,
Күн аҕа санаалаах –
Оо, быраас барахсан,
Оо, быраас барахсан.
Иннокентий Керемясов
ЭМЧИККЭ
Биһиги төрөөбүт сирбит
Хайа да өртүгэр буоллун,
Дьиэбит курдук сылдьаммыт
Эмтэнэммит тиллэбит.
Томтор илин уһугар
Баланыысса дьиэ турар,
Ыалдьааччы эмтэнэн тиллэр,
Үөрэн эмчиккэ махтанар.
-Баһыыба, үтүөлээх эмчит,
Доруобуйам тубуста,
Үлэбин салгыы ыыта
Колхозпар субу барабын.
Биһиги төрөөбүт дойдубут
Хайа да өртүгэр тиийдэххэ,
Дьиэбит курдук сылдьаммыт
Эмтэнэммит тиллэбит.
Мария Назарова
Эмчиккэ
Үрүн күн тыыннарын өллөйдөөн,
Мэлдьи ыар ыарыыны эмтиигин,
Маҥан халааттаах аанньалларым,
Өйдүүбүн түбүк үлэлэрин.
Сылаас салгын сайарыныы,
Имэрийэ көрөрүнэн,
Сырдык санаа дьаҥы кыйдыыр,
Дьикти күүстээх абылаҥынан…
Үлэтин чааһын бүтэрэн,
Дьиэтигэр тиийиэ эрэ суох.
Ханна эрэ, ким эрэ эчэйэн,
Суһал ыҥырык оҥоруо.
Махтаныах бу айыы киһиэхэ,
Үрүҥ күн өллөйө эмчиккэ!
Аныахха амарах сүрэххэ,
Айхалы – бу ырыа айыахха.
Ньукулай Кыыһа
Эмчит аанньалларым.
Эмчит киһилии сыһыаныттан
Эчи, киһи манньыйарыан!
Эмчит үтүө санаатыттан
Эчи, киһи үтүөрэриэн!
Махтал буоллун
Маҥан халааттаахтарбар.
Эҕэрдэ буоллун
Эмчит аанньалларбар.
Эйэҕэс майгылаах эмчит,
Эйигин үөрэ-көтө көрүстэҕинэ,
Ыарыыланан бөҕөтө кэлбитиҥ…
Ыраастанан хаалбыт буолуоҕа!
Махтал буоллун
Маҥан халааттаахтарбар,
Эҕэрдэ буоллун
Эмчит аанньалларбар!
Эмчиккэр тиийэн билиэҥ
Ыарыыҥ көтөн хаалбытын!
Сымнаҕас нарын илиитинэн,
Кый ыраах ыарыыгын кыйдаабытын!
Махтал буоллун
Маҥан халааттахтарбар,
Эҕэрдэ буоллун
Эмчит аанньалларбар.
Марта- Мария
СИЭСТЭРЭ, СИЭСТЭРЭ
Сиэстэрэ диэн чулуу киһигин
Эйиэхэ билинэн этэбин!
Ыарыһах бигэтэр биһигин-
Ылынар сымнаҕас илиигин.
Сиэстэрэ, сиэстэрэ,
Эрэлбит Эн эрэ!
Балаата аанынан сэгэйэн,
Эн киирэн кэлэргин кэтиибит.
Үрүҥ Күн сыдьаайа кэрэнэн
Билинэн сүрэхтиин үөрэбит.
Сиэстэрэ, сиэстэрэ,
Эрэлбит Эн эрэ!
Эн эмчит этэрин толорон,
Систиэмэ, укуол да туруорар
Үөрүйэх туттунууҥ холбоһон,
Эйэҕэс сыһыаныҥ күүс угар.
Сиэстэрэ, сиэстэрэ,
Эрэлбит Эн эрэ!
Үйэлэр тухары Эн идэҥ
Оччоттон бу кэмҥэ бэриллэр.
Өбүгэҥ ол сэрии кэмиттэн
Үтүөтэ үйэ- саас кэпсэнэр!
Сиэстэрэ, сиэстэрэ,
Эрэлбит Эн эрэ!
Бараммат түбүккүн өйдүүбүт,
Үтүөрэ сатааммыт, өйүүбүт…
Махтанар тыллары этэбит!
Эҕэрдэ тириэрдэн, чиэстиибит!
Сиэстэрэ, сиэстэрэ,
Эрэлбит Эн эрэ!
Валентина Комиссарова — Күлүмүрэ
СИЭСТЭРЭЛИИР ДАЛБАРДАР
Көтөр-дайар, кытыгырас,
Ыарыһахха аһаҕас,
Ис сүрэхтэн аһыныгас,
Илиилэрэ сымнаҕас,
Сэмэй, холку барахсаттар,
Аламаҕай далбардар,
Сиэстэрэлиир сэгэртэйдэр —
Абыраллаах эмчиттэр!
Эрэйбитин мүлүрүтэр,
Эйэҕэсчэй харахтар,
Ыарыыбытын уҕарытар
Имигэсчэй тарбахтар,
Эмтиир-томтуур уораҕайы
Итии-сылаас тыынныыгыт,
Утуйары-сылайары
Дьон туһугар умнаҕыт.
Луохтуур уҥа илиилэрэ,
Сиргэ түспүт аанньаллар,
Күтүр өлүү кимиититтэн
Көмүскэһэр буойуттар,
Бэйэҕитин харыстаатын
Үрүҥ Айыы Аар тойон,
Алгыһынан арчылаатын,
Дьол кыымнарын туһаайан!
Сэриигэ бараллар уолаттар
Аҕаларын, эһэлэрин солбуйан,
Аны аттаннылар кыргыттар
Кыргыс илбиһин иҥэринэн.
Мөҕүттэллэр сорох дьон
Удьуору көмүскээбитэ буолан,
Бүгүҥҥү күнүнэн саптынан
Өйү, санааны бутуйан.
Сэрии оонньуу буолбатах,
Сиэртибэни көрдүүр дууһанан,
Хаалбыттар харахтарын уутунан,
Төрөөбөккө хаалбыт удьуорунан.
Сэриигэ барааччылар көмүскүүллэр
Норуоттарын олоҕун суолун,
Кэнчээри ыччат кэскилин,
Сырдык ыра кутаатын.
Олорон биэрдэххинэ огдолутуохтара
Олоҕуҥ көрдөбүлэ оннук буолла,
Охсуһууну көрдүүр Айылҕаҥ Сокуона
Үрүҥ Айыыттан ыйыппакка.
Тулуй, кытаат саха киһитэ,
Эрдий, кииллий кытаанах кэмҥэ,
Харах уутунан ньымааттаабаккын
Ардай аһыылаах абааһы аймаҕын.
Эйэлээхтик быһаарсар кыаллыбата
Айа тыһы кыла быһынна,
Өстөөх өлүөхтээх, өһүөхтээх
Дьабыҥҥа көтүөхтээх барыта.
Алгыаҕыҥ, араҥаччылыаҕыҥ боотурдарбытын
Куттарын сүрдэрин бөҕөргөтөн,
Өбүгэ өрө туппут көҥүлүн
Куйах кэтэн көмүскүүр дьоммутун.
Артыамый.
Куоластаа!!!
Кытаатыҥ,доҕоттоор,кытаатыҥ,
Куолаһы ыыталаан иһиэҕиҥ,
Былатыан убайбыт чөл аатын,
Үйэҕэ ааттатан биһиэҕиҥ…
Норуоттуун дьэ өрө тураммыт,
Ким да туораҕа турбакка ,
Биир кэлим сомоҕо буоламмыт,
Былатыан аатын ый бу портка….
Биэтэгэ чугаһаан хамсаныҥ,
Бар дьонум,урааҥхай сахалар,
Улуукан убайы,дьэ,талыҥ,
Хаалбатын,салгыҥҥа,кэс тыла…
Бэрт элбэх саханы кыдыйбыт,
Бэкиэтэп букатын мэлийдин,
Биэс үйэ кэскилин сарбыйбыт,
Бэһиэччик,дьылларга иһийдин…
Сахалар,биир санаа ыламмыт,
Илинэн,эйэнэн,түмсэммит,
Улуукан уолбутун таламмыт,
Сатыаҕыҥ,куолаһы биэрэммит…
Кытаатыҥ,доҕоттоор,кытаатыҥ,
Куолаһы ыыталаан иһиэҕиҥ,
Былатыан убайбыт чөл аатын,
Үйэҕэ ааттатан биһиэҕиҥ…
Аргуунай..®.14.11.18
Иван Мигалкин
ЭРЭЛЛЭЭХ ДОҔОТТОРУМ — КИНИГЭЛЭРИМ
Миэхэ эрэллээх доҕоттор бааллар —
Ыга симсэн кэккэлээбит кинигэлэр,
Санааргыыр, санньыйар чаастарбар
Күүс-көмө буолаллар кинилэр…
Санаабын үллэстэллэр, сүбэлииллэр,
Дьылҕабын суолдбут сулустуу ыйаллар,
Махталым муҥура суох, эһиэхэ — кинигэлэр,
Оҕо сааспыттан үтүөкэннээх аргыстар.
Сорох ардыгар чуҥкуйан, сылаарҕаан —
Таптыыр кинигэбин ыламмын ааҕабын,
Көстөн кэлэр харахпар бу баардыы —
Көрбөтөх суруйааччым илэ турардыы.
Доҕордуу, истиҥ сыһыанынан
Кини сэһэргэһэр, санаа атастаһан —
Суолбун тобулар сүбэһит буолан,
Олоххо эрэлбэр эрчим-күүс уган…
Бүөтүр Тобуруокап
КИНИГЭ
Бэҕэһээ чугас лааппыттан
Мин саҥа кинигэ атыыластым,
Аҕыйах лииһи ааҕаатын
Аһыырбын умна ыллардым.
Барыта кырдьык, барыта баар,
Чахчылаах суоллары суруйбуттар,
Бэл бэйэҥ даҕаны ардыгар
Мин дуу диэниэҕиҥ курдуктар.
Ытыктыыр доҕорбун көрсүбүт,
Кэпсэппит саҕа астынным,
Оннооҕор арыый өйдөөммүт,
Улааппыт курдук сананным.
Таллан Бүрэ
КИНИГЭ
Кинигэ – сынньанар күммэр
Кэпсээннээх кэрэ ыалдьыт:
Үлэлиир, үөрэнэр кэммэр
Өйөллөөх үтүө арыалдьыт.
Кини – өспөт үрдүк идеям,
Өстөөҕү охсор батаһым;
Түлэгэдийбэт түүҥҥү дьүөгэм,
Тахсар күнү көрсөр атаһым.
Мария Алексеева
Кинигэ барахсан
Сыттыгым анныгар
Саһыаран сытыаран,
Суорҕаным иһигэр
Уотунан тыктаран
Үгүһү-элбэҕи
Түүннэри сэлэһэр,
Сахалыы-нууччалыы
Астына кэпсэтэр
Соҕотох доҕорум
Эн этиҥ.
Оҕотук сүрэхтиин
Курдары тартаран,
Тапталы билбэтэх
Ырабын ыксатан
Уматар, угуйар,
Ууллара манньытар
Ымсыылаах доҕорум
Эн этиҥ.
Санааргыыр күннэрбэр
Санаабын чэпчэтэр,
Мунаарар түгэммэр
Сырдыкка сирдэтэр,
Сүөм түһэр чаастарбар
Сүүспүттэн өйөтөр
Сүбэһит доҕорум
Эн этиҥ.
Көрүнньэҥ үлэҕэ
Оҕустуу көлүллэр
Кумахха кутулла
Түбүккэ көмүллэр,
Омуннаах олоҕум
Сатаҕай суолугар
Быылынан баттанан
Саҥата суох сытар
Хаарыаннаах хасааһым
Эн этиҥ.
Кинигэ барахсан!
Хаан-уруу
Аймаҕым курдуккун,
Таҥнаран хомотор,
Ааттаһан төннөрөр
Үйэлээх, иэйиилээх
Тапталым эбиккин.
Көмүстэн да күндү,
Алмаастан да ыраас
Өй-санаа кылаанын
Кыырайар чыпчаалын
Киһилии саҥалаах
Киэргэлэ буолаҥҥын
Ытыска ууруллар
Дьарамай таһааҕар
Куйаара биллибэт
Далайы хаайаҕын.
Кинигэ барахсан,
Мин дууһам утаҕын
Ханнарар баҕатын
Эн эрэ, эн эрэ
Сэрэйэ таайаҕын,
Тарбаҕым таарыйар
Талымас күннэрин
Кэтэһэн, эрэнэн
Киэркэйэн сытаҕын,
Кинигэ барахсан!
Луковцев Петр Иванович
БАСТЫҤ ДОҔОР КИНИГЭ
Сырдык, ыраас сирэйдээх,
Сонун, үгүс билиилээх
Бастыҥ доҕор — кинигэ
Махтанабыт эйиэхэ.
Элбэх, ыраас сирэйгин
Ааҕан истэх аайытын
Кэрэ дьикти билиигин
Дириҥэтэн иһэҕин.
Онон куруук эйиигин
Уура сылдьан ааҕабын,
Киртиппэккэ ыраастык
Харыстааммын тутабын.
Үүнүү-сайдыы суолугар
Үөрэтэргэ сыаллааххын,
Бастыҥ доҕор — кинигэ,
Махтанабыт эйиэхэ.
Александра Грязнухина – Хойутаана
Кинигэ туһата
Кинигэ бэйэтэ ыраас
Кинигэ кэпсээнэ да араас,
Кыракый табаарыс аах
Күннэтэ олорума таах.
Кинигэ долбуурга баар
Ол аата туохтан да баай,
Кинигэтэ элбэхтэ ааҕыый
Ол аата билии да баар.
Кинигэ элбэхтэ үөрэтэр
Киһини билиигэ угуйар,
Элбэҕи билбэккин биллэриэ
Эгэлгэ санааны уһуйуо.
Куруутун кинигэ аргыстан
Олоҕун доҕоро оҥостон,
Үтүөкэн сүбэһит буолуохтун
Үтүмэн билиини биэриэхтин.
Ханнык да бэлэхтэн сыаналаах
Кинигэ буоларын умнума,
Бар-дьоҥҥор күннэтэ өрүүтүн
Билиигин-көрүүгүн бэлэхтээ.
Саргылана Спиридонова
Үйэкэм тухары
Үтүөкэн доҕорум,
Сырдыгы булары
Сүбюэлиир сулуһум –
Кинигэ барахсан!
Ороммор, остуолбар,
Оһуордаах долбуурбар
Ытыспар ыламмын
Ылларан ааҕыахпын
Кэтэһэ сытаҕын…
Алтынньы 29 күнэ – Комсомол күнэ
И. Егоров
Саха комсомолун аатынан этэрээт марша
Байкалтан Амур биэрэгэр диэритин
Баараҕай, тутуу ньиргиэрин истиий,
Хотугу дойдуттан, Лена эбэттэн
Хотой бииһигэр холбоһо кэлиий.
Эйэҕэс кыысчаан,
Эдэркээн уолчаан
Эрдээх санаанан сүрэхпит туоллун!
Үйэ тутуутун
Уһун ыллыгын
Уурсарбыт биһиги дьолбут буоллун!
Ардыгар буурҕа, ардыгар хаар-ардах
Айаммыт суолун мэһэйдиэ суоҕа,
Дьол-соргу туһугар эрэл санаалаах
Дойдуҥ илиитин мэлдьи уунуоҕа.
Тайҕаны нөҥүө, хайаны уҥуордаан
Тимир суолбут тус-илин сыыйыллар,
Ити үйэбит тутуутун тыалынан
Ийэ дойдубут бүгүн ыҥырар.
Федор Лобанов
Эн комсомол — мин дьолум
Комсомол, комсомол,
Эн ыстаал кэккэ5эр үүнэбин.
Бу улуу көцүл дьол
Буомнарын түөспүнэн тэлсэбин
припев:
Аалай уоттаах сулуһуц
Айар, тутар суолдьутум,
Эн комсомол,
Эн комсомол,
Эн комсомол—мин дьолум.
Ыар-курус чаастарбар
Оло5ум до5оро буолаццын
Мин ыраас дууһабар
Уоспат күүс төлөнү уматтыц.
припев.
Комсомол, эн эрэ
Кылбайар кырдьыккын хоһуйсан
Сүрэхтэн дьиц кэрэ
Мин ырыам иэйиитэ.
припев.
Ленин диэн кынаттаах
Бойобуой ааккынан киэн туттан
Мин дьоллоох-соргулаах
Оло5ум эйиэхэ ананар.
припев.
Бэрияк
Биһиги комсомоллар
Уоттаах буурҕа күннэргэ
Бинтиэпкэни туппуппут.
Сэрии-кырыыс кэмнэргэ
Баррикада буолбуппут.
Пепеляев баандатын
Ийэ сиртэн үүрбүппүт,
Хааннаах бандьыыт аймаҕын
Үлтү сынььан кыайбыппыт.
Биэстэ эстэр бинтиэпкэ
Тиҥийэрин оннугар –
Көҥүл кыраай түөһүгэр
Тыраактарбыт тыкаарда.
Колхоз, совхоз тэрийэн
Комсомоллар күүрэбит,
Кыайыыбытын чиҥэтэн
Чиҥник балта охсобут.
Капиталист фашистыын
Сэрии уотун бэлэмниир –
Онно хорсун өрүөллэр
Дохсун хоруй биэриэхпит!
Буурҕа дьылҕа кыайбыппыт,
Кыайан былааһы ылбыппыт.
Хардыы аайы кыайабыт,
Билигин эмиэ кыайыахпыт!
Г. Шахурдина
Эдэр сааһым – Комсомол
Кыыһар кыһыл мандааттанан,
Мэлдьи бэлэм саллаат буолат
Кэллим ырыа аргыстанан,
Комсомолбар ыҥырыллан.
Хаһан этэй эдэр саас
Хатыламмат ол түгэнэ,
Комсомолга киирбит күнүм
Күлүм чаҕыл түгэнэ.
Кэллим манна киэн туттан
Кэрэ кэммин ахта-саныы,
Комсомоллаах ыччаттардыын
Кэпсэтиһэ, мунньахтыы.
Онтон ыла 30 төгүл
Самаан сайын оһуор аста,
Эмиэ оччо көмнөх түстэ,
Көтөҕөлөөх күн-дьыл ааста.
Олох, үлэ күргүөмүгэр
Кытыастара мин сүрэхпэр
Комсомоллаах кэрэ бэлиэм –
Күндүлээхэй кыһыл билиэт.
А. Аба5ыыныскай
Биһиги сааспытыгар
Сүрэхпит биллиргии битийэр,
Сүһүөхпүт эрчийэ лачыргыыр,
Харахпыт уоттана сандаарар,
Хаан иммит тэтэрэ ымайар.
Сэрииһит комсомол аатырбыт
Сир симэх ньургуһун буолабыт,
Илгэ көр майгыны ыһабыт,
Эйэлээх кэккэни тардабыт.
Саааскы күөх үйэни салайа,
Санаабыт төлөннүү өргүйэ,
Сардаҥа сырдыгар айанныыр
Саргылаах таас ыллык айабыт.
М. Ефимов
Комсомол билиэтэ
Киэн туттабын мэлдьи мин
Комсомол билиэтинэн.
Өрүкүтэр сүрэхпин
Эдэр саас күүрээнинэн.
Кини өрүү кынаттаах
Санаалары төлөннүүр.
Маҥнайгы таптал ыраас
Кустугунан күлүмнүүр.
Киниэхэ баар Корчагин
Саабылатын чаҕыла,
Зоя эрдээх санаатын
Өлбөт үрдүк анала.
Сыдьаайа сырдаан ылар
Гагарин мичээринэн,
Бүгүн БАМ-ҥа оргуйар
Үлэбит үөрүүтүнэн.
Улуу Ленин мөссүөннээх
Комсомолум билиэтин
Киэн туттуунан сүрэхпэр
Илдьэ сылдьыам мэлдьитин.
Эртюков И.И.
Отутус сыллар комсомолецтара
Сорохпут колхоз хонуутун,
Сорохпут шахта, оскуола
Дьоно этибит өрүүтүн –
Отутус сыл кыыһа, уола.
Оччоҕо хааха таҥастаах
Чобоо уолаттар, кыргыттар,
Өйдүөҕүҥ, этиҥнээх-уоттаах,
Ол сыллар хайдах барбыттар?..
Кээлтэ, ыстыыга кылбаҥнаан,
Түөрт уон биир, сэрии уот сыла,
Кутаа уотунан тыыммахтаан,
Этиҥнии тоҕута сааллан.
Уол оҕо хатана биллэр,
Буомба түһэр, снаряд эстэр
Хонуутугар өлө-тиллэ,
Киирбиппит комсомолецтар.
Киирбиппит отутус сыллар
Хорсун комсомолецтара, —
Олегтар, Федордар, Зоялар
Доҕотторо, саастыылара.
Сорохпут сырдык олоҕун
Дьол иһин толук биэрбитэ,
Өллөр да, кыайыы былааҕын
Фронт суолунан илдьиспитэ.
Оттон өлүүнү хоппуттар,
Өстөөҕү кыайан кэлбиппит,
Дьоллоох олохпутун тутар
Хорсун кэккэҕэ киирбиппит.
Уордаах отутус сылларга
Эдэрдэр – комсомолецтар,
Бүгүн баттахпыт чанчыгар
Ол сылбыт кырыата көстөр.
Эллэй
Комсомол ырыата
Бары сир үрдүнэн күн буолан
Күлһмнүүр Советскай дойдуга
Сааскы күүс сүүрүктүү кутуллар
Комсомол боевой тойуга.
Кыайыылаах үөрэҕин Ленинтэн
Комсомол ыччата ылбыта,
Хотуулаах күүстэрин ыстаалтан
Коммунист партия айбыта.
Эй, чэ-эрэ!
Хорсуннук үлэлээ,
Комсомол доҕорум,
Күндү, кэрэ
Коммуна үөрүүлээх
Олоҕун оҥорус!
Сүрэхтэн, санааттан сүппэтин
Аҕалар, ийэлэр суоллара –
Хаанымсах хаппытаал түрмэтин
Түҥнэрэр халҕаһа буолтара.
Төрөөбүт дойдутун көмүскүү
Комсомол сэриигэ көтөрө,
Өстөөҕүн өһөрөн, көрүлүүр
Дуорааннаах тойуктаах төннөрө.
Эй, чэ-эрэ!
Хорсуннук үлэлээ,
Комсомол доҕорум,
Күндү, кэрэ
Коммуна үөрүүлээх
Олоҕун оҥорус!
Саас-үйэ тухары кэхтибэт
Саҥаны, кэрэни айыахпыт,
Ханнык да буурҕаттан толлубат
Коммунист буойуттар буолуохпут.
Уйгулаах олохпут уорҕата
Күн торҕо уотунан мичээрдэ.
Эрэллээх советскай ыччаттан
Эйиэхэ, партия, эҕэрдэ!
Эй, чэ-эрэ!
Хорсуннук үлэлээ,
Комсомол доҕорум,
Күндү, кэрэ
Коммуна үөрүүлээх олоҕун оҥорус!
Мин куруук комсомол уол буолуом
Ыччаттан ыччакка салҕанан,
Үйэттэн үйэҕэ ылланар
Кырдьыбат эдэр саас кыната –
Комсомол төлөннөөх ырыата.
Ол өлбөт ырыаны: — Өллүҥ! – диэн,
Өстөөх биис сүрэххэ ытара…
Онуоха дьэ ордук сэтэрэн,
Ол ырыа дьиэрэйэн турара.
Юаҕардар, кэм хаара баттаатын,
Хап-хара баттахпын маҥхаттын –
Мин куруук комсомол-уол буолуом,
Комсомол, Эйиигин мин туойуом.
Комсомол хорсуннар, өрүөллэр
Бойобуой аттарын миинэннэр,
Ыллаабыт гимнэрин салҕааннар,
Бүгүҥҥү ыччаттар ыллыыллар.
Кырдьыбат эдэр саас кыната –
Комсомол төлөннөөх ырыата,
Ыччаттан ыччакка салҕаныа,
Үйэттэн үйэҕэ ылланыа.
Баҕардар, кэм хаара баттаатын,
Хап-хара баттахпын маҥхаттын –
Мин куруук комсомол-уол буолуом,
Комсомол, Эйиигин мин туойуом.
Тулааһынап П.
Комсомолга
Мин иннибэр
Киэҥ суол
Арыллан күлүмүрдүү сытар.
Ыҥырбытыҥ эн миигин, комсомол,
Дьолго көтүтэр айаҥҥар.
Көрсүбүтүҥ кылаас ааныгар
Миэхэ илиигин быластаан;
Эбиллибитим эн ыраас хааҥҥар
Биир таммах хаан.
Миигин киһи гынарга,
Кэрэҕэ тиэрдэргэ
Сирдээн испитиҥ эн куруутун.
Эйигин кытта мин бииргэ
Эдэр сааспар доҕордоспутум.
Күн-дьыл тохтообокко ааһар
Үөр туруйа курдук субуһан,
Олох киэҥник атыллаан хаамар
Иннин диэки тоҕу дьулуруйан.
Алтан чуораанынан айдааран
Аастылар үөрэммит кэмнэрим.
Саргылаах санаам өрө дабайар
Олох үрдүк кирилиэһин.
Комсомол, миигин киһи оҥорбут
Тимир кэккэҕи таптыыбын.
Үлэбин,
Дьоҕурбун,
Олохпун –
Эйиэхэ барытын аныыбын.
Эн суолгуттан туораабатым,
Эн ытык тылгын кэспэтим.
Коммунизм акылаатын
Санныбар сүгэн түһэристим.
Комсомол!
Эн сырдык, үтүө ааккын
Хаһан да хараардыам суоҕа:
Андаҕайабын эдэр сааспынан,
Иитиллибит
Ийэ дойдубунан!
Леонид Попов
Комсомолга
Эн тимир кэккэҕэр, комсомол,
Саллаат буоламмыт, киирбиппит,
Эйиэхэ иитиллэн, комсомол,
Мохсоҕол үөрүнэн көппүппүт.
Түөстэргэ төлөнү түһээртиҥ,
Сүһүөххэ тирэҕи биэрбитиҥ,
Тостубат кынаты үүннэртиҥ,
Сирдьиппит, комсомол, эн этиҥ.
Үрдүктэн үрдүккэ көппүппүт
Үлэҕэ, үөрэххэ, сэриигэ.
Эйиигин кытары үүммүппүт,
Эн аатыҥ кыайыыга сирдиирэ.
Эн ааккын ааттааммыт, ол иһин,
Уруйдаан-айхаллаан эрэбит,
Эн ииппит дьонноруҥ, биһиги,
Эйиэхэ махталы биэрэбит!
Хаар баттаан, кырдьар да үйэҕэ,
Өрүүтүн тэбиэхтин биһиэхэ
Комсомол төлөннөөх сүрэҕэ,
Комсомол, махталбыт эйиэхэ!
Михаил Тимофеев
Кырдьыбат комсомолкаҕа
Рая Цугель-Аммосова5а
Бүгүн «Эдэр коммунист»
Бэчээттээбит суруккун —
Ийэм эрэ кэпсээнин
Истэр, сэргиир курдукпун:
Былыр Сахаҥ сиригэр
Баайдыын кулут охсуһар,
Былаас, көҥүл былдьаһар
Быһылааннаах кэмигэр
Комсомолка буолаҥҥын
Хотойдорго холбоһон,
Саҥа суолу солоһон
Сааламмыккын ахтаҕын…
Көҥүл күнү көрбөтөх
Күлүүс хаайыы кыраайга
Саҥа олох, сандал күн
Саһарҕатын таһаарса
Ойуунускай, Аммосов
Уоттан тэйэр кыым тэҥэ
Олохторун солуоктаан
Охсуспуттар ол кэмҥэ…
Сааскы самыыр кэнниттэн
Тахсар күөх от кэриэтэ
Октябртан ылата
Үүннэ саха ыччата…
Оттон маҥнай тыллыбыт,
Харалдьыкка тахсыбыт
Ньургуһуннар эһиги
Чулуулара эбиккит!..
Оннук кэрэ олоҕу
Олорбуккут иһин дуу… —
Комсомолец сиэҥҥиттэн
Хоһоонунан эҕэрдэ!
В.Ф. Решетникова – Талбаана
Ааспатах ахтылҕан күөдьүйэр
Эдэркээ саастарым күннэрэ,
Эриэккэс эрчимнээх кэмнэрэ,
Суолдьут сулустаах сылларым
Сүрэхпэр өрүүтүн тыыннаахтар.
Уот буурҕа сылыгар төрөөбүт,
Уот төлөн сүрэҕи күөдьүппүт,
Эр хоһуун санааны төрөппүт
Эрэллээх аргыһым комсомол.
Сүрэххэ сүппэтии сөҥмүттэр
Сүүһүнэн сылларга ааттатан,
Дьоллоох олохпутун тутуспут
Дьоруой ааттаммыт комсомол.
Аалай уоттаах сулустанан
Алта уордьаныҥ килбэйэр,
Ааспыт кэмнэри санатан,
Ааспатах ахтылҕан күөдьүйэр.
Төлөннөөх сүрэхтэргэ.
….. ЧОН байыаһыгар Сивцев Петр Дмитрьевичка анабыл.
Хайдах ахтан, санаан ааһыам суоҕай
Эдэр төлөннөөх сүрэхтэри,
Сырдык олох суолун тэлэн
Кэтит түөстэринэн тыырбыттары,
Хомсомуол сулуһун иилиммиттэри,
ЧОн эдэр байыастара
Хараҥа халлаан сулуһун сирдьиттэнэн,
Сиэгэн күөлүгэр 1922 сыллаахха,
Ол тостор тымныыга, олунньу ыйга, тоһуурга,
Сүрэхтэрэ тэбэрин тухары
Тохтообокко киирсибиттэрин,
Эдэр олох толук буолбутун!
Халыҥ тыа ,өй дуораана эрэ
Туоһу буолан аастахтара…
Өйдүүрэ дуу ,Аар тайҕа,
Ол,түһээн баттаппатах дойдуларыгар
Көмүс уҥуохтара хаалбыт,
Нуучча,саха уолаттарын
Төлөннөөх сүрэхтэрин,
Кэлэр олох кэскилин туһугар
Кэхтибэтэх мохсоҕоллорун…
Дьохсоҕон Кыыһа Таатта
Кэлэр кэм космодрома
Савва Тарасов
Антах, кэннибитигэр, үтүмэн үйэлэр
Айсберг буолан айгыстан тураллар:
Сорохторо харах ылбат үрдүктэр,
Хайа тэллэҕинии, сорохторо намыһахтар.
Иҥэринэн тураллар кинилэр истэригэр
Икки атаах муҥутуур муударастарын:
Өрөгөйдөөх ырыалар онно иһиллэллэр,
Истэҕин ардыгар бар дьон аймалҕанын.
Этэргэ дылылар ол күннэр-дьыллар:
“Эрэйдээх эрэйин биһиги билэбит…
Эмиэ да баара үтүөнэн ахтыллар.
Эһиги көрүҥ ээ, ханна тиэтэйэҕит?”
Биһиги ханна эрэ сырсан иһэҕит,
Билбэт кэммит тиэтэтэр, бадаҕа.
«Космическай үйэ дьонобут» дэһэбит,
Космодром оттон ол үйэлэргэ тайаннаҕа…
Космонавт кэриэһигэр
Леонид Попов
Былыттар сырдыгы ыйыстан,
Хараара-боруора сыыллылар,
Аһыы аһыйан, хараастан,
Таммаҕы үрдүбэр тамныыллар.
Хаарыаннаах уолларын сүтэрэн,
Халлаанныын Сир Ийэ ытыыллар.
Бэйэтин аһыытын биллэрэн,
Мин Ленам долгуна ытыллар.
Айманан аастылар үөр хаастар…
Эмискэ Сир-халлаан чуҥкуйар:
Оҕотун кистээри, бу чааска
Мин дойдум нүһэрдик чуумпурар.
Харахпар – Гагарин мичээрэ,
Сүрэхпэр – Гагарин мичээр.
Кулгаахпар иһиллэр саҥата,
Дууһабар дуорайар саҥата.
Халлааны чаҕылҕан курбуулуур,
Этиҥнэр лүҥкүнүү сүүрэллэр:
Кремль – Ийэ Сир салюттуур,
Тэргэннэр итинник эстэллэр
Тэргэннэр үөгүлүүр курдуктар:
— «Умнумаҥ Юрийы, норуоттар,
Ыйга да ыттааччы уолаттар,
Чолбоҥҥо айанныыр туйгуттар!»
Хабырыыс Ондуруос
Халлаан куйарын арыйыы туһынан хабарҕа ырыата
Ырыых-ыраах киирэн сүтэр уонна
бара турар
Ытыс таһынар
Ыас хараҥатыгар
Ытыыллара да,
Ыллыыллара да өйдөммөт
Ытарҕалыы эйэҥэлиир сулустар
Ыһыахтарын ортотугар
Кииммит түспүт,
Киргэ-хоххо булкуллубут,
Киристиэһи кириэскэ тиирэн
Киэргэл оҥостубут
Илгэлээх эрээри, иирээннээх
Ийэ сир хоонньуттан,
Кураанах улуу куйаарга
Кустуктуу ситтэрбэт ыра
Курсуйбут бирээнньигэр ымсыыран,
Кыһыл сулус
Кыайарын туһугар
Кыһыл тыл
Кымньыытынан таһыллан кыйдаммыт
Сир быта,
Силиһиттэн түөрүллүбүт
Сибэккилии сананан,
Хараҕа чымаан көстүүттэн саата, салла,
Халлааҥҥа киһи көппөт аналын
чиҥэтэн өйдүү,
Хаҥыл,
Хадаар санаата
Хаппыт сэбирдэхтии хагдарыйан тохто,
Халлаан муҥурун булларбатах
урсунугар тахсан
Ханнык эрэ үрдүкү өйдөөх
Харамайдары дуу,
Хабырыыл архангелы дуу көрдөөбүтэ
Икки атах
Иккис Иисууһугар кубулуйа…
…Куоппаһы киллэрбэт, буомбаҕа хотторбот
Куйахтаах орохторго хорҕойбут
Генераллар ыстаал ыйаахтарын толорон,
Герой көмүс сулуһугар тиксэллэр
Гагариннар,
Гастеллолар –
Хамначчыттар, уустар уолаттара –
Халлаан хоодуот мохсоҕоллоро!
Семен Данилов
Күһүн
Бурдук сириттэн улардар көттүлэр,
Буруо уһуннук тура унаарар,
Алаас аһыллан ынахтар маҕырастылар,
Амтаннаах кэнчээри сыта тунуйар.
Уонна дуо, доҕоттоор, сайдам салгыным,
Убуруу-сыллыы, уолукпар эриллэр,
Утаппыт сүрэххэ сүдүрүүн нууралым
Уһуннук-уһуннук угуттуу диэтилэр.
Оттообут хотуурун отунан баайан
Оҕонньор киһи хоспоҕор уурар,
Дьиктилээх күнүм, санньыйа ылааран,
Тииттэргэ саһаары тыаһа суох устар.
Ол дьиэҕэ киһи суох: оҕонньор дал тутар,
Хобороос хотону сыбаһа барбыта.
Маҥхааһай таһыгар бурдук астыыллар,
Уйбаан эһиилги сонуогу хорутар.
Көҥүл сир дьонноро олоҕу оҥочтор
Күүрээннээх үлэнэн күһүнү көрсөбүт.
Үлэни үмүрүтэн муҥхаҕа, булка
Кыһыны кытта тэҥҥэ туруохпут.
Алампа
КҮҺҮҤҤҮ ТҮҮН
Харбыалаһан билсэр
Хараҥа түүн обургу
Халлаан сырдыгын
Хаппахтыы сүүрэн
Хаайа көппүт эбит.
Халлаан диэки
Хантас гыннахха,
Ханна да баара биллибэт,
Хатан хараҥа халыйда,
Сир диэкки
Төҥкөс гыннахха,
Сиһэ биллибэт
Сибиэннээх хараҥа сиэтэ…
Им-ньим, имик-балай,
Хабыс-хараҥа, хара-балай!..
Батыгыраччы үуммүт
Бааҕынас мастар
Баттыы түһүөх курдук
Барыһан тураллар,
Тигинэччи үүммүт
Тиит мастар
Тиэрэ түһүөх курдук
Дьирэһэн тураллар…
Иннинэн хаамтахха
Ииҥҥэ түһүөх курдук
Имэҥнээх хараҥа эргийдэ,
Улаханнык ойдоххо
Омуһахха охтуох курдук
Омуннаах хараҥа олуйда…
һуу-уу, эчи аҕай нии!..
Суола биллибэт
Соҕуруу уолаттара
Суодаҥнаһар дьулааннара туһаайда…
Аа-аа, арах аҕай нии!..
Атахтара көстүбэт
Абааһы аймахтара
Адаарыҥнаһаллара аһайда…
Ии-ии, эрэй нии!..
Илиилэрэ биллибэт
Илиэһэй идэмэрдээхтэрэ
Илэ элэҥнэһэллэрэ эргийдэ…
Тыы-ыый, тыыкыйы нии!..
Тымныы тыыннаах
Тыытый тымырдара
Тыраҥнаһаллара тыҥаата…
Толоон да буоллар дьулааннаах,
Тыа да буоллар тыыйдаах буолла,
Этим сааһа «дыр» гынна,
Кулгааҕым тыаһа «чуҥ» гынна,
Сүрэҕим «тиҥ-тиҥ» тэптэ,
Сүһүөҕүм «лас-лас» тыаһаата…
Хабыс-хараҥаҕа
Харах уота чаҕылыйда,
Омуннаах хараҥаҕа
Уот субуруҥнаата,
Имэҥнээх хараҥаҕа
Илии элэҥнээтэ…
Халбарыс гыннахха
Харбыах курдук,
Чугурус гыннахха
Тутуох курдук,-
Тоҕо баҕас дьулаанай!..
Хаһан эрэ
Хатан хараҥа халбарыйан
Харахпын сырдатар…
Төһөҕө эрэ
Түппэхтээх түүн төлөрүйэн
Түөспүн дьөлгөрүтэр…
1919с.
КҮҺҮН КЭЛИИТЭ
Күөх унаар тыыннаах
Көрдөөх сайыммыт
Көтөн күрэннэ,
Көмнөх хаар күөннээх
Күчүмэҕэй күһүммүт
Көстө күөрэйдэ.
Киэҥ хонууларбыт,
Кэрэ сайын кэлиитигэр
Киэргэммит киистэлэрин
Кистэнэн бараннар,
Кэри-куру буолбуттар.
Ойуур тыаларбыт,
Оонньуулаах сайыны уруйдаан
Ойуу солко мутукчанан
Оҥостубуттарын устан,
Онно-манна баран,
Одуулаабыт курдук,
Оргууй аххан тураллар.
Арыы чараҥнар,
Алгыс сайын арыллыытыгар
Алтан сэбирдэҕи анньыммыттарын
Адьас араарынан бараннар,
Абыр-табыр арахсан,
Аҥаарыспыт курдук,
Адьас баран тураллар.
Халыҥ хараҥа тыаларбыт,
Хаарыан сайын хайыһыытыгар
Хампа сэбирдэхтэммиттэрин
Хастыы тардынан бараннар,
Халбарыспыт курдук,
Хаҥкыһа хагдарыйан тураллар…
Сир симэҕэ дьэрэкээннээх,
Алтан от ардайдаах,
Хойуу от кунустаах
Хотоол хочолорбут
Хомунан, кураанаахтанан
Кугдарыйа куурбуттар.
Көбүөрү тэлгэппит курдук
Көҕөрөн көстөр
Көр хонууларбыт,
Күөҕү сыһыарбатах
Көтөр күлүк көрдүк,
Күдээриһэн көстөллөр.
Кыараҕас сирдэрбит
Кэҥээн кэҥкэһийбиттэр,
Иһирик ойуурдарбыт
Элэҥ-сэлэҥ буолбуттар,
Куула сир
Кугдарыйа куурбут.
Күндү дьүһүннээх,
Көрдөөх ырыалаах
Көтөр кынаттаах,
Күһүнтэн күһэттэрэн,
Көрүлүүр куйаастаах
Күн аннын диэки
Күрэнэн көппүттэр…
Тыаҕа таҕыстахха
Тыас-уус суох,
Толооҥҥо киирдэххэ
Тойук-дорҕоон суох,
Иһиллээтэххэ даҕаны
Им-ньим,
Көрдөххө даҕаны
Күдэн-туман.
Куула тыа
Кубус-кураанах,
Халдьаайы сир
Хап-хардаҥ.
Кырыа хаһыҥ кырыстаах,
Үөл-дьүөл күннээх
Өһүөннээх күһүн
Үс дойду үрдүгэр
Өҥөйдө нии, доҕоттоор.
1920с.
Арбита
КҮЬҮҤҤҮ ТҮҮН
Аламай күн уота
Аллараа тимирдэ,
Отуубут буруота
Халыйда, тэнийдэ.
Хойуу үөт мастарым
Куустуһан турдулар,
Күудара бастаран
Холбооттуу туттулар.
Түстэммит кэбиһии
Төбөтүн үрдүгэр
Мин сыттым иһиллии,
Мин сыттым өр да өр.
Күөл унуор иннибэр
Аҥыр кыыл айманар,
Түгэҕэ биллибэт
Хаһыыта тарҕанар.
Анныбар оҕустар
Аҕылыы сыталлар,
Үрдүбэр сулустар
Дьиримнии тыгаллар.
Түүҥҥү мүөт салгыны
Түөспүнэн омурдан,
Хааннарым сайҕанан
Мин санаам уоҕурда!
Аҕыс уон араастар
Санаабар оонньууллар:
Колхозтаах алаастар,
Куораттар, хонуулар.
Мунура биллибэт
Күөх далай күөнүттэн,
Муҥутуур дьикти бэрт
Хартыына күөрэйдэ:
Тыһыынча мөлүйүөн
Дьиримниир сулустар,
Үөһэттэн өҥөйөн
Дьэ бэттэр, олустар!
Ол кэрэ көстөргө
Мин кыайан тиийбэппин,
Көрүлүү көтөргө
Кынаты булбаппын.
Ол көстөр күндэлэс
Дьиктини таайаары,
Түүннэри-күннэри
Мин тоҕо саарыыбын?
Ол курдук санаабар
Охсуллан киирбитэ,
Уостубат-хараабат
Айылҕа дьиктитэ.
Сассыарда күн көрөн
Үөһэттэн түспүтүм,
Күнүскү күүс үлэм
Күлүүһүн туппутум.
Яковлев Василий Васильевич
КҮҺҮҤҤҮ
Төгүрүк ый кубархай уотун
Кырдал үрдүгэр кутар,
Курас тыал хотуттан түһэн,
Күлүгүрбүт тыаҕа
Сэбирдэх тохтор.
Боруҥуй күөлү
Тулалаан тураннар
Хаппыт хомустар
Аалсыһан тыаһыыллар,
Хараҥа халлааҥҥа
Көстүбэт аҥыр
Тыал хоту быстахтык
«Хааҥк»,—диэн ааһар.
Ахтан кэлбит
Баҕабын ханнара,
Түүҥҥү барыкка
Мин хааман таҕыстым…
Кистэлэҥ алыптаах
Бу кэмчи көстүү
Баай да санааны
Дууһаҕа күөттүүр.
Реас Алексеевич Кулаковскай
КҮҺҮН ТЫАҔА
Бороҥ былыттар усталлар,
Быыстала суох элэҥнииллэр.
Түппэх баҕайы. Сөп-сөрүүн.
Тыас-уус кэмчи. Уу-чуумпу.
Үгүс сылларга үүммүт
Үрдүк баараҕай тииттэр
Төбөлөрүн холбооннор
Түс-бас кэпсэтэ тураллар.
Саҥаларын дуораана үөһэнэн
Салгынынан устан, кэҥээн
Дип-дириҥник куугунуур,
Дэп-дэлэйдик суугунуур.
Аллараттан атыттар, кыралар:
Араас хатыҥнар, талахтар
Улуулар кэпсээннэрин иһийэн
Умсугуйан иһиллииллэр.
Ытыктыыллара сүрүн ньии,
Ылы-чып барбыттар дии.
Аата, барахсаттары даа,
Ап-араҕас киэргэллэрин
Аһыммыттыы биир-биир тоноон
Атахтарын анныгар
Аргыый наҕыллык тамныыллар.
Кэлии иһигэр тыал үрэн
Киҥкинэтэн эрэринии,
Иһиллэр-иһиллибэт суугун
Итинник үөһэнэн куугунуур.
Утуйаары оҥостор тыа барахсан
Уоскуйан уһуутуура быһыылаах ити.
Михаил Елисеевич Тимофеев
КҮҺҮҤҤҮ КҮӨЛЛЭР
Күһүҥҥү чуумпу күөллэр
Хараан түүнү үллүннүлэр.
Итии тыыннаах ол түөстэр
Им сырдыгын түһэрдилэр.
Күлүктэрин көрдүлэр,
Күлэ-үөрэ сандаардылар
Кыһыл көмүс сэбирдэх,
Көрсүө-сэмэй хатыҥ мастар.
Үрүҥ былыт кулгааҕар
Иэмэх ыйбыт, эдэр ыйбыт,
Иэнигийэр санааҕа,
Илибирии сандаарыйбыт.
Хоно түспүт кубалар
Хомус оттон таҕыстылар,
Кылы-халы саҥарса,
Кыйаар үөскэ уһуннулар…
Күһүҥҥү чуумпу күөллэр
Хараан түүнү үллүннүлэр.
Үчүгэйиэн бу тыаҕа
Үрүлүйэр ыйдаҥаҕа!..
17.02.99
Иван Николаевич Егоров – Иван Горнай
Күһүн
Күүлэй тэбэр киэһэлэрбит
Көрдүүн-нардыын сүттүлэр.
Күп-күөх ньуурдаах биэрэктэрбит
Күрэҥсийэн бүттүлэр.
Көмүс күннээх кэрэ кэми
Күпсүүр тыаллар иттилэр,
Күөллэр туман бэргэһэни
Күдээриччи кэттилэр.
Үрүҥ түүннэр, үрүҥ түүннэр
Өйбөр элэс гыналлар,
Үтүө түүллэр, үтүө түүллэр
Үөрүүлэрэ – туманнар.
*****
Үйэҕин анаабыт киэҥ үлэҥ,
Күн сирин күндүтүн көрдөҕө.
Үтүмэн үтүөкэн ыраҕын,
Кылбата-сандаардан таһаардыҥ.
Чулуубут, киэн туттар киһибит,
Уол дохсун санаатын ситтэҕэ…
Чугуйбат, кэхтибэт ол уолчаан,
Улуукан ырата туоллаҕа…
Бу Моҕол Ураһа дьиэлиттэн,
Эйээрэ дьиэрэйдин эн көрүүҥ,
Бар-дьоҥҥор тэнийэ чэлгийдин,
Эн билииҥ баараҕай лабаата.
Эн санааҥ сахалыы тойуга,
Саймаара-талбаарда үрдүккэ.
Эҕэрдэ эйиэхэ убайбыт,
Санааҕын толорбут күҥҥүнэн!
Үйэттэн-үйэҕэ көтүөхтүн,
Сахалыы саҥалаах ырыата.
Үтүмэн сылларга салҕаннын,
Сахалыы оһуордаах ойуубут.
Айаанньа Уус. 26.09.2020 с.
Баайаҕа б.
Сир Ийэ барахсан
Сэрииттэн баастарын
Сэрэнэн сабардыы
Сэмээр хаар түһэрэ,
Сэлэмэ ый тахсан
Сэргэни кууһара.
Ол кэмҥэ биир ыалга
Уол оҕо төрөөтө,
Ол дьиэҕэ Дьылҕа Хаан
Уот оттон өрөөтө.
Күн саҥа кылайа
Кылбайа ойуута
Көһүннэ кылаана,
Оһуордаах ойуута
Кыым чохтон саҕыллан
Уол диэки ыстанна.
Ол кылам түгэнтэн
Уран уус, ойууһут
Төлкөтүн түөрэҕэ
Түстэнэн олорбут.
Санаабыт ыратын,
Сылдьыбыт сыратын, Бар дьоҥҥо анаабыт
Барҕалаах барҕатын
Бу бүгүн толордо,
Бу — бүгүн Олоҥхо!
Аар Моҕол Ураһа —
Мандар Уус алгыһа!
Баайаҕа Томторун
Айхаллаах арчыта!
Андросов Владимир Семёнович
Балаҕан ыйын 26 күнэ
Баайаҕа Томторо
Семен Руфов
Музыка
Музыка дорҕооно лыҥкыныы таммалыыр,
Музыка таммаҕа дьөлүтэ кэйиэлиир…
Ким ити сүрэҕим хараҕын баттыалыыр,
Санаабын тоҕута силэйтиир?!
Музыка диэн тугун өйдөөбөт баар этим,
Музыка тыас буолбаат диэччи баар буоларым –
Ол бэйэм киниэхэ мин билиэн бэринним,
Музыка абыгар ыллардым.
Умнубут күөх сааспын, иэйиибин, таптылбын –
Урукку олохпун оргутан таһаарда,
Тылбынан мин сатаан этиэ суох ырабын
Тыыннаахтыы иннибэр туруорда!
Саха сиригэр 2014 сылтан ыам ыйын 18 күнүгэр Ньургуһун күнэ бэлиэтэнэр. Тоҥ буору тобулан тахсар ньургуһун сибэкки туһунан элбэх ырыа айыллыбыта.
Инн. Дмитриев тыла В. Протодьяконов мелодията
Ньургуһуннар
Хара сир устун саас маҥнай
Хааман иһэр кэрэтин!
Сэрэммиттии оргууй аҕай
Сири көрөн иһэбин…
Халдьаайы ахсын тэтэрэ
Ньургуһуннар үүммүттэр,
Таптал курдук нарын, кэрэ
Тыыннаах буолар эбиттэр.
Кэпсээҥҥэ киирбит кэрэтин
Кэрэхсээтим, таптаатым,
Ыраас тырымныыр бэйэтин
Ылан түөспэр анньынным.
Номох буолбут сахам кыыһын –
Ньургуһуну санатым,
Таптыыр кыыспар кини аатын
Иҥэриэхпин баҕардым.
П. Тобуруокап тыллара А.Алексеев мелодията
Ньургуһунна бэлэхтээ
Көтө-дайа кустуктана,
Көрө-истэ туллуктана
Хоспор куруук кииримэ
Куппун-сүрбүн иирдимэ.
Хос ырыата:
Ол эрэн эн сэрэнэҥҥин,
Оргууй аҕай үктэнэҥҥин,
Чуумпу хоспун сэгэтээр,
Ньургуһунна бэлэхтээр!
Көмүс куорсун кыталыктар
Көмүс сааспын илдьэ баартар,
Чаҕылыҥнас кырыалар
Чанчыктарбын саппыттар.
Хос ырыата:
Ньургуһунум, баҕар, эмиэ
Дууһам уотун тилиннэриэ,
Умнубуту санатыа,
Уйадыта ыллатыа.
Хос ырыата:
Көтө-дайа кустуктана,
Көрө-истэ туллуктана
Чуумпу киэһэ ээр-сэмээр
Ньургуһунна бэлэхтээр!
Н. Артемьев тыла Д. Санников мелодията
Ньургуһун
Ыраас кырдал кытылыгар,
Ыркый ойуур саҕатыгар,
Чагда дьэҥкэ тыатыгар,
Хатыҥ чараҥ быыһыгар.
Хос ырыата:
Гьургуйаана ньургуһун,
Тупсубутуҥ олуһун.
Сааһын куруук эн тахсан
Күнү көрсө күөгэйэҕин,
Ньургуһунум барахсан
Дойдум ньуурун симиигин.
Хос ырыата:
Сиккиэр тыалтан наскыйан
Сэгэлдьийэ тураҕын,
Үөрүүгүттэн долгуйан
Үҥкүүлүүргэ дылыгын.
Хос ырыата:
Сиэдэрэйкээн дьүһүнүҥ
Сүрэҕи сымнатар,
Саҥа тыллар мөссүөнүҥ
Сахам кыыһын санатар.
Хос ырыата:
К. Уткин тыллара В. Никаноров мелодията
Ньургуһун ырыата
Тоҥ хаары тумсунан тобулан
Саҥа саас илдьитэ эргийдэ
Күөх унаар күлүмэр көҕүтэн
Ньургуһун ыһыахха ыҥырда.
Хос ырыата:
Ньургуһун, ньургуһун, ньургуһун –
Мин ырыам кылбаарар кыната,
Ньургуһун, ньургуһун, ньургуһун –
Мин таайар тапталым ымыыта.
Сүүс араас сибэкки симэҕин
Өлүмнэс үҥкүүтүн көрөбүн,
Рҕр саас оһуордаах оонньуутун
Уран уус хоһооммор холбуубун.
Хос ырыата:
Ньургуһун ырыатын ыҥыран
Ытыспар мин ылгыы турабын,
Арыылаах алгыспын анааммын
Аал уоппун аһатан эрэбин.
Баал Хабырыыс тыла В. Андросов
Ньургуһуннар
Халаан уутун сүүрүктэрэ
Халдьыгыры уһуннулар
Хойуккатын үүммүттэрэ
Харалдьыкка ньургуһуннар.
Сайылыгым кыргыттарын
Санаталлар ньургуһуннар
Баанан кээстэр былааттарын
Бөлөх-бөлөх муһуннулар.
Биһилэҕи кистэһэннэр
Битиһэн атах тэпсэллэр
Оргууй аҕай кэпсэтэллэр
Уолаттарын кэтэһэллэр.
Кыыртан куотар кус буоланнар
Кылбаарыһа сырсыахтара,
Баҕар бырыычыкалааннар
Бары саһан хааалыахтара.
Кэтэһимэҥ, ньургуһуннар,
Кэлбэттэр аны уолаттар,
Отучча кыс-хаар уулунна
Уолаттар аҕам дьон буолтар.
Н. Михалева тыла А. Калининскай мелодията
Уһугунна ньургуһун
Ыллыы илик ырыам дуу,
Ыраах-ыраах ырам дуу,
Тыллан кэллэ сүрэхпэр.
Уһугунна нарын ырыа,
Уһугунна нарын иэйии,
Уһугунна ньургуһун.
Таптал тылын таайтаран,
Санаа кыыма саҕыллан,
Сардаҥарда сырдык мичээр.
Уһугунна нарын ырыа,
Уһугунна нарын иэйии,
Уһугунна ньургуһун.
Махтанабын кэрэ сааска,
Махтанабын эдэр сааска,
Ньургуһуннаах кырдалга.
Уһугунна нарын ырыа,
Уһугунна нарын иэйии,
Уһугунна ньургуһун.
Инн. Артамонов тыла Ив. Иванов мелодията
Ньургуһун барахсан
Эн биһи кыракый
Сааспытын санатан,
Кырдалга тахсыбыт
Ньургуһун барахсан.
Хос ырыата:
Тоҥ буору тобулан
Силиһи тардынар,
Күн диэкки дьулуһан
Саас эрдэ көҕөрөр.
Тыллыбыт ньургуһун
Тырымныы хамсаата
Үчүгэй урсунан
Күн диэкки хоҥкуйда.
Хос ырыата:
Кыыс буолан харалдьык
Кырдалга наскыйда,
Уол буолан быһыйдык
Туос ууран кылыйда.
Хос ырыата:
В. Алексеев тыла Е. Поликарпов мелодията
Ньургуһуннар
Ньургуһуннар, ньургуһуннар
Тула хаамыҥ ньургуһуннар,
Саха кыыһа, саха дьоло,
Сандал маҥан ньургуһуннар.
Эйэлэрин, иллээхтэрин
Кырдал үөһэ үммүттэрэ.
Ыра курдук ыраастарын
Күҥҥэ ууммут мичээрдэрэ.
Нарыннарын-намчыларын
Туохха киһи холуйуой,
Кинилэртэн ама хайаан
Тоҥ да сүрэх ирбэт буолуой.
Ньургуһуннар, ньургуһуннар
Чоруун-солко ньургуһуннар
Саха кыыһа, саха дьоло,
Сандал маҥан ньургуһуннар.
С. Данилов тыла Вл. Кондаков мелодията
Бастакы ньургуһун
Үчүгэй да буолар ньургуйан
Күөх өҥнөөх бастакы ньургуһун.
Ыраас амарах хараҕынан
Эрэнэ көрүнэр тулатын.
Тугу да тугу да билиммэт
Дьолтон, күн санааттан ураты
Ол иһин тымныыттан сэрэммэт
Ньургуһун тобулар тоҥ буору.
Бастакы барыта ураты
Үөрүүнү, иэйиини үөскэтэр
Бастакы күөрэгэй ырыата
Кэҕэ кыыл чоргуйар саҥата.
Е. Слепцов тыла А. Алексеев мелодията
Ньургуһун
Саас аайы хонууга тыллыахпын
Ньургуһун буолбатах эбиппин,
Олоҕу саҥалыы таптыахпын
Саааһыран хайы-сах сиппиппин.
Хос ырыа:
Оо, арай дууһабар билигин
Маҥнайгы тапталым тилиннин,
Ньургуһун, эн курдук симэнэн
Этиэхпин кэрэтик тылыннын.
Биир кэрэ сибэкки кыыс баарын
Мин билэр, сөбүлүүр эрээри,
Уон аҕыс саастаахпар улдьааран
Атыны аналым диэбитим.
Хос ырыа:
Түргэнник да ааһар сыл-хонук,
Маҥнайгы гьургуһун тапталым,
Сааһыран бардаҕым аайытын
Саас тыллар сүрэхпэр истиҥник.
Хос ырыа:
И. Петров тыла Р. Степанов мелодията
Маҥнайгы ньургуһун
Тоҥ кырсы тобулан тахсаҥҥын
Дьон-аймах сүрэҕин үөрдэҕин
Саас бастыҥ бэлэҕэ буолаҥҥын
Сарбынньах ньургуһун кэрэҕин.
Хос ырыата:
Унаар күөх ньругуһун,
Уоҕура үүнэҕин,
Олохпут дьулуурун,
Оһуордаан симиигин.
Сарсыарда ньургуһун уһуктан,
Саһарҕа уутунан суунаҕын.
Көмүстээх дьиктини арыйан,
Көөчүктээн күлүмнүү тураҕын.
Хос ырыата:
Үрүҥ-түү баттаххын өрөҥҥүн,
Үөрэҥҥин саһарчы көрбүккүн,
Эдэр саас дьүөгэтэ ньургуһун,
Мин таптыыр Ньургуйаанам курдуккун.
Хос ырыата:
Тохсунньу булууһун тобулан,
Туругур ньургуһун сибэкки
Эйиигин арыаллыыр эдэр саас
Эйиигин бүөбэйдиир Ийэ сир.
Хос ырыата:
Хр. Горохов тыла Ис. Брызгалов мелодията
Ньургуһуннар
Кыра оҕо күҥҥэ ууммут
Илиитинии кэрэчээн,
Кырдал аайы көҥүл үүммүт
Ньургуһун дьолу көрдөөн.
Үөрэх дьыла бүппүт күнүн
Үөрүтүгэр ыччаттар,
Көтүөх курдук өрө кыыньа
Туралларын курдуктар.
Хос ырыата:
Ньургуһуннар, ньургуһуннар
Үүммүттэрэ кэрэтин,
Ньургуһуннар, ньургуһуннар
Үүммүттэрэ кэрэтин.
Арыт таптал үҥкүүтүгэр
Абылатан киирбиттии,
Сымнаҕастык куустуһаллар
Кылбаараннар кубалыы.
Үөрүүм-көтүүм аргыстара
Ыраас күннүү сырдыктар,
Халлаан чаҕыл кустуктара
Маҥнай манна түмсэллэр.
Хос ырыата:
Егор Борисов – Буор Булгунньах
Ньругуһун
Сааскы кэм сандаарар кэһиитэ,
Ахтылҕан аргыстаах ньургуһун,
Үөрүүнэн үлүмнүү тураргын
Сэрэнэн сыллыахпын баҕардым.
Оҕотук чаҕаархай кэмнэрбэр
Чараҥҥа сасыһа оонньуурбут,
Үрүҥ күн көөчүгэр суулааммын
Ийэбэр бэлэхтээн үөрдэрим.
Бастакы мин килбик тапталбар,
Сүрэҕим кистэлин тиэрдээри,
Эйигин, дьиктилээх симэхпин,
Ытыспар олордон ууммутум.
- •
Аттыбынан биллэрбэккэ,
Ааспыт эбит олоҕум,
Сарсыҥҥыга сананаммын,
Сааранаахтаан хаалбыппын.
Бүгүн буолбут үөрүүбүн
Билэн,тиhэн хаалбатахпын,
Атын күнү кэтэhэн,
Аралдьытан кээспиппин.
Биирдэ өйдөөн көрбүтүм,
Биэрэк сиргэ кэлбиппин,
Номнуо сааспын ситэммин
Сириэдийэ сиппиппин
Үчүгэйкээн да кэмнэр
Үөрэ-дьүөрэ ааспыттар,
Судургутук түргэнник
Симэлийэ сүппүттэр.
Күнүм хайдах тахсарын,
Киэhэ буолан киирэрин
Ахсарбакка, аахайбакка
Аhарбыппын күннэтэ.
Мэлдьи үлэ сырсыыта,
Үөрэх ыалдьыт айдаана,
Тохтуур бокуой суох этэ,
Толкуйдаахтык олорорго.
Арай төннөн иккистээн,
Эргиттэрбин эдэр сааспын
Айылҕалыын алтыhан аралдьыйыам этэ мин.
Тиийиэм этэ дойдубар,
Тахсыам этэ хайабар.
Сүүрүөм этэ алааспар,
Сибэккилээх кырдалбар.
Таптыам этэ тулабын,
Чугас эргин дьоннорбун
Үөрүөм этэ күннэтэ
Үрүҥ, күнү көрбүппэр.
Оһуохай тыллара
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Оһуокайдыыр оһуокай!
Айар, ыллыыр, хоһуйар
Алгыс тыллаах этээччи
Ааттаах аллар атастарым,
Дьуокар үҥкүү туһугар
Дууһаҕытын туттарбыт
Дьонум-сэргэм, доҕотторум!…..
Н.Е. Петров.
Өбүгэбит саҕаттан
Үтүө үгэс биһиэхэ
Үйэ сааспыт тухары
Үйэтийэ тураахтыыр.
Үүттээх сүөгэй далбардаах
Үтүө төрөл төрүөҕү
Үөскэтээхтээн-үөрдүтэн,
Үрдүк кирбии ситиһэн,
Үлэбитин үтүөлээн
Үстүүр үрдүк кэрдиискэ
Үүнэн сайдан испиппит
Үчүгэйин эбит……
А.Е. Алексеев.
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Оһуокайдыыр оһуокай!
Эҕэрдэлээх ыһыахха
Элбэх дьону сиэтэммин
Эһиэкэйбит үҥкүүтүн
Эргимтэтин кэҥэтэн
Эбэн-этэн иһиэҕиҥ!
Кыһарыйбыт кыһыммыт
Кыйдаммытын кэнниттэн,
Күөҕэ көбүөр үрдүгэр
Көрү-нары тутуоҕуҥ!…….
В.Л. Алексеев.
Чэйиҥ-чэйиҥ, чэкийдээр.
Чэгиэн буортан тирэнэн
Дьиэрэҥкэйдээн оонньуоҕуҥ!
Эһиэкэйдиир-эһиэкэй,
Оһуокайдыыр оһуокай!
Саймаархайдыыр салгыннаах,
Сандаархайдыыр күннэрдээх,
Саккырастай самыырдаах,
Саалыыр кулун көтөлөөх,
Саадьаҕай тарбыйах үүрбэлээх,
Сайыннарбыт барахсан
Салаллаахтаан кэлиитэ,………
М.Ф. Варламова
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Эҥэрдиирэ дьоннорум
Эҥэрдэһэн тураҥҥыт,
Эмээхсинниин, оҕонньордуун
Эркиннэһэн, кэккэлээн:
Элгээн күөлүм, дьэ, саҕа
Элбэхтиирэ киһилээх
Эҥээрийэр түһүлгэни,
Эгэлгэлээх хоһоонноох
Элбэх үгүс үйэлэргэ,
Эргэлиир сылларга
Эркээйигэ эстибэтэх
Эһээкэйдиир ооньуутун
Этээхийдээн эҥээритиҥ……
В.Д. Данилов
Оһуокайдыыр оһуокай,
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Саллар сааспыт тухары
Сааскы куска сааланар
Саха киһитин үгэһэ,
Саамай күүтэр түгэнэ
Сааһыт дьонум сахсаанын
Санатардыы эттэххэ
Саҥа үйэ дьонуттан
Сатабыллаах сааһыттан…………..
А.Г. Зверев
Оһуокайдыыр оһуокай,
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Хоммут уоспут хоҥнорон,
Хоһоон, ырыа саҥаран
Холоонноохой дьоннорбун
Хоробуоттаах оонньуурбар
Хомуйа тардан киллэрэн,
Хоннохторбор кыбытан,
Хоруоҥкалыы тиһэммин,
Хоҥор хаастыы сиэтэммин,
Хоолдьуктаах бэйэкэм
Хоҥкулдьуйа хаамаары
Хомунаммын кэлбитим……
Ю.Е. Иванов.
Оһуокайдыыр оһуокай,
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Айылҕаттан талыллан
Аҕыс далбар салаалаах
Аардыыр сүдү хатыҥ
Арыйа көрөн турбутум:
Аламай сайын сатыылаан,
Сиэмэ силис тардынан,
Ситэн үүнэн долгуйан,
Аҕыс былас от саҕа
Аллар далбар салаалаах,
Тоҕус былас от саҕа
Долгулдьуйар мутуктаах,
Дьоһун мааны хатыҥ мас
Төгүрүччү-эргиччи
Төлө батыыр түмэтилээх,
Тула өттө эргиччи
Туора тардыы дьураалаах……
И.Д. Константинов
Оһуокайдыыр оһуокай,
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Төгүрүччү сиэттиһэн
Түһүлгэни төрүттээн,
Төрүт саха үҥкүүтүн
Түмсэн оонньоон бардахха,
Оҕо эдэр ыччатыам,
Оһуокайдаан дуоратан
Оҕуй-доҕуй үктэниҥ,
Эһиэкэйдээн дьиэрэтэн
Эҕилдьийэ хамсаныҥ
Ириитимин тутуһан,
Илиилэри эймэтэн,
Дабыдалы дайытан,
Тоҕоноҕу доҕутан,
Оккумалы оонньотон
Уллуҥаҕы ойутан,
Тилэҕинэн тибийэн,
Тобугунан доҕуйан,
Сүһүөҕүнэн сүдьүйэн,
Такымынан тамнанан…….
Н.Е. Петров
Оһуокайдыыр оһуокай!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Чэйиҥ эрэ доҕоттор,
Тэҥнээх туруу дьоннорум,
Түмсүбүччэ күн бүгүн
Көрүлүөҕүҥ, ыллыаҕыҥ!
Оһуокайдыыр оонньуубут
Охтууруктуур саалардаах
Омоллоон Боотур саҕаттан
Оҥоһуллан-чочуллан
Оһуокайдаан кэлбитэ…….
Н.Е. Прокопьев
Кытыылыыр сылгы
Уйгу быйаҥ тахсыытыгар тиийдибит,
Кыыс бэрбээкэйиннэн түспүт
Онон «уруйдуоҕуҥ» диэн олохтуоҕуҥ,
Кыраһа хаарбытын
Онон «айхаллыаҕын» диэн алҕыаҕыҥ,
Кылырытаммыт,
«Үктэммит сирбититтэн
Улаан сылгы
Үрүҥ күөх от
Уу тобугунан
Өҥдөйдүн» диэҕиҥ,
Оймоон кэһэр
- «Хаампыт сирбититтэн
Олуурдаах хаарбытын
Хампа күөх от
Уулларар күммүтүгэр
Ханыыластын» диэҕиҥ,
- Кэллибит.
«Турбут сирбититтэн
Ол гэннэ
Торҕо күөх от торолуйдун» диэҕин,
Унаар сайыҥҥа тиийэммит,
Сиэтиспит сирбититтэн
Уруй-айхал олохтономмут
- Синьньэ күөх от сириэдийдин.
- БЫЛЫРГЫЛЫЫ ҮҤКҮҮ ЫРЫАТА
- Көхсүттэн тэһииннээх
Эргэтээҕи кэм чиэрэһигэр
Күн сирин дьонноро,
Эллэй Боотур өбүгэбит
Күрүөтүү тураммыт,
Этэн-тыынан төрүттээбит
Арҕаһыттан тэһииннээх
Эриэккэс, кэрэ ырыаларын
Айыы хаан аймахтара,
Элбэх буолан сылдьаммыт
Алардаһан сылдьаммыт,
- Эппэлдьитэ этиэҕиҥ,
Сарыы торбос танастаах
Элиэнэбит биэрэгэр
Саха урааҥхай оҕолоро,
Эймэҥнэһэ сылдьаммыт
Сатаарыта туойуоҕуҥ,
Этэн-тыынан иһиэҕин,
- Үөрүү-хомойуу булкаастаах
Тууһай мэмэ,
Үөрүйэх ырыабытын
Тууһай мэмэ!
Үлүскэмник этиэҕиҥ,
Көрдөөх үҥкүү турда диэн,
Тууһай мэмэ, Көрүдьүөс эдэр ыччаттар,
Тууһай мэмэ!
Күөрэлдьиһэн сылдьаммыт
Көҕүспүччэ көрүлүөҕүн ,
- Көтөн-ойон иһиэҕиҥ,
Үөрүү-көтүү буолла диэн,
Үтүө сүрэхтээх оҕолор,
Үмүөрүһэн киирэммит1
Үөрэ-дьүөрэ этиэҕиҥ,
Үөмэр-чүөмэр ойуоҕуҥ,
Тууһай мэмэ,
Тууһай мэмэ!
Уһуну-киэни эргитэн
Уустаан-ураннаан эттэххэ,
- Ааспыт кэми санаһан
Ахтан ааһар буоллахха:
Уордаах кыһын обургу
Улуу дойдуну сабардаан,
Улаан ньуурдаах саханы
Уһун кэмҥэ эрэйдээн,
Чысхаан тыала курбуулаан,
Тоҥорон, үлүтэн, кэһэтэн,
Чэҥнээх тымныы эркиннээх
Дьүдьэх дьиэҕэ саһыаран,
- Буруолаах ыыспа балаҕан
Уотун-күөһүн манатан,
Ыран-дьүдьэйэн олорбуппут,
Ытыы-соҥуу сыппыппыт,
Тууһай мэмэ,
Тууһай мэмэ!
Күннээх кустук төрөөбүт
Көмүс хайатын үрдүгэр,
Ыйдаах чолбон үөскээбит
Ытык хайатын таһыгар
- Айыы таҥара ыйааҕынан
Айыллан-төрөөн үөскээбит
Ньэлбэй Иэйэхсит ийэбит
Айыы аймах дьоннорун
Модун күтүр тымныыттан
Быыһыыр туһунан санаабыт,
«Тымныы тыынын тоһут» диэн,
Сылаас оҥоро кэлэргэ
Соҕотох уолун анаабыт,
Тууһай мэмэ,
- Тууһай мэмэ!
Үтүө мааны сүрэхтээх
Ньэлбэй Иэйэхсит ийэбит
Баар эрэ маанылаах уола
Хомпоруун Хотой убайбыт
Одун хаантан оҥоһуллан,
Чыҥыс Хаантан ыйыллан,
Кыырай халлаан кырсынан
Көтөн күпсүйэн кэлэн,
Таастаах Дьааҥы үрдүгэр
- Даллас гына түспүтэ,
Тулатын көрүнэн баран,
Таҥнары өҥөйөн олорон
Таҥалайын тыаһаппыта,
Чаҥырҕаччы саҥарбыта,
Тууһай мэмэ,
Тууһай мэмэ!
Тайҕа тыабыт иһигэр
Тахсар күнүм чаҕылыйан,
Халлаан үрүт өттүгэр
- Иэйэхсит хотун мичилийэн,
Модун тымныы обургу
Бохтоон-ахсаан испитэ,
Түптэлэс тымныы эмискэ
Түксүлээн уурайан барбыта,
Тууһай мэмэ,
Тууһай мэмэ!
Сааскы халлаан арыллан,
Салаллан тиийэн кэлтигэр,
Сарыы торбос таҥастаах
- Саха кырата-кыаммата
Сааскы сукка ылларан,
Саҥа иэскэ тэбиллэн,
Сыа хаар ирэрин көһүтэн,
Сырабыт-сылбабыт баранан,
Уһун күнү кыраһан
Уу-хаар аһылыктанан,
Унаар сайын кэлэрин
Уһуннук да күүппүппүт,
Элэ-была тылланан,
- Эрэйи да көрбүппүт,
Тууһай мэмэ,
Тууһай мэмэ!
Күүппүт кэммит күөрэйэн,
Күммүт уота сыралыйан,
Күрдьүк хаарбыт күрэнэн,
Күндү сайын ийэбит
Күөйэ көтөн кэлбитэ,
Кыырай халлаан кырсынан
Кыталык кыылым көппүтэ,
- Кырдал сирбит, алааспыт
Кэнчээрилээн барбыта,
Элиэнэлиир эбэбит
Эмиэ мууһун ыыппыта,
Үрэх, сыһыы үрдүнэн
Үрүмэччи көппүтэ,
Үрүҥ ас, арыы дэлэйэн
Үчүгэй бөҕө буолбута,
Тууһай мэмэ,
Тууһай мэмэ!
- Саха урааҥхай дьонноро
Күүппүт күммүт күөрэйэн,
Кэтэспит кэммит эргийэн,
Үөрэн-көтөн долгуйан,
Үөһэ тыынан дьэгдьийэн,
Бүгүҥҥүлүүр күннэргэ
Бүччүм күлүк сирдэргэ
Туорах кулун тобоҕун,
Эскэл биэбит этэтин
Уохтаах кымыс оҥорон,
- Утах гынан истибит,
Атах тэпсэн олорон,
Аһаатыбыт-сиэтибит,
Тууһай мэмэ,
Тууһай мэмэ!
Кэрии тыабыт кэтэҕэр
Кэҕэ этэн чоргуйда,
Кырдал хонуу үрдүгэр
Күөрэгэйбит көччүйдэ,
Үрүҥ күммүт анныгар
- Үөрүү-көтүү диэлийдэ,
От-мае, талах төбөтүгэр
Үрүҥ сибэкки бүрүлүннэ,
Уруй-айхал улаатта,
Улуу тунах, дьэ, буолла,
Тууһай мэмэ,
- Тууһай мэмэ!
- АҔЫС АЙЫЫ ЫРЫАТА
- Дьэ-буо, дьэ-буо!
Ооньньуу турар
Ойор күннээх,
Ойуу-оһуор
Оттоох-мастаах,
Орто аан дойду
Аан маҥнай
Айыллан үөскүүрүгэр
Лоһуор арыы долгуннанан,
- Дьапта арыы чабырҕайданан,
Кумах арыы курбууланан,
Буор арыы боҕуускаланан,
Акыйаан сиэнэ
Арҕаа дьидьэмиитэ2
Сүүрбэннэн-сүүһүнэн
Сөрүөстэ үөскээн,
Уол киһи саҕа
Улуу долгуннанан,
Кыыс дьахтар саҕа
- Кырба кыдьымахтанан,
Үүт күрүөнү
Үрдүнэн көстөр,
Өрө үллэр
Үрүҥ күүгэннээх
Үүт өрүс эбэ хотун
Үөскээн үүнэн үрүөдүйбүт.
Ол үөскүүрүгэр
Кыһыл кумаҕынан
Кычым кыһаланан,
- Таас кумаҕынан
Чараас дьаайданан,
Харыйа мае ханыыланан,
Тиит мае дьирбиилэнэн,
Хатыҥ мае хадьааһыннанан,
Иирэ мае эркиннэнэн,
Үөт мае өттүктэнэн,
Бэс мае бииллэнэн,
Буор хайа мойбордонон,
Өҥ быраан өрөҕөлөнөн,
- Түөрт уон түөрт түбэлэнэн,
Биэс уон биэс бииллэнэн,
Алта уон алта аартыктанан,
Сэттэ уон сэттэ сиксиктэнэн,
Ады с уон аҕыс ачааланан,
Тоҕус уон тоҕус тоҕойдонон,
Матайан тахеар мае үрэхтэнэн,
Үрэллэн тахеар от үрүйэлэнэн,
Муус төбөлөөх
Булгунньах сирдэнэн,
- Булуҥ дулҕааланан,
Түөрт уон кос төгүрүктэнэн,
Тоҕус уон кос туораланан,
Отут кос усталанан,
Күннүк сиртэн
Көҕөрөн костер,
Хонук сиртэн
Хонтойон көстөр,
Торолуйа тупсубут дьоллоох түбэтэ3
Аатыран-айгыраан аҕыс кырыыланан,
- Үйэттэн үйэҕэ үрүөдүйэ үоскээбит.
Маннык дойду
Матайар саалыгар,
Киэҥ уорук
Киэбин иһигэр,
Ый-күн күҥэһэтэ буолбут
Ытарҕа курдук ыас хара тыалаах
Ытык күөл эбэ хотун
Көлүөһэ курдук күөрэйэр күннээх
Түөс курдук төгүрүк түөлбэтигэр
- Көхсүттэн быалаах
Күн улууһун көҕө
Кэнчээри ыччакка кэскил буолар,
Хойукку сүһүөххэ хоһоон буолар,
Оточчун сүһүөххэ орун буолар.
Саха сиригэр,
Сабыч саҥа
Урааҥхай дойдутугар —
Улуу сонун.
От-мас төбөтүгэр
- Ойуу оһуор охсуллар,
Улуу туҥах буолар
Уйгу-быйаҥ тэрийэн,
Оһуохай оонньуу
Оруннанарын аатыгар
Эрэйдээх-буруйдаах
Эр Соҕотох
Эллэй Боотур
Аан бастаан
Айхал этэн,
- Аар баҕах аньньан,
Аҕыс айыыга
Айах тутан,
Араҕас далбарыгар
Алгыс ыллаан,
Айдааран эрэбин.
Ити кэнниттэн
Соноҕос атым
Чочойор тобугунан,
Кытыылыыр сылгым
- Кыыс бэрбээкэйинэн
Кыраһа хаардаах,
Кыскыйар тыыннаах
Кыһын эбэ
Көмүрүө хаар
Көмнөҕүнэн бүрүллэн,
Кыстык хаар
Кыаһатынан сабыллан,
Бургунас ынах
Муоһа булгу тоҥор
- Икки сүүс
Сүүрбэ хонуктаах
Муҥутуур тымныылаах,
Будуллар буурҕалаах,
Муус кырыалаах
Олунньу ыйым
Тоҕустаах сааһыгар,
Тураҕас сылгы
Тумулга туорайдаан
Турарын саҕана
- Күн уота
Күрүлэччи көрөн,
Күн оттото
ЫҺЫАХ ҮҤКҮҮТҮН ЫРЫАТА
- Чэйдэрэ-чэйин, тэҥнээхтэр,
Чиэппэр кумах дьирбиилээх
Дьилэй хара буордарбар
Тиксиспиттэй ааттарга
Дэриэ дэхси тураммыт
Лэглэйиэҕиҥ, чэкийдэр,
Эһээҥэйдиир эһээҥэй,
Оһооҥойдуур оһооҥой!
Унуоргуда биллибэт,
- Устаката көстүбэт
Уолба күөлэ холобурдаах,
Оҕуруос күөлэ бадахтаах
Оһооҥойдуур ооньньууну
Осхоругун төлөрүтэн,
Уоннааҕыттан үрдүкү,
Отутуттан анныкыы
Уопсай саайка тураммыт
Оһооҥойдуур оойнууну
Осхоругун төлөрүтэн,
- Уоннуур ыйдыыр хонугар
Улугурбут даҕаны
Уллуктайбыт унуоҕун
Окуҥната туруоҕун,
Оккумалбыт уҥуоҕун
Олуйбалыы тутуһан,
Оһооҥойдоон уурайыаҕын,
Эһээҥэйдиир оһооҥой!
Эйэ дэмнээх эрдэххэ,
Эдэр сааһы баттаһа
- Иҥнэригэр хааннаах,
Иэдэһигэр эттээх,
Илбиргэстээх иэдэстээх,
Эркэ саһыл дьүршүннээх,
Эриэн сиидэс эркиннээх
Эдэр ыччат эдьийбин
Эрэйэ туойан ыламмын,
Илин тыакы холобурдаах,
Элгээн күөлэ бадахтаах
Эһээҥэйдиир бэһээлэй
- Иитимдьитин эспэккэ,
Эрбэхтэйбит төбөтүттэн
Эрийбэлии тутуһаммыт,
Ийэ дьиккэ көлөһүн
Иэннэрбинэн кэлэрин
Иэстээбэккэ тураммын,
Эттиир нуурай тылларбын
Эрэйдээхтээн туран,
Илин көрө эргийиэҕим,
Эһээҥэйдиир оһооҥой!
- Тэҥкэ тиитэ холобурдаах
Дэриэбинэм чэгийдэрэ,
Тиксиспиччэй ааттарга
Тиһэҥэ сүөһүм тириитин
Тэлэ баттаан оҥорбут
Тилэхтэйим таҥаһа
Дэлбэриттиэ даа диэмэҥ,
Лэглэйбэхтээн иһиҥ,
Күдэниктиир куйааспыт
Күдээрийэ күорэйдэ,
- Күргүөмүнэн тураммыт
Көнө хонуу көхсүгэр
Күөкэллэрдиин көршөммүт,
Көлүөскэлии тутуһан,
Көлөссөннөн эргийиэҕин,
Эһээҥэйдиир оһооҥой,
Оһооҥойдуур оһооҥой!
Аҕыс иилээх-саҕалаах,
Айгырдаахай силиктээх
Аан дойдум киэнэ
- Эргийбэхтиир киинигэр,
Эрилийэр мындаатыгар
Эһээҥэйдээн эргитиэҕиҥ,
Тоҕус ыйдыыр хонугар
Толоостуйбут дуу, доҕоор
Тобуктайбыт унуоҕун
Туйгун тунаах ыһыах
Дьолугар тоҕооһон
Токуҥната туруоҕуҥ,
Тоҥонохпут унуоҕун
- Туора-таара тутуһан,
Чоҥкуларбыт унуоҕун
Туруорулуур үктэнэн,
Чохолойбут уҥуоҕун
Чохоччулуур туттунан,
Дьоллоох үйэҕэ
Тойуктата туруоҕуҥ,
Эмиэхэйэ даҕаны
Эһээҥэйдиир оһооҥой,
Оһооҥойдуур оһооҥой!
- Аан бастаан
Дьэ, дьоллордоохой тойугу
Туойбахтыы туруоҕуҥ,
Тоҕооспуччай ааттарга
Айылгылаах алааспытыгар
тураммыт
Алҕаталыы туруоҕуҥ,
Чэйдэр чэйиҥ, чэкийдэр!
Тугуй хайа диэтэххитинэ —
Боппуруоһун мин булуоҕум,
Эппиэттэрин этиэҕим,
- Истэн-өйдөөн тураахтаан,
Эдэр ыччат сэгэрдэр,
Аар баҕах аньньаммыт,
Алтан чэрчи сириэдитэммит23,
Түөлбэ күөл саҕа
Түүлээх түһэлгэ тардаммыт
Уйгу быйаҥна
Оруннуу туруоҕуҥ,
Эмиэ хайа даҕаны
Эһээҥэйдиир эһээҥэй,
- Оһооҥойдуур оһооҥой!
Алтаннаах алааспын
Арыаллыы көртүм нии,
Сабаан сайын барахсан
Сатыылаабыт эбит,
Итии куйаас барахсан
Эргийбит эбит,
Өҥүрүк куйаас барахсан
Үөдүйбүт эбит,
Дьэ, үҥкүү тылын
- Үөскэтэн иһиҥ,
Өй-санаа сайынна;
Кэриир хара тыабын
Кэрирчилиир көрдүм —
Кэрэ сылгы барахсан
Кэккэлээбит эбит,
Алым хара тыабын
Арыйа көрдүм —
Атыыр сылгы бөҕө
Арыаллаабыт эбит,
- Хорҕолдьуннаах хонуубун
Хомуйа көрдүм —
Кунан оҕус бөҕө
Холбоспут эбит,
Улуу бараан дойдубар
Бургунастай ынах бөҕө
Мустубут эбит,
Сирим үрдүгэр көрбүтүм —
Сибиэр дьааҕыр сиппит эбит,
Отум үрдүгэр
- Оһуор ойуу охсуллубут,
Маһым үрдүгэр
Бадьаар ойуу баайыллыбыт,
Эһээҥэйдиир эһээҥэй,
Оһооҥойдуур оһооҥой!
Үктэл буорум үрдүгэр,
Көмүстээх буорум көхсүгэр
Дьэ, туйгун тунаах ыһыах
Тускутун тускуйар күнүм доҕоосто,
Дьэ, турар турбат
- Дьоннорум барахсаттар,
Дьэ, толкуйдаахтаан
Туруҥ эрэ,
Үрдүк халлааны
Өрө көрөн тураммын
Үөтээхтиир күнүм
Үөскээн тиийэн кэллэ,
Өйдүөн-дьүүллэн туруҥ!
Тыгар чолбон тылбаастаах,
Тэргэн уота сирдьиттээх,
- Сүүрэр үргэл дьүһүөльдьүттээх,
Ньиргиэрэ суох
Дьиппиллэн кэлэр
Дьилэй хара киэһэлээх,
Кыһыл былыт кырааскалаах,
Суга былыт сотуулаах,
Хара былыт хадьайдаах,
Итир былыт эпсиэйдээх
Үс өндүр маҥан халлаан
Өрүт өттүгэр,
- Былыргыннан эттэххэ,
Сырдык халлаан сыаркыбалаах,
Маҥан халлаан балааккалаах,
Үрдүк халлаан үктэллээх,
Ый уота тымтыктаах,
Күн уота чүбэчилээх,
Аҕыс хаардаах бугул саҕа
Ахтаах наадаҥ түптэлээх,
Сэттэ хаардаах бугул саҕа
Иһэҕэй оломноох,
- Үс хаардаах бугул саҕа
Үрүҥ күүгэн олбохтоох,
Түөлбэ күөл саҕа
Үүт күөл оломноох,
Уоруйар уорастыйар
Чобуорхайар мунааһыттар,
Улуу тойон
Уор Дьүһэгэй тойон эһэм!
Кэскиллэри этэн,
Кэриҥниир күнүм
- Кэллэ эбээт,
Эһээнэйдиир эһээҥэй,
Оһооҥойдуур оһооҥой!
Дьэ эрэ, тоҕой сэлэни тартаран,
Туораах кулуну туттаран
Дьэ, кэчигирэс ойуу
Кэриэн айаҕы
Кэккэлэт эрэ,
Бачыгырас ойуулаах
Матаарчаҕы бааралат эрэ,
- Чочугурас ойуулаах
Чоруон айаҕы
Чуоҕуттар эрэ,
Таһыар көҕүөрү
Тартар эрэ,
Сиэллээх сир иһити
Кэккэлэттэр эрэ,
Дьэ, сарбаньньах ойуулаах
Саар ыаҕаһы тартар эрэ,
Дьаарай кыллаах
- Дьалбарын тартар эрэ,
Туос ыаҕаспын чуоҕуттар эрэ,
Уруй-хоруй буоллун,
Кыллаах иһити кыстат,
Дьэ, доҕоор,
Чүөрүм көмүс туйахтаах
Дьүөгэлэһэр күнэ буолла,
Дьэ, сылай сиэллээххин
Сыһыар эрэ,
Оночо кутуруктааххын
- Уоддьаһыннар эрэ,
Өрөгөр чаадай үөрдүт,
Ол кынан бараҥҥын,
Иккиһин өйдүөн көрдөхпүнэ —
Кэрэ кулуҥнун кэккэлэт,
Ала кулуҥҥун арыаллат,
Тураҕас кулуҥнун чуоҕут,
Маҥан кулунҥун бааралаа,
Урууй-хорууй буоллун!
Көр эрэ, доҕоор,
- Туйгун тунаах ыһыах дьолугар
Тойуктаппытым тахсан тиийэн
кэллэ,
Ону көрбүтүм —
Тоҕой сэлэм тардылынна,
Лоһугурас ойуулаах
Чоруон айахпын
Дьэ, чуоҕуттум ээт,
Тунуй биэм кэһиитэ
Тураҕастай кулун эбит,
Туйгуннааххый кымыһы
- Чоруон айахпар
Толору куттум,
Туҥуй ынах
Чокуонускай арыытынан
туҥалаатым.
Дьэ, турар турбат норуоппун
Чуоҕутаахтаан олороммун,
Дьэ, тойуктаан эрэбин,
Эһээҥэйдиир эһээҥэй,
Оһооҥойдуур оһооҥой!
Кэрэ биэм барахсан кэһиитэ
Кэчигирэс ойуулаах
Кэриэн айахпар
Кичэйбэлии кутаммын,
Кичэмэлээх арыынан
Киэркэтээхтээн бараммын,
Кэрэ үтүө ыччаттарбын
Кэккэлэтэн олороммун,
«Кырдык, оннук!» дэттэрдим
Кэлчэрийбэт кэтит кэскил
Буоллун диэммин,
- Кэнчээри ыччаттарбын
Кэккэлэтэн тураммын,
Кэрэкэлиир оонньууну
Кэчиэригин аһаммын,
Кэккэлэһэр онордум,
Айхаллаахтаан, атастаар,
Оһоон ойдуур оонньуурдар.
Өршө хайа даҕаны
Манан биэкэм барахсан
Ман ан кулуну төрөппүтэ,
- Маҥнайгылыыр кэһиитин
Бачыгырас ойуулаах матаарчахпын
Мааны кымыс гынаммын,
Манан ынах киэнэ
Маннайгылыыр арыытын
Батыччылыыр кутаммын
Бар норуотум барахсаттары,
Бараах үөрэ холобуру
Бааралардаан олороммун,
Баһыыбаларын ылыам24 диэн,
- Мааны доҕотторбун кытары
Бааралаахтаан бардыбыт,
Эһээнэйдиир оһооной,
Уруй-хоруй буоллун!
Кор эрэ, доҕор,
Уйгу-быйан олохсуйда —
Оһооҥойу ууратыман,
Кэтит кэһии кэккэлээтэ —
Эһээҥэйи эргитиҥ,
Дирин далай түһэлгэ тардылынна25,
- Дьүөҕэлэрдиин көршөммүт,
Дьүөрэ-баара көтүөҕүн,
Эһээҥэйдиир оһооной,
Уруй-хоруй буоллун!
Уйгулааҕынан оонньоотубут,
Дьоллооҕунан тускуйдубут,
Бэркэ бэсэлэйдээтибит,
Күтүрдүк көрүлээтибит,
Устата биллибэт
Уһун туйгун оонньууну
олохтоотубут,
Эһээнэйдиир эһээҥэй,
- Оһооҥойдуур оһооҥой!
БЫЛЫРГЫ ҮНКҮҮ ТЫЛЫТТАН
- Эһээгэйдиир эһиэгэй!
Эллэй баай эһэбит
Этэн кээспит этиитэ,
Оһуоҕайдыыр оһуоҕай!
Омоҕой баай
Олохтообут олоҕо,
Аһыахайдыыр аһыахай!
Айхаллаах олоҕу
Анаабыта биһиэхэ.
- Аҕыс иилээх саҕалаах
Аан дойдубун айбыта,
Аҕыс бадьыр тиит баҕаналаах —
Балтастыаҕа диэн,
Тоҕус тойон тиит тутуурдаах —
Туллаҥныаҕа диэн,
Халкардыаҕа диэн
Хатыыс балык хараҕалаах,
Илистиэҕэ диэн
Бил балык биттэхтээх,
- Субу Орто дуорсун дойдум
Сордон балык сурууптаах,
Охтуоҕа диэн
Ыйы бүалүүр ытык хайа сыҥаһалаах,
Күнү бүөлүүр күкүр хайа
күрүөлээх,
Чаҕылхайы хаххалыыр таас хайа
хаххаллаах
Үс үөстээх Өлөөн өрүс
Сүүрүүктээх уулаах үтүө дойду.
Тоҕус бүлгүөһүннээх
Тоҕус томторҕолоох ураһаны
көрбүтүм
- Ол көрбүтүм —
Таһыгар тоҕус томторҕолоох
Тойон сэргэ
Анньыллан турар эбит44,
Үс хаамыы холобурдаах
Үөлбэ чаҕаан көҕүллээх,
Сэттэ хаамыы
Сииктэ дэлбэр сиэллээх,
Үс хоһо
Үрүҥ көмүс мүөгү түүлээх,
- Тоҕус хаамыы холобурдаах
Оҥочо куйар кутуруктаах,
Туорум көмүс үүннээх,
Оҥоһуу көмүс сулардаах,
Таҥалай көнтөстөөх,
Тардыы көмүс чампараҥа
Тэнитии көмүс дэпсэлээх,
Оһуор көмүс ыҥыырдаах,
Кырыйыы көмүс кычымнаах,
Эрийии көмүс кымньылаах
- Аас маҕан
Атыр сылгым
Мадьаталыы тэбинэн турар эбит.
Ураһаны өҥөйөн көрбүтүм —
Аал уот сардырҕаччы умайа турар,
Ол уотум,
Көмүлүөк оһоҕум туе иннигэр
Куоһахтаах самыылаах,
Култайбыт курбуһахтаах,
Имнэригэр хааннаах,
- Иэдэһигэр эттээх
Хотой Айыы хотунум
Лөглөйөн олорорун көрдүм.
Түөрт45 төлүөр атахтаах
Төгүрүк майдаан остуолбар
Үтүө дьонум
Үрүүмкэлээх арыыгыны үллэстэн
Үөрэ-көтө олороллор,
Мааны дьонум
Бааттыктаах арыгынан
- Мандайдаһа олороллор эбит.
Маныаха буоллаҕына:
[Алгысчыт:] — Хотой Айыы хотун,Буруйдаах буоллахпына,
Буруйбун муунталаан баран
Борук хаан модьококун бокут,
Имҥэр хааннаах,
Иэдэскэр эттээх
Иэйэ Дархан эдьийбэр
Эйэлэһэ кэлэн турабын;
- Айыылаах буоллахпына,
Аччылаан баран
Ааҥҥар атыллат46,
Аймах дьон иннигэр
Айхаллаан ааһаарыбын
Айаннаан тиийэн кэллим,
Дьоллоох тоҕой сэлэни
Тутаайабын диэн,
Тоҕус туораах кулун туһугар.
Тоҕус туораах кулунна тутгар миэхэ,
- Атыыр үөрэ буолар,
Айгыраан барар
Аҕыс кулунна айхаллаан
Биэрэриҥ буоллар
Аймах дьоммор,
Аһыахайдыыр аһыахай!
Күбэй хотун ийэбиттэн
Көрдөһүүлээх турабын.
[Хотой Айыы:] — Тоҕус унаартүптэни күөдүтүөҕүм,
Тоҕус туораах кулуммун
- Тоҕой сэлэбэр туомтутуоҕум,
Тоҕус систээх домун хаһааны
туругурдуом,
Алаас сыһыы саҕа
Атыйахтаах арыыны айа туруоҕум,
Тоҕус унаар түптэни
Күөдүтэ туруоҕум.
Үрдүк тыа диэбитим
Үрүҥ сүүрүк буолан
Үмүөрүһэ үөскээн бардылар,
Хара тыа диэбитим
- Хамныыр хара буолан
Халыйан бардылар.
[Хотой Айыы:] — Харыс түүлээх,Аҕыс арыы хоргунаах
Алаас сыһыыбар
Аҕыс ассыыннаах
Аламай саламабын
Намылыччы тардыаҕым,
Аҕыс алаас түптэни күөдүтүом,
Сарбынньахтаах үрүөнэн
- Салбырҕалыаҕым,
Тоҕус туорах томторугу
Лоһугураччы иилиэҕим,
Маҥан далбар сиэлинэн,
Кытыылыыр сылгым сиэлинэн
Бытырыыстыаҕым
Аламай саламабын.
[Алгысчыт:] — Уруйдаах олоҕу,Уйгу быйаҥы,
Унуоргута биллибэт
- Унаар тиэргэни
Олохтоотум диэтин,
Диэрбэ дархан Эдьибил Иэйэхсит!
Иннэ-кэннэ биллибэт
Иэдьэгэй бадараан тиэргэни
Иэннигиттиҥ дуу, эдьий уруум?
Баайы баһылыырга,
Тоту куотарга олохтоотуҥ.
Сиикэй сүөгэй силбиктээх,
Арыы чалхаар алыннах,
- Сүөгэй сүүдүрүүн үрүттээх,
Хойуу сүөгэй хоҥурахтаах,
Суорат тунах тураннаах,
Иэдьэгэй эриэн ньиирэйинэн
Илгэн кэбиһэ туруй,
Сарбынньах садьаҕыйынан
Садьыйа туруй,
Оноолоох саадьаҕайынан
Ууран биэрэ туруй,
Бар саадьаҕайынан бааралыы тур,
- Хонуу мунунан
Хоноҕор муостааҕынан холлот!
Хоһооммор холбуоҕум,
Этиибэр кытарыаҕым,
Эдэр ыччат иннигэр
Эҕэрдэлии туруоҕум,
Эһиэгэйдиир эһиэхэй,
Оһуогайдыыр оһуогай,
Сылай сиэллээҕинэн
сылҕаардааҥнын
Сыһыы муҥунан сылгылаа!
- [Хотой Айыы:] — Алаас сыһыы
тухары
Атыыр үөрүнэн
Аймах дьонно
Алҕаан биэрэ туруоҕум!
Кэччэрийбэт кэскиллээх,
Кэнээн уһаан дэлэйэр
Киэҥ дэлэгэй олоххо киирэн,
Чугуруйбат дьоллоох,
Улахан уйгу быйаҥнаах
Уһулу дьоллоох олох туругурдун,
- Оҕоттон оҕо үйэтигэр
Уруй туску олохтоннун,
Айхал бөҕө
Аймах дьон иннигэр,
Саллар саас тухары
Ааспат айхал буоллун курдук,
Ороһу ыччаттарга
Олох буола турдун,
Кэнчээри ыччаттарга
Кэпсээн буола турдун,
Эдэр ыччаттарга
Сэһэн буола турдун,
Оһуогайдыыр оһуогай,
- Эһиэгэйдиир эһиэгэй!
һиэкэйдиир эһиэкэй,
Оһуокайдыыр оһуокай!
Дьэйиҥ эрэ, доҕотоор,
Бүгүҥҥүлүүр күннэргэ
Көрөн өйдөн турдахха —
Тэҥкэ тиитин саҕа ньии
Дьирбии көмүс чэчирдээх
Дириҥ далай түһүлгэ
Тэриллээхтээн турар эбит,
- Арыы хатыҥ саҕа ньии
Ачар көмүс баҕахтаах
Ахтылганнаах ооньньуубут
Аһыллаахтыыр күнүгэр
Аймах дьону аҕай да
Араллаабыт эбиккит,
Аҕыһыктыыр ыйдарга
Хандараатаан хаалларбыт
Ахтылҕаннаах ооньньуубут
Күннүүр бүгүн көһүннэ,
- Аҕыс төгүл айҕаллааҥ,
Эһээкэйдиир эһээкэй,
Оһуокайдыыр оһуокай!
Торҕо томоон дойдубут
Туртайара туонатыгар
Дьоҕооспутуур эбиккит,
Дьоһуннардаах оонньуубут
Туттуллаахтыыр күнүгэр
Тоҕустуура ыйдарга
Дуогабардаан тохтоппут
- Тосхоллордоох оонньууну
Тоҕус төгүл тускулааҥ,
Эһиэкэйдиир эһиэкэй,
Оһоокойдуур оһоокой!
Улуукалыыр дойдубут
Уорҕатыгар даҕаны
Дьоллоохуйа оонньуубут
Олохтонор күнүгэр
Уоннууруга ыйдарга
Устуруоттаан тохтоппут
- Улуу дьоллоох оонньууну
Уопсай бииргэ тураммыт,
Уоннууруга төгүллээн
Уруйдуоҕун, уолаттаар,
Эһиэкэйдиир эһиэкэй,
Оһуокайдыыр оһуокай!
Дьэйин эрэ, доҕоттоор,
Үөллүүрүкэ талаҕы
Өрө туппут курдуукуй
Үөдэл ыччат оҕолоор,
- Үөрдээбиттэй эбиккит,
Эһиэкэйдиир оонньууну
Эриэн тэһиин курдуктук
Иилэ хапсан ылаахтаан,
Эһиэкэйдиир оонньууну
Эгилдьитэн иһиэгиҥ,
Үүс-киис кылаанын курдукуй
Кытыаныктыыр ыччат да
Кылаан үтүө оҕолоор,
Кырасыабай кырдалга
- Кыттыспыттай эбиккит,
Кыталыктыыр кыыллардыы
Кылыйыаҕыҥ даҕаны,
Дьоһун үтүө дьоннордуун
Дьоҕооспуча, доҕотоор,
Домохпутун тууралыаҕыҥ,
Силикпитин сэтэлиэҕиҥ,
Оонньуубутун ончохтоон,
Бэһэлэйдэ биилиэҕин,
Эһээкэйдиир эһээкэй,
- Оһоокойдуур оһоокой!
Дьэйин эрэ, доҕотоор,
Бүгүҥҥүлүүр күннэргэ
Көрдөөх үтүө күннүүр ньии
Көстүбүтүн аатыгар
Чэйиҥитиий, оҕолоор,
Тоҥонохтон тутуһан
Дьоллоох тойук туойуоҕуҥ!
«Туохтууруга туһугар
Бүгүҥҥүлүүр күннэргэ
- Күҥэйээхтээн тураҥҥын,
Күүстээхийэ сорудаҕы
Биэрэҕиний?» диэхийдиир
Буоллаххытына, доҕотоор,
Эһиэкэйдиир эһиэхэй,
Оһуохайдыыр оһуохай!
Бүгүҥҥүлүүр күннэргэ
Отут былас төгүрүктээх,
Уллук ото саҕа ньии
Уйгу-быйаҥ олбохтоох,
- Улуннуура кустарым
Үстүүр төгүл умсаахтаан,
Унуоргутун булбатах
Уһун туйгун түһүлгэ
Олохтоммут эбит ньии,
Эһиэкэйдээх оһуокай!
Кэскиликтиир тэрийэр
Кэрэ кулун кэрбэҥнээх
Кэрэ сайын барахсан
Туохтууруктан тууралаан
- Кэлбитигэ даҕаны?
Эһиэкэйдээх оһуокай!
Соноҕоһо атым ньии
Сототугун үрдүнэн,
Сургуйара моонньунан
Сонордуура хаарбытын
Туохтуурунан тууралаан
Солбонуйда этэ да?
Кытыттыыра сылгым ньии
Кыттыһара хонноҕунан,
- Кыптыйдааҕын аннынан
Кырыакалыыр хаар хотун
Туохтуурунан тууралаан
Кынчарыйдыбыт этэ да?
Быһааскылыыр дьылларга
Тиргэлиирэ ыйдарын
Ньиргиэрдиирэ тоҥото
Туохтуурунан тууралаан
Тостубутай, оҕолоор?
Эһиэкэйдээх оһуокай!
- Оллуур кэлин өттүгэр
Көрөн өйдөөн турбутум —
Күннүүр аннын диэкиттэн
Күдээркэйдиир өҥнөрдөөх,
Күөхтүүрүгэ баттахтаах
Көҕөнүктүүр кустарым
Көтөн тиийэн кэлээхтээн,
Көлүйэкэм олоҕор
Күрдьүгүнээн түспүтэ,
Онтон бэттэх даҕаны
- Тобурахтыыр тохтообот
Долгун маҕан халлаана
Торҕотооҕор нусхайда,
Онтон бэттэх тэмтэйдэ,
Оллууруга кэнниттэн
Сиэрэй маҕан халлаана
Сиитэстээҕэр сэгэйдэ,
Оллууруга кэнниттэн
Сыһыы хаара сылаарда,
Эккин хаара ирбитэ,
- Күөхтүүр көлдьүн халлаана
Көнньүөстээҕэр көҕөрдө,
Күрдьүктүүрэ хаара ньии
Көҥү ирэн түспүтэ,
Оллуур кэлин өттүгэр
Кэрэ бэлиэ түүлэрдээх,
Кэрэмэстэй бытыктаах,
Кэрдиистэрдээх хабырҕалаах
Алтан хомус айахтаах,
Көмүс күөгү күөмэйдээх,
- Кээкинэстиир соҕуһа
Кэпсэллэрдээх даҕаны,
Кэдэгэркээн быһыылаах
Кэҕэ кыылым барахсан
Кэриикэлиир тыакабар
Кииллиирикэ саастардаах
Кэдэгэрэ тиит маска
Кэдэс гына түспүтэ,
Кэрэ бэлиэ куолаһынан
Кэпсээн киирэн барбыта.
- Оллуур кэлин өттүгэр
Кэрии тыабыт даҕаны
Киэргэнэргэ барбыта,
Үрдүк тыабыт үрүтүк
Өттүкэтигэр аҕай да
Өтөн кыыла үөттэ ньии,
Оллуур кэлин өттүгэр
Тииттиир маһым үрдүгэр
Дьэрэкээннээх ойуубут
Тиксиһээхтээн барда дуу,
- Талахтыыра мастарым
Үрүтүктүүр өттүгэр
Дьаргаа ойуу тарҕанна,
Ойуур-ойуур аайытын
Оһуор ойуу олохтонно,
Оллуур кэлин өттүгэр
Эһиэкэйдээх оһуокай!
Моонньоҕоно кустарым
Болбуоттардаах даҕаны,
Аҕыс уона андыкам
- Аргыстардаах аҕай да,
Биэлэй маҕан биргинэх
Билээччилээх даҕаны,
Барыларын мааныта,
Үгүстэрин үтүөтэ,
Дууруктарын тойоно,
Кырыылардаах иэдэстээх,
Кырааскалаах тумустаах,
Кырдьыылардаах харахтаах
Кыталыктыыр кыылларым
- Кыырай халлаан кырсынан
Кырыйа дайбаан кэлээхтээн,
Үрдүк халлаан өргүөрүнэн
Өрө дайан ааһан
Иһээхтиирин көрбүтүм.
Торҕо томоон дойдубун
Туттайара туонатыгар
Чороллоохтоон тураммын,
Көрөн, өйдөөн көрбүтүм,
- Кыһыл дьиэрбэ аһылыктаах
Кыталыктыыр кыылларым
Көтөөхүйдээн кылбайан
Ааһан иһэрин көрбүтүм,
«Маннык үтүө көтөрүм
Хантан иһэр эбитий?»
Диэхийиктээн даҕаны
Өйдөөн көрөн турбутум.
Буллууруга көтөрбүт
Кытай омук сиригэр
- Кыстаан кэлбит бэлиэтэ —
Кыһылыктыыр көмүһэ
Кыраньыысай өҥнөммүт,
Соҕуор омук сиригэр
Сорсулаабыт соргута —
Солотуулаах сотоломмут,
Тардыы көмүс дабыдаллаах,
Кырыйыы көмүс кынаттаах,
Эрийии көмүс эрбийэлээх,
Кутуу көмүс хотоҕойдоох.
- Оллууруга кэнниттэн
Эһиэкэйдээх оһуокай!
Онтон бэттэх даҕаны
Тиэргэн хаара тэмтэйдэ,
Үрэх-үрэх даҕаны
Үрүйэтин уутун да
Көлгөмнөнөн киирээхтээн,
Үстүүрүгэ үөстэрдээх
Сүҥэ далай өрүһэ
Сүгэһэр көмүс соппуорун,
- Күрэ мууһа көмүөлүн
Көтөхпүтэ даҕаны,
Оллуур кэлин өттүгэр
Аана дойду үрдэ дуу
Анды куһа уоһаҕар
Холобурдаах даҕаны
Арыы талах аалланна,
Улуу дойду уорҕатынан
Умсаах куһа уоһаҕын
Курдук хайа холобурдаах
- Уйгу буйаҥ уһунна,
Оллууруга кэнниттэн
Аана дойдум барахсан
Арҕаакалыыр кэриитэ
Араҕастыыр кулунунан
Аартыктанарга барбыта,
Улуу дойду барахсан
Соҕуруулуур кэриитэ
Сурдууруга кулунунан
Суолланарга барбыта,
- Ийэ дойду барахсан
Илиниктиир кэриитэ
Биэлэй маҕан кулунунан
Мэндэйдэнэргэ барбыта,
Эһээкэйдиир эһиэкэй,
Оһуокайдыыр оһуокай!
— Туохтууруктан тууралаан
Иитиллибитэй этэ даа?
— Былыргылыыр дьылларга
Имиир дууса барахсан
- Эһэкэтэ буолбута,
Эмпиэрийэ хотуҥҥа
Эдэриттэн байбыта
Эттиир сырай Эллэйэ
Иитэн кээспиит эрэ дуу.
— Эһиэкэйдээх оһуокай
Оонньуукатын даҕаны
Туохтуурунан ииппитэй?
— Эттиир сырай даҕаны
Эллэй боотур этэ дуу:
- Эһээкэйдиир эһээкэй,
Оһоокойдоох оһоокой,
«Чэйиийикэҥ, эмээхсин,
Кэрэ сайын кэллэ дуу,
Үтүө сайын үҥүлүйдэ,
Дьоллоох бириэмэ дьоҕоосто,
Кэлин кэлэр үйэлэргэ
Кэнчиэрэлиир ыччаты
Кэскилиэҕиҥ, эмээхиэн,
Төрөтөөхтүүр оҕобут
- Төлкөлөрүн оҥоруохха,
Эһиэкэйдиир оһуокай!»
Оллуур кэлин өттүгэр
Тоҕус чулу киһиннэн,
Тоҕус туйгун тиитинэн
Тохтон түһүө диэхийдээн
Тойон өһүө уурдарда,
Аҕыс ааттаах тиитинэн
Адьыр маҕана астарда,
Түөттүүр түҥкүр тиитинэн
- Долгулдьуйуо диэхийдээн
Тулуурдуура оҕустарда,
Түөрт уон туоһум чулутунан
Түргэн ууһа дьахтарга
Түгэх курдуу түһэттэрдэ,
Сүүрбэ туоһа сүүмэринэн
Сөҕүмэр ууһа дьахтарга
Сүһүөх курдуу түһэттэрдэ,
Отут туоһа чулутунан
Ордук ууһа дьахтарга
- Оһуордатан тураахтаан,
Орто курдуу түһэттэрдэ,
Үһэ туоһум үтүөтүнэн
Үтүө ууһа дьахтарга
Үрүт курдуу түһэттэрдэ,
Ортотунан ураалаах,
Түөттүүрүкэ өттүнэн
Дьөлө быһыы түннүктээх,
Аҥаардыыра өттүнэн
Ааннарыктаах даҕаны
- Маҥхалыыра ураһа
Дьиэлэриги тэриттэрдэ.
Оллууруга кэннигэр
Эһиэхэйдиир эһиэкэй,
Оһуокайдыыр оһуокай!
Билинҥилиир эмээхсинэ
Тоҕуһуктуур хараҕалаах
Тоҕустуура сэлэтин
Толотторон бараахтаан,
Туораахыйа кулуннарын
- Туҥаталаата даа курдук,
Саалырыктыыр биэкэтин
Самыыкатын уукатын
Сайа таттаран ылаахтаан
Саамыы кымыс оҥорон,
Көҕөччөрө биэкэтин
Көхсүкэтин уукатын
Көҥү тардан ылаахтаан,
Оҕонньоро киһиэхэ
Уулуурука бастаран,
- Кыыстыырыка дьахтарга
Кымыстатан даҕаны,
Оллуур кэлин өттүгэр,
Эһээкэйдиир оһуокай!
Дьоһун үтүө киһибин
Тускулуоҕум диэхийдээн,
Тоҕустуура томторҕолоох,
Лочугурас ойуулаах
Чороонуктуур айахха
Чохчолоспут арыылаан,
- Долгуйдьуччу кымыстаан,
Тосхойоохтоон бараахтаан
Дьуолка ааньан тоһуйда,
Бастыҥ мааны ыччакка
Барҕаката буолун диэн,
Бачыгырас ойуулаах
Матаарыктыыр айахха
Бачыгырас арыылаан,
Балгылдьыгас кымыстаан,
Баҕах анньан манаата,
- Кэчигирэс ойуулаах
Кэриэниктиир айахха
Кэнчиэрэлиир ыччаппын
Кэскиллиирим буоллун диэн,
Кэйбэлдьиччи кымыстаан,
Кэккэлэспит арыылаан
Кэрбэҥ анньан кэтээтэ.
Оллуур кэлин өттүгэр,
Эһиэкэйдиир эһиэкэй,
Оһуокайдыыр оһуокай!
- Санаатынан салаллар,
Көнүлүттэн көнньүөрэр,
Истэриттэн эйэҕэс
Ааттаах атыыр сылгыны
Айҕаллаахтаан анааччы,
Туораахыйа кулунунан
Тускулатан туттарааччы,
Уоллуурука оҕону
Уһуратан уунааччы
Ханныырыка хотун ньии
- Отут күннүк сиринэн
Унаар салама оҕуруоттаах,
Сэттэ күннүк сиринэн
Сиэллиир байах сиэгилээх,
Иһэгэйдээх тиэргэни
Кэҥэппиттиир даҕаны,
Тоҕуһуктуур сүһүөхтээх
Тойборууннуур хотону
Туксарааччы даҕаны,
Иһэгэйдээх дьилбэктээх,
- Күүгэннэрдээх ытыстаах
Тиэргэнниирэ ичитэ
Ньэдьэй Баайа Иэйэхсит
Билиҥҥини истээхтээн,
Тахсакалыы көтөөхтөн,
Түүлээх тоҕой сэлэ ньии
Дөйбүүрдээхий даҕаны
Уордаахыйа Дьөһөгөйтөн
Ааттаах атыыр сылгыны
Уоннуур чулуу көмүһэ
- Тарбаҕынан тутаахтаан,
Тоҕус булас от саҕа
Чомчоҕойдоох дуола ньии
Көмүһүгэ сэргэҕэ
Туомтуу тардан кэбистэ,
Тула хааман көрбүтэ —
Арыы тыалыыр саҕа да
Араан була арҕастаах,
Үстүүрүгэ сиринэн
Уйуллардаах моойдордоох,
- Илин өттүн көрбүтүм —
Хаардаах ото саҕа да
Харынньылаах эбит дуу,
Оллуур үрүт өттүнэн
Икки сэттэ булаһа
Отуурукпун даҕаны
Сэргэ кээспит курдук даа
Иккилиирэ даҕаны
Сэгэлгэнтэй кулгаахтаах,
Оллуур кэлин өттүгэр
- Икки элгээн күөллэрим
Курдук баҕас даҕаны
Эрилкэйдиир харахтаах,
Оллуур алын өттүнэн
Чандьарыга даҕаны
Дьалах дьахтар далаҕа
Тардыырыга иһитин
Таҥнарыллыыр аспытын
Көрдүк баҕас булааннаах
Тартаа буула таныылаах,
- Оллуур алын өттүнэн
Дьиэллир аанын саҕахаҥ
Дьэллэгэркээн айахтаах,
Өссө өйдүөн көрбүтүм —
Арыый алын өттүнэн
Түөттүүр сэттэ булаһа
Отуурукпун даҕаны
Дьүөрэлэрдии даҕаны
Кээспиттиирэ курдук даа
Сэбэрэлээх тыстардаах,
- Түөрдэ түстээх от саҕа
Түөрэҥ көмүс туйахтаах,
Оллуур үрүт өттүнэн
Кыттыһара хонноҕунан
Кынатыктыы дьаҕыллаах,
Ойоҕоһун ортотунан
Оҕуруолуу дьаҕыллаах,
Уорҕакатын ортотунан
Орохтордоох систээх,
Арыы тыалыыр саҕа даа
- Араам чэбдик арҕастаах,
Систиир тыалыыр саҕа даа
Сибиир ньиргиэр систэрдээх,
Сэттэ күннүк сиринэн
Сиргэ тохтон симэлийэр
Синньэ нэлби сиэллэрдээх,
Бугул отум саҕа даа
Буура чаҕаан көҕүллээх,
Куруҥнарга тохтор даа
Хорбоҥнонор даҕаны
- Солко нолуор кутуруктаах,
Уллук ото саҕа да
Уларыйбат уйгулаах,
Кэтэх ото саҕа да
Кэлтэрийбэт кэскиллээх,
Былтарыйбат быйаҥнаах
Ааттаах атыыр сылгыны
Чиҥэ ууһа дьахтарым
Тэпсэн, тиэйэн оҥорбут
Лип хаана даҕаны
- Тэллийэннэн тэллийэлээн,
Аалыы көмүс аҕай даа
Абараннан албаралаан,
Сырдык көмүс сырайдаах,
Бүтэй көмүс бүүргэлээх,
Иэҕии көмүс иһэҥэлээх
Иван Горнай
УЧУУТАЛЛАР
(поэматтан быһа тардыы)
Оскуола
Саамай улахан түннүктээх,
Саамай улахан дьиэ —
Санааҕа саамай үйэлээх,
Саамай кэрэ-бэлиэ.
Ол көстөр оскуола дьиэтэ.
Кытыастар кыһыл былаах.
«Чэ, тукаам, кэллибит»,—диэтэ.
Ийэтэ, өрө тыынаат.
Бүгүн олоххо үктэннэ
Кини кыракый уола,
Бүгүҥҥү, сарсыҥҥы күҥҥэ
Туох эрэ күүтэр буолла?
Үөрдүө дуо оҕото, кэлин
Үөрэхтээх киһи буолан,
Хомотуо дуу биитэр кини
Куһаҕан аатын ылан?
Бүгүн олоххо үктэннэ
Кини кыракый уола,
Бүгүҥҥү, сарсыҥҥы күҥҥэ
Туох эрэ күүтэр буолла?
Чуораан чугдаара ыҥырда
Оҕону ырыых-ыраах,
Ийэтэ аргыый саҥарда:
«Чэ, тукаам, үөрэн кытаат!»
Саамай улахан түннүктээх,
Саамай улахан дьиэ —
Санааҕа саамай эллээх,
Саамай кэрэ-бэлиэ.
Улахан уу-чуумпу кылаас.
Саҥа кинигэ сыта
Уонна учуутал сып-сылаас
Харахтарын сырдыга,
Уонна оҥоччу көрсүбүт
Оҕолор дьоһуннара —
Оскуоланы маҥнай көрбүт
Оҕоҕо сонуннара.
Оттон дуосканы муҥунан
Ойууламмыт буукуба —
Бэйэтэ күөх урсунунан
Кылбайа көтөр куба.
Оттон учуутал тыллара
Олус да истиҥнэрэ —
Уолчаан дууһалыын ылларан
Устара ханна эрэ.
Устара олох суолунан
Бу үөрбүт кыра киһи,
Илиилэрин өрө уунан
Этэр курдуга кини:
Мин бүгүн үөрдүм, долгуйдум
Эн тускунан истэммин.
Дорообо, төрөөбүт дойдум,
Мин — саҥа киһи кэллим.
Саамай улахан түннүктээх,
Саамай улахан дьиэ —
Санааҕа саамай үйэлээх,
Саамай кэрэ-бэлиэ.
Оскуола — бу уһун айан,
Учуутал — онно аргыс.
Кыра да сыыһа, сымыйа —
Бу суолга мэһэй, харгыс.
Оскуола, учуутал, суобас –
Бу биир суолталаах тыллар.
Өҥ эрэ сиргэ күөх куолас
Үчүгэйдик ас кутар.
Оскуола оҕоҕо оннук
Өҥ сиринэн буолуохтун,
Өрүү кэрэтик, сонуннук
Кини көстө туруохтун!
Өйү үөскэтэр үрдүк өй,
Үтүөнү — үтүө санаа.
Үүнэр сүрэххэ өрөгөй,
Үөрүү тылларын анаа.
Үүннүн үтүө, кэрэ киһи
Айа, тута, олоро,
Киһи буолбут ытык иэһин
Дьон иннигэр толоро.
Саамай улахан түннүктээх,
Саамай улахан дьиэ —
Санааҕа саамай үйэлээх,
Саамай кэрэ-бэлиэ…
…Учуутал олоҕо, дьыалата
Оҕоҕо үксэ бэриллэр.
Хас саҥа көлүөнэ дьылҕата
Хайаан да онно иһиллэр.
П. Максимов
ОСКУОЛА УОТТАРА
Оскуола уоттара сандаара тыганнар
О5о саас тилиннэ тулабар.
Сырдатар тырымнас бу кыымнар
Төлөҥҥүт түөстэргэ өрүү баар.
Эрэллээх аартыкка таһаартыҥ, оскуола,
Эдэргэ эркээйи уот буолан,
Күндүтүк саныыбын үөрэммит күммүтүн,
Кэрэни кэрэхсии үүммүтү.
Кыһабыт уотунуу дьон-сэргэ сүрэҕэр
Күннэтэ сырдыгы саҕыахха.
Силлиэни силэйэн, үтүөҕэ-кэрэҕэ
Сирдиир уот буоламмыт кыыһыахха!
Айаанньа Уус.
Баайаҕа б.
*****
Оскуола барахсан буоллаҕа,
Билиибит — көрүүбүт биһигэ.
Олохпут кэнчээри ыччатын,
Билиигэ уһуйар кыһабыт…
Оҕону уон биир сыл устата,
Үөрэтэр — такайар кыһаҕа…
Олустук баҕарыа этибит,
Үөрүүнү — көтүүнү, күн дьолун.
Оҕолор билсиһиэх тустаахтар,
Дьиҥ — чахчы оҕолуу, тэҥ дьоннуу.
Оонньуулаах оҕо саас сырдыга,
Дьол кыыма, хаалыахтаах сүрэххэ.
Орооһор киһи диэн соҕотох,
Учуутал буолуохтаах бу кэмҥэ.
Оҕоҕо бэриллэр билиини,
Уһуйар — үөрэтэр үөрэхтээх.
Төрөппүт барыта биир тэҥник,
Оҕобут этэҥҥэ буоллун диир.
Төрөппүт барыта баҕарар,..
Оҕобут үөрэхтээх буоллар диэн.
Хас биирдии учуутал ол курдук,
Оҕоҕо билиитин биэриэҕэ…
Хас биирдии үөрэтэр оҕотун,
Олох киэҥ аартыгар киллэриэ.
Оскуола барахсан буоллаҕа,
Билии — диэн кынаттаах көтүтэр.
Олох киэҥ куйаарын арыйан,
Барытын үөһэттэн көрдөрөр.
Иннокентий Лукачевскай – Силис
Выпускниктарга
Хап-харанан чоҕулуччу
Оҕуруолуу көрөҕүт,
Дьоһумсуйа туттунан
Чочуонайдаан ылаҕыт.
Номнуо сыыдам тэтимнээх
Сыллар элэс гыннылар,
«Тоотук» бэйэҕит улаатан
Тэлэһийэн эрдэххит.
Үрдүк үөрэх чыпчаалын
Дабайаҥҥыт баһылаан,
Олох суолун тутуһар
Идэлэри ситиһиҥ.
Орто дойду сокуонун
Эрэллээхтик толоруҥ,
Нарын иэйии биһигэр
Кэскилгитин биэбэйдээҥ.
Хара хаалтыс иилинэн
Дуоһунастаах үлэлээҥ,
Туруу үлэһит аатыран
Куораттары дьэндэтиҥ.
Хап-харанан чоҕулуччу
Оҕуруолуу көрөҕүт,
Дьоһумсуйа туттунан
Чочуонайдаан ылаҕыт.
Варвара Решетникова – Талбааана
Үөрэммиппит
Үөрэммиппит:
Билии аанын тэлэйэммит
Бэркэ үөрэн киирбиппит
Өрбөх сыыһа баанчыктаах
Өрүллүбүт баттахтаах,
Булууһа ырбаахылаах,
Ботуоҥка тутуурдаах
Эрбэллибит бэйэлээх
Эмдэй-сэмдэй эрэттэр –
Ньуулу да билбэттэр
Ньулобуой кылааска.
Үөрэммиппит:
Бөлөх-бөлөх олорон,
Бөрүөлээх уруучуканан
Чэрэниилэнэн суруйарга,
Чэнчис-ыраас буоларга,
Ааҕарга, суруйарга,
Атастыы буоларга,
Аҕа саастааҕы ытыктыырга,
Алын саастааҕы аһынарга,
Толоругас буоларга,
Тойонтон толлорго.
Үөрэммиппит:
Өрүү тыыннаах аатырбыт
Өлбөт-сүппэт ааттаммыт,
Үлэһит былааһын үрдэппит,
Үөрэххэ-сырдыкка сирдээбит
элиэнньин эппит кэриэһин
Эккэ-хааҥҥа иҥэрэн,
Өрөбөлүүссүйэ сиэннэрэ
Өктөбүрүөнэк дэтэргэ,
Өрүү инники буоларга.
Өрө биэрэ сылдьарга.
Үөрэммиппит:
Салгыы сайдар туһугар
Саараабакка толорорго,
Куота көтө барбакка
Куруук бэлэм сылдьарга,
Кыыһар былааҕы санатар
Кыһыл хаалтыс баанарга,
Өрөйөн-чөрөйөн биэрэргэ,
Өрүөллэр дэтэргэ,
Холобурга сылдьарга,
Хомсомуол доҕоро буоларга.
Үөрэммиппит:
Эмньик эдэр саастарга,
Эрчимнээх кэмнэргэ
Этэн-тыынан биэрэргэ,
Элбэҕи эрэннэрэргэ,
Аалай уоттаах сулустанан,
Айар-тутар суолдьуттанан
Хомсомуол хоһууна буоларга,
Хоммуньууһуму тутарга
Харса суох үлэлииргэ,
Хайҕалга сылдьарга.
Учууталга
Учуутал барахсан
Уһуйан, такайан
Уҥуоргу кытылга
Угуйан таһаараҕын.
Хараттан үрүҥүн
Арааран ыларга
Ахсаабат сыраҕын
Хатылыы уунаҕын.
Ыччаты кэскилгэ
Ыҥыран-угуйан,
Алгыс аргыстаах
Аартыгы аһаҕын.
Үөрэҕи үүннэрэн,
Үтүөнү үөскэтэн,
Үөрүүнү үксэтэн
Үмүрүтэ тутаҕын.
Үөһээҕэ үктэнэн,
Үрдүккэ дабатан,
Үрдэли уҥуордаан
Үөрэҕи тарҕатаҕын.
Учуутал доҕорбут
Уруйуҥ улааттыҥ,
Алгыстаах айхал
Анана туруохтун!
Пантелеймон Тулааһынап
ОТЧУТТАР ЫРЫАЛАРА
Толоон, алаас аайытын
Тууйас, чороон, кытыйа
Кымыһынан дьалкыйан,
Тиийэн кэллэ от ыйа.
Дьоруо-дьоруо аттарбыт
Тобугунан эриллэр
Солко нуолур отторбут
Суугунаһан эрэллэр.
Көмнөх хаарын көтөҕөн
Күһүн кэлиэр диэритин,
Оһуор-симэх көтөҕөр
Оту охсон иһиэҕиҥ!
Ити көстөр, күлүмнүүр
Илибириир сииктэрбит
Кууран сүтүөр диэритин
Куһуйбахтаан иһиэҕиҥ!
Сиккиэр тыалбыт уһуктар
Симэх оппут хоонньугар
Охсор хотуур тыаһыттан
Оту кытта оонньоһор.
Күһүн буолан көлүйэм
Көҕөн куһун кытары
Күндү сайын ийэбит
Көтөн ааһыар дылытын.
Сүүрүк-сүүрүк аттарбыт
Сүһүөҕүнэн охсуллар
Долгун солко оттору,
Доҕотторум, охсуоҕуҥ!
Тумул күөлтэн күннэрбит
Туналыйа ойуута,
Дьиэлэрикпит түннүгэр
Дьэрэкээннээх сардаҥа
Дьиэрэҥкэйдээн тыгыыта,
Сэлиик-сэлиик аттарбыт
Сиэллэринэн охсуллан
Сүгүрүйэн тобуктаан
Сөһүргэстиир оттору
Итии салгын биһиэхэ
Имэрийэн аҕалар,
Куһуйбахтаан иһиэххэ,
Хорсуннаахай оҕолор.
Оһуор-дьарҕаа сэбирдэх
Оҕуруота тиһиллэн,
Күлүмүрдэс сииктэрдээх
Көбүөр күөххэ үктэнэн,
Үрүҥ, туллук кэриэтэ
Үөрдүһээхтээн туруоҕуҥ!
Үлэ үстэ күүһүрдүн,
Үөлээннээхэй доҕоттоор!
Кымыһынан, үүтүнэн
Кытыйалар дьалкыйан,
Дьэдьэн угар үктэнэн
Тиийэн кэллэ от ыйа.
ОТЧУТ ДОҔОРБОР
Доҕоруом, от охсо
Киирбиккин көрөннөр,
Ходуһа отторо
Уруйдуу көрсөллөр.
Уҥуор көр: ол ыраах
Үүммүт куөх талахтыын,
Санааҕар, ойуулаах
Чорооҥҥо маарынныыр.
Оттон көр: ол үрэх
Дьэргэлгэн сүүрүгүн,—
Эйиэхэ үөр күстэх
Өҥүнэн кулүмнүүр.
Косилкаҥ тыастарын
Кэрэтик истэннэр,
Күөх тыалыын, чыычаахтыын
Ыллаһан эрэллэр.
Хойуу or долгунун
Аттарыҥ түөһүнэн,
Мин отчут доҕорум,
Силэйэн истиҥ эн.
Олорбут отуттан
Лыах көтөн тэлээрэр.
Косилкаҥ анныттан
Күөх көбүөр тэлгэнэр.
Унаарар ходуһаҥ
Долгуйан бэрдин ньии!
Күөх солко отунан
Далбаатыыр эйигин.
Күөх оккун ибиирэр
Саас халлаан ардаҕа,
Косилкаҥ биитигэр
Дьиримниир саһарҕа.
Сиккиэр тыал, киэҥ хонуу,
Тэтэрэр сибэкки —
Барыта колхоһуҥ
Бас билэр баайа дии.
Колхоһуҥ олоҕун
Эн тупсар, байыт диэн,
Мин отчут доҕорум,
Күөх отуҥ сипсийэр,
Күргүөм күүс үлэнэн
Эн көмүс суоллан диэн,
Косилкаҥ биититтэн
Киэҥ аартык тэлэллэр.
Доҕоруом, от охсо
Иһэргин көрөннөр,
Ходуһаҥ отторо
Уруйдуу көрсөллөр.
Семен Руфов
Отчуттар
Күөх халлаан оройугар
Күн ыттарын кытары,
Отууларыгар тахсаннар
Оргуталлар чаанньыктарын.
Сорох атын сыбыдахтыыр,
Сорох хотуурун чапчыйар,
Ким эрэ киҥинэйэн ыллыыр,
Ким эрэ түптэ таһаарар.
Мотор тыаһа тиҥинээтин
Мотоциклист көстө түһэр –
Биригэдьиирдэрэ кэлбитин
Бары да бэркэ сэргииллэр.
Хаһыат, сурук аҕалтаабыт,
Ханна барыай кэһии да…
- Хайа, оттон декадабыт
Хайдах буолла диэбэт да?..
— Хоболоох арыы учааската
Хотон таҕыста декадаҕа… –
Ким эрэ сүөм түспүт саҥата
Кэһиэхтээхтик эттэ «буолла5а…»
Астарын-үөллэрин ыланнар
Аргыый аһаан бардылар,
Арай мэччийэ сылдьар
Аттар тыбыыраллар.
Биригэдиир ааһа турар –
Бэркэ билэр ити тугун:
Куоталаһыы кутаатыгар
Кураанах маһы укпутун.
Егор Дмитриевич Макаров – Үөкүйэ
ОТЧУТ ОҔО ЫРЫАТА
Бэйэм тэҥэ бэрт тэттик
Эһэм биэрбит хотуура
Сирэм күөхтүүн эрдээхтик
Сэһэргэһэр күн тура.
Таптайыытын, бурууһун
Табар буолан хотуурум
Сэтиэнэхтэн иҥнибэт,
Бэттиэмэттэн бэттибэт.
Куйаас, кумаар адьаһын
Хоппот уола дэтэбин,
Курбачыйа дайбааммын
Куоттарбаппын эһэбин.
Ходуһабар бугул от
Хойдубутун сөҕөллөр,
Сылгы, ынах быйыл тот
Кыстыаҕыттан үөрэллэр.
Бэйэм тэҥэ бэрт тэттик
Эһэм биэрбит хотуура
Сирэм күөхтүүн эрдээхтик
Сэһэргэһэр күн тура.
ӨБҮГЭЛЭРТЭН КЭЛБИТ КЭС ТЫЛЛАРА :
1.Олус кылгас олоххо
Олус иллээх буолуохха .
- ••
2.Килбиэн көмүс киртийбэт,
Киһи бэрдэ кэхтибэт.
- ••
3.Тылгын биэрэр эрэ тутах,
Тылгын толороруҥ туйгун.
- ••
4.Үчүгэйи үлэ — хамнас үөскэтэр,
Үлүгэри үлэлээбэт үксэтэр.
- ••
5.Сааттааҕы оҥорума,
Саргыгын самнарыма.
- ••
6.Тыл тылдьыттаах,
Ыал ыалдьыттаах.
- ••
7.Дьоҥҥо үтүөнү оҥоруу —
Дьоллоох буолары оҥостуу .
- ••
8.Кыайыам суоҕа дэнии — Кыаһыланан кэбиһии.
- ••
9.Үтүө доҕор — улуу баай.
- ••
10.Тыал хоту бара сорунума,
Тыал уларыйарын умнума.
- ••
11.Тылын толорбот киһилиин кэпсэтэр,
Тыалы кытары сэлэһэр кэриэтэ.
- ••
12.Дьахтар амарах сүрэҕэ —
Дьиэ кэргэн тэбэр сүрэҕэ !
- ••
13.Мээр ыла үөрэммит
» Мэ » дииргэ үөрэммэт.
- ••
14.Хампыат мичиҥнэтэр ,
Хайҕал киһиргэтэр.
- ••
15.Көлөһүнү тохпокко эрэ,
Олоххо тугу да ситиспэккин.
- ••
16.Киһиргэһэ бэрт
Киһи бэрдэ дэппэт.
- ••
17.Сааһылаан саҥарыы — Саанан кыҥаан ытыы.
- ••
18.Эйиэхэ киһи эрэнэрэ-
Эбии кынаты үүннэрэр.
- ••
19.Дьоҕургун сайыннарыаҥ —
Дьол — соргу быйаҥнаныаҥ.
- ••
20.Үлэҕэ үлүһүйүү —
Үчүгэйгэ өксөйүү .
- ••
21.Үөрдүбүт киһиҥ хараҕа
Үрдүктэн үрдүк хайҕабыл.
- ••
22.Хаҕыс сыһыантан
Харах ууланар .
- ••
23.Күлэн — салан күлүмүрдүөҥ —
Күүстээх да ыарыыны үүрүөҥ .
- ••
24.Сатаан үөрэр идэлээх —
Саамай уһун үйэлээх .
- ••
25.Өй — санаа өрүһүйүөхтээх ,
Өһү — сааһы өһүлүөхтээх.
- ••
26.Кырдьаҕаспын дэнии —
Кырдьыыга бэринии .
- ••
27.Кыайтарыы кыһыытын билбэккэ
Кыайыыга кылыйан тиийбэккин.
- ••
28.Кырдьыгы хайаа даҕаны-
Кылбайан тахса туруоҕа.
- ••
29.Киһи киэбэ хайдаҕа,
Көстөр кини хараҕар.
- ••
30.Кими да хомоппот курдук,
Киһи олороро ордук.
Пионер ырыата
Эллэй
Уһун, кэтит сырдык суол
Оҕо дьоҥҥо тыргыллар,
«Куруук-мэлдьи бэлэм буол!»-
Биһигини ыҥырар.
Ленин – Сталин дьыалатын
Ситэрэргэ бэлэм буол,
Коммунизм кыайыытын
Тэрийэргэ бэлэм буол!
Ийэ сирбит иннигэр
Мэктиэ тылбыт бэриллэр:
«Пионердар – эрэттэр
Мэлдьи, мэлдьи бэлэмнэр».
Олох дьолун уруйдуур
Дуорай, биһи ырыабыт!
Бары омук доҕордуу
Оҕолоро буолабыт.
Туйгун бэртик үөрэнэн,
Сайдан иһин күнтэн-күн,
Совет сирэ эрэнэр
Гражданина буола үүн!
Ийэ сирбит иннигэр
Мэктиэ тылбыт бэриллэр:
“Пионердар – эрэттэр
Мэлдьи, мэлдьи бэлэмнэр”.
Пионер күнүнэн!
Корякина-Хотууна Римма
Иннокентьевна
Үрдүбэр тэлимниир уот кыһыл былааҕым,
Санныбар умайар кып-кыһыл хаалтыһым –
Бу сэрии сылларын кутаатын төлөнө,
Бу өлбүт буойуннар хааннарын өҥнөрө…
Барабыын тыаһынан биир тэҥник үктээммит
Чиэс биэрэн тураммыт андаҕар биэрбиппит,
Сэриигэ кыттыбыт пионер оҕолор
Аттарын ааттааммыт хаалтыһы бааммыппыт.
«Дойдубут туһугар өстөөхтүүн киирсиэхпит,
Тыыммытын уурарга мэлдьитин бэлэммит!» —
Өрөгөй ырыатын күүрэммит ыллыырбыт,
Комсомол, партия иитиитин ылбыппыт.
Билигин даҕаны өлбөөрбөт ол күммүт,
«Пионер» диэн ааты үрдүктүк сүгэбит,
Биир кэрэ өйдөбүл оҕо саас бэлиэтэ,
Биир чиҥник үүннэрбит – үйэ-саас бэлиэтэ!
Биһиги пионердарбыт
Моисей Ефимов
Биһиги үүнэр көлүөнэ
Эдэр пионердарбыт,
Олоххо, дьолго, үлэҕэ
Бэлэм буола үүнэбит.
Билэбит үгүс билии
Олоххо наадалааҕын,
Үлэнэн олох чэчирии
Сайдар аналлааҕын.
Ол иһин биһиги куруук
Биэс, түөрт баллы ылабыт,
Ленин, Сталин курдук
Буоларга баҕарабыт.
Үтүөнү, дьолу тэнитэр
Үөрэҕи баһылыахпыт,
Ийэ сирбит инникитэ –
Биһиги пионердарбыт.
Абаҕа пионердара
С. Тимофеев
Кылбаарар тоҥуу хаар үрдүнэн
Кытыастар былааҕы тиирбитэ,
Ытыһыы инники күөнүгэр
Ырыалаах, былаахтаах киирбитэ.
«Өрүөлчээн, өрүөлчээн, доҕоруом
Көт күнтэн үрдүктүк, көрүөхпүн.
Саныыбын өстөөҕү өлөрөн
Мин эмиэ үрдүктүк көтүөхпүн».
Этэрээт кинини батыһан
Инники сүүрбүтэ ураатыы,
Өстөөҕү кытары ытыһан
Өлбүтэ кыракый бухатыыыр.
Чуубурҕас буулдьаттан чугуйбут
Чуочайбыт кыракый ол оҕо
Чаҕылыс гынаатын бүппүтэ
Чаҕылҕан уотунуу олоҕо.
Тумаҥҥа сууланан тымныйбыт
Толоону эймээтэ турбута
Охсуһуу уотугар ыҥырбыт
Ол саха пионерын ырыата.
Уйбаан Хотуоһап
Өйдүүбүн, үөрэнэ сылдьаммын
Өктөбүрүөнэк кэккэтин кэнниттэн
Кыыһар кыһыл хаалтыстаах
Киирбитим мин — пионерга!
Ахтыбыыс бэрдэ буоларга
Андаҕар тылларын эппитим,
Бэриниилээх, мэлдьи бэлэм
Буолбутум мин өрүүтүн.
Барабаан, горн тыаһынан
Буолаллар этилэр сбордар,
Туризм, «Зарница», агитбиригээдэ
Тиһигэ быстыбат күрэхтэр.
Биир тэҥҥэ оҕолорун кэриэтэ
Барыбытын түмэрэ өрүүтүн,
Түмүгэ көстүбэт түбүктээх
Тапталлаах киһибит — баһаатай!
Олохпут биир кэрэ кэрдииһин,
Оҕо сааспыт үөрүүлээх кэмнэрин,
Бэлэхтээбит эбиккин биһиэхэ
Баһаатай — мин бастыҥ доҕорум!
Пионерия — мин олоҕум аргыһа!
Пионерия — мин олоҕум үөрүүтэ!
Төрөөбүт күҥҥүнэн эҕэрдэ,
Тапталлаах доҕорум — Пионерия!
Мин көлүөнэм сүрэҕэ
Арылы Дуйдаах
Уоттаах солко хаалтыстаах
Чуораан сааспыт халлаана
Ыраах-ыраах угуйан
Дьолу туойан ыллыыра.
Көтөр кыымнаах кутаалаах
Модун кэккэм уйата
Туолбат үрдүк ыралаах
Үрэл гынан хаалбыта.
Кыыһар кыһыл былаахтаах
Кыра дьоннор улаатан,
Аны эриэн былаахтаах
Эрдиммиппит саҥаттан.
Түөскэ төлөн өссө баар —
Олордохпут дохсуннук,
Киһи буолар аналлаах
Айанныыбыт хорсуннук.
Аныгылыы тардыылаах
Тимир-тамыр үйэҕэ
Кыыһар сылаас кутаалаах
Мин көлүөнэм сүрэҕэ!
Алтынньы 30 күнэ репрессия сиэртибэлэригэр анаммыт күн
ТААТТА ЭБЭМ НОМОХТОРО
Амырыыннаах курааннарга
Аһыҥанан сырдырҕаабыт,
Абыраллаах өҥ уугунан
Арыт туолан таһымнаабыт,
Аатырбыт Таатта эбэккэм
Атаахтаппыт биир уолун
Аҕам өтөҕүн аттыттан
Амалыйа туойан эрэбин.
Эрэйи билбитиҥ быһыытынан
Этиий эрэ кырдьыгынан?
Хаһан этэй хобуоччулар
Хороҥ оккор саспыттара,
Хоп-сип дьааттаах охторунан
Көхсүгэр, түөскэр ыыппыттара?
Оннук дьаакка сүһүрэҥҥин
Олоххор ыар кэмнэрдээҕиҥ.
Бастыҥ дьоҥҥун сүтэртээҥҥин
Баламат аһыыга түспүттээҕиҥ.
Хаста хахсаат, улуйуу
Хампа күөххүн суйдаабытай?
Хаһан, тоҕо өлөр-өлүү
Халҕаннаргын тоҥсуйбутай?
Таатталары хара балыыр
Туманынан муннарбытай,
Сымыйанан буруйдааһын
Сымалатынан соппутай,
Аралыйар ыраас уугар
Араас сыыһы куппутай,
Аакка киирбит араҕас арыыҥ
Амтаныныын сүппүтэй?
Үгүс киһи билбэтинэн,
Үрдүттэн быһа дьаһайаннар.
Бар-дьоҥҥор эппэккэлэр
Барытын саба тарыйаннар,
Таатта ааккын эспиттэрэ
Туора сотон кээспиттэрэ…
Кыыһар — ыыһар саһарҕалыы
Кырдьык кыайда саҥалыы.
Иккис күннүү чэмэлийдэ
Ийэ сиргэ иэнигийдэ.
Дьааттаах охтоох донуосчуктар
Дьабыннарыгар көттүлэр,
Үрүө-тараа ыстаннылар
Үөдэн түгэҕэр түстүлэр.
Кылаасынас кэмэ дэнэр
Кырдьык илэ кэпсэнэр,
Кирдээх иһэх сиппиллэр
Кэрэ кэмнэр үүннүлэр.
Оҕо аймах имэ кэйэр,
Ойуунускай илэ кэлэр.
Таатта кыыма чаҕылыҥныыр,
Талахтарга чыычаах ыллыыр.
Талба-налыы сыһыыларга
Туйаарыма хаамыталыыр.
Ытык Күөлбүт пааркатыгар
Үрүҥ Уолан кылыйталыыр.
Айар, ыллыыр кэрэ кэмнэр
Астаах дьоро киэһэлэр,
Сүрэхтэргэ сайа киирэр
Сылааһынан илгийэр,
Байым дьоллоох тусаһата
Буолла Таатта хонуута!
Алмаастаах Сахам сирин
Арылы маҥан туһахтата,
Алдан эбэ мааны кыыһа
Аатырар киэҥ Тааттата!
Чэй-эрэ, сүһүөххэр туран
Чэрдээх түөскүн өтөтөн,
Өлө сыһан тиллибиттии
Өрө күүрэн тэнийбэхтии,
Кустук уота ыҥырар
Коммунизм аартыгар,
«Таатта иһэр» дэттэрэ
Тарайа көтүүнэн сиэллэрэ,
Айан ырыатын ыллыы-ыллыы
Аймах дьоҥҥун ыҥырталыы,
Ньургун Боотур атыныы
Дьулусханнык айаннаа!
М.Г. Соров II
ОЛОХ ОЧУРУГАР ОҔУСТАРБЫТ ОРТО САХА ТУҺУНАН НОМОХ
Саҕахха этиҥнээх ардах былыттара
Сарбаспыттарын аахайбакка,
Ыраас ырабын туругурдар
Ыар үлэттэн сынньана сыттахпына,
Таптал
Талыы чыпчаала буолбут ороммуттан
Түүн ортото
Түүлээх илии соһон түһэрбитэ,
Хара суордуу
Хатаннык кыланар
Хара массыынаҕа,
Хандалылаан баран, умса бырахпыта…
Уокка
Ууну ыспыттыы,
Умнуллубута урукку олоҕум —
Сутурук,
Суус тыл,
Суоһурҕаныы
Ытыйбыттара холоруктуу
Ыас хара былытынан бүрүллүбүт
Ыллыктаах санаабын —
Ааппын,
Аласпын
Атыылааммын
Аньыыга киирбитим…
Хаанымсахтар
Хараардыбыт ааттарын оннугар
Уон үс отут тоҕус диэн сүрэхтэнэн
Устубутум кирдээх сүүрүк устун
Дэллэрийэ,
Дьэллик ыттыы
Өлүү-тиллии чүөмпэтигэр
Өрүтэ харбыалаһаа,
Киһи аатын сүгэр
Кирбиини
Тиис-тыҥырах тиийэринэн
Тиниктэһэ, биликтэһэ, сиһиктэһэ…
Күрэҥсийбит күннэр-дьыллар
Күрүлгэннии суккуллан ааспыттара —
«Биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай,
Биир уол оҕо ханна өлбөтөҕөй!..»
Олох тимир талкытын
Оһуу-Тоһуу тиистэригэр
Имиллэн-эллэнэн,
Икки атахпар арыычча тирэнэн
Эргиллибитим,
Эрэйи-буруйу
Эҥээрбинэн тэлэн…
…Үгүс көлөһүммүн тохпут,
Үлэһит норуот барҕарыытыгар анааммыт
Үлэм
Үнүгэстэрэ тыллыбатахтар,
Тапталым
Талыы чыпчаала буолбут оронум,
Кумах куйаарыгар кубулуйан,
Куурбут-хаппыт, уолбут…
Өлбөтөхпөр үөрэн
Өстөөхтөрбүн
Өһөөбөккө,
Хараардыллыбыт ааттаах
Хаамабын инним хоту,
Алааһым устун
Аа-дьуо…
Гаврил Андросов
ДЬОН СОРУТТАН ДЬОЛЛОНОН
Үлэһит дьон өрө турбута,
Батталы умсары уурбута
Сүүс сыл-биир үйэ
Ааһа охсубут хайы-үйэ.
Турбута уот кыһыл халҕаһа,
Батталлаах баттаабыт алҕаһа.
Турбута уордайбыт хамнааччык —
Үйэтин тухары хам аччык.
Ол кэмҥэ куһаҕан санаалаах-
Мөкүнү үөскэтэр аналлаах
Дьон-сэргэ олоҕор киирбитэ,
Киирээт да харааччы иирбитэ.
Үтүөкэн дьоннору үктэтэн,
Сымыйа буруйу сүктэрэн
Дьон-норуот соруттан дьоллонон
Аастаҕа ким эрэ олорон.
Хаайыыттан эргиллэн кэлбэтэх,
Билигин аахтахха дьэ элбэх-
Үгүстэр өлбүттэр ыарыыттан,
Хаатырга олоҕо ыарыыттан.
Элбэх кыһыл хаан тохтубут,
Элбэх чулуу дьон охтубут
Ынырык да кэмнэр ааспыттар,
Сыл-хонук түгэҕэр саспыттар…
Инники олоххо эрэллээх,
Ааспыт кэм туһунан кэрэлээх.
Ол ону туоһулуур кырдьыктар
Билигин даҕаны сырдыктар.
И. Колодезникова — Ымыы
СЕМЕН ДАНИЛОВ
САЙЫЛЫККА
Саха киһи отугар барда,
Сардаҥаны кытта турсан.
Саҥа олох, саҥа сарсыарда
Сайылыкпар саймаарда.
Арай мин тэһийбэт санаабар
Айан суоллара сабыылаахтар,
Аламай күнүм ылаара
Арай аа-дьуо устар, устар…
Тумул сыырын өрө дабайан,
Тураҕас аартык субуллар…
Кэлиэҥ суоҕа ити суолунан
Кэтэһэн кэлтэйбит уолгар.
Арай, сурэхпэр ырыа буолан,
Аргыый аҕай устан ааһыаҥ.
Сарсыҥҥы күҥҥэ иэс хаһаанан
Саатаан син аралдьыйыам.
Күннүк Уурастыырап
Сайылык
Сайылык барахсан сайынтан чэлгийэн
Сатыынныы долгуйбут, солколуу тунаарбыт.
Көрүлүүр-нарылыыр көй үгүс чыычааҕа,
Көҕүтэ-көччүтэ, хоһуйа ыллаабыт.
Өҥүрүк куйааһым кутаалыыр күннэрэ
Өргөннөөх уоттардаах сыралын түһэрбит.
Мөлдьөҕөй тоҕойум чуумппулуур күлүгэр
Мүөттээх салгыным бөлүөҕэн тупсубут.
Сөлүөнэй мутукчам, дьэрэкээн сибэкким
Күөттээхтиир тыалбыттан күөгэһэ нусхаһан,
Сүрэҕи дьэгдитэр минньигэс сыттара
Күөх унаар салгыҥҥа тунуйа тарҕаммыт.
Күндээрэ күлүмнүүр көлүйэ күөлчээним
Көмүстээх долгуна умайа уйгуурбут.
Аһаҕас түгэхтээх, дьиримниир төлөннөөх,
Алаарар халланым тунаара оонньообут.
Күндэ
Сайылык
Хатааххыйдаан хаппайбыт
Хатырыктыыр сарайдаах
Хара буурай ампаар дьиэ
Хаҥхаллаахтаан турбута.
Адаарыҥнас муннуктаах,
Атахтаахый ампаарбыт
Алдьанаахтаан-сааранан
Апаллаахтаан турбута.
. . . . . . . . .
Өтөхтөрүм хонуулара
Өҥнүүрүгэ үчүгэй,
Көҕөрөөхтөөн чэлгийэн
Көрүҥнэрэ тупсубут.
. . . . . . . . .
Тэрэгэркээн мутукча
Тэлээхийдээн тахсыбыт.
Күөрэгэйдиир чыычааҕым
Күөхтүүр маҥан халлааҥҥа
Күлүбүрэс күннэргэ
Күрүлэччы ыллаата.
Ынахтыырым чыычааҕа
Ынахыйым далыгар
Ырыалардаан эппитэ,
Ыммалыта туойбута.
Даллан-эриэн өҥнөрдөөх
Талахтыыра чыычааҕа
Сымыыттардаан баран,
Тырыбыныы көтөттөөн,
Тылбык-тылбык хамсаата,
Чырык-чырык саҥарда.
Сайылыгым хотоку
Сайыҥҥылыыр дьылҕата
Саҥалыыра кэрэтэ
Санаакабар үчүгэй.
Илья Винокуров — Чаҕылҕан
Сайылык
Сайылык кэннигэр
Сайыҥҥы күн киирэн
Салгыммыт хойунна,
Санаабыт чэпчээтэ,
Сэгэрдээр түмсүөҕүҥ,
Сиэттиһэн барыаҕыҥ!
Көлүйэ күөллэрбит
Убаҕас уулара
Кэтитин тухары
Кэлийэ алаарда,
Ылбаҕай, сайаҕас
Ырыата ыллыаҕыҥ.
Сибэкки кэрэтэ
Сытынан тунуйда,
Сөрүүн түүн салгына,
Сүрэххэ халыйда,
Оһуохай оонньуутун
Олохтоон көрүөҕүҥ.
Сандаарар саһарҕа
Сарыалын анныгар
Эргийбэт эдэр саас
Эйэҕэс кэмигэр,
Көмүстэр, доҕоттор,
Көрүлээн хаалыаҕыҥ!
Семен Данилов
Ферма кыргыттара
Билэр дьонум оҕолорун —
Биэс эйэҕэс кыргыттары
Үөрэ даҕаны мин көрдүм
Үүт-Көлүйэ ферматыгар.
Үрүҥ көмүс бастыҥа,
Илин-кэлин кэбиһэр,
Халадаайдаах былааччыйа,
Хаарыс харсыат кэппиттэр.
Тоҕус былас да буолбатар —
Тохтор долгун суһуохтаахтар,
Туйаарыма Куо да буолбатар
Туналҕаннаах ньуурдаахтар.
Хатыҥ буолан наскылдьыһа
Ханыылаһан тахсаннар,
Сайыҥҥы кэми сайыһа
Сайдыы-сайдыы хаамсаллар.
Чороон үҥкүүтүн толорон
Нуоҕалдьыһан киирэргитин
Уйулҕам хамсыы, долгуйа
Олус даҕаны көһүттүм.
Ыраах Куорунай тыатыгар,
Алаас, сайылык дойдубар
Маннык нарын барахсаттар
Балаҕан аайы баар буолтар.
Николай Ефремов
Сайылыгым барахсан
Сайылыгым барахсан
Дьэдьэн уга киэргэллээх,
Хатыҥ чараҥ алардаах,
Отон уга оһуордаах,
Бэстээх үрдүк мырааннаах.
Сайылыгым барахсан
Тула өттө эргиччи
Нуолур солко тыалардаах,
Дьиримирдиир долгуннаах
Дьикти ыраас уулардаах.
Сайылыгым барахсан
Сибэккинэн сиэммит
Сиэдэрэйкээн көрүҥнээх,
Күндү көмүс күөмэйдээх
Күөрэгэйдиир чыычаахтаах.
Сайылыгым барахсан
Кэрэ дьикти бэйэлээх
Кэккэлэспит дьиэлэрдээх,
Төрөлкөйдүүр төрүөхтээх
Төрүт үтүө фермалаах.
Сайылыгым барахсан
Астаах сүөгэй быйаҥнаах,
Ача күөҕэ сайыннаах.
Үөрүү-көтүү аргыстаах
Тунал ыһыах уйгулаах.
Сайылыгым барахсан
Ырыа, үлэ аргыстаах
Ыанньыксыттыыр ыччаттаах,
Барытыгар дьоҕурдаах
Бастыҥ, маяк дьоннордоох.
Николай Винокуров — Урсун
Арҕаа Сайылык
Айан дьоно аараан ааспыт
Арҕаа Сайылык аатырбыт
Хаарыан кэмиҥ хатыламмат,
Хаһааҥҥыга эрэ хаалбыт.
Аны манна уу чуумпу
Сөдүөт өтөҕө, уопсай дьиэ
Тураллар дии хомойбуттуу,
Ааннара аһаҕас, сиҥнэн.
Арай саас аайы кустаары
Арҕааттан дьон син биир кэлэр.
Быраат Федя (тутуу мааны!)
Үүтээн дьиэтэ сэргэхситэр.
Оччоҕуна бу сайылык
Саҥанан-иҥэнэн туолар.
Оо, дьон баара олус астык,
Торҕо буруо унаарыйар.
Аан Ухханы алаадьынан
Аҕам киһи айах тутар.
Тигинии түһэр өл хабан,
Тимир оһох да буоллар.
Арҕаа Сайылык барахсан!
Билигин да ходуһаҕын,
Ким кэлэр ыраахтан ахтан,
Сир аһа хомуйаҕын.
Өйбүтүгэр өлбөөдүйбэт
Өбүгэбит сайылыга.
Арҕааттан кэлбиттэри
Алгыы, атаара туруоҕа.
Иннокентий Эртюков
Сайылыгы саныаҕыҥ
Кыһыммытын кыһытаммыт
Сайыммытын саныаҕын,
Сылаас дьиэҕэ олороммут
Сайылыгы ахтыаҕыҥ!
Сайын кэрэ сибэккилэр
Сайылыгы киэргэтэллэр.
Тохтобулу билбэккэлэр,
Туой өрө көтө-көтөллөр,
Онно дьикти ырыалаахтар.
Чэ, сайылыкпыт ортотугар
Дьиэрэҥкэйдээн киириэҕиҥ,
Күөх томторбут үрдүгэр
Көхтөөхтүк кэпсэтиэҕиҥ!
Кэпсээҥ, ханнык сибэккилэр
Үүнэн ситэн туралларый?
Сылайары билбэккэлэр
Манна туойалларый —
Ханнык ырыа чыычаахтар
Тардыы көмүс тыллаахтар,
Чэ, кэпсэтиэҕиҥ!
Мария Спиридонова
Сайылыкпын саныыбын
Ахтылҕан аһыы амтаныгар
Ыллараммын, тартараммын
Сүрэхпэр түһэрэн, долгуйан
Сибэккилээх хонууларбын,
Өҥ, быйаҥ сайыннарбын,
Сайылыкпын саныыбын.
Түптэ торҕо буруолаах,
Үүт-сүөгэй далбардаах,
Күөрчэх ытыга кэтэһиилээх,
Сирин аһа эгэлгэлээх,
Суорат-кымыс дэлэгэйдээх
Сайылыкпыт барахсаны.
Оннук кини тардыылаах,
Оннук кини умсулҕаннаах,
Оҕо-аймах үөрүүлээх,
Киһиэхэ үчүгэй эҥэрдээх,
Эдэр ыччат түмсүүлээх
Сайылыкпыт барахсаны,
Сайылыкпын саныыбын…
Матрена Лукачевская
Сайылыкпар Тохтобулга
Оскуола кэнниттэн совхозка
Оҕо саас ыллыгы тэлбитэ,
Үүт сыттаах титииккэ тиийбитэ
Үлэ диэн кырдьыгы билбитэ.
Оргуйар долгуннаах көбүөрү
Олохпут тэлгэтэн биэрбитэ
Эдэр саас эрчимнээх эргиирин
Эрэнэн «эрдэн ис» диэбитэ.
Алыптаах үтүө түүл кэриэтэ
Ааспыта сайылык саастарбыт,
Үлэттэн кынаппыт тиириллэн
Үөрэнэ тус арҕаа көппүппүт.
Сайылым барахсан Тохтобул,
Санаалартан барыма, баар буол.
Аныыбын ахтыбыт турукпун —
Бырастыы тиийбэтэх буруйбун…
Михаил Ордахов
Сайылык
Сайылыгым барахсан.
Салгына үчүгэйин,
Кырдала көҕөрбүт,
Сибэккитэ сиппит.
Хонууларын толору
Хойуу сүөһү туолбут.
Саҥа титиик таһыгар
Саха кыыһа кэлбит.
Биэдэрэлээх үүтүн,
Бөтүөннэргэ куппут.
Бастыҥ үтүө доярка —
Үрдүк аатын ылбыт.
Кэрэ сайын кэлбитин,
Күндү дьырылас күөмэйдээх
Күөрэгэйим барахсан,
Үөрэ-көтө туойбут.
Сайылыгым иһигэр
Оҕо-ыччат мустубут.
Кэҕэ көтөр айхаллаан,
Күнү тура чоргуйбут.
Аллараа ыраас күөлбүт.
Эмиэ уһуктан турбут.
Сөрүүн тыалга үөрбүт,
Долгуннарар буолбута.
Елена Филатова — Сыгыйык
Сайылыкка сарсыарда
Сайыҥҥы саһарҕа тахсыыта
Сарсыарда эрдэлээн туруоҕум,
Сыгынньах атахтаах титииккэ
Суол устун тэлээрэ сүүрүөҕүм.
Сиик оттон көҕөрүө атаҕым,
Инчэҕэй тымныыта хаарыйыа,
Көй салгын тумана дьэҥкэрэн
Күн уотун утаҕа күүһүрүө.
Сайылык түбүгэ тыас буолан
Чугастыы аларга охсуллуо,
Бостуугум хаһыытыыр саҥата
Алаастан тыа устун сатарыа.
Быллаарга сэбирдэх быыһыттан
Дьэдьэним дыргыйа өндөйүө,
Минньигэс сытыгар ымсыыран
Ыҥырыам лоҥкунуу сапсыныа.
Үрүҥ күн үөрбүттүү одуулуо,
Үрүмэ былытын кыйдаһыа,
Үлэһит чэрдийбит илиитэ
Үүтү, сүөгэйи үрүлэтиэ.
Елена Филатова — Сыгыйык
Сайылык
Эдэр саас эриэккэс күннэрэ,
Эрдэлиир үлэлээх күннэрэ,
Сайылык сайыҥҥы олоҕо,
Сайҕаммат дууһаҕа орооһо.
Туманныын турсуһар бостуугум,
Сайдыыра ынахтар үөрдэрин,
Титииккэ тиҥинэс тыастарым
Сатарыыр оҕуһум хаһыыта.
Сыыгынас сахсырҕа саҥата,
Дыыгынас кумаарым ырыата,
Лоҥкунас тигээйим тойуга,
Арахпат хуордарын тиһигэ.
Үрүҥ үүт сыыйылла
Күүгэнэ тэһиттэр солуурга,
Эдэр кыыс тарбаҕа
Эллэһэр быйаҥы сомсуһа.
Күнүскү күлүккэ түптэбит
Ыксаабат буруота унаарар,
Маһынан оргуйар сылабаар
Манатан аттыгар туруорар.
Көймөстөр итииттэн куотаннар
Үрэххэ түспүттэр сүөһүлэр,
Күлүмэн күйгүөрүн быыһыгар
Кыыһыран буугунуу тыыммыттар.
Үчүгэй билигин саныырга
Сайылык ахтылҕан дойдута,
Эдэркээн кэмнэрим күннэрэ
Эргийбэт эрчимнээх ахтыыта.
Николай Литвинцев
Сайылыгым ортотугар
Сайылыгым ортотугар
Баараҕай тииттэр тураллара,
Илин, арҕаа тыал охсуутугар
Иҥиэттэн эрэ ылаллара.
Күө-дьаа буолан чаҕаарыһа
Күнүс оҕолор оонньууллара,
Түүн иһиллэрэ туйах тыаһа,
Айан ата тыбыырара.
Бу тииттэр бөҕө этилэр —
Тоҥ буортан тобулу тирэнэн,
Түһүлгэҕэ киирэн иһэр
Бөҕөстөрдүү лиҥкинэһэн.
Ыга соҕус тураллара
Мутуктарыттан сиэттиһэн,
Сүбэлэһэр курдуктара
Төбөлөрүн холбуу түһэн.
Ол турдахтарына биирдэ
Өлүү иэдээнэ кэлбитэ:
Хабырынар хатан тыас баара,
Солооһун маһа барчаланара.
Ол сото кэбиһэн турбут
Суон баараҕай тииттэрбит —
Сотору суох буолбуттара,
Буруо буолан устубуттара.
Билигин онно бэл күнүс
Оҕолор оонньооботтор,
Тымныы тыал үрэр дьүрүс,
Тоҥ хомурахтар хоноллор.
Ол эрээри түүнүн онно
Иһиллэр дииллэр дьоннор —
Туйах тыаһа, ат тыбыырара
Уонна кымньыы сыыбыргыыра.
Акулина Егасова — Дьохсоҕон кыыһа
Булгунньахтааҕым сайылыгым!
Сарсыардааҥҥы ыраас көй
Салгыҥҥа дайдараммын,
Көтөбүн сииктээх от устунан,
Булгунньахтааҕым диэки туһаайан.
Көһүннэ ыраахтан кэрэтийэн
Сайылык титииктэрэ, тиэрбэстэр,
Эрдэһит бостуук сайдыыра
Алаас иһин толордо.
Сайылык кырдьаҕас ыаллара
Бөтүүк бастакы хаһыытыныын
Турбуттара быданнаата,
Иһирдьэ-таһырдьа элэҥнэстэр.
Киинэ дьоруойа ааттардаах
Ынахтарбыт барахсаттар,
Киирэн турдулар миэстэлэригэр,
Аа-дьуо кэбинэ-ыҥырана.
Сарсыардааҥҥы үлэ-хамнас
Саҕаланна титииккэ,
Эдьиий Маайа куолаһа
Ырыа ыллаан саҕалаата.
Түптэ торҕо буруота
Былыт буолан унаарда,
Сатаан эппэт дуоһуйуунан
Киһи сүрэҕин толордо.
Валентина Кулачикова — Үрүччэ
Сайылык ахтылҕана
Мин бүгүн сырыттым
Сайылык ыалыгар,
Санаатым эдэр саас
Дьоллоох да кэмнэрин.
Көрөммүн соһуйдум
Сууллубут титиикпин,
Хараара эргэрбит
Олорбут дьиэбитин.
Оччоҕо күргүөмнээх
Үлэбит ньиргиэрэ,
Кулгаахпар бу баардыы
Иһиллэ түстүлэр.
Сүүһүнэн ыанньыктаах
Биир бастыҥ үлэлээх,
Сайылык буоламмыт
Хайҕанар этибит.
Үөрүүнэн-ырыанан
Дыгыһыйа сүүрэрбит,
Былааны толорон
Астынар этибит.
Быыс булан киэһэтин
Үҥкүүгэ ойорбут,
Түүннэри сатыылаан
Дьиэбитин буларбыт.
Быдаҥҥа сүппүттэр
Төннүбэт ол кэмнэр,
Сонньуйан хоҥкуйдум
Титиигим иннигэр.
Санаабар титииктэн
Оҥойбут түннүктэн,
Одуулуур курдуктар
Эдэркээн харахтар.
Дьээбэлээх-хооболоох
Чаҕаарар куоластар,
Хаһан да сүппэттик
Сүрэхпэр иҥпиттэр.
Ахтыбыт сүрэҕим
Уйаннык нүөлүйдэ,
Сайыһар кэриэтэ
Алаастан тыал үрдэ.
Валентина Кулачикова — Үрүччэ
Сайылык түбүгэ
Ыанньыксыт дьахталлар ыам бүтэн тэринэн
Ыаҕайа тутуурдаах дьэдьэннии ойдулар,
Оҥоойук булунан эм-сэмдэй оҕолор
Ойуурга киирэннэр им сүтэн хааллылар.
Сайылык иһийдэ, арай ол титииккэ
Ороһу ньирэйбит ийэтин сайыста,
Күлүмэн ытыран тулаайах кулунчук,
Күөл диэки ыстанна, өрүтэ ойбохтуу.
Маайыс кыыс оҥостон, сэлээппэ иилинэн
Килиэбин ҕала, бөлүөһэк суолунан
Тиэтэйэ-саарайа дьууппата тэлээрэн,
Тоһургуу турдаҕа ыллыгы батыһа.
Мэхээлэ оҕонньор табаҕын уурунар,
Илимин бэрийэр, утуктаан сордонор,
Балбаара эмээхсин тыа диэки олоотуур
Абаран ыалдьыбыт атаҕын туппахтыыр.
Тигээйи дыыгыныыр, күөт ыппыт кыынньанар
Төьөтүн буккуйар, күлүккэ күрэнэр
Мааны кыыл, мааскабыт кырыска сыламныыр
Кулгааҕын чөрөтөр, чыычаахха сананар.
Дьиэ түгэх хоһугар эһээхий уһуктан
Эмсэҕин сүтэрэн эймэнэ мөҕүстэ,
Эбээтин саҥата оргууйдук уоскутта
Эргиллэн иһийдэ, утуйда бадаҕа.
Сайылык уҥуоргу күөх оту кэбийэ
Ынахтар мэччийэн дуоһуйа хаамсаллар,
Бостуук уол ырыата ыраахха дьиэрэйэр,
Онуоха дьүөрэлии күөрэгэй дьурулуур.
Ирина Колодезникова — Ымыы
Оҕо сааһым сайылыга
Ойон-тэбэн, ойуоккалаан,
Оонньоон ааспыт сайылыгым,
Ордук сырдык күннээх курдук
Олорон хаалбыт санаабар.
Оҕолордуун, моҕотойдуу.
Ойуур устун сырсарбыт.
Омуннуран, тула көтө,
Оҕус миинэр этибит.
Оһуор-симэх дьэрэкээннээх.
Олус кэрэ алааһым
Онно хаалан хааллаҕа,
Онно тупсан турдаҕа.
Николанна Бушуева
Сайылык алааһым
Ойор күннээх оҕо сааһым
Оонньоон ааспыт хонуута,
Күлэр-үөрэр кэрэ кэмим
Сүүрбүт-көппүт сыһыыта,
Сайылык алааһым.
Чуумпуга куустаран,
Чуҥкуйа сытаммын
Эмискэ санаатым
Харахпар мин көрдүм
Эн дьикти көстүүгүн
Эриэккэс бэйэҕин.
Бу баардыы өйдүүбүн,
Куруҥ, арыы тыаларгар.
Кэрэ кэпсээн кэһиилээх
Кэҕэ көтөр саҥатын.
Сибэккилээх кырдалгар
Күндү көмүс күөмэйдээх
Күөрэгэй чыычааҕым ырыатын.
Өссө мин өйдүүбүн
Үрүҥ илгэ быйаҥнаах
Дэлэй астаах остуолгун,
Ырыа-тойук аргыстаах
Үлэһит туруу дьонноргун.
Айылҕам киэргэлэ,
Сир ийэм дьиктитэ,
Сайылык алааһым,
Өрүүтүн бу курдук
Чээлэй күөҕүнэн чэлгийиий,
Сирэм отунан симэниий,
Хампа солконон сууланыый,
Мутукча сытынан дыргыйыый
Семен Данилов
САЙЫҤҤЫ
Саймаарыйар күнүм тахсан
Аан дойдубун анаарар,
Арылы тиэрбэс көлүччэм
Көмүс долгунун көтөҕөр.
Сыһыыларым сиккиэринэн
Сыймаарыччы тарааннылар,
Сир симэҕэ сибэккилэрим
Сиигинэн симириҥнииллэр.
Тунах үрүмэччилэрэ туртаҥнаһа
Хонууга хойдо тэлээрбиттэр,
Ырыа чыычаахтарым куоталаһа
Чыбыгырыы чугдаарбыттар.
Оой, аралыйар алааһыам,
Уйгу сайынтан итирдим,
Көҥүл санаабын батыһан
Күн көрүгэр көҕүйдүм.
Тунах үрүмэччитэ буоламмын
Сир симэҕин ситэрсиэм,
Күөрэгэй чыычаах буоламмын
Күөх дойдубун хоһуйуом.
Дьуон Дьаҥылы
Саллаат доҕорбор
Сэрии тыастара сүттүлэр.
Сирдэр күөҕүнэн күллүлэр
Эйэ, кыайыы үөрүүтүнэн.
Эмиэ үлэ күүрүүтүнэн
Биһиги күммүт күөрэйдэ,
Итии, өҥ-илгэ эргийдэ.
Тохтубут хааммыт иэстэннэ,
Дойдубут модун күүстэннэ.ю
Өстөөхтөрү кырга, кырыы,
Өлүү, бааһырыы, быстарыы
Эрэйин көрдөр да эр чиэскин,
Ийэ сиргэр ытык иэскин
Толордуҥ, — салаат, салааттыы,
Дьол күнүн көрдүҥ ураатыы.
Тохтубут хааммыт иэстэннэ,
Дойдубут модун күүстэннэ.
Дьэ туох иннигэр ыар поход
Суолун тэлэн бүттүүн норуот,
Дойду иһин, партия иһин
Өрө күүрэн өрүү – «вперед»
Барар этибит бу биһи?!
Кыргыспыппыт кыайыы иһин.
Саллаат, умнума саллааккын.
Ыһыктыма үрдүк ааккын!
Кыргыспыппыт кыайыы иһин,
Хааммытын биэрбиппит бу иһин.
Олоххо, диэҕэ эргиллэр
Уруйдаах күммүт дьэ кэллэ,
Үлэлээ, саллаат доҕорбут,
Үчүгэй буоллун олохпут!
Саллаат, умнума саллааккын,
Ыһыктыма үрдүк ааккын!
Семен Данилов
Суворовец кэлиитэ
Солун ыалдьыттан соһуйан,
Сэргэлээх ах бара иһийэр:
Күн уоттаах чагда суолунан
Эмээхсин сиэнинээн иһэллэр.
Сиэн уолчаан сулустааах хортуустаах,
Погоннаах, ыстаана лампаастаах.
Ол уоннаах байыаннай киһини
Оҕолор ымсыыра көрөллөр.
Кур тылын бронза килбиэнин,
Бэйэтин киэбин да сөҕөллөр.
Кинилиин иһэр эбэтэ
Ордук эйэҕэстик мичээрдиир,
Кини долгуйа тугу эрэ
Дьоһуннаахтык сиэнигэр кэпсиир.
Ол сиэн уол – суворовец
Көҥүл дойдутун соргутун,
Кэлэр кэскилин илиитигэр
Илдьэ иһэрин курдуга.
Иннокентий Артамонов
Кыраныыссаҕа
Эмискэ, уу-чуумпуга
Мас сэбирдэҕэ түһэр –
Утуйбут тыаҕа
Суугунуу тыаһааан.
Чыычаах, соһуйан,
Үөһэ көтөр –
Ыраас салгыны
Кынатынан тыыран.
«Тугу биллэ
Манна кыраныыссаҕа,
Туохтан көттө
Чыычаах үөһэ?
Баҕар, диверсант
Сыыллар тыаһа
Бу көҥүл көтөргө
Иһиллэн ааһыа!»
Часовой итинник
Санаата бигэтик.
Тула өттүн
Кыраҕатык кэтиир,
Тыаһы-ууһу
Чуҥнаан иһиллиир.
«Суох! Агрессор бииһэ,
Баҕаҕыт эһиэхэ
Туолуон сатаммат –
Бэйэҕит умсуоххут!»
Советскай саллаат
Уоһун иһигэр
Абарбыт-сатарбыт
Санаатын этэр
Ийэ сирин, норуотун
Илдьитин этэрдии,
Тыал кэлэн оргууйдук
Кулгааҕар сипсийэр:
«Аҕа дойдуҥ быыһын
Сэргэхтик манаа,
Хаан өстөөх баһын
Бэргэнник кыҥаа!
Өһүөннээх санаалаах
Биһиэхэ киирбэтин,
Иҥсэлээх-оботтоох
Илиитин уумматын!
Оччоҕо, салааат,
Көҥүлү көмүскүөҥ!
Оччоҕо, саллаат,
Эйэни кэскиллиэҥ»!
Саллааат эр санааланна,
Хараҕа уоттанна.
Кини өйдүүр норуотун
Ытык соругун:
«Эрэн, Ийэ дойдуом,
Саллаат уолгун!»
Мэлдьи бойобуой,
Түүн-күнүс, куруутун
Сэргэх часовой
Маныыр Аҕа дойдутун.
Норуотун эрэлин
Толорор соруктаах
Турар поска
Автомат саалаах!
Иван Мигалкин
Отут хаамыы сиргэ
Отут хаамыы сиргэ,
Баар-суоҕа отут хааамыы сиргэ –
Гражданскай олох күндү утахтыы
Толору кутуллан оргуйа кыынньар…
Кыыстаах уол ааһаллар
Мин санааабын уйгуурдан…
Күлсэллэр, куустуһаллар,
Илии-илиилэриттэн ылсыһаллар.
Көнө тополь сөрүүн күлүгэр
Кинилэри киллэрэн
Кыыстаах уолу саһыарар,
Тапталынан оонньотор…
Кыракый оҕолор үрдүк олбуору
Ыраас харахтарынан
Ымсыыра көрөллөр –
Саллаат буолуохтарын баҕараннар.
Отут хаамыы сиргэ,
Баара-суоҕа отут хаамыы сиргэ –
Атын олох, көҥүл олох.
Онно страшина акаары хамаандата –
Тыалга уйдаран, кими да долгуппакка,
Ыраах-ырааах көтөр, хаардыы ууллар…
Бытыгын хорумматах
саллаат уолчаан
Гаупвахта түннүгүнэн
Санньыар хараҕынан одуулуур…
Гражданскай олох күндү утахтыы
Толору кутуллан оргуйа кыынньар…
Дойдутуттан – отут хаамыы сиргэ,
Баара-суоҕа отут хаамыы сиргэ…
Пантелеймон Тулаааһынап
Советскай Армиям, туругур!
Эн төрөөбүтүҥ көҥүлү көмүскүү,
Өһүөннээх өстөөҕү үлтүрүтэргэ.
Күн сириттэн хараҥа күлүгү,
Сааскы тыал буолан үүрэргэ.
Сэриинэн түспүтү сиҥнэрэ тур!
Советскай Армиям, туругур!
Эн ыстыыгыҥ төбөтүгэр дьол уота,
Күлүмүрдүү сырдаан, оонньуур.
Бары дойду баттаммыт норуота
Эн албан ааккын уруйдуур.
Сэриинэн түспүтү сиҥнэрэ тур!
Советскай Армиям, туругур!
Эн шашкаҥ килбиэҥнээх биитинэн
Сүүрбүтэ өстөөҕүҥ хаана.
Кыайыы салютун кустугун өҥүнэн
Кыыспыта Москва халлаана.
Сэриинэн түспүтү сиҥнэрэ тур!
Советскай Армиям, туругур!
Биһигини дьоллуурга,
Өстөөҕү куттуурга
Эн күүһүр, бөҕөргөө, барҕар!
Коммуна оло5ун тутарга
Эн буолууй суон-модун дурданан!
Сэриинэн түспүтү сиҥнэрэ тур!
Советскай Армиям, туругур!
Степан Тимофеев
Саллааттар
Буорга көмүллэн сытааччылар –
Бүтүн мөлүйүөнүнэн,
Танкистар, ытааччылар…
Сир бүрүллүбүт күөҕүнэн.
Кинилэр, дьолу көмүскээрилэр,
Дьол туһугар төрөөбүттэрэ.
Бухатыырдары буурҕалаах күннэр
Булгурута сөрөөбүттэрэ.
Үрдүлэринэн буһурук халлаан
Үллэҥнии будулуйбута,
Кытарбыт тимиринэн тамнаан
Кыыгыначчы улуйбута.
Ол сиринэн билигин хаамтылар
Үөрэнэр рота саллааттара –
Тыыннарын биэрбит геройдар
Сиэн оҕолоро, уолаттара.
Үрдүлэринэн күннээх халлаан
Үрдээн, кэҥээн чаҕылыйда.
Бу туһугар, онно анаан,
Тыыннарын биэртэрэ аҕалара.
Күммүт өрүү чэмэлийдин,
Күндээрдиннэр куораттарбыт.
Ол иһин үөрэнэ бардылар
Ити эдэр саллааттарбыт.
Саҥа дьыл
Пантелеймон Тулааһынап
Эмиэ биир сыл кэлэн ааста,
Эмиэ хатыҥын симээри.
Сайыҥҥы халлааан сырдыыта
Чыычаах ырыатын истээри
Саҥа сэбирдэх таҕыста.
Эмиэ сүттэ күөх сайыным,
Түү маҥан хаарга сөтүөлүүр
Түөһүгэр күннээх саһылын
Эдэр булчукка күндүлүү
Кэллэ кыыдааннаах кыһыным.
Тыа ыала туруон иннинэ
Тоҥуу хаардаах толоон устун
Саҥа дьыл иһэрэ көһүннэ.
Эмиэ кини киэҥ дойдутун
Барытын кэрийэн истэ.
Былырыын кини аартыгар
Атыыр оҕустуу күрдьүөттүүр
Күкүр таас хайалар суох буолтар,
Онно сулустуу күлүмнүүр
Сырдык уоттар тыгаллар.
Саҥа дьыл
Сайа
Оҕо сааһым онно хаалбыт –
Кырыа түннүк кэннигэр.
Сылга биирдэ сырдаан кэлэр
Санаам дьоллоох муннугар.
Онно олох – остуоруйа
Киирии тыла кэпсэнэр,
Уонна уоттаах күөх харыйа
Аптаах ойууртан кэлэр.
Онно ийэм мичээриттэн
Өрүү сылаас тыыннаах дьиэ,
Онно аҕам оһоҕуттан
Үллэр дьоллоох уһун буруо…
Онно хаардыыр сулуһунан
Ханна эрэ баар халлаан,
Онно тиийэр санаатынан
Тэһийбэтэх биир кыысчаан…
Уоттаах түннүк баарын иһин
Умсулҕаным уурайбат,
Олох дьэбир буолтун иһин
Оонньуур кыыма уостубат.
Сулуһунан хаардыыр халлааан
Абылаҥа миэхэ баар,
Остуоруйа түүнүн салҕаан
Айар турук кэлэр наар.
Сылга биирдэ оҕо сааспар
Кырыа түннүк угуйар,
Санныбыттан баттаан турар
Дьылым – Дьолго кубулуйар.
Харыйа
Арылы Дуйдаах
Күнтэн түүнү, түүнтэн күнү
Көҥүл-босхо күрэтэн
Күөх харыйа күлүмнүүр,
Көрү-нары күндүлүүр.
Харыйаттан харах сымныыр,
Хамнаһа суох соно кылгыыр,
Былырыынтан быйылгыга
Батыллаахтыыр саҥа ыйга.
Халтай ааһар холку кэмиҥ
Хайдах эрэ оннук эбит,
Сытар эмиэ сылаалаах,
Сыһар эмиэ сыыһалаах…
Харыйачаан күлэр-үөрэр,
Акаарычаан санаа сүтэр,
Кураанахтан бу да хоһоон
Күөрэйбитэ үөрүү, доҕоор.
Саҥа дьылынан!
Удьурҕай
Эргэ сыл бүтэһик күннэрэ-
Ааспыты анаарыы кэмнэрэ,
Саҥа дьыл тиэтэллик кэлэрэ-
Халандаар букатын бүтэрэ.
Үөрүүлээх-көтүүлээх үгэннэр
Сып-сырдык өйдөбүл буоллуннар,
Хараастыы аргыстаах түгэннэр
Сиик буолан сүтэннэр уоллуннар.
Саҥа сыл сылаастык көрсүһэн
Дьол-соргу тосхоло буолуохтун!
Айыы хаан аймаҕа иллэһэн
Дьон-сэргэ баҕата туолуохтун!
Оччоҕо биир сылы атааран,
Дьэ эмиэ ааспыты анааран
Дьоллоохтор бу курдук үөрсүөхпүт,
Саҥа дьыл үүнүүтүн көрсүөхпүт!
Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан!
Бары бииргэ тутуһаммыт,
Тахсыылаахтык үлэлээммит
Ааспыт сылы атаардыбыт,
Бүгүн манна түмүстүбүт.
Дьоллоох дьоннор тоҕуоруһан
Сандалыга муһуннубун,
Хардарыта мичээрдэһэн
Эҕэрдэҕэ кыттыстыбыт.
Үөрүү-көтүү көтөллөнөн
Саҥа дьылы көрсүөххэйиҥ,
Кыайыы-хотуу кынаттанан
Саҥа сылга үктэниэҕиҥ!
Саҥа дьылтан саҥа олох
Саҕахтара арылыннын,
Саҥа сылга үлэ-хамнас
Аартыктара аһылыннын!
Өйдөһөммүт-өйөһөммүт
Тахсыылаахтык үлэлиэҕиҥ,
Күнтэн күнү көрсүһэммит
Сайдар суолу тутуһуоҕуҥ!
Ыаллар аайы уйгу-быйаҥ
Дьоллоох олох сатыылаатын,
Алаһаттан торҕо буруо
Сылаас тыына унаарыахтын!
Саҥа дьыл алгыһа
Николай Чуор
Сана дьыл аҕаллын эһиэхэ,
Самныбат саргылаах тускулу.
Ол кэннэ хас биирдии киһиэхэ,
Олоххо үтүмэн үөрүүнү.
Саҥа дьыл аҕаллын эһиэхэ,
Кэхтибэт кэскиллээх олоҕу.
Күн үөрдүн хас биирдии киһиэхэ,
Күөдьүттүн иһирэх иэйиини.
Саҥа дьыл аҕаллын эһиэхэ,
Арылхай чаҕылхай сааскыны.
Уйгулаах саймаархай сайыны,
Эйэҕэс үөрүүлээх күһүнү.
Хороҕор муостааххыт хойуннун,
Үүт-сүөгэй эһиэхэ дэлэйдин,
Сыппай да сиэллээххит үксээтин,
Байанай бэлэҕэ элбээтин.
Күөх торҕо буруоҕут унаардын,
Аал уоккут умайаан сандаардын,
Ходуһа үүнүүлээх буолуохтун
Хотуургут лынкыныы ыллыахтын.
Иһиоэх иэйиигит күөдьүйдүн,
Тапталгыт кутаата умайдын,
Ыччаккыт эрэли толордун,
Эһиэхэ дьол-соргу тосхойдун.
Саҥа кэм биир бэлиэ кирбиитин,
Саргылаах саҥа дьыл кэлбитин
Долгуйан олорон көрсүөҕүҥ,
Көхтөөхтүк үөрүөҕүҥ көтүөҕүҥ!
САҤА ДЬЫЛГА КИИРИИ
Борис Павлов
Киир, Саҥа дьылга
саҥа тутуллубут дьиэҕэ киирэр курдук,
Сүрэҕиҥ сылаас күлүүһүнэн көмүс аанын арыйан.
Киир, хорсуннук, олох үрүҥ сиэллээх соноҕоһун,
сырдык күн диэки салайан.
Киир, саҥадьылгахаһаайынкурдук.
Күлүмүрдэсуоттарынандыбарыаста тут,
Тапталлаах, чугасдьоҥҥуныҥыран,
УохтаахҺампааннаахмааныостуолгаолорт.
Барыта баара ааспытсылга,
Үөрүү, ситиһии, хомолто,
Олус эрээри хайдахтаах да силлиэ-буурҕа,
Эн биһигини кыайан охторбот.
Туохха нааданый биһиэхэ бытархай санаа,
Өһүргэнии, өстөһүү, хоргутуу,
Инники барарга мэһэйдиири барытын
Бэйэҕиттэн киэр тамнаа.
Бакаалгын көтөҕөҥҥүн эргэ дьылга «бакаа» диэ,
Аны Эн кинини кытта хаһан да көрсүбэккин,
Эппит тылларгар, сыыһаларгар- алҕастаргар,
Аны хаһан да төннүбэккин.
Хас биирдии сыл олох муудараһыгар үөрэтэр,
Хас биирдии күнү, мүнүүтэни сыаналыырга,
Хас биирдии сыл киһини эрчийэр,
Киэҥ көҕүстээх уонна тулуурдаах буоларга.
Хомойуох иһин сорох доҕотторуҥ
эргэ дьылга, үйэ саас тухары хаалаллар,
Саҥа дьыл кэрэтин сайыһа,
Олус күндү хас биирдии киһиэхэ,
Олох күөх кырыстаах сайына.
Үчүгэй даҕаны биһиэхэ Саҥа дьыл баара,
Сыл аайы куһаҕан санааны барытын кэннигэр хаалларара,
Үөһээ дабайарга сылаайы,
Саҥаттан саҥа саҕахтары арыйара.
……..
Өйдөөн кэллим бэрт өрдөөҥү,
Оскуолабыт саҥа дьылын.
Оҕо,учуутал бука бары,
Түбүгүрэр үтүө күннэрин.
Ып-ыраас тэтэрээт лииһигэр
Кырааска харандаас элэҥниир.
Санааҕа дьэрэкээн өҥнөрдөөх,
Кумааҕы арааһа буолуохтаах.
Кыптыыйбыт тыаһа кырдырҕас,
Кумааҕы лоскуйа мунньуллар.
Тиэстэ килиэйбит ньалҕарыс,
Сыапыска сыстыһан субуллар.
Кэмпиэт суута былаахпыт,
Сабынан субуулуу тиһиллэр.
Балары дьуолкаҕа иилэбит,
Астынан одуулуу түһэбит.
Остуолга олоппос ууруллар,
Ол онон ким эрэ салҕанар.
Дьиэ үрдүнэн сап тардыллар,
Бу манна баата хаар ыйанар.
Түннүгү биир гына эмиэ баата,
Үрүҥ хаар кылбайа туртайар.
Аны силигин чахчы ситэрэ,
Лаампа кыраасканан сотуллар.
Киэһэни нэһиилэ кэтэһэн,
Оскуолаҕа субуһан кэлэбит.
Күн араас маскараат буоламмыт,
Олустук астынан хаамсабыт.
Балай да күүттэрэ түһээтин,
Моруоспут тоһурҕаан дьэ кэлэр.
Баата бытыга сэксэҥнээн,
Эҕэрдэлиир тылларын этэр.
Аттыгар Хаарчаана кылбайар,
Саҥа дьыл уолчаана тоотойор.
Моруос ааспыт сылы анаарар,
Кэлэр сыл былаанын сэһэргиир.
Үөрэххэ,үлэҕэ бастаабыт,
Эгэлгэ харандаас,кинигэ
Моруос бэлэҕин ылан үөрэр,
Онтон долгуйан өрө тыынар.
«Добуойка»,»торуойка» соһуулаах,
Кыратык сэмээр дьэ хаарыллар.
Мөлтөөн биэрбиттэн кыбыстар,
Кылап-халап,халты көрбөхтүүр.
Онтон кэтэһиилээх кэһиитин,
Моруоспут куулуттан дьэ хостуур.
Хаһыат суулаах бадаарактан,
Маппакка ким бары тииһинэр.
Үөрүү-көтүү,оонньуу салҕанар,
Ырыа,үҥкүү,хоһоон ааҕыллар.
Киэргэммит харыйаны тула,
Хоробуот ырыата дьиэрэйэр.
Моруоспут сиэттиhэн хаамсыhар,
Кырдьа5ас кыратык сылайар.
Эhиил көрсөргө эрэннэрэр,
Атын сиргэ салгыы айанныыр.
Билигин,эгэлгэ дьэрэкээн,
Дьуолкабыт оонньуура дэлэйин!
Минньигэс кэһии арааһа,
Элбэҕин,дэлэйин сөҕөбүн!
Ол эрэн бэйэбит оҥорбут,
Оонньуурбут дьиктилээх кэрэтин,
Хаһыакка сууламмыт кэһиибит,
Ахтылҕанын күүһүн сөҕөбүн!
Баҕардар этиэҕэ мин сиэним:
«Ааспыт ,дьэ,барыта эриэккэс!»
Ол эрэн сүрэхпэр саһыаран,
Оҕо саас дьуолкатын саныаҕым.
ТапталЧагда.
Саҥа дьыл
Ырыа буолбут хоһооннор
Саҥа дьылтан – саҥалыы
Т. Толомон
Саҥа дьыл — саҥа күн үүнүүтэ,
Саҥа дьыл — сүрэхпит үөрүүтэ,
Саҥа дьыл — кэлэрбит кэскилэ,
Саҥа дьыл — күүтэрбит эрэлэ.
Бу күнтэн
Туох бары салаллар саҥалыы.
Бу кэмтэн
Ким бары олорор саҥалыы.
Саҥалыы
Ааҕыллар хонук, сыл хаамыыта.
Саҥалыы
Суоттанар саас, кыһын ааһыыта.
Саҥа дьыл — саргыта салаллан
Саҥа күн — күлүмнүү сыдьаайар,
Саҥа дьол — кустуга арыллан,
Саҥа саас саҕахха сандаарар.
Сарыалтан
Айылҕа уһуктар саҥалыы.
Сылаастан
Сир ийэ чэлгийэр саҥалыы.
Саҥалыы
Ньургуһун тапталы төрөтөр.
Саҥалыы
Күөрэгэй уйатын туттунар.
Саҥа дьыл — сыллата үүнүөхтүн,
Саҥа күн — сүрэҕи үөрдүөхтүн,
Саҥа дьыл — тускулу тосхойдун
Саҥа ыал — аал уоту оттуохтун.
Туох бары
Тардыстын саргыга саҥалыы.
Ким бары
Таптыахтын олоҕу саҥалыы.
Саҥалыы
Саҥа дьыл салаллан туруохтун.
Саҥалыы
Үүнэр күн дьоннору дьоллуохтун!
Саҥа дьылы көрсүһэ
К. Чириков
Тохсунньу бастакы түүннэрин
Дьоллоохтук үөрүүнэн көрсөбүт,
Оҕолуун-уруулуун барыбыт
Уруйдаан-айхаллаан ыллыыбыт.
Бар дьоҥҥо эҕэрдэ тиэрдэбит,
Бадаарах бэлэхтээх буолабыт,
Оонньуурдаах дьуолканы туруоран,
Дьол-соргу остуолун тардабыт.
Ааспыт дьыл амырыын күннэрин
Ахтыһан ах-баран хаалымаҥ.
Кэлэр дьыл кэскилин-дьылҕатын
Кэпсэтэн, киэҥ суолу тэлиэҕиҥ.
Эрэйи-буруйу билбэккэ
Эһиилги дьылбытын көрсөргө,
Эйэлээх түмсүүлээх буолуоҕуҥ,
Инники хардыылаан иһиэҕиҥ!
Саҥа дьылынан
С. Романов
Үтүөкэн мин дойдум,
Үлэһит дьонноро,
Үөрүүлээх киэһэҕэ түмсүөҕүҥ,
Ааспыт дьылы айхаллаан
Атаарыаҕыҥ биһиги,
Үүнэр дьылы,
Үөрүүнэн көрсүөҕүҥ.
Саҥа дьылынан!
Саҥа дьолунан!
Өрөгөй үөрүүтүн,
Өргөмнөөх күнүгэр,
Эдэрдиин-эмэҥниин
түмсүөҕүҥ.
Улуукан юбилей,
Уруйдаах күннэрин,
Үлэнэн бэлэхтээх керсүөҕүҥ.
Саҥа дьылынан !
Саҥа дьолунан !
Сүрэхпит баҕатын,
Олоххо киллэрсэн,
Үлэтгэн дьолбутун булуоҕуҥ.
Күргүөмнээх үлэнэн
Эйэни уһансар,
Биир модун санаалаах
буолуоҕуҥ!
Саҥа дьыл киэһэтэ
М. Захарова
Тулабар музыка кутуллар,
Көрсүбүт барыта мичээрдиир.
Бэл күммүт чаҕыла киэркэйбит
Саҥа дьыл үөрүүтүн үллэстэ,
Саҥа дьыл, саҥа дьол киэһэҕэ
Саҥаны, кэрэни айарга,
Саҥа дьыл, саҥа дьол киэһэҕэ
Сайаҕас санааны сааһылыах.
Элэккэй эйэҕэс мичээргин
Эдэркээн сүрэхпэр иҥэрэ,
Эйигин бу дьикти киэһэҕэ
Элбэхтэн ордоро көрөбүн.
Сүүс араас сөҕүмэр симэхтээх
Дьэрэкээн елканы, ыл, көрүүй.
Эн биһи үөрүүбүт туоһута
Ыҥырар, угуйар кэрэҕэ.
Ыраахтан ол уоттаах сулустар
Бу манна ыалдьыттыы кэлбиттэр,
Саҥа дьыл үөруүтүн үллэстэ
Тырымныы, мичээрдии күлсэллэр.
Бу үөрүү бу дьоллоох мичээрин
Эдэркээн сүрэххэр иҥэрэ,
Олоҕуҥ тухары умнумаар,
Оҕоҕор, ыччаккар сэһэргээр.
Хаар үҥкүүтэ
С. Дадаскинов
Күһүн сир харатыгар
Индигир туундаратыгар
Көрбүтүм хаар үнкүүтүн
Сиргэ түһэр үөрүүтүн.
Тэлбээриһэн түһэллэрэ
Тыалга баарыстанан,
Туналыһан көстөллөрө
Үрүҥ түү таҥастанан.
Арыт хойдон ылаллар,
Арыаллаһа түһэллэр.
Санаабар ыллыыллар,
Сээдьэни үҥкүүлүүллэр.
Ону билэн былыттан
Ойуолаһа быыраттан
Саҥа хаардар түһэллэр,
Сэлэлииллэр үөрэннэр.
Оо, оччоҕо туундарам
Буолта үҥкүү түһүлгэтэ,
Тула өттүм тунаара
Тупсубута, үөрбүтэ.
Toҕo хаардар үнкүүлүүллэр
Түү таҥаһы кэтэннэр,
Туундараҕа хаалаары,
Тыалы кытта сырсаары.
Хаарчаана
А. Попов
Ыраас маҥан хаарынан
Сууланнылар хара тыалар.
Саҥа баайыы былааттанан
Талбаардылар хатыҥнар.
Хаарчаана, Хаарчаана,
Хоту сирим кыысчаана.
Дойдум миэнэ тупсубутун
Туохха ама тэҥниэмий,
Хайдах сатаан хайҕыамый?
Күҥнээх хайам арҕаҕар
Күлүк сиртэн күрэнэн
Кырса сонноох бэстэрим
Кэккэлэһэ түстүлэр.
Ыраах айан суолугар
Ыллаһаллар сыарҕалар,
Үрүҥ көмүс кыламаннар
Имнэнсэллэр тулаттан.
Хаарчаана
В. Андросов
Көмүрүө дьэргэлгэн ойуутун
Үөлэскэ үмүөрэ ииллэҕэ,
Түүн үөһүн силлиэнэн үргүтэн
Дьиэрэҥкэй үҥкүүлээн эрдэҕэ.
Кый-ыраах кырсалаах кытылтан
Кыраһа кылыйа кыымнаҕа,
Күлүмнэс күөнүнэн киэн туттан
Хаарчаана барахсан хаамтаҕа.
Чап-чараас чачыгыр күлүүтэ
Чараҥҥа чаҕаара түстэҕэ,
Эйэлээх арылхай хараҕа
Эдэр саас уотунан күллэҕэ.
Кый-ыраах кырсалаах кытылтан
Кыраһа кылыйа кыымнаҕа,
Күлүмнэс күөнүнэн киэн туттан
Хаарчаана барахсан хаамтаҕа.
Саҥа дьыл
И. Туласынов
Саҥа Дьылбыт кэлиитэ
Тоҕо бэрдэй, кэрэтэй,
Күлүмүрдүүр харыйа
Кэрэ дьикти оонньуурдаах.
Саҥа Дьыл Саҥа Дьыл
Дьикти кэрэ Саҥа Дьыл
Куба маҥан хаары ыһан,
Кэллэ кэрэ да киэһэ,
Көмүс, алмааас уотун тиһэн,
Кэллэ Саҥа Дьыл киэһэ.
Сэгээр, бүгүн олус сырдык,
Бүгүн олус да кэрэ,
Кимнээх эрэ таптаһар
Иэйиилэрин уматтыҥ.
Саҥа дьылбыт кэлиитин
Өрөгөйдүү көрсүөҕүҥ,
Сырдык, кэрэ санаанан
Салайтарар буолуоҕуҥ.
Харыйа
И. Федосеев
Саҥа дьыл халҕанын
Сэмэйдик арыйан,
Дьиэ ахсын, ыал ахсын
Эн киирдиҥ, харыйа.
Тымныычаан кырдьаҕас
Бэл күлбүт курдук дуу,
Муус кыаһаан таҥаһа
Солколуу суһумнуур.
Хампа күөх харыйа,
Үөр, мичээр, ыллаа-туой,
Бу маннык күн аайы
Симэнэр этиҥ дуо?
Тымныыттан, куйаастан
Чаҕыйар тугуй? – диир.
Харыйа, эн бааргын,
Эн күөххүн дьон сэргиир.
Кыһын, саас эн курдук
Чэлгийдин кыраайбыт,
Ол иһин уруйдуу
Дьиэрэйдин ырыабыт.
Хампа күөх харыйа,
Үөр, мичээр, ыллаа-туой,
Бу маннык күн аайы
Симэнэр этиҥ дуо?
Саҥа дьыл
О. Иванова
Кэрэчээн харыйа
Налыччы киэргэммит.
Араас да уотунан
Күлүмнүү умайбыт.
Куобахтар, эһэлэр,
Саһыллар бэл бааллар,
Сиэттиһэн бараннар
Көхтөөхтүк ыллыыллар.
Хаар маҥан бытыктаах
Тымныычаан оҕонньор
Кэһиитин түҥэтэр,
Үөрүүнү үксэтэр.
Чаҕылый, чаҕылый,
Баай елка, умайыый!
Оҕолор көрдөрүн
Эн үөрэ сырдатыый.
Саҥа дьыл
А. Егоров
Мин күүтэбин саҥа дьылы,
Саҥа кэм, саҥа үөрүүлэрин
Оҕо-аймах ахтар кэмэ,
Тиийэн кэллэ, тиийэн кэллэ!
Саҥа дьыл! Саҥа дьыл!
Саргылаах саҥа дьыл!
Саҥа дьыл кэрэтиэн, саҥа дьыл!
Кэрэчээн күөх харыйабыт
Оонньуурдара тырымныыллар,
Тымныы кыһын оҕонньорбут
Саҥа дьылы сиэтэн киирдэ!
Кэлэр сылга баҕарабыт
Бары дьоллоох буолуохпутун,
Ырыа тыла алгыс буолан
Эһигинниин аргыстастын!
Саҥа дьыл
К. Алексеев
Сурдурҕас уот кутаа сулустар
Халлаҥҥа күлүмнүү көстөллөр,
Саҥа дьыл кэлбитин уруйдаан,
Дьиктитик суһумнуу ооньууллар.
Саҥа дьыл, Саҥа дьыл киэһэтэ
Биһиэхэ эргиллэн кэллэҕэ.
Саҥа дьыл киэһэтин көрсүөҕүҥ,
Үҥкүүлээн эргийэн биэриэҕиҥ!
Бу киэһэ тулабыт барыта
Этиэхтэн дьиктитик киэркэйэр.
Саҥа дьыл, Саҥа дьыл киэһэтэ
Кини биир дьикти кэрэлээх.
Семен Данилов
Саха быһаҕа
Киэргэл диэни билиммэтэх,
Көмүстэригэр тиксибэтэх,
Хатыҥ, удьурҕай уктаах,
Кунан кутуруга кыыннаах,
Хоодуот саханы санатар
Хатарыыта модьу-таҕа —
Сахам сытыы быһыччата,
Сахам укулаат быһаҕа.
Аал уоту тигинэтээри,
Кыспа кыһан тууспаннатар,
Алаһа дьиэни сырдатаары,
Тымтык тыыран дьырылатар,
Тайах сүлэр, киис таҥастыыр —
Бары үлэҕэ хапсаҕай
Саха сытыы быһыччата,
Саталлаах, мындыр быһаҕа.
Ойуу нарын тылынан
Оҕо биһигин ыллатар,
Уон араас мындыр дьарҕаалаан
Чороон-айаҕы ньургутар,
Наада күнүгэр иччитин
Алдьархайтан быыһаан ылар,
Сахам сытыы быһыччата,
Эрэл доҕоро — быһаҕа.
Атыыга сылдьар аналлаах,
Алмаас, көмүс ойуулаах,
Үрдүк үтүөлээх көкөтө,
Өһүөн бардам дьүүлдьүтэ —
Кыргыһыыга кынаттанар
Кырыктаах кынчаалларыгар,
Саараамаҥ, атастаспаппын
Сахам бүрэ быһаҕын.
*Сахам Быһаҕа барахсан*
Сахам Быһаҕа барахсан,
Буруус, хатат аргыстанан,
Кутурук кыын уйаланан
Сааһыҥ ырааппыт бадахтаах.
Сахам Быһаҕа барахсан,
Хайа үрэх баһыттан
Хайа уус кыһатыттан,
Буһарыллан – хатарыллан
Эллэнэн – эттэнэн Эн,
Удьурхай ур уктанан
Уһуктааҕынан көрөн
Уордааҕынан тыынан,
Урааҥхай ытыһыгар
Уоскулаҥы булаҥҥын,
Сахам Быһаҕа барахсан,
Арахсыспат аргыс, доҕор
Ымыы буолан, кистэнэн,
Сыттык анныгар хонон
Куһаҕан тыыны кыйдаан,
Саҕахха күн ойуута
Кутурук кыын уйаҕыттан,
Килбэйэ көөчүктэнэн
Күннээҕи түбүккүн тэлэн,
Сахам Быһаҕа барахсан,
Тоҥ мууһу көйөн, уулаан
Киил саһаҕа мас тыыран
Аал уоту күөдьүтэн,
Сыалаах эти сулуйан
Урааҥхайга уоҕу уган,
Уол оҕо уйаҥын – хатанын
Кыл былдьаһык түгэнигэр,
Кылааныҥ сыппаабакка
Суо соргутун, соноторуҥ…
Сахам Быһаҕа барахсан,
Орто дойдуга эйиэхэ тиийэр
Ончу суох, эйиэхэ тэҥнэһэр!
Уһуктаахтан олох ордук
Биилээхтэн быдан сытыы,
Туттарга туура туһалаах
Эргиччи табыгастаах,
Мандарынан, сиэдэрийинэн
Тупсаҕайынан, чочуонайынан,
Уһулуччу чулуулара
Тэгил дойдуга тэҥнээҕиҥ
Адьас суох, күрэстэргэ.
Сахам Быһаҕа барахсан,
Уол оҕо, эр хоһуун
Баардаах, байанайдаах
Булчут бэрдин уһуга,
Аһыҥастаахтан абыраан
Соллоҥнооҕу суоһаран,
Тыын тыыҥҥа харбас
Үрүҥ тыын өллөйө,
Хара тыын харысхала
Сахам Быһаҕа барахсан.
Саханы Саха оҥорбут
Саханы Саха дэппит,
Эн бааргын бу сиргэ
Сахам Быһаҕа барахсан!
Аҕаттан кыра уолга
Кыра уолтан сиэҥҥэ,
Сиэнтэн хос сиэҥҥэ
Үйэлэри уҥуордаан,
Сахам быһаҕа барахсан,
Сааһыҥ ырааппыт бадахтаах.
Сылаас ытыспар эрчими
Эн бүгүн булан, кэпсиигин
Олох эриирдээх ойууларын
Удьурхай ур уккунан.
Сахам Быһаҕа барахсан,
Буруус, хатат синньэппит
Сытыы, хатаҥ иэдэскэр
Күн уота сыламнаан
Сахам Быһаҕа барахсан,
Үрдүк аналгын толорон
Ымыы, доҕор чулуута
Арахсыспат аргыһым
Сахам Быһаҕа барахсан,
Сахам Быһаҕа барахсан!…
Саха саханы харыстаа!
Саха саханы үөҕүмэ,
Салгын кутун ыһыма!
Саха саханы хатыйыма,
Буор кутун бурайыма!
Саха саханы тэпсимэ,
Ийэ кутун өлөрүмэ!
Сутурук курдук суулаһан,
Сайдар суолу булуохха!
Сарын сарынтан өйөһөн,
Сырдык суолу тутуохха!
Тоҥолохтон тутуһан,
Туругуран тупсуохха!
Сахабыт сирин туһугар,
Бары бииргэ буолуохха!
Үүнэр- сайдар иннигэр,
Ыччат дьону өйүөххэ!
Мэһэйдэри туоруохха,
Хайа үрдүгэр тахсыахха!
Саха күннээх былааҕын,
Күөрэччи көтөҕүөххэ!
Кэлии киһи кэрэхсиир,
Кэрэ олоҕун оҥоруохха!
Туора киһи толло көрөр,
Түмсүүлэрдээх буолуохха!
Саха саханы харыстаа,
Салгын кутун ыһыма!
Саха саханы харыстаа,
Буор кутун бурайыма!
Саха саханы харыстаа,
Ийэ кутун өлөрүмэ!
Таптал🌳Чагда.
КИҺИНИ ТУОХ?
Киһини туох үрдэтэрий?
Үрдүк уҥуох буолбатах,
Үрдүк соло буолбатах,
Үрдүк өйө, дууһата,
Үрдүк баҕа санаата.
Киһини туох намтатарый?
Кылгас сото буолбатах,
Кылгас соно буолбатах,
Хаптаҥнааһын, ньылаҥнааһын,
Хараҥатык ымсыырааһын.
Киһини туох киэргэтэрий?
Маҥан сирэй буолбатах,
Мааны таҥас буолбатах,
Кэрэ, үтүө майгыта,
Килбиэннэрдээх дьыалата.
Киһини туох киртитэрий?
Кирдээх тарбах буолбатах,
Кирдээх ыстаан буолбатах,
Албына, хобуоччута,
Атын дьону холуннарыыта.
Киһини туох кырытыннарар?
Күн-дьыл хаара буолбатах,
Күүстээх үлэ буолбатах,
Ааспат чуумпу ахтылҕан,
Ааспат аһыы, кутурҕан.
Киьини туох өлбөт тыынныыр?
Өлбөт мэҥэ буолбатах,
Уордьан, мэтээл буолбатах,
Кырдьык иһин мөккүһүүтэ,
Хотой курдук өлүүтэ.
Иван Гоголев
- Дьулурҕан – чөл олох көстүүтэ,
Дьулурҕан – барыбыт үөрүүтэ
Күүс-күдэх эрчимэр талаһыҥ,
Тус бэйэ ис кыаҕын арыйыҥ.
Степан Юмшанов
- Урааҥхайдар сыдьааннарын
Сүппэт утум удьуора
Үөскүү туруо Саха сирин
Дуулаҕа бухатыыра
Ити саха тустуута
Ыра санаа туолуута.
Петр Свинобоев
- Хапсаҕай, хапсаҕай, халбаспыт «харата»
Күүстээх да, сымса да куотуһар оонньуута.
В. Башарин
- Хапсаҕай тустуубут
Хатыылаах-буһуулаах,
Хабырдык туттуулаах,
Хатыһан туруулаах –
Уол оҕо оонньуута,
Уоламмыт хатыыта.
Николай Корякин – Уран Ньукулай
Болот Боотур
ТУСТУУК ТУҺУНАН
(Чабырҕах)
Амма аттаахтарын
Адаарыппыт,
Таатта талыыларын
Таралыппыт,
Бүлүү бөҕөстөрүн
Бүдүрүппүт,
Чурапчы чулууларын
Чугуруппут
Туйгун тустааччы туһунан
Чабырҕах этэн чаҕаарыах дуу.
Хоччорхойдук хоолдьуктуур,
Холуоннук холуоккалыыр,
Биллэрбэккэ бииллиир,
Сэрэппэккэ систиир,
Аһартарбакка атахтыыр,
Өйдөппөккө өттүктүүр,
Улгум киирсиилээх,
Уһун илиилээх
Хапсаҕай хахайа эбит.
Сарбайаат,
Садьыйталаан салыннарар,
Харбаһаат,
Хатыйталаан хабылыннарар,
Тиийсиһээт,
Тилэххэ тэбэн тэмтэритэр,
Тутуһаат,
Тобукка охсон туруйалатар,
Сытаан быраҕыылаах,
Сылбырҕа хамнаныылаах
Көҥүл тустуу кекөтө эбит.
Балык курдук лаһыйан,
Бала ылларбакка барар,
Кулун курдук мөхсөн,
Куду туттарбакка куотар,
Мүлчү мөҕөр
Мүлдьү бөҕө,
Халты харбатар
Халбаҥ хара диэн
кини эбит.
Кэтэхтээн кэҕиҥнэтээт,
Бүлгүннээн мөҕүһүннэрээт,
Ытарчалыы ылан,
Ытаһалыы ыган,
Түһэҕэр иэҕилиннэрэн,
Түөһүгэр биллэҕиннэрэн,
Көрүөх иннинэ
Көтөҕөн таһааран
Көбүөргэ уурарын,
Хат нэмийэн
Хам баттыырын
Харахтаан бараммын,
Сөрү диэн сөхпүтүм,
Бэри диэн бэркиһээбитим.
Буору, көбүөрү
Булбакка кырдьыах,
Соҕуруу, хоту
Сураха сылдьыах,
Күрэххэ, туһулгэҕэ
Күөн туттуллуох,
Чиэһи көмүскүөх
Чэбдик, чэгиэн
Үтүө ыччат үөскээбит диэн,
Үөрэ-көтө олоробун.
Дьуон Дьаҥылы
СПОРТ ЫРЫАТА
Кырдал сирбит
Кырса ирбит.
Кылыы туоһун ууруоҕуҥ!
Сүрэх тэбэр,
Сүһүөх тэбэр,
Сүүрэ-көтө оонньуоҕуҥ!
Уу-хаар мустан,
Үрэх устан,
Өрүстэргэ уу түстэ.
Үөрэх бүтэн,
Үлэ бүтэн,
Үүнэр ыччат үөрдүстэ.
Күн итийдин!
Күөх чэлгийдин!
Көрдөөх киэһэ эргийдэ.
Эмиэ илгэ
Эдэр сиргэ
Эһиэкэйбит дьиэрэйдэ.
Чыычаах ыллыыр,
Ыччат ыллыыр,
Тыаҕа кэҕэ чоргуйар.
Мустан оонньуур,
Волейболлуур
Стадион ыҥырар.
Онно эдэр,
Оонньуур, күлэр
Оҕо дьоммут «Бэлэм буол»—
Нуормаларын
Туттарарын
Толотторор комсомол.
Эмиэ эйэ,
Эмиэ үлэ
Ийэ сирбит чэлгийэр.
Омук баайа
Ыалын хаайа,
Сэриинэн ииримтийэр.
Ол-бу саанан
Куруук саанан,
Куттуохтара дуо баайдар?!
Биһи саабыт —
Биир санаабыт
Кыайбыт кыахпыт — баар харда.
Кырдал сирбит
Кырса ирбит
Кылыы туоһун ууруоҕуҥ!
Сүрэх тэбэр,
Сүһүех тэбэр
Сүүрэ-көтө оонньуоҕуҥ!
СПОРТСМЕННАР ЫРЫАЛАРА
Төрөөбүт дойдубут биһиэхэ
Төлкөлөөх суолбутун тэнитэр.
Ийэ сир эрэнэр күүстээххэ
Эй, кэлий, эрчиллэн эрчимир.
Эрчиллэн,
Имиллэн,
Тэриллэн,
Бэлэммит —
Үлэҕэ,
Походка!
Көрсүһүү аайыытын эрдийэн
Көрүҥмүт, былчыммыт кытаатар.
Өй-санаа өттүнэн чэлгийэн
Олоххо туһабыт улаатар.
Эрчиллэн,
Имиллэн,
Тэриллэн,
Бэлэммит —
Үлэҕэ,
Походка!
Дьулайан, чаҕайан хаалбакка
Доруобай буоларга түмсэбит.
Килбиэн, аат туһугар буолбакка
Коллектив иннигэр күүрэбит.
Эрчиллэн,
Имиллэн,
Тэриллэн,
Бэлэммит —
Үлэҕэ,
Походка!
Чиэһинэй хардыынан барабыт,
Биэтэккэ бэлэмнээх — ол кыайар.
Чиэспитин үрдүктүк тутабыт
Бирииһи бэлэмнээх — ол ылар.
Эрчиллэн,
Имиллэн,
Тэриллэн,
Бэлэммит —
Үлэҕэ,
Походка!
Дмитрий Павлов.
СПОРТ КӨРҮҤНЭРЭ
Марина Никифорова.
Николай, Альбина Матаннановтар “Успуорт көрүҥнэрэ” кинигэлэриттэн
Баскетбол
Көтөн иһэр мээчиги
Хабан ыллым, тэйиттим,
Үөһэ күүскэ ыстанным,
Корзинаҕа киллэрдим
Буокса
Утарсааччым охсуутун
Аһарабын куруутун.
Кимэн киирсэн иһэбин,
Кыайыам диэммин билэбин.
Волейбол
Волейболлуу үөрэниэм,
Мээчик быһар дьэ буолуом.
Очукуону аҕалыам,
Хамаандабын мин үөрдүөм.
Дзюдо
Кимоно кэтэммин
Көбүөргэ таҕыстым,
Сымсатык туттаммын
Кыайыыны ситистим.
Дуобат
Үрүҥ, хара туораахтар
Сааһыланан тураллар.
Бииртэн биири хамсатыам,
Кыайыы диэки хаамтарыам.
Көҥүл тустуу
Олимп үрдүк чыпчаалыгар
Көҥүл тустуу угуйар.
Күүстээх санаа, элбэхдьарык –
Дабайарга сөптөөх ыллык.
Мас тардыһыыта
Мастан ончу илиибин
Араарбаппын, тутабын.
Быччыҥнарбын күүрдэбин,
Туура тардан ылабын.
Остуол тенниһэ
Мээчик тэйэр остуолтан
Сиэккэ нөҥүө ыстанар.
Хамсаныылаах оонньуунан
Теннис биллэр, аатырар.
Ох саанан ытыы
Өбүгэбин утумнаан
Охчут буола улаатыам,
Сыалы кыҥаан ыраахтан
Таба ытан түһэриэм.
Пауэрлифтинг
Гантеллары анньабын
Күүстээх-уохтаах эр бэрдэ
Кэрэ, нарын ийэбэр
Дурда-хахха буолабын.
Саахымат
Уустук оонньуу – саахымат,
Ыксыыр олох сатаммат.
Үчүгэйдик толкуйдуом,
Сөптөөх суолу тобулуом.
Саха национальнай ыстаныылара
Кылыйабын кыырайа,
Ыстанабын ыраата.
Куобахтыыбын куйаара —
Кынат үүммүт бадаҕа.
Тхэквондо
Тхэквондонан дьарыктанан
Күүстээх, сымса буолуоҕум.
Хара куртан саҕалаан
Маҥан курга дьулуһуом.
Уус — уран гимнастика
Имигэстик хамсанан
Лиэнтэбинэн оонньуубун,
Эргичийэн ылабын.
Үөһэ — үөһэ ойобун.
Фигурнай хаҥкылааһын
Муусукаҕа уйдаран,
Көнө ньуурдаах мууска мин
Хаҥкылыыбын арыллан,
Ыстанабын, эргийэбин.
Футбол
Муһуннубут хамаанданан,
Саҕаланна дьэ футбол.
Тэптим күүскэ ыраахтан,
Мээчик көтө… Ураа! Гол!
Хабылык, хаамыска
Тарбахтары эрчийэр,
Болҕомтону эрэйэр
Оонньууларбыт биһиэнэ –
Хабылык уонна хаамыска.
Хайыһардааһын
Сыыртан күүскэ анньынан
Сырылыыбын сыыдамнык.
Чаҕыйбаппын мин тыалтан:
Таҥныбытым халыҥнык.
Хапсаҕай
Халбас харата хапсаҕай!
Утарсааччым баараҕай…
Атаҕыттан тутуспутум,
Албас туттан охтордум.
Харбааһын
Балыктааҕар түргэнник
Устар буолбут киһи ньии!
Дьарыктаныам күүстээхтик,
Баҕа санаам туолуо дии?
Хоккей
Хаҥкы, форма кэтэммин
Боруотаҕа турабын.
Утарсааччым шайбатын
Киллэртэрбэт сыаллаахпын.
Хотугу многоборье
Хоту хоһуун оҕотобун,
Моһоллору туоруубун.
Маамыктаны бырахтым,
Наарта нөҥүө ыстанным.
Чэпчэки атлетика
Чэпчэки атлетика —
Чэпчэкитэ суох дьарык.
Ол гынан наһаа астык —
Сүүрүү, көтүү, ыстаҥа!
Ытыы
Дьиэбэр тото — хана мин
Тэриэлкэттэн аһыыбын.
Стадиоҥҥа кэлэммин
Тэриэлкэни ытабын.
Студеннар
Семен Данилов
Мин күн аайы ааһар суолбар
Көрсөбүн оҕо дьону,
Тэбэнэттээх, көрдөөх-нардаах
Студент оҕолору.
Хаһан эрэ мин даҕаны
Чиргэл сүүрбэ саастааҕым,
Дьогдьоот күһүн, кыс саҕана
Эдэр студент ааттааҕым.
Ол эрээри, ити дьонуҥ
Биһигиттэн атыттар,
Ордук чэбдик, ыраас, солун,
Ордук дьоллоох ыччаттар.
Кыһалҕата суох, этэҥҥэ
Хаамсыҥ, биһи сиэннэрбит!
Былдьаһыктаах дохсун кэмҥэ
Биһиги үөрэммиппит.
Суккун сонноох, этэрбэстээх,
Тото аһыыры билбэт,
Модороон, тыйыс сирэйдээх
Сэрииһиттэр этибит.
Биһи да дьоллоох этибит.
Биһи дьолббут атына…
Көрөбүн мин эһигини
Ордугургуу, астына…
Эһи бары үөскүлэҥҥит,
Бары ыраас хааннааххыт,
Быдан номоҕон сирэйгит,
Ааҕа мааны таҥастааххыт.
Суох, мин итинтэн буолбатах,
Атынтан долгуйабын,
Бүгүҥҥү студент ыччаты
Ордугургуу таптыыбын:
Эһиги чахчы ордуккут,
Дьолгутунан ордукккут,
Дьон аймах номох оҥостубут
Коммунизмар олоруоххут.
Мин күн аайы ааһар суолбар
Эһигини күүтэбин.
Эһигини, көрдөөх дьонноор,
Өрүү сэргии көрсөбүн.
Көрсө түһээт дууһам иэйэн
Дьоҥҥо этиэн баҕарар:
— Күрэх дьонуом, суолла биэриҥ
Коммунизм дьонугар.
Бииргэ үөрэммиттэрбэр
Биһиги бүтэҥи дууһабыт
Харана халҕанын арыйбыт
Ол этэ бигэммит биһикпит.
Үгүскэ үөрэппит лицейбит.
Хос ырыата:
Ханнык да ырайга эн ыырдан,
Ханнык да аар ааттан, көй чыыннан
Доҕоруом, эн умнуо суохтааххын
Сэргэлээх иккитэ уопсайгын.
Эдэркээн бэйэлээх эрдэххэ,
Эрэйи билбэтэх сүрэххэ
Оччоҕо барыта дьэҥкэтэ,
Барыга судургу да этэ.
Хос ырыата.
Аан бастаан ыллаппыт, ытаппыт
Умнубат бастакы тапталбыт,
Бастакы ырыабыт ымыыта,
Олохпут сааскыта барыта.
Хос ырыата.
Устудьуон доҕотторбор
Пантелеймон Тулааһынап
Оҕолоор, куруук өйдүүбүн
Устудьуон көрдөөх олоҕун,
Хоспут мууһурбут түннүгүн,
Маҥан халааҥка оһоҕун.
Үчүгэй да этэ, сэгэрдэр,
Тыаттан киирэр тоҥ чохоон,
Биитэр түүн сэһэргэһэн:
«Былыр Онохочоон-Чоохоон
Олорбута үһү», — дэһэр.
Биһиги итэҕэйбэт буоларбыт:
Түүн уу баһар күөлбүтүттэн
Кыһын таба арбаҕаһын,
Тоҥон, кэппит «сүллүүкүүттэр»
Чуучугураһан тахсалларын.
Биһиги итэҕэйэр этибит:
Үөрэх өлөрү кыайарын,
Төрөөбүт күндү Ийэ сирбит
Күн-түүн үүнэн сайдарын.
Санааҕа кыараҕас хоспут
Сырдык институт буолара,
Ытыктыыр, күндү доҕорбут
Пушкин ааммытын аһара.
«Таптааҥ төрөөбүт норуоту,
Кини силиспит буолар дии.
Билбэтим олорор олоҕун
Истиҥ сүрэхтэн сэһэргиир
Поэт буолартан ордугу»,
Инньэ диэт элэс гынара,
Хоспут чуумпура түһэрэ.
Көрүдүөр баһыгар гитара
Грузия кыыһын кэриэтэ,
Аргыый намылыйара.
Оһох умайан таһыгырыыра.
Санаабар Пушкин туойбут
Бахчисарай фонтаныныы,
Сырдыы-сырдыы хам тоҥмут
Түннүк мууһа таммалыыра.
Ол саҕана маҥнай мин
Уус тыл эриирин билбитим,
Төрөөбүт күндү ийэ сирбин,
Кини миигин ииппитин
Ытыктыыр буолуом диэбитим.
Барыбыт даҕаны биһиги
Дьоллоох айаҥҥа турбуппут.
Олохпут маҥнайгы биһигин,
Учуутал тахникумун,
Кэрэтик саныах буолбуппут.
Ол кэмтэн үгүс сыл ааста.
Сорох Хаҥалас хайатыгар
Таас чох баар сирин аста,
ССорох төрөөбүт тыатыгар
Үөрэх сиэмэтин ыста.
Сорох Гитлер сэриитин
Сиҥнэрэн дьиэтигэр төнүннэ,
Колхозка сүөһү иитиитин
Уонна бурдугу үүннэрэ
Тыаҕа үлэлии таҕыста.
Эдэр саас, дьолу көрдүүр
Холбообут доҕотторум,
Эһигини өйдүү-өйдүүбүн
Учуутал техникумун
Мин кэрэтик көрөбүн.
Мин олоҕум эдэр сибэккитэ
Эн буоллуҥ, мин доҕорум,
Тахсан эрэр күн кэриэтэ
Эйиигин мин көрөн турдум.
Мин олбуорум ааныгар
Эйигин бүгүн көрүстүм.
Санаабар
Былыттан кылбааран
Кыталык курдук түстүҥ.
Сүрэххэ баар
Итии тапталбыт,
Биир санаа биһигини холбуур:
Ханна да баар буолларбыт
Үөрэх, үлэ биһигини доҕордуур!
Студеннар ырыалара
Рафаэль Баҕатааайыскай
Көрү көҕүлүттэн харбаабыт
Көрдөөх-нардаах студеннарбыт.
Кынаппыт – көхтөөх ырыабыт,
Кылааппыт – баҕа санаабыт.
Оо, дьэ, таптал омунун курдук,
Сойуппата буоллар үөрэх.
Оо, дьэ, үөрэҕи билэр курдук,
Судургута буоллар таптал.
Аахтарбыт эрэ, сессияттан
Ардьаһын да куттаммаппыт.
Арай «таптал» диэн экзаментан
Алыс наһаа дьулайабыт.
Оо, дьэ, үөрэҕи билэр курдук,
Чэпчэкитэ буоллар таптал.
Оо, дьэ, таптал күүһүн курдук,
Абылыыра буоллар үөрэх.
Үгүс таптал күнүн бараабыт
Үөрэхпит, оо, дьэ, хаһан бүтэр.
Эти-хааны өр аймаабыт
Эдэр таптал күүтэр, күүтэр…
Оо, дьэ, үчүгэй таптал курдук,
Түмүктэнэ оҕустар үөрэх!
Оо, дьэ маҥнайгы таптал курдук,
Төлөннөөхтүк көрүстэр үлэ!
Студент доҕорбор
Николай Попов
Туох буолуой, күн кииртэ…
Эйиэхэ мин биирдэ
Кэлбитим кыратык хойутаан.
Студент доҕорум,
Эйигин сөҕөбүн
Үөрэххиттэн быыс булан күүтэргин.
Тапталтан эрдийэн,
Эн ааҥҥын тоҥсуйан,
Кэпсэтэ түһээри киирбитим,
Эмискэ Эн ааҥҥын
Тыастаахтык сабаҥҥын
Соҕотох хаалларан хомоттуҥ.
Оо, таптал, Эн суоскун,
Оо, сүрэх, Эн уоскуй,
Эдэр саас, эдэр саас,
Эн тулуй.
Сып-сырдык сулуһум,
Сандаарар саһарҕам,
Эн буоллуҥ, ыл тахсыый, көрсүһүөх.
Туох буолуой, күн кииртэ…
Эйиэхэ мин биирдэ
Кэлбитим кыратык хойутаан.
Студент доҕорум,
Эйигин сөҕөбүн
Үөрэххиттэн быыс булан күүтэргин.
Сэргэлээх күлүмнүр уоттара
Иван Алексеев
Туймаада кытыастар кыһатын
Төлкөлүү күөртээннэр,
Доҕордуу норуоппут ыччатын
Үөрэххэ ынырар.
Хос ырыата:
Уйгулаах кыымнаахтар,
Уостубат тыыннаахтар
Сэргэлээх күлүмнүүр уоттара!
Сэргэлээх күлүмнүүр уоттара!
Хоту сир халлаанын чаҕылхай
Кустуга буоланнар,
Кэлэр кэм, өркөн өй арылхай
Аартыгын айаннар,
Хос ырыата:
Сандаара тураллар,
Саргыны туойаллар
Сэргэлээх күлүмнүүр уоттара!
Сэргэлээх күлүмнүүр уоттара!
Үс саха ыччатын сүрэҕэр
Төлөнү иҥэрсэн,
Хоту сир тымныытын үлэҕэ
Хорсуннук ириэрсэн,
Хос ырыата:
Күн курдук күлэллэр,
Эрчимник күүрэллэр
Сэргэлээх күлүмнүүр уоттара!
Сэргэлээх күлүмнүүр уоттара!
Үгүс дьыл аҕалыа тыалларын.
Үгүс хаар ууллуоҕа,
Олохпут кэскиллээх хардыытын
Көлүөнэ салгыаҕа,
Хос ырыата:
Ол, арай саас үйэ
Кырдьары билбэттэр
Сэргэлээх күлүмнүүр уоттара!
Сэргэлээх күлүмнүүр уоттара!
Сэргэлээх
Ф. Филиппов
Күлүү-үөрүү көҕүн тутан,
Күннүү күлэн мичилийэн,
Үрдүк үөрэх аанын аһан
Сэргэлээххэ ыччат түмсэр.
Хос ырыата:
Сэргэлээх, Сэргэлээх
Сэргэх сэмэй ыччаттаах.
Үөрэх-үлэ, билии-көрүү
Үрдүк суолун дабайаллар.
Хомус охсон, ыллаан-туойан
Хоту сири хоһуйаллар.
Хос ырыата.
Сааһын манна өссө кэрэ,
Саамал уоттаах күнүн уота,
Саха кыыһын ыраас имин
Сайа охсор сөрүүн тыал.
Хос ырыата.
Сэргэлээхпит уйа буолан,
Сылын ахсын куорсун анньар.
Сахам сирин сарсыҥҥыта,
Сайдар-сайдам ыччаттаах.
Хос ырыата.
Алтынньы 27 күнэ – Суоппар күнэ
И. Гоголев – Кындыл
СУОППАР ЫРЫАТА
Тыаллыын тэҥҥэ ким сырсарый?
Суоппар, суоппар, ол суоппар,
Сүүстүү көһү ким тыырарый?
Суоппар, суоппар, ол суоппар.
Буор да суоллар, таас да суоллар
Бурҕайаллар, оргуйаллар,
Сарсын онно, бүгүн манна
Суоппар куруук айаҥҥа.
Ала дьоруо аттаахтары
Аара ситэн ааһабын,
Эрэй курдук сатыылары
Кабинабар ылабын.
Көнө суоллар, токур суоллар
Сахсыйаллар, сылаталлар,
Куйаас буолар, дьыбар буолар,
Суоппар син биир тулуйар.
Көлүөһэчээн-төгүрүкчээн
Миэнэ көтөр кынатым,
Ыстаал мотуор ньириликээн
Миэнэ иккис сүрэҕим.
Ыраах суоллар, чугас суоллар
Ыҥыраллар, угуйаллар,
Тиэрдиҥ, тиэрдиҥ чулуу дьолбор
Тиэрдиҥ таптыыр доҕорбор.
Дьуон Дьаҥылы
ШОФЕРДАР
Хаардаабыт былыппыт быданна
Халлааммыт кылбайа халынна.
Сулустан кыраһа кыыдамныыр,
Суол уступ массыына айанныыр.
Таһаҕас үрдүгэр тиэллэммит,
Тайҕанан айаннаан иһэммит,
Саҕынньах курдат түүн тымныыбыт
Дьагдьатан, ирээри ыллыыбыт.
Бурҕаҥнас тымныыттан үрэллэн,
Мутуктар тоһуттан түһэллэр,
Үлүйэн, кырыаран, түүрүллэн,
Үргэллэр тимирэн эрэллэр.
Алта уоп кыраадыс тымныыбыт
Аҕылыы турар, түҥ тайҕабыт
Түүрэ да тартаран утуйдар,
Түүннэри бараллар шофердар.
Сайынын ардахтыын үөхсүбүт,
Кыһынын тибиини көрсүбүт
Шофердар уруулга имиллэ,
Суол ыарын силэйэн иһэллэр.
Эмискэ тохтобул. Түһэбит.
Алдьанан турар биир массыына.
Бэлэм бэрт кутааҕа иттэбит,
Саҕабыт кырыатын, сахсына.
Көмөлөөн оҥорон, чаас биэрэн,
Шофердар шоферы үөрдэллэр.
Көһүйэ тоҥмут тыын киллэрэн,
-Көххө, чэ, барыаҕыҥ! – дэһэллэр.
Алдьанан турары абырыы –
Суол, тайҕа сокуона. Шофердар:
Васькалар, Мөрүөннэр – бу бары
Ини-бии эйэлээх геройдар.
Тиэйиммит табаары кэмигэр
Тиэрдээри, дьэ ыытан эрэллэр.
Дабайар сыырдары тахсыыны
Массыына кэннитэн массыына.
Кузовка бигэтэн иһэммит,
Куорат дьонун санаан кэллим мин:
Шофердар курдук, суруйааччылар
Дьэ хаһан эйэлээх буолаллар.
Колодезникова И.А. — Ымыы
АРЫЛЫН АЙАНЫМ ААРТЫГА
Айаҥҥа аттанар түгэммэр
Арыаллаа аттыбар, аанньалыам.
Арахпат аргыһым буолаҥҥын
Алгыстаах суолунан эн сирдээ.
Ардаабыт халлааным астаҥҥын,
Арылхай күҥҥүнэн мичээрдээ.
Анысхан тыалларым тохтооҥҥут,
Аҥаархай уу-нуурал сатыылаа.
Ахсымнык сыыйыллар айаммар
Аҥардас үөрүү эн, аргыстас.
Ааһыахтаах суолларым тухары
Ахсаабат күүскүттэн аҥардас.
Айаҥҥа аттанар түгэммэр,
Арҕааҥҥы саҕаҕым эн сырдаа.
Араҕас сулуһу батыһа,
Арылын айаным аартыга.
***
Ыраахтан уоттара сандааран
Эргииртэн эргиири аһаран
Улахан массыына көлөлөр
Суол устун субуһан ааһаллар.
Суоппардар, суоппардар, суоппардар
Айаны таптаабыт уолаттар —
Бары да эрэллээх доҕоттор
Үлэһит үтүөтэ эр дьоннор.
Массыына биир күрүс тыаһыгар
Сахалыы ырыаҕыт кыттыһар.
Аргыс тыал хаалбакка сырсыһар
Суол буорун өрүтэ бурҕатар.
Сылаарҕыыр, сылайар, сынньанар
Уһун суол тухары умнуллар,
Күн аайы ыраахха талаһар
Эр санаа элбэҕи тулуйар.
Сырыыгыт-айаҥҥыт табыллан
Дьиэҕитин ахтаҥҥыт кэлиэххит —
Сарсыарда эрдэлээн тураары
Алгыстаах аартыгы тутаары.
Оксана Андросова — Сандаара
ЫРААХ АЙАННЬЫККА АНАБЫЛ ТЭТТИК ХОҺООННОР
Уруулбар олоро охсоору
Уу-нуурал эйгэттэн хостонон,
Айаҥҥа күннэтэ туруннум,
Алгыстаах санааны ылынным.
Чаачар уолум бэлиэр
Бэрилиирин биллэрэр,
Саҥа сүүрээн биэрэр,
Айааһыырын киллэрэр.
Аламаҕай эрэ майгынан,
Аһаҕасчай эрэ дууһанан,
Аһыныгас эрэ өйгүнэн,
Анабыллаах эрэ суолунан,
Айаннатан эрэ ситиһэҕин.
Саныыр санаам — айан,
Күүтэр күүтүүм — айан,
Ахтар ахтыым — айан,
Таптыыр идэм — айан.
Эрэнэбин көлөбөр,
Итэҕэлим — аар сэргэ,
Кэскилим — иннибэр,
Баатым — айан суола.
Мин төлкөм түөрэҕэ тардыһар,
Суолу тэлэр айаным харыстыыр,
Мин күҥҥэ тапталбын биллэрэр,
Удьуору утумнуур суоппарбын.
Аата үчүгэйиин,
Аара суолга тоһуйан,
Ааҥҥын аһан биэрэҥҥин,
Астына-бастына,
Айах туттуҥ.
Аата үчүгэйиин,
Амтаннаах аһынан
Ааттаан-суоллаан
Аһаттыҥ,
Анаан-минээн
Ааттаатыҥ.
Лукачевская М.В.
Айан алгыстаах аартыгар
Атаардаҕа кэргэнэ,
Көрсүһэр кэрэ мүнүүтэ
Хонуктарын аахтаҕа.
Ыраах айан суоппарын
Массыынатын суоллара —
Халлаан сиигин арыйар
Кынаттаах ыллык анала!
Ыйыллар болдьох ыпсыыта
Ындыы, таһаҕас тиэйиллэр,
Былаан туолар үөрүүтэ
Дьиэлиир сүрэх тэбиитэ!
Ыраах айан суоппара
Дьолу айар суоллара
Дьон махтал тылларын
Куруук ыла туруохтун!
Саргылана Арсентьевна Никифорова
ЫРААХХА ЫҤЫРАР АЛГЫСТААХ АЙАНЫМ
Ыҥырар ыраахха алгыстаах аайаным,
Ыҥырар ыраахха алыптаах аартыгым,
Ыҥырар ыраахха ыйдаҥалаах ыллыгым,
Ыҥырар ыраахха кэтэһиилээх суолум.
Эрэнэбин тимир көлө доҕорбор,
Эрэнэбин төһүү күүс уруулбар,
Эрэнэбин үгүс хонукка — бииргэ
Эрэллээх аргыспар — КАМАЗ-пар.
Тулабар ааһаллар халыҥ хаардаах ойуурдар,
Тулабар ааһаллар ыраас тааҥнаах өрүстэр,
Тулабар ааһаллар очуос таастаах хайалар,
Тулабар ааһаллар дьэҥкир уулаах үрэхтэр.
Тиийиэҕим ахтылҕаннаах алаһа дьиэбэр,
Тиийиэҕим ахтылҕаннаах кэргэммэр, оҕолорбор,
Тиийиэҕим ахтылҕаннаах төрөөбүт алааспар,
Тиийиэҕим ахтылҕаннаах дьоммор-сэргэбэр.
***
Хоту диэки субуллар
Хаарга суолу оҥорон,
Хаардар быыстарынан
Хорсун доҕорум — суоппар.
Харыы уутун туоруур,
Халтарыйан да ылар.
Хабараан тымныыга
Хоодуот доҕорум — суоппар.
Халыма туһа диэн
Хонноҕо аһыллан,
Холкутук айанныыр
Хоһуун доҕорум — суоппар.
Афонина А.П.
СУОППАР
Эриирдээх-мускуурдаах ыарахан үлэни баһылаан,
Саха уола, уолан эдэр киһи
Элбэх күүстээх үлэҕэ эриллэн-мускуллан
Күүстээх санаа эйгэтигэр дьоһуннук киирдэҕэ.
Доҕор, атас оҥостубут тимир аккын
Мииниэн иннинэ өрөмүөннээн чөмчөтөн
Саҕаламмыт чаастарын оҥорон саҥардан
Ыраах айаҥҥа барар чааһыҥ тосхойдо.
Алаһа дьиэҕиттэн төрөөбүт ийэ буоргуттан
Бар-дьонуҥ алгыс тыллара
Күүс көмө буоллунар эйиэхэ
Уһук хоту күнэ суох сиргэ тиийиэҥ.
Утуйары, сынньанары, аһыыры умнан
Силлиэни, буурҕаны өксүөнү утарсан
Чысхаан тыал хаары
Сэрэнэн наҕыллык аар-тайҕанан айаннаа.
Дьоллоохтук айаннаан алаһа дьиэҕэр
Төрөөбүт ыыргар, төрүт буоргар
Алаһа дьиэҥ Далбар Хотуна үөрэн кууһуо.
Чиэстэниэҥ, хайҕаныаҥ хорсун суоппар.
Чуохаана — Амма
ТААТТА ДАЛЬНОБОЙЩИКТАРЫГАР АНЫЫБЫН
Кыһыҥҥы суолунан уйдаран,
Харах саатан күлүмнүүр.
Кылбайар хаар ньууругар
Массыыналар сырылыыллар.
Сырыы киэҥ куйаара
Кинилэри угуйар.
Эрдээх модун уолаттар
Хорсуннук айаннаан,
Ыраах сирдэринэн ыырданаллар.
Айаан суола быстыбат,
Уһун сулбурҕа хонуктар,
Кинилэри чаҕыппаттар.
Буурҕалаах силлиэлээх,
Тыалырар тымныылаах,
Чысхааннаах дьыбарга,
Силлиэ тыаллыын силэйсэн,
Буурҕа үрүҥ туманынан,
Туруук хайаларынан тоҥон-хатаҥ,
Ардыгар массыыналарын өрөмүөннээҥ,
Саҥа дьылы хайа быыһыгар
Көрсөр кэмнээх буолаллара.
Хоту дойду хонноҕунан
Субуллаллар массыыналар.
Ыарахаттары барытын уйаҥ,
Үүт тумарык былыкка
Суол да көстүбэт үлүгэриҥ аахсыбакка,
Дабааннары дабайаҥ,
Үрдэллэри чиҥэтэн,
Эрийэ урууллаан
Айаннарын салгыыллар.
Уруй буоллун
Хорсун-хоодуот
Саха уолаттарыгар,
Сылаалааах сырыылаах
Ыарахан үлэлригэр,
Баҕарабын ситиһиилэри,
Алгыстаах Аартыктара
Аһыллан, арыллан,
Соргулаах суоллараа
Табылыннын, тубустун!
Евдокия Филиппова
ТААТТА ДАЛЬНОБОЙ-СУОППАРДАРЫГАР
Таатта хоһуун уолаттара,
Ыраах айан суоппардара
Күүтэр эһигини дойдугут,
Таатта тырымнас уоттара.
Халымаҕа, Муомаҕа, Черскэйгэ,
Абыйга, Сааскылаахха, Кэбээйигэ
Айанныгыт эһиги,
Таатта хорсун уолаттара.
Россия куораттара,
Татарстан суоллара,
Омоллоон хайалара —
Таатталар айаннаабыт суоллара.
Таатта хоһуун уолаттара,
Ыраах айан суоппардара
Күүтэллэр эрэнэ эһигини,
Оҕолоргут, кэргэттэргит —
күндү дьоҥҥут!
Уһун суол айанньыттара буолаҥҥыт,
Хотунан-соҕуруунан сүүрдэҥҥит,
Дьиэ кэргэҥҥит, дойдугут туһугар
Унньуктаах айаҥҥа турунаҕыт.
Сайын үтүөтүн билбэккэ,
Тымныы кыһыны аахсыбакка,
Ыарахан суол диэбэккэ
Хорсуннук үлэҕэ түһэҕит.
Ол сыралаах айаҥҥытын
Айылҕа барахсан алҕаатын,
Күүскүтүгэр күүс эптин,
Эрдээх санааҕытын эрчимнээтин.
Этэҥҥэ эргиллэн кэлэҥҥит
Эйэҕэс көрсүүнү түстүүгүт,
Эрэллээх дьиэ кэргэн үөрүүтүн
Эриэккэс түгэни үөскэтиҥ.
Федот Аммосов — Хоһуун Уол
СУОППАР БУОЛАММЫН
Сулустар үрдүбэр сырдыыллар,
Санаабар, сайыһар курдуктар.
Сүүһүнэн тыһыынча уотунан
Сырдатан иһэллэр иннибэр.
Сындыыстыы тыргыллар суол устун
Сыыдамнык сыыйыллар массыынам.
Сырдыргыыр мотуорум тыаһыгар
Сылыптаах айаммын эбэбин.
Систэри, маардары уҥуордаан
Сыа хаары бурҕатар көлүөһэм.
Сиккиэр тыал оргууйдук суугунуур,
Сигийэр өҥ суолу тибийэр.
Сулуһу тутабын ардыгар,
Сороҕор ый уотун батабын.
Сипсийэр тыалы да ирдиибин
Сырыылаах айаммын тиэтэтэн.
Суоппар уол буоламмын бу сиргэ
Сөптөөхтүк ананан кэлбиппэр.
Сылаалаах сырыыттан даҕаны
Санаабын түһэрбэт эбиппин.
Захарова Татьяна Николаевна
***
Эр бэрдэ, эр хоһуун
Эрэллээх көлөтүн
Айаҥҥа бэлэмнээн
Кэтэстэ «муус» суолу,
«Айылҕа суолун» арыйарын.
Ыра санаа дьэ туолла!
Ыҥырда суоппары
Ыраах айан умсулҕана!
Уол оҕото уруулун тутта,
Айанын суолун тутта,
Саҕаланна субуллар суол.
Сыыйыллар массыына
Ыраах хоту, тус хоту
Адаар хайа быыһынан
Алыптаах айан аһылынна!
Айан кэмэ саҕаланна
Ыраас хаарга сыыйыллан!
Айылҕа дьикти,
Дьэҥкир мууһа
Абылаата кэрэтинэн.
Эр бэрдин
Сүрэҕин үөрдэр,
Дууһатын ыллатар,
Сүргэтин көтөҕөр
Абылаҥнаах уһун айан!
Эр бэрдэ, эр хоһуун
Эрэллээх көлөтүнэн
Сиргэ суолу хаалларан
Олоҕун суола салҕанар!
Моисей Ефимов
Сылгыһыт
Тоҥууну тоҕо кэстэрэн,
Халыҥ хаары хайа тэллэрэн,
Буурҕаны-тибиини иһинэн
Сылгыһыт бурҕаатан иһэрин
Хартыына оҥоруох эбиппин,
Художник идэлээх буолларбын.
Сур бөрө буолан силлиэ тыал
Сундулуйа сүүрэр, улуйар.
Көмнөҕүн көтөхпүт хаара тыа
Бэл сүтэ-сүтэ барыйар.
Муус килиэ буолар киһи тыына.
Көрөргө соһумар хартыына.
Доҕоор, олохпут кырдьыга
Итинник хотугу дойдуга.
Сылгыны хаһыыга ыыталлар.
Ахсынньы анысхан тымныыта
Ааҥнаан, аҥааттан турдар да,
Ыҥыыр атынан мааныыллар.
Ардыгар сыҥа-баа күүһүнэн,
Ардыгар өрө күүркэйэн
Ичигэс дьиэҕэ биһиги
Хоһоон айарбыт кэриэтэ,
Сөбүлүүр бу тыйыс идэтин
Хоту сир сылгыһыт киһитэ.
Силлиэ, уҕарый! Халлааммар,
Садарах дьүкээбил, күлүмнээ,
Сыа хаары үллүммүт сыһыыбар
Көҕөрөр төлөҥҥүн түһэртээ.
Сиэлэрэн сикситтин сылгыһыт,
Хоһуйдун кинини ырыаһыт.
Таатта улууһун өрөгөй ырыата
А.И.Софронов-Алампа
Тыгын кырдьаҕас саҕыттан
Тымыр-сыдьаан тылламмыт
Тырыттыбат дьылҕалаах,
Тыйыс саха аатыран
Тыыллан-үөскээн иһиэҕиҥ!
Үгүс-элбэх үйэлэргэ
Үөрдүһэн-тардыһан үөскээбит
Үрүн Дьөһөгөй өллөйдөөх,
Өрөгөй-талаан үктэллээх
Өбүгэ саха буолабыт!
Саргы-дьаалы улааттын!
Сахалыы саҥа сатараатын!
Саха омук сайыннын!
Уруй! Уйгу! Айхал!
Урусхан-уохтаах күннэргэ
Умуллан-самнан биэрбэтэх,
Уруй-туску оҥоһуулаах,
Одун-буурай олохтоох
Урааҥхай саха буолабыт!
Үлүгэр-алдьархай күннэргэ
Үллэр үрдүк өрөгөйдөөх
Үөмэн тиийбэт үрүттээх,
Үтүө саха аатыран
Үүнэн-үрдээн иһиэҕиҥ!
Дүрбүөн-дарбаан күннэргэ
Түһэн-охтон биэрбэтэх
Төлкө-түөрэх дьүөрэлээх,
Төрүт саха төрүөҕэ
Төбүрүөн түмсэн турабыт!
Таатта үрэх үрдүгэр
П.А. Ойуунускай
Таатта үрэх үрдүгэр,
Таалар хонуу түөһүгэр
Таптал уотун күллэрэ
Тардыы талах үүнэрэ…
Эдэр, чэгиэн туруйа —
Элбэх эҥин буруйа,
Үөрэр-көтөр буолара,
Үөрэ-дьүөрэ туойара…
Кээчик-кээчик Кэчиини,
Кэрэ, нарын Кэчиини
Уоһун-тииһин ууруура,
Ууруу-сыллыы оонньуура…
«Кээчик-кээчик Кэчиикэ,
Кэрэ, нарын Кэчиикэ!
Таптал уотун уматыах,
Татыйыгы ыллатыах…
Кырдьар сааспыт кэлиэ5э,
Кырыа хаары тибиэ5э,
Уохтаах таптал умнуллуо,
Уота-күүһэ умуллуо…
Үөрэн-көтөн туруохпун,
Үөрэ-дьүөрэ туойуохпун,
Уураа-сыллаа, сэгэттэй!
Ууруур-сыллыыр үчүгэй!»
Эдэр, чэгиэн туруйа —
Элбэх эҥин буруйа,
Үөрэр-көтөр буолара,
Үөрэ-дьүөрэ туойара…
Кээчик-кээчик Кэчиини,
Кэрэ, нарын Кэчиини
Уоһун-тииһин ууруура,
Ууруу-сыллыы оонньуура…
Тааттаҕа
Пантелеймон Тулааһынап
Кураан буолтун билэбин,
Салаа да от быкпат дии.
Тааттам, манна кэлбэтим
Кымыс иһэ, суорат сии.
Киэһэ аайы эмээхсин
Кэтэҕэриин ороҥҥо
Ыаҕайалаах сүөгэйин
Ытыйбатын билэбин.
Күлэр-салар оһоҕуҥ
Күлүбүрүү умайбат,
Күүтэ сатыыр доҕорум
Саламаата оргуйбат.
Күүгэннэрдээх күөччэҕим
Баһыллара уурайан
Сытар хаҥас долбуурга
Хайыттыбыт кытыйа.
Манна ыалга кураан, сут
Хонон ааспыт бэлиэтэ
Холумтаҥҥа күл сойбут
Төлөн суоһун билбэккэ.
Арҕаа уоттаах сэриигэ
Аҕалара аттанан,
Турар дьоно көспүт дьиэ
Аана ыга баттанан.
Халыҥ буорга, ыыр тааска
Оҕонньоттор баттатан,
Аһыҥалаах алааска
Атахтаһан сыталлар.
Манна сииги булбакка
Салаа отум даҕаны
Сиртэн кыайан быкпакка
Симпит көрбүт хараҕын.
Толоон уҥуор хахыйах
Кууран-хатан, харааран
Кутурҕаны уйбатах
Хоһоон курдук кураанах.
Сэрии ыраах да буоллар
Сэрии тыына манна баар,
Кураан, аас-туор умнуллан
Үлэ күүрэн уһуктар.
Тааттам, манна бурдук, от
Үүммэтэҕин билэбин,
Алаадьылаах чэй иһэ
Ааҥҥын аһан киирбэтим —
Харыларым күүһүнэн
Хара буоргун тиэрэммин
Хаарыан дьонум тыыннарын
Харыһыйа кэлбитим.
Кэллим кэрэ Тааттаҕа
Күннүк Уурастыырап
Аҕыйах да хонук буоллун,
Ааттаан-суоллаан тохтоон ааһа,
Сэргэҕэлээн истэр дьоннуун
Сэһэргэһэ, хоһоон ааҕа,
Кэллим үрэх ааттааҕа —
Кэрэ, үтүө Тааттаҕа.
Сорохторо — аныгылыы,
Килиэ-халаа көстүүлээх,
Сорохторо — «былыргылыы»,
Килбик-кэмчи көрүҥнээх,
Араас бөдөҥ, кыра дьиэлэр,
Алаас илин, хоту киэҥэр
Хойдон, убаан олороллор,
Буруолара хоройоллор.
Сандаҕара дайа үүнэн,
Сарсыардааҥы Таатта күнэ
Дэриэбинэ үрдүнэн
Чэмэлийэн көһүннэ,
Ытык Күөлгэ ыаллар ылбыт
Муустарыгар чаҕылынна,
Тэргэн суолга сыарҕа сыыйбыт
Чигдитигэр саҕылынна.
Киһи бары кэтэһэр
Кэрэ кэмэ кэлэн иһэр.
Сылаас бө5ө: муус устар.
Сыһыы уҥуор туллуктар
Таатта сүнньүн ыраас, үрдүк
Халлаанынан көтөллөр,—
Тойуллубут саахар курдук,
Туртаҥнаһан көстөллөр.
Истээх нэгии илгистиммит
Хара тыаны ирбинньиктии,
Илим баайан, дьэргэлгэммит
Харса суохтук дьирбинньиктиир…
«Арааһа, эн, сыыһа түһэн,
Арыый эрдэ кээлкин»,— дииллэр.
«Лаппа сааһын, сайын — ситэн,
Таатта ордук тупсар», — дииллэр
Угут дьылга Наммара,
Дьиэбэгэнэ халааннара
Киэҥник эҥсэ кутуллан,
Киирэн күүскэ суккуллан —
Үрэх хаатын таһыйан,
Өнньүөс аайы халыйан—
Колхозтаахтар быйаҥнарын
Дэбилитэр ууланан,
Ытык Күөлбүт ыалларын
Быыстарынан суолланан,
Сорох дьиэни адьас ылан,
Сорохтору ыла сыһан,
Киэптээн аҕай ааһар эбит
Кэрэ Таатта эбэбит.
«Илгэ-быйаҥ эмтээх тыына
Итии тыалга илгийэн,
Олох уота, таптал кыыма
Оонньуур хааннаах иҥҥэ кэйэн,
Отун-маһын күөҕэ күлэн,
Унаар-тунаар долгун түһэн,
Ол саҕана күннээн тиллэр,
Олус буолар Таатта» — дииллэр.
Оччоҕуна — дьоҥҥо өрүү
Уһун тускул, улуу үөрүү,
Салыйбакка эргиллэн,
Салаллыаҕын туһунан,
Саргыланан-көтөҕүллэн,
Саха тылын ууһунан,
Сарсыардааҥы саһарҕа
Саҕаланар тойугар,
Үүнэр от-мас, айылҕа
Үөрэр-көтөр суугунугар
Ойуунускай ыллыыр үһү…
Оннук дьикти буолар үһү…
Таатта хотун аптаах уутун,
Ынахтарын сылаас үүтүн,
Уохтаах саамал кымыһын
Ордук таптаан испиттэр,
Олоҥхотун, ырыаларын
Умсугуйан истибиттэр;
Ийэ тылбыт эгэлгэтин
Эриэккэстээх кэрэтин
Эттэн-хаантан иэйэн этэн,
Илэ-чахчы кэрэхсэтэн,
«Ньимийбэккэ» дьиэрэйэр,
Тимирбэккэ күөрэйэр,
Өлбөт-сүппэт Өксөкүлээх
Үгэһигэр үөрэммиттэр —
Оннук дьиҥнээх биһирэллээх
Поэт буолар эбиттэр.
Анаан, сайын эргийиитэ,
Аны биирдэ кэлиэҕим —
Чахчы ситэн чэлгийиитэ,
Таатта бэрдин билиэҕим.
Сайылыкка көргө-нарга
Хомус нарын иэйиитигэр,
Сардаҥалаах чараҥнарга
Хойуу лабаа сиккиэригэр
Үрдүк төлкө, үтүө ыра
Үүнэр күнүн ыҥырар
Дьоһун поэт ырыаларын
Дуоһуйбахтыы истиэҕим.
…Уонна колхоз ыалларын
Кымыстарын иһиэҕим…
Барыта талба Таатталыы
Дьөгүөр Түбэ
Өксөкүлээхтии – өркөн өй,
Ойуунускайдыы – уран тыл,
Алампалыы – дьон туһугар
Барыта талба Таатталыы…
Бельскэйдии – улахан биистэр,
Өссүөнтэйдии – өрө көрүү,
Дьоруой Бөтүрүөптүү – хорсун дьон
Барыта талба Таатталыы…
Дьөгүөрэбэлии – дьуру-дьур,
Хомус Лухалыы – кылы-кылы,
Көһөҥө Бүөтүрдүү – дьэ, буо…
Барыта талба Таатталыы…
Тарбаахаптыы – ас минньигэһэ,
Мандардыы – мындыртан мындырдар
Күнтэн күн күөрэйэ тураллар,
Барыта талба Таатталыы…
Өйгө түмүллүбүт Үтүө Сир,
Талааҥҥа анаммыт Айыл Сир,
Сайдыыга суолламмыт Сырдык Сир
Барыта талба Таатталыы…
Таатта туһунан ырыа
Алексеев Василий
Оо, кыайдыҥ ол ааспыт сыллары,
Ол кыайан олоххун чэлгиттиҥ,
Аны дьэ үйэ саас тухары
Алгыстаах чөл ааккын эргиттиҥ.
Төрөөбүт тапталлаах Тааттабыт
Төлкөлөөх түөрэҕэ олорбут.
Киэҥ дуолгар эргиччи дуорайбыт
Кэхтибэт кэскиллээх тойукпут.
Өксөкү, Алампа, Былатыан
Өр кэмҥэ самныбат ааттарын
Үөрүүтэ көтүүтэ ыллатыан
Үс саха баҕарбыт ыратын-
Көрөҕүөт, ол туолбут үөрүүтүн
Күөрэччи көтөхтө ыччаппыт.
Тупса тур, үрдээни сүөрүүтүн,
Туругур үйэ саас Тааттабыт!
Төрөөбүт тапталлаах Тааттабыт
Төлкөлөөх түөрэҕэ олорбут —
Киэҥ дуолгар эргиччи дуорайбыт
Кэхтибэт кэскиллээх тойукпут!
Күөх Тааттам
Умсуура
Хайа да сир кырдалын
Көрбөтөҕүм бу курдук ууруу,
Күнү-хаары уруйдуу,
Халлаан үөмэх сулуһунуу
Ньургуһун долгуйа үүммүтүн —
Саас үүт кэрэ сөрүөтүн,
Оо, күөх Тааттам!
Хайа да сир иэмэх талаҕа,
Кыыс кэрэ синньигэс иирэтэ
Кутуллубут көмүс төбөтүнэн
Сүрэҕи туота суугунаабат.
Уһуктубут үрэҕи сырсан
Имигэс суһуоҕун санаппат
Оо, күөх Тааттам!
Хайа да сир халлаана
Бу курдук мэйиибин эргитэ,
Күһүн-саас дууһабын итирдэ
Уот чэчик саҕахтаах чэрчитэ,
Субу дьүрүһүйэ туойуох
Илбистээх иэнэ суох!
Оо, күөх Тааттам!
Дьэдьэн сыттаах халдьаайыҥ —
Эмсэхтээбит эмиийим,
Дьэрэкээн симэхтээх алааһыҥ —
Көтөхтөрбүт түһэҕим,
Хатыҥыҥ намылхай сипсиэрэ —
Уйусках кутум биһигэ,
Оо,күөх Тааттам!
Тааттам сайар салгына
Сындыыс
Мин Тааттам,
Мин дойдум!
Мин дьонум!
Мин манна көҥүллүк тыынабын!
Сахалыы сайаҕас тылынан
Санаабын сайгыччы этэбин!
Сайынын күөх былаат бүрүммүт
Талыыкан үрэххин сыыйабын,
Кыһынын баттаҕа кырыарбыт
Хоҥкуйбут талаххын сэргиибин!
Бу манна мин түөспэр
тыллыбыт
Маҥнайгы тапталым сипсийэр,
Бастакы буукуба кэнниттэн
Таатта диэн аахпытым иһиллэр.
Бу манна ыраахха диэритин
Чуҥкунуур күөх кыраай дойдута,
Бу манна чугаска диэритин
Чулуулар чугуулуур сирдэрэ.
***
Алексеева Мария
Махтана саныыбын
Алгыстаах Тааттабын,
Ойуулаах мандардаах
Уус тыллаах туонабын,
Чээлэй күөх Хадаайым
Уйгулаах ыһыаҕын,
Кыыс кэрэ үрэҕим
Иэҕиллэр талаҕын,
Сайаҕас майгылаах
Уу саха ыалларын.
Ахтылҕан алтыһар
Айаным суолугар,
Тойуксут тоһуйар
Сэргэлээх дуолугар
Салгынныы нсаймааран,
Саҕахтыын сандааран,
Ураты тыыҥҥынан
Угуттуу көрсөҕүн,
Сылайбыт санныбар
Кынаппын тиирэҕин.
Сонургуу көрөбүн
Чэлгийэр алааскын,
Ыанньыйа налыйа
Мэччийэр ынаххын
Эриэн лыах доҕордоох
Кулунчук оҕоҕун,
Былыргыҥ, билиҥҥиҥ
Алтыһар олоҕун,
Мин кутум чороонун
Быстыбат сороҕун…
***
Төрөөбүт күҥҥүнэн,
Өбүгэм дойдута,
Төрөөбүт күҥҥүнэн
Тапталым уйата,
Сүрэҕим чопчута –
Мин Тааттам.
Тааттабар
Сыгыйык
Үрэҕим үрдүгэр үҥкүүлүү,
Кытылым устунан күүлэйдии,
Киириэҕим ууларгар умсаахтыы,
Тааттабар эйиэхэ атаахтыы.
Кырыс буоргар сөрүүкүү,
Атах сыгынньах сүүрэлии,
Күөрэгэй ырыаҕын иһиллии,
Көмүс куоласкын биһирии.
Эйиэхэ иэйиибин бэлэхтии,
Хоһоону бэрийэн аҕылыы,
Дууһаны кэрэҕэр иитиэхтии,
Дьолбуттан үөрүүнү ыһыахтыы.
Тааттабын, төрөөбүт дойдубун,
Төлкөбөр махтана туойабын,
Түөрэҕим олорбут сириттэн,
Тиирэби нкыракый кынаппын.
Таатта тыына
Гаврил Андросов
Таҥараҕа тиксибиттии, айыы сыдьаайынан туолабын…
Таатта — талба да тыл!
Тас биэрэбин, сиргэ тиийэ сүгүрүйэбин —
Таала уҥан чочуумча, тура түһэбин…
Ааспыт дуораанын уонна аныгы күлүгүн
Алтыһыннаран,
Алгыс өрө көтөҕөр тылларын
Аргыыйдык ботугураан,
Алампа, Өксөкүлээх, Ойуунускай
Албан ааттарын
Сата тыалыгар
Сайа оҕустаран — иитиллэбин!
Урааҥхай сахалар саргыларын түстүүр
Улуулары
Уонна чулуулары
Уһаарар ытык кыһа-
Сүдү,
Сүҥкэн,
Сүрдээх Таатта
Уҥуоргу кытылын булбакка
Уһунну-уук да мунаахсыйабын!..
Талыыта киирбит дьахтар
Таабырыннаах харахтарыныы умайар
Таатта урсунун одуулаһабын,
Талахтар быыстарынан имнэнэр
Тыҥ хатыытын-
Таҥара бэлэҕэр холооммун уруйдуу көрсөбүн…
Тааттабар
Ирина Колодезникова — Ымыы
Олордум Тааттабар мин үйэм тухары
Эйэҕэс- сайаҕас дьоннорбун кытары.
Кэрэҕэр бигэнэн аһардым сыллары,
Сэргэбин туруортум көлөбүн баайаары.
Хайа да дойдуга бардарбын курдары
Ахтаммын кэлэбин кырыскар хаамаары.
Устугас долгуҥҥар умсаахтаан ылаары,
Көҕөрөр кытылгар сыламнаан сытаары.
Олус да таптыыбын чэлгийэ тылларгын,
Дьэдьэн, мүөт сытынан дыргыйар тыаларгын,
Өҥ- быйаҥ үрдүнэн тэлээрэр лыахтаргын,
Эбэккэм, уһуктан талбаара устаргын.
Төрөөбүт эбиппин мин ырыа ыллаары,
Тапталлаах Тааттабын айхаллыы туойаары,
Тыл көмүс чыычааҕын көҥүлгэ ыытаары,
Дьол-үөрүү чороонун күөрэччи уунаары.
Тааттабар
Пинигина Валентина — Арылы
Талыы талба Тааттабар
Ахтылҕанаах дойдубар
Хаһан тиийэн дуоһуйа
Сынньанарбын саныыбын.
Үрэҕим кытылын кэрийэ
Сибэкки арааһа ситтэҕэ
Будьурха йүөттэрэ кэккэлии
Чуумпуга таалалыы турдаҕа.
Уу көнө сиэркилэ урсунугар
Күн көмүс утаҕын ыстаҕа
Күөрэгэй тойугун кытары
Сиккиэр тыал ыллаһан эрдэҕэ.
Баҕардым билигин тиийэммин
Төһөлөөх хараҕым ууларын
Тохпутум буолуоҕай көп иэҥҥэр
Биллэҕэ соҕотох киниэрэ
Хам баттыыр санааны, аһыыны…
Алампа
***
Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр,
Маҥан туллук эрэ далластыыр,
Ыраастыыра эрэ бөлтөрдүүр,
Доҕойумалыыр эрэ доҕоруом!
Ылбаҕайдыыр эрэ чыычааҕыам,
Туохха баҕас туора көрөн,
Туоххаһыйар эрэ буоллуҥ дуо,
Туллуктуур эрэ доҕоруом!
Туналыйар эрэ ньуурдааҕыам,
Туттаҕардыыр эрэ бэйэлээҕиэм,
Кыталыктыыр эрэ кыылларга
Кытарабын эрэ, кыртайааныам!
Күлүбүрдэс эрэ дьүһүҥҥүн,
Күлүмнээн эрэ көрөргүн
Күннээҕэр эрэ күндүтүк,
Көрөбүн эрэ, көмүһүөм!
Нарынныыр эрэ тарбаххын,
Наскыйар эрэ бэйэҕин
Хатыҥныыр эрэ мастарга
Ханыылыы эрэ хайгыыбын!
Субуллар эрэ суһуоххун
Халлааным эрэ кустугар
Ханыылыы эрэ саныыбын,
Хайҕаллаах эрэ киэргэлиэм!
Томтойор эрэ түөстэргин
Толорукаан эрэ кутуллубут
Чорооннордоох эрэ кымыска
Доҕуйабын эрэ, тоҕойуом!
Күөгэлдьигэс эрэ бэйэҕин
Күлэн эрэ күөмчүлүүр
Күүһүм эрэ суохуйа,
Күөкэйдиир эрэ көмүһүөм!
Сайаҕастай эрэ санааҕын
Саҥабынан эрэ салгытар
Санаакайым эрэ суохуйа,
Саргылардаах эрэ саһарҕаам!
Өрөгөйдөөх эрэ өйгүн
Өрө эрэ этэммин
Өһүргэтэр эрэ өйүм
Өрүү эрэ суохуйа!
Таптал
Иннокентий Артамонов
Билэр киһим эттэ: «Көрдөөн, көрдөөн бараммын
Туһааннаах тапталбын букатын булан ылбатым,
Ханнык алааһым күөх хонуутунан хаамаммын
Көрсө түһүөхпүн мин саарбахтаан да бардым».
Тапталы киһи булбат, таптал бэйэтэ булуо,
Оччоҕо эрэ эн үрдүк дьолунан туолуоҥ.
Өйгүн-санааҕын сырдык санаа кустуга кууһуо,
Икки атаххынан Ийэ сиргэр бигэтик туруоҥ.
Таптал – саһыл, кырса, тииҥ да буолбатах,
Таптал – алмаастан да, көмүстэн да туспалаах.
Таптал – олоххо угуйар тырымнас сулустар,
Таптал – тулаҕар кэрэтик мичээрдиир харахтар.
Таптал – киһи дууһатын уостубат барҕа баайа,
Таптал – бу тыыннаах олохпут күнэ-ыйа.
Таптал
Сергей Васильев
…Ээ, суохтуубун кинини,
Эдэркээн киһини…
Кинилиин үөрүүбүн үллэстээри,
Килбиктик, истиҥник көрсүһээри…
Ол, кини миигин ыҥырар инники,
Талбаттан талбаҕа, үрдүккэ,
Тапталга, үөрүүгэ…
Ол үөрүүттэн өрө көтөҕүллэн,
Ис сүрэхтэн инники ыҥырыллан –
- Тыалга да тоҥмоппун,
Ыраахха да ырбаппын…
Таптал
Семен Данилов
Үгүс сааскы күн
Эн дууһаҕар,
Суола суох устан,
Умнуллан хаалар.
Онтон биир оҕо
Олох оломор
Көрсө түһээт
Сүрэххин сүүйүө.
Сүрэххин сүүйээт
Көстө сүтүө.
Олох устуо,
Үгүс умнуллуо.
Олох олоруоҥ.
Арай, доҕоруом!
Дьоллоох да чааскар,
Сордоох да саххар –
Умнуоҥ суоҕа
Өлүөххэр диэри
Хара суһуоҕу,
Сырдык мичээри…
Н . . . .
(Пушкинныы)
Дьуон Дьаҥылы
Өйдүүбүн: халлаантан түспүттүү
Миэхэҕэ тиийэн кээлтиҥ эн,
Сир үрдүк кэрэтин бүтүннүү
Төлөн дьүһүҥҥэр түһэрэн.
Үчүгэй да бэйэҥ тэримнии,
Түүн түүлбэр, илэ да үөрдэн,
Кэлэриҥ миэхэҕэ мичиҥнии,
Сирдээҕи күнүм этиҥ эн!
Тапталлар, санаалар туманныы
Көтөннөр, дьыллар сыыллылар,
Куурдулар бытааннык таммаалыы
Харах уулара, ырыалар…
Эн эмиэ көһүннүҥ аанньаллыы,
Сойбут сүрэхпин ититэн,
Көрдүм эн хараххын хат таптыы,
Иһиттим тылгын кэпсэтэн.
Эмиэ мин тилинним, абылыы
Миигин буллулар тапталлар,
Эн кэрэ бэйэҕин хат саныы,
Харах уулара, ырыалар…
Тапталлааҕым, кэлиэҥ
Моисей Ефимов
Миигин көрсө, тапталлааҕым,
Эрдэ туран кэлиэҥ –
Сииктэн чөмчүүк хомуйаммын,
Алмаас суолу тэлгиэм.
Тапталлааҕым, үөрэн-көтөн,
Күнүс тиийэн кэлиэҥ –
Сардаҥаттан сөрүө өрөн
Хаамар суолгар тэлгиэм.
Тапталлааҕым, мичилийэн
Киэһэ миэхэ кэлиэҥ –
Сулуһунан көбүөр тиһэн
Эн иннигэр тэлгиэм.
Таптыыр алардарым
Күннүк Уурастыырап
Айхал эһиэхэ, таптыыр алардарым,
Ахтыбыт бэстэрим, хатыҥнарым!
Аныардаах чэҥ кыһын хахсаатын
Сааскы чэбдик тыал кыйдаата.
Аламай күн, саҕахтан тахсаатын,
Сардырҕас кыымнарын тамнаата.
Халлаан үрүмэтин хайаа кырыйан,
Суһума суох суолларын суруйаннар,
Дьоллоох, үтүө саас кэрэтин арыйан,
Тус-хоту аастылар туруйаалар.
Муус устар тиһэх күннэригэр
Эрдэһит күөрэгэйи иһиттим.
Үчүгэйкээн самыыр ибиирэригэр,
Үөрэммин, тоһуйдум иһиппин…
Айхал эһиэхэ, таптыыр алаардарым,
Ахтыбыт бэстэрим, хатыҥнарым!
Саастан саас самааннык салаллан,
Саргыбыт самнары билбэтин!
Ойор күн бу курдук чаҕыллаан,
Олохпут үөрүүтэ үрдээтин!
Таптал сулуһа
Иван Мигалкин
Сулустаах халлааммар
Мин көтөн тахсаммын,
Эйиэхэ, доҕорбор,
Сулуһу талыаҕым.
Кинини ылыаҕым
Эдэр саас чиэһигэр,
Сэрэнэн тутаммын
Эйиэхэ биэриэҕим.
Ол сулус сырдыга
Суолбутун ыйыаҕа,
Тапталбыт өрүүтүн
Кинилиин умайыа.
Сып-сырдык сулуһу
Мин олус таптыыбын.
Сулуска тэҥнээммин
Доҕорбун туойабын.
Бу ырыам тиийиэхтин
Хас саха сүрэҕэр,
Намыыннык-намчытык
Дууһаны долгутан.
Петр Тобуруокап
***
Таптаатым, эйигин таптаатым
Үрүҥ күн көмүстээх чаҕылын.
Күөрэгэй көрүлүү дайарын,
Маҥнайгы ньургуһун тылларын
Таптыырбар тэҥнээммин
таптаатым.
Таптаатым, эйиигин таптаатым
Хотугу халлааным кустугун,
Дьүкээбил үҥкүүһүт төлөнүн,
Өлүөнэм мөһүүрэ долгунун
Таптыырбар тэҥнээммин
таптаатым.
Таптаатым, эйиигин таптаатым
Айар дьол өрөгөй үөрүүтүн,
Үрүҥ күн анныгар хаамарбын,
Сарсыарда салгыҥҥа тыынарбын
Таптыырбар тэҥнээммин
таптааатым.
Наталья Харлампьева
***
Таптал – үөрүү, таптал – дьол,
Өйдөһүү үрдүк өрөгөйө.
Сороҕор кырыыс, хара сор,
Кураанах халлааан эрэйэ.
Хайата ордук күүстээҕин
Киһи аймах билбэт,
Хайата эйиэхэ кэлиэҕин
Ким да кыайан эппэт.
Умсуура
***
Сүрэх хайдах аймана
Ыҥырарын истиэҥий?
Хаста ааккын ааттата
Ааммын аһан киириэҥий?
Ханнык үөрэх кыһата
Эн дууһаҕын ыллатар
Саталыгар уһуйуой,
Иэйэр кутун уһуктуой?
Ханнык ыырыҥ төрдүгэр
Имэҥ сыппын хаалларан
Булчут хаанын уһуктан
Сонордуур күнүҥ үүнэр?
Салгын куттар буоламмыт
Саатар түүлгэ көрсүөххэ,
Иэстэн, сиэртэн куотаммыт
Биири түһээн көрүөххэ.
Үөрүүбүтүн үллэстиэҕиҥ
Аргыый аҕай арылынна
Алыптаахтык театр быыһа
Араас көлүөнэ артыыстарбыт
Айалларын көрүөҕүҥ
Күндү дьоммут, көрөөччүлэр,
Көхтөөх буолуҥ Дьоро киэһээ!
Күлэн-үөрэн, өрүкүйэн
Үөрүүбүтүн үллэстиэҕиҥ!
Айар үлэ абылаҥа
Ахсаабатын атастаар,
Алаас дьонун астыннара
Айанныаҕыҥ Алгыс тиэрдэ
Күндү дьоммут, көрөөччүлэр,
Көхтөөх буолуҥ Дьоро киэһээ!
Күлэн-үөрэн, өрүкүйэн
Үөрүүбүтүн үллэстиэҕиҥ!
Саха театра саҕаа турдун
Саха сайдар санаатын
Саҥа ыччат салҕаан истин
Сарсыҥҥыны, саҥаны
Күндү дьоммут, көрөөччүлэр,
Көхтөөх буолуҥ, Дьоро киэһээ!
Күлэн-үөрэн, өрүкүйэн
Үөрүүбүтүн үллэстиэҕиҥ!
Куприян Михайлов, Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа
Алампа
Уу устар, уларыйар,
Үрэх сүүрүгүрэр, сүүдүйэр,
Киһи кэхтэр, кэбэлийэр,
Тыл сытыйбат, сыттаммат,
Сурук сууйуллубат, суодуйбат.
Былатыан Ойуунускай
…Мин тылым – мин тохтор тойугум,
Мин тылым – мин туойар хомуһум…
…
Кэриэһим – кэннибэр хааларым
Кэхтибэт кэрэкэ тылларым…
Өксөкүлээх Өлөксөй
Устар ууну сомоҕолуур
Улахан уус-уран тыллаах,
Ыллыбыт суолу ыпсарар
Ыллыктаах ыраас тыллаах,
Арааттаммыт санааны самсыыр
Алыптаах айахтаах.
Семен Данилов
Саха тыла
Уйгу-быйаҥнаах алааска
Улуу ыһыах күннээн турар.
Симэхтээх аттар, сылгылар
Сэргэ аайы тоҕуоруйтар.
Саха аймах бырааһынньыгар —
Саха тыла, саха сиэрэ…
Саха сахалыы таҥнара,
Саҥастарыам, олус кэрэ.
Күндү ыалдьыт нуучча дьоно,
Ол үгэһи ытыктааннар,
Түһүлгэҕэ, доҕор дьоҥҥо
Уу сахалыы саҥараллар.
Арай киэмсик ыччаттар
Туспа туттан сылдьаллар.
Мин сахалыы ыйытыыбар
Нууччалааннар хардараллар.
Кинилэр ийэ тылларын
Кыбыста тоҥнук тутталлар,
«Дьээ-буо» хойуу кылыһаҕын
Сааттаах курдук саныыллар.
Мин сахалыы кутум онтон
Туорхаһыйар, өһүргэнэр.
Ол урдустартан хомойон
Ыһыах үөрүүтэ өлбөөрөр.
Бу тугуй,
Олох сайдыыта,
Үүнүү уххаана буолуо дуу?
Биитэр күүгэн аҕыластыы,
Сыыһа иитии содула дуу?
Аныгылыы сайдыы күүстээх,
Ол эрээри, атастаар,
Эргэ өтөх төҥүргэстээх,
Сурт кэриэстээх буолуохтаах.
Бар дьон үйэлээх үгэһэ,
Айыы санаатын кэс тыла
Өлбөт мэҥэ таас кэриэтэ
Өлбөт өрөгөй кэскиллээх.
Өктөөп биэрдэ этэ буолбаат
Тыыннаах тыл өлбөт эрэлин!
Ленин ыйда этэ буолбаат
Бары тыл сайдар кэскилин!
Мин олус иэйэ истэбин
Сүрэх нууччалыы ырыатын,
Мин байабын нуучча тылын
Иккис ийэ тыл гынаммын.
Иккис.
Дьиҥнээх төрүт тылым
Саха тыла.
Сахам тыла!
Мин көҥүлүм, мин тапталым,
Мин Советскай былааһым тыла.
Ол иһин итэҕэйбэппин
Эн тылыҥ эстиэ дииллэрин,
Айыы тыла, олоҥхо тыла
Аата суох өлөр кэскилин.
Улуу, баай тыл улуутугар
Хоромньу суох: ыйытыыга
Толоостук «даах!» — диириҥ оннугар.
Эн сахалыы хардарыыгар.
Иһит, доҕоруом, ытыктаа
Ийэҥ тылын, аҕаҥ тылын,
Хомотума, ытатыма,
Киһилии кэпсэт эбэҕиниин!
…Оттон түһүлгэ
Советскай Саха тылынан саҥарар,
Алаас муҥунан оһуохай,
Арыт олоҥхо дуораһыйар.
Тыллар
Күннүү иэйэ сылытар,
Күннүү үөрэ сырдатар
Сылыыс-сылаас,
Ырыыс-ыраас
Ийэҥ сүрэҕин тылыныын,
Ийэҥ улуу алгыһыныын
Ийэ дойдугар тахсаҕын.
Дьилэй күрбэни ытатар,
Айыы уотунан уматар
Бүттүүн төлөн,
Өспөт төлөн,
Улуу таптал уоттаах тылын
Сүүрбүт-көппүт биир кыыс оҕо
Сүрэххиттэн саҕыаҕа.
Доҕоруҥ махтал саҥата,
Доҕоруҥ сэмэ да тыла
Дуорайбакка да туран,
Этиллибэккэ да туран,
Эн сүрэххэр күүс угуо,
Эн аартыккын сырдатыа.
Кылыстааҕар таһы сытыы,
Ыппыт охтон быдан бэргэн,
Бүттүүн уһук,
Бүттүүн кылаан,
Абытайтан абытай,
Кырыыс тылын булаҕын
Хааннаах хапсыы уотугар.
Тоҥ мууһунан хаарыйар,
Тоҥ тимирдии хам ылар
Тыбыс-тымныы,
Тыбыс-тымныы
Өһүөн тылын көрсөҕүн
Өлөр өлүү суолугар, —
Өрөгөй да омунугар.
Ол тыллары барытын
Эн дууһаҕар иҥэр, ыл…
Арай эйиэхэ сыстыбатын
Соҕох курдук сыппах тыл,
Буордаах уулуу борунуй
Быдьар, быртах, албын тыл.
Күндэ
Төрөөбүт тыл
Төрөөбүт
Төрүт тыл
Сөрүүн
Сүөгэй курдук
Сүрэҕи-быары
Сөрүүргэтэр,
Убаҕас отон
Уутун курдук
Улахан куйааска
Утаҕы аһарар,
Сырдьыгыныы көөнньүбүт
Сылгы кымыһын курдук
Тостор куйааска
Тоҕулу ханнарар…
Иитиллибит
Ийэ тылбыт
Иинэҕэс сири
Имэҥинэн-быйаҥынан
Ибиирэн биэрэр…
Саппа-
Садарах уотунан
Күтүр хараҥаны
Күлүмнэтэ сырдатар…
Ийэ тыл
Быстар-ойдор күҥҥэ
Быыһал-абырал буолар,
Өлөр-сүтэр күҥҥэ
Өрөһүлтэ буолар…
Күннүк Уурастыырап
САХА ТЫЛА
Өр дьыл өлбөккө кэлбиччэ,
Өлгөм килиэби сиэбиччэ,
Киһи эҥини да истэр,
КУиһи эрэйгэ да тиксэр:
Сорох “түөрүөтүк” оҕолор,
Сонун түмүгү оҥорон,
“Саха тыла эстэр” – дииллэр,
Саҥарбакка сүбэлииллэр…
Эрэнэбин, эстиэ суоҕа,
Эрдэ эттэххит буолуоҕа!
Ленин кэриэһин чэлгитэр,
Дьиҥнээх кэрэни тэнитэр,
Маннык үчүгэй үйэҕэ,
Бачча көҥүлгэ-дэлэйгэ
Эмиэ тоҕо эһиннэҕэй,
Эһи дойҕоххут кэллэҕэй.
Үлэ, охсуһуу суолунан,
Үөрэх күүстэрин туһанан,
Үгүс кыайыыга кыттыһан,
Үтүө кылааты уксуһан,
Өндөл халлааҥҥа ыттыһан,
Өлбөт мэҥэни булсуһан –
Саха олоҕо ууһуоҕа,
Саха удьуордаан ууһуоҕа.
Төрүт сыалбытын ситэммит,
Түмсүү ыһыаҕар тиийэммит,
Киһи аймах киэҥ кэскилин
Кэтит чэчирин анньарга,
Сүрэх истиҥнээх иэйиитин
Сүҥкэн гимнэрин айаргы, —
Саха ырыата сатарыа,
Саха саҥата саргылыа.
Бүөтүр Тобуруокап
***
Тыл алгыыр…
Тыл кырыыр…
Тыл таптыыр…
Тыл ыыстыыр…
Бу – тугуй?
Бутугас?!
Эппиэттээ, кырдьыкка
Ким чугас,
Булугас!
Куйааска сөрүүнү күүтэҕин,
Тымныыга сылааһы көрдүүгүн,
Тыаллаахха чуумпуну кэтиигин,
Чуумпуга дуорааны түһүүгүн!
Хаар кыһын – сайыны!
Күөх сайын – кыһыны!
Курааҥҥа – ардаҕы,
Ардахха – курааны!..
Барыта утары,
Төттөрү, таҥнары!..
Дьэ уонна мэйиилээх бэртэрэ
Диалектика диэни мэлдьэһиэхтэрэ!
Этиллибэтэх тыл
Элбэҕи иһигэр киһиэхэ
Иҥини даҕаны этиэҕэ!
Сороҕун айаҕар батарбат,
Сороҕун сорунан быктарбат.
Билбэккин эппэккин.
Ол — биллэр.
Билэргин тэбиириҥ сириллэр.
Сороҕун этиэххин — кыайбаккын,
Сонуоха сөп тылы булбаккын.
Иннэ да үүтүгэр сүүс тыллар
Иһинэн саныахха дылылар,
Ол эрэн ардыгар ол тыллар
Улахан куоракка баппаттар.
Этиллэр, иһиллэр тыллар диэн
Этиэхтээх тылгыттан, сэгэриэм,
Тыһыынча гыммыттан биирэ дуу,
Тыл муора уутутар таммах дуу?!
Эппэккин кэмэ суох элбэҕи —
Искэр таах иҥэрэн иһэҕин:
Эппэккин искэр дуол сирэргин,
Эппэккин ымсыыра сэргииргин…
Тыл эмиэ баай ампаар сомуога
Аһыллар соҕотох тылыныы
Кистэнэр хоонньуга-хаппыкка
Көстөрө сатаммат кылааттыы.
Соҕотох биир тылы кистээри
Төһөлөөх эр бэрдэ өлбүтэй?!
Тон кынчаал биир тылы истээри
Төһөлөох сүрэҕи кэйбитэй?!
Санаабар күн аннын дьиктитэ,
Дьон өйүн килбиэнэ, киэргэлэ
Баар кулгаах истэ илик тылыгар,
Баар сүрэх этэ илик тылыгар.
Улуу дьол, улуу күүс тылга баар!
Улуу сор, улуу мун тылга баар!
Ол тылы хайдах да булбатым
Олоҕум усталаах-туоратын
Ол Тылга кулуттаан тураммын!
Семен Руфов
Ийэ тылбар
Күөн туттабын сахабынан —
Түҥ былыргы саҥабынан:
Субу айан кылбаҥнатар,
Дьиҥнээх саха эрэ өйдүүр —
Сыллаҥнатар-быллаҥнатар,
Накыҥнатар-такыҥнатар,
Үүт-үкчү өҥнүүр-дьүһүннүүр
Үтүөкэн ийэ тылбынан!
Күөн туттабын сахабынан —
Түҥ былыргы саҥабынан:
Дэмин ыллара охсубат
Дэгэттэрдээх, дорҕооннордоох,
Мээнэ симсэн хоһуласпат,
Наарынан түмсэр, хатыспат,
Уһуур-кэҥиир дорҕооннордоох
Улуукан ийэ тылбынан!
Күөн туттабын сахабынан —
Түҥ былыргы саҥабынан:
Устар ууну сомоҕолуур,
Кумахтан өтүүнү хатар,
Уустаан-ураннаан куолулуур,
Бэргэнник сиилиир-хоһулуур,
Арахпат гына аат быһар
Алыптаах ийэ тылбынан!
Күөн туттабын сахабынан —
Түҥ былыргы саҥабынан:
Олоҥхолоон доллоһутар,
Кылыһахтаан дьириһитэр,
Хайҕаан сүрэҕи уматар,
Алҕаан халлааны ардатар,
Кыраан өһүн-сааһын ситэр
Кылааннаах ийэ тылбынан!
Норуот тыла
Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын айбыт адатыгар академик ПЛ. Слепцовка
Норуот тыла — барҕа баайа,
Бараммат модун уохтаах,
Өрүү сырдыы, сыдьаайа
Үөскуүр, үүнэр буолан кыахтаах:
Өйгүн-төйгүн булларыа,
Өрө күүрдэн кынаттыа,
Өргөс-кылаан туттарыа,
Өстөн-саастан харыстыа.
Күн уотунуу көҥүл, сырдык,
Курулгэн уутунуу куустээх!
Ол да иһин — мэлдьи кырдьык,
Уута-хаара суох — дьиҥнээх!
Киһи тыла – кини дьоло
Төрөөбүт саҥатын
Таптыыры билбэтэх —
Төрөппут ийэтин
Оҕото буолбатах…
Г. Кардашевскай
Тугун бэрдэй — уруут-урут
Туойан-ыллаан ааспыттара,
Ситэн кэлэн, хойуут-хойут
Сип биир маннык абылыыра?!
Уран тыллаах хоһоонтон
Уоҕурарга дылыбын —
Ааҕа сытан мин онтон
Улам кыынньан барабын.
Уҥуоргу уйэлэртэн
Улуу бэргэн тыллаахтар,
Субу кэлэн, имэҥирэн,
Субурутар курдуктар…
Ойон тураат, оргуйан
Мин нойосуус ааҕабын —
Лермонтовтан, Пушкинтан
Эрэл, эрчим ылабын.
Уран тылтан дайдар дайан
Улам дууһам кынаттанар —
Өйүм сырдаан, санаам сайдан,
Ыраах суолга аттанар…
Эчи, ааспыт уйэлэргэ
Эппит-тыыммыт тыллара —
Тугун бэрдэй сурэхтэргэ
Тугун бэрдэй абылыыра!
Сыл дьаптайбыт сыбаҕыттан
Үйэ иһэ — хараҥа,
Арай тыл кутаатыттан
Тыгар уоттаах сардаҥа.
Ол сардаҥа уота — сырдык,
Ап — тыл баарын тухары
Тыгыа кини сытыытык
Үйэлэри курдары.
Тыл диэн улуу эликсиир:
Дьону дьоллоох олохтуур,
Үйэлэри ситимииир,
Норуоттары холбооттуур.
Арыт буулдьа ытырыылаах
Айдааны тардар кини,
Арыт букет кыбыныылаах
Алыс дьоллуур киһини.
Тыл — иһэр уу, тыынар салгын.
Тыл диэн — бары барыта — туох баар Тула!
Өрө тут төрөөбүт тылгын!
Киһи дьоло – кини Тыла!
Иван Мигалкин
Сахам тыла барахсан
Багдарыын Сүлбэҕэ
Арыы былыттар Мүрүм үрдүнэн
Ардаан ааһалларыныы,
Сэмэй, сибиэһэй –
Сахам тыла барахсан!
Үһүс ыйыгар барда
Сахалыы тылынан кэпсэппэтэҕим,
Сахалыы саҥаны истибэтэҕим.
Сүүһүнэн саҥарбатах тылларым,
Сүүһүнэн эппэтэх санааларым –
Көөнньөрүүлээх кымыстыы
Өйбөр мунньуллан
Төлө тэбиэхтии оргуйдулар…
Сөрүүн быыппаҕы өҥүрүк куйаастан
Күөмэйим кууран, уостарым хатыран
ыймахтыы иһэрбинии –
Санааттан санааларым түмүллэннэр
Сахалыы тылынан саҥардым,
Бэйэм бэйэбиниин кэпсэттим…
Сахам тыла барахсан –
Сыа хаары оймоон сүүрбүт
Кыракый оҕо суолунуу
Саҥаҕын, сырдыккын, нарыҥҥын…
Сахам тыла барахсан –
Доҕотторбун алгыыр ийэм мичээрэҕин,
Кинилэр инники кэскиллэрэҕин,
Таптыыр доҕорум
айаҥҥа атаарар ырыатаҕын…
Виталий Власов
Ийэ тыл
(Родной язык)
- Төрөөбүт төрүт тылым
Бу тыынар салгыным курдук,
Иитиллибит Ийэ тылым
Бу иһэр утаҕым курдук.
Саҥарбыт Саха тылым
Үөскээбит алааһым курдук,
Ыллаабыт ытык тылым
Үүт хатыҥ чараҥым курдук.
Хос ырыата:
Үйэлэннин-иһилиннин
Төрүт тылым суөгэйэ-урүмэтэ,
Кэскиллэннин-этилиннин,
Ийэ тылым сүүрүгэ-үрүйэтэ!
Саргыланнын-кынаттаннын
Саха тылым кэрэтэ-кэрэмэһэ,
Айылыннын-айхалланнын
Ытык тылым эҥитэ-элэмэһэ!
- Кэпсээбит кэрэ тылым
Киэһээҥҥи кии түптэм курдук,
Истибит истиҥ тылым
Дьэдьэннээх сүөгэйим курдук.
Үөрдүбүт үтүө тылым
От охсор ходуһам курдук,
Дьоллообут дьоһун тылым
Ыһыспыт ыһыаҕым курдук.
Хос ырыата:
Уһугуннун-кутулуннун
Кэрэ тылым симэҕэ-сиэдэрэйэ,
Хоһулуннун-булулуннун,
Истиҥ тылым киирбэҕэ-элэккэйэ!
Тырымнаннын-арылыннын
Үтүө тылым өркөнө-күлүмэһэ,
Тускулланнын-уруйданнын
Дьоһун тылым дьиктитэ-дьиримэһэ!
- Үйэбэр үҥэр тылым
Киҥкиниир халлааным курдук,
Хайҕаабыт хаарыан тылым
Хотугу Чолбонум курдук.
Ийэбин иэйэр тылым
Иэйиэхсит илдьитим курдук,
Аҕабын ахтар тылым
Айыыһыт алгыһым курдук!
Дом!!!
Дом ини Дом!
Тыл
Былыыр-былыр
Салгыҥҥа өй-мэй өрөөбүтэ,
Былыыр-былыр
Туох бары тылтан төрөөбүтэ…
Тыл күүһүнэн
Хаппыт маһы көҕөрдөллөрө,
Тыл күүһүнэн
Өйдөөх дьону өлөрөллөрө…
Тылынан
Очуос тааһы бытарыталлара,
Тылынан
Үүнээйини хагдарыталлара…
Тыл абынан
Өстөөҕү мөрөйдүүллэрэ,
Тыл абынан
Кыайаннар өрөгөйдүүллэрэ!..
Марта – Мария
Төрөөбүт төрүт тыл
Поэма
1
Төрөөбүт төрүт тыл –
Эн улуу төрдүгүн,
Мындаалаах үйэттэн
Сүппэтэх үтүөҕүн,
Билиҥҥэ диэритин
Этиллэн, эллэнэн,
Ийэ тыл сүмэтин
Эн илдьэ кэллэҕиҥ!
Былыргы дьыллартан
Алааскар бытанан,
Оҕускун миинэҥҥин
Тойуктуу иһэриҥ.
Балаҕан иһигэр
Олоҕуҥ биһигэр
Кылыһах кыттыһар
Дьиэрэтэр ырыаҕар,
Олоҥхоҥ тойугар,
Иччилээх эҥсиэҕэр
Илбиһиҥ иһиллэр.
2
Төрөөбүт төрүт тыл –
Сайыҥҥы үүт тураан
Сүөгэйдээх үүтүнэн
Сойутар үөрүүнэн
Үрүҥ түүн күөгэйэн,
Сайылык сыһыынан,
Унаарар түптэнэн,
Саамаллыыр кымыстаах
Саҥа дьыл ыһыахтаах
Салгын күөх дуолунан
Сатарыы тарҕанан,
Сахабыт саргытын
Самныбат санаатын,
Омоҕой саҕаттан
Омуннаах оһуохай
Ойуулаах үҥкүүнэн,
Оһуордаах этиинэн
Төрөөбүт төрүт тыл
Баччаҕа тиийдэҕиҥ!
3
Төрөөбүт төрүт тыл –
Эн уран талааныҥ
Сайдыбыт сахаҕар,
Аныгы ыччаккар
Төһөтө хаалаҥҥын
Хоһооҥҥо хоһуллан,
Ырыаҕа ылланан,
Өбүгэ сөҥ тылыҥ
Олоҕун умнуллан,
Быыһылаан умуллан,
Баай тылыҥ баранар
Былыргы аатырар
Муҥутуур үйэҕэр
Үктэнэн эрдэҕиэҥ?!
4
Төрөөбүт төрүт тыл –
Кэпсэтэр кэрэҕин,
Сүрэхтэн иэйиигин
Омуктуу тылынан
Олуһун буккуйан,
Кылгатан, сарбыйан,
Муннукка ытатан,
Үтүөтэ умнуллар
Кырдьаҕас киһилии
Үтүрүм анньыллар
Кэмнэриҥ иһэр дии!..
5
Төрөөбүт төрүт тыл –
Ахсааннаах да буоллар
Оҕо – дьон улаатан,
Обуйук уоһугар,
Олоҥхо тойугар
Үөрэнэн, убанан
Чобуотук чоргуйан,
Кылыһах ыпсыытын
Кыайбатар даҕаны,
Иһиттэн ылынан,
Удьуорун хамсатан
Тыл тыынын уһатан,
Этэрин – тыынарын,
Эрэл кыым саҕарын
Хайҕаллаах көстүүтүн
Уруйдуу көрсүөҕүҥ,
Эгдэйэ үөрүөҕүҥ,
Санааны түмүөҕүҥ!
6
Төрөөбүт төрүт тыл –
Хас үйэ саҕаттан
Бобуллан, бохсуллан,
Долгунтан охсуллан,
Өбүгэҥ эспэккэ,
Дьэ, син биир сүппэккэ
Сайдыылаах үйэни
Өҥөйөн үктэнниҥ,
Саргылаах кирбиини
Аһаран кииристиҥ.
Аччыгый норуотуҥ
Дьылҕатын торумун
Эн олук уурустуҥ!
Бэл омук дьоннорун
Үөрэтэр дьоллоннуҥ.
Билигин эн дьылҕаҥ
Бу үүнэр ыччаккар,
Эн бүтүн хааларгар,
Кыым ылар сахтаргар,
Инники сайдаргар,
Кэнэҕэс кэскилгин
Кэнчээриҥ билистин,
Төрүт тыл ис дьиҥин
Иһиэхтин сүмэтин,
Хааныгар иҥэрдин,
Эйэтин тиэрдиэхтин!
Иван Гоголев – Кындыл
Төрөөбүт тыл
Ийэҥ сылаас үүтүн кытта
Бу тылы ыймахтаабытыҥ,
Эн билбитиҥ бу тылтан
Саха буолан айыллыбыккын.
Баҕар, түһэн биэриэ доҕор,
Ийэҥ, баҕар, хоргутуоҕа,
Төрөөбүт тыл эн олоххор
Мэлдьи аргыс буолуоҕа…
Өстөөххүн ох таптаҕына –
Баҕар, бааһа оһуоҕа,
Уот тылгынан хаарыйдаххына –
Өрүттүө эрэ суоҕа.
Баҕар, умнуоҥ ырааттаххына –
Төрөөбүт сайылыккын,
Төрөөбүт тылгын умуннаххына –
Эн киһи буолбатаххын.
Тыл иччитэ
Тыый! Сүрүм-кутум өрүкүйдэ!.. Тыл иччитэ
Тыһы мохсоҕол буолан
Хотугу чолбон аннынан
Хойуостана куһуурбахтыыр,
Өлүөнэ эбэм үөһүнэн
Өрүтэ дабылыйбахтыыр!
Хаһыытыыр саҥата
Халлааҥҥа харбаста,
Үөгүлүүр саҥата
Үрүҥ күҥҥэ тиийдэ.
Албын айыыларга үҥпүт
Аньыыбытыгар дуу,
Кырыктаах эмэгэттэргэ сүгүрүйбүт
Кырыыспытыгар дуу,
Хаарыан тылбыт
Харыһыктаах тыына
Хараараары гынна,
Өлбөт мэҥэ тылбыт
Өрүһүктээх тыына
Өлбөөрөөрү гынна.
Омук киһитин курдук
Олуонатык
Саҥа тылламмыт оҕолуу
Салаҥнык
Сахаларын тылынан
Саҥарар саҥнаахтар
Сахсырҕа курдук
Сааҕынастылар,
Күлүмэн курдук
Күүгүнэстилэр.
Үтүөнү, мекүнү өйдөөбөттөре
Үлүгэрин эбитин,
Ырааҕы, киэҥи ыраҥалаабаттара
Ынырыгын баҕаһын.
Өрөгөйдөөх тылбыт
Өлөр-хаалар күммүтүгэр
Өр үйэлэргэ
Өрүһүйбүтэ эбээт,
Айыллыбыт тылбыт
Аал Луук мае буолан
Ахса суох сылларга
Алҕаабыта буолбаат!
Улуу тылбыт баар буолан
Урааҥхай омук
Уһун тыыннаммыта,
Сайаҕас тылбыт баар буолан
Саха омук
Саргыта салаллыбыта.
Саадьаҕай ынах
Салдьыр муоһуттан тутуһан
Сандал күммүт
Сандаарыйа ойоро сабаҕаламмат,
Үрүҥ сылгы
Үрдүк арҕаһыттан тардыстан
Үөрүүбүт, өрөгөйбүт
Үүнэрэ-үрдүүрэ өйдөммөт,
Көмүһүнэн даҕаны
Көнөрбүт көстүбэт,
Алмааһынан даҕаны
Абыранарбыт анаарыллыбат…
Кэрэ тылбыт
Кэбилэнэн хааллаҕына
Килбиэннээх ньуурбут эмиэ
Киртийэн бараарай!..
Бухатыыр тылбыт
Буомуран хааллаҕына
Омуннаах уохпут эмиэ
Ороһулуо буолаарай!..
Айыллыбыт тылбыт
Аһааҕыран хааллаҕына
Албаннаах ааппыт эмиэ
Алдьанан ыксатаарай!..
Итинтэн дьиксинэн,
Итинтэн айманан
Тыл иччитэ
Тыһы мохсоҕол буолан
Тыҥ хатыыта
Тыҥкыныы ытыыр.
Ийэ тылым
Түөрт атахтаах бииһэ
Төрүү-ууһуу илигинэ
Төлөннөөх тыл арай
Төгүрүк күөх уот буолан
Төгүрүйэ сүүрэ сылдьыбыт үһү.
Кыһыырар кынаттаах бииһэ
Кылбаҥныы дайа илигинэ
Алыптаах тыл арай
Аарыма кустук буолан
Алаарыйа кыыһа турбут үһү.
Икки атахтаах бииһэ
Иэҕэҥнии хаама илигинэ
Улуу тыл арай
Улаҕата көстүбэт байҕал буолан
Уорастыйа дьалкыйа сыппыт үһү.
***
Икки атахтаах харамай
Ийэ сиригэр үктэнээтин утаа
Иһиирэн эрэ кэпсэтэр
Идэлээҕэ эбитэ үһү.
Ону көрөн уйаҕас тыл
Олус уйулҕата хамсаан,
Чаҕылҕан уота буолан
Чаҕаан тылыгар хатаммыта үһү.
Этиҥ сатата буолан
Этигэн-хааныгар иҥпитэ үһү,
Сүдү айыы сарыала буолан
Сүрэҕэр күөдьүйбүтэ үһү.
Ол алгыстаах күнтэн ыла
Ороһу икки атах
Дьикти дьибилгэн күүстэммитэ,
Дьиҥнээхтик дьэ киһи буолбута.
«Модун санаабар уйдаран
Муҥургутун булуом!» — дии-дии
Эҥсиллэр байҕаллар улаҕаларын
Эриличчи одуулуур идэлэммитэ.
«Күүстээх санаабын кынаттанан
Күпсүйэ көтүөм!» — дии-дии
Хаттыгастаах халлаан ньуурун
Хантайан көрөр буолбута,
Тыһы кыл буолан тыҥкыныыр
Тыл иччитин илбиһинэн
Алдьатар да, абырыыр да
Албаска үөрэммитэ,
Алгыстаах да, кырыыстаах да
Алыпка уһуллубута.
Аҕыс уон аҕыс
Айаан үрэх буолан
Айдааран, аргыстаһан
Аан дойду арҕаһыгар
Арҕара олохсуйбута,
Сэттэ уон сэттэ
Сэргэх үрэх буолан
Силигирии сиэттиһэн,
Сир ийэ сиксигэр
Сириэдийэ тарҕаммыта.
Араас ааттаах омук
Алтыһан-айманан үөскээбитэ,
Үгүс үтүө омук
Үмүөрүһэн, үөдүйэн барыта.
***
Айыы таҥара дьүүлүнэн дуу,
Айылҕа ыйааҕынан дуу
Айыллыбыт омук барыта
Анал ийэ тылламмыта.
Үрдүк айыыларынааҕар,
Үҥэр эмэгэттэринээҕэр
Ийэ тылларын кинилэр
Иһирэхтик саныыллара.
Амырыын буолбатын диэн,
Амарах куттаннын диэн
Кылыһынан далбаатанар
Кырыктаах боотурга туттарбакка,
Кыалааҕынан кыйыдыйар
Кырыыстаах киһиэхэ көрдөрбөккө
Ол ийэ тылларын кинилэр
Оҕолорун биһигэр бигииллэрэ.
Сүрэхтэрин хаанынан угуттаан,
Сүүстэрин көлөһүнүнэн аҕаан,
Итии харах уутун
Иҥэрэн буөбэйдээбиттэрэ.
«Айыы санааны арчылыыр
Амарах аналлан!» — диэн
Алҕаан айхаллаабыттара,
«Үтүөнү, кырдьыгы көмүскүүр
Үрдүк оҥоһуулан!» — диэн
Үөгүлээн уруйдаабыттара.
***
Алгыстаах ийэ тылыам!
Айыыһытым миэнэ, иэйиэхситим миэнэ!
Төлкөм-дьылҕам барыта
Төбөбүттэн төрүттээҕин бэлиэтигэр
Орто дойду оһуордаах отугар
Оройбунан түһээтин
Эйигин салгыны кытта
Эҕирийэн ылбытым,
Этим сааһынан онуоха
Эрчим буолан эҥсиллибитиҥ,
Эн миэхэ олоҕум устатыгар
Эрэллээх аргыс буолуоххун билэн,
Элбэх эрэйгэ, элбэх мөккүөргэ
Эриллиэхпитин сэрэйэн
Эһиллэхтэнэ ытаабытым.
Төбөбүн эн тускар уурар
Төлөрүйбэт төлкөнү
Ийэм барахсан үүтүн кытта
Иҥэрбитиҥ эбээт миэхэ.
***
Олоҥхоһут ийэ тылыам!
Одун хаантан оҥоһуулаах тылыам
Эһэлээх эбэм алааһыгар
Эн кырдьаҕас сэргэ буолан
Эҕэрдэлии көрсөҕүн миигин,
Сиҥнээри гыммыт балаҕаннарын
Сэмэй туой холумтаныгар
Хара чох буолаҥҥын
Харааччы одуулуугун.
Күндү нүһэр өбүгэлэрим
Көмүс унуохтара көтөҕүллүбүт
Томтордорун үрдүгэр турар
Томороон тиит чыпчаалыгар
Тойон көтөр буолаҥҥын
Толкуйдуу олороҕун.
Өстөөҕүм хобо хойобуллаан
Өлөөрү ыксыыр күммэр
Арай эн эрэ миигин
Арчылыы, өрүһүйэ кэлиэҥ,
Үрүҥ аанньал буолан
Үрдүбэр өҥөйөн туруоҥ,
Өксөкү көтөр курдук
Өрөгөйдөөхтүк үөгүлээт,
Оччоҕо ойон туруом,
Олох туһугар, дьол туһугар
Охсуһан, мөккүһэн барыам.
***
Түҥ былыргы ийэ тылыам!
Төлкөм миэнэ, түөрэҕим миэнэ!
Сордоох балыксыт оҕонньор
Соҕотох дүлүҥ тыытыныы
Элгээн кутатын кытыытыгар
Эн лүҥкүрэ сытаҥҥын
Эҕиргэннэх муоралар тустарынан
Эймэнэ түһүүр этиҥ дии!..
Хараҥа тыымпы чүөмпэтигэр
Харса суохтук умсаҥҥын
Соргу-дьол көмүс күөнэҕин
Сойуолуур этиҥ дни!
Айдааннаах аҕыс аартык
Аарыгыран ааһар куйаарыгар
Алтан иҥэһэ буолан
Арыт умнуллан хааларыҥ,
Ким эрэ эйигин булан
Киргин-буоргун сотоотун
Килбэчийэ, чаҕылыйа түһэриҥ,
Кынаттаах ат буолан
Кыырай халлаан кырсынан
Кыыгыныы көтөн барарыҥ.
Дорҕоонноох тоҕус аартык
Долгуйа түмсэр толоонугар
Умайа, кытыаста турдаххына
Уордаах дохсун ардахтар
Умуруоран кэбиһэллэрэ,
Күүстээх добун холоруктар
Күлгүн күдэҥҥэ көтүтэллэрэ.
Кыымыҥ эрэ хаалан
Кыламныы сыттаххына
Сүдү өйдөөхтөр буланнар
Сөһүргэстээн олороннор
Сөҥүдүйэн алгыы-алгыы
Ичигэс-сылаас тылларынан
Иитэллэрэ эбээт эйигин,
Көмүскэстээх санааларынан
Күөдьүтэллэрэ эбээт эйигин.
***
Сүрүм-кутум ийэ тылым!
Сүрэҕим бааһа, сүрэҕим эрэлэ!
Эн олус уйан дууһалааххын,
Эн олус чараас тириилээххин.
Суон буруолаах ыаллар
Соргулаах ыччаттара
Дархан олоххо маҥнай
Дархаһыйан олорон баран,
Дьох олоҕу эйиэхэ
Дьоҕойонун эрэ ыйдахтарына
Курутуйан кистээн сэмээр
Курустук үөһэ тыынаҕын.
Аан дойду ааттаахтара
Арыаллаһар түһүлгэлэригэр
Ахсарбакка, аахайбакка
Антах хайыстахтарына
Туох эрэ буруйдаах курдук
Туоххаһыйан тураахтыыгын,
Аччыгый буолан айыллыбыт
Атаҕастабыллааҕын саныырыҥ дуу?
Кыра буолан үөскээбит
Кыһалҕалааҕын өйдүүрүҥ дуу?
Ымсыыран, ордугурҕаан
Ыраас тыыҥҥын хараардыма,
Сэмэй, көрсүө бэйэҕин
Сэмээр сэнэнэр буолума,
Күн бухатыыра буолар
Күүстээх санааҕын ыһыктыма.
***
Иитиллибит ийэ тылыам!
Иэдээним-алдьархайым, дьолум-соргум!
Улугуруу, уостуу кэмигэр
Уһун санаабыт кылгаата дуу?
Кэхтии-кэбилэнии кэмигэр
Киэҥ көхсүбүт кыччаата дуу?
Үрдүк солоҕо эрэ
Үрүҥ айыылыы үҥэр буолбуппут,
Араас албын манньаны
Айыы санаатааҕар ордорор буолбуппут,
Арай айыллыбыт тылбытын
Атынырыыр курдук буолбуппут.
Төреөбүт тылбытынан
Төрүт сатаан саҥарбакка
Эппэт кэлэҕэй буолар
Эрэстииттэрбит эбээт.
Дакылаат оҥорон арыт
Дабдыгырыы сатыыбыт да
Дабыдала тостубут чыккымайдыы
Даллаахтаан хаалабыт.
Лекция ааҕан арыт
Лэбэйдии сатыыбыт да
Тумаҥҥа муммут тураахтыы
Турулуччу көрөөхтүүбүт.
Хоодуот хотой барахсаҥҥа
Холло сатыыр адьынаттаах
Чаччыгыныар баҕайы курдук
Чардыргыыры хата сатыыбыт…
Имэҥнээх-дьалыҥнаах
Ийэ хаан тылбыт
Бүлүү эбэ курдук
Бүтэҥитик ынчыктаан
Бүтэйэ оһон хаалаарай?
Алдьархайга тэбиллибит
Араал муора курдук
Адьас эстэн хаалаарай?
Иитиллибит тылбыт ииннэҕинэ
Иэйэхсиппит киэр эргиллиэ,
Айыллыбыт тылбыт өллөҕүнэ
Айыыһыппыт антах хайыһыа.
***
Умсулҕаннаах ийэ тылым
Улахан уоруктар күлүктэригэр
Умналыы тураргын
Уйадыйа көрүөм кэриэтэ
Бар дьаҕыл халлаан сулуһун,
Бар дьонум мичээрин көрбөт
Балай буолбутум ордук!
Ылбаҕай ийэ тылым
Ымыттыбат тиэргэннэр тастарыгар
Ытыыр-соҥуур санаҕын
Ыгылыйа истиэм кэриэтэ
Таптыыр дьахтарым саҥатын,
Татыйык ырыатын истибэт
Таас дьүлэй буолбутум ордук!
***
Илэ дуу, түһээн дуу,
Иинэн-хатан хаалбыт
Иччитэх сиргэ үктэнним,
Кута-сүрэ көтөн хаалбыт
Кураанах куйаар устунан
Күөх чалахай күлүктэр
Күлүкүчүһэ хаамсаллар.
«Өлбүт дууһалар олорор
Өһөрүк дойдулара дуо?»
Иэним кэдэҥнээн, этим салаһан
Итинник сана аллайдым,
Онуоха өй дуораана
Ордоотоон миэхэ хоруйдаата:
«Байҕал тылын умнубут
Балкыырдар ити
Бороҥ күдэрик буоланнар
Болооро сонуораллар.
Ойуур тылын умнубут
Оһуордаах мастар ити
Хара чох буоланнар
Хабырына кэмсинэллэр.
Улуу хайа тылын умнубут
Уһуктаах очуостар ити
Курулас кумах буоланнар
Куугунаан кэмсинэллэр!»
Ийэ тылларын умнубуттар
Иэдээннэрэ итинник,
Төрүт тылларыттан маппыттар
Төлкөлөрө ынырык.
***
Эгэлгэ баай ийэ тылыам!
Эн миигин бырастыы гын,
Бука, хоргус муҥнаах
Буолбатах да эрээрибин
Кырдьыгы толору эппэт
Кыһалҕаҕа киирэр этим.
Сүөдэй күлүк үөмэн кэлэн,
Сүлүһүннээхтик сипсийэрэ:
«Бааллар көстүбэт хандалылар,
Бардам ол хандалылар
Дьон өйүн сөллүбэттик сөрүүллэр,
Дьон дууһатын ыбылы ылаллар,
Дьон тылын эпсэри хатыыллар.
Хандалылаах өйдөр
Хаһан даҕаны, ханна даҕаны
Аарыма кутаа буолан
Ахсымнык умайбаттар.
Сылайан, сүрэҕэлдьээн
Сыыгыныыллар, буруолууллар.
Хандалылаах дууһалар
Хаһан даҕаны, ханна даҕаны,
Көнүл мохсоҕол буолан
Күнҥэ, халлааҥҥа көппөттөр,
Сиринэн эрэ сыылаллар,
Сидьиҥник ньылаҥныыллар.
Хандалылаах тыллар
Хаһан даҕаны, ханна даҕаны
Уордаах чаҕылҕан буолан
Уорастыйбыт түүҥҥэ сааллыбаттар,
Арай кинилэр ааттаһаллар,
Адьас сымыйанан арбыыллар.
Көҥүл өйбүтүн хам ылбыт,
Көҥүл дууһабытын кыаһыылаабыт,
Көҥүл тылбытын хатаабыт
Көстүбэт хандалылары
Көтүрүтэ сынньан баран
Күлүбүрэс кынаттары уһаарар
Күүтүүлээх кэм дьэ кэллэ,
Уоҕа хараабыты күр күүстүүр
«Уларыта тутуу» диэн
Улуу кэм дьэ тосхойдо!
Аан Алахчын ийэ тылыам!
Аан дойдум буолаҕын миэхэ!
Иҥэринэ сылдьаҕын эбээт
Илиҥҥи, арҕааҥҥы
Ичигэс, тымныы тыаллары,
Хотугу, соҕурууҥҥу
Холоругу уонна чуумпуну.
Күнүм эйигин кытта
Күөгэйэ ойон тахсар,
Күөрэгэйим эйигин кытта
Көрүлүү ыллаан барар.
Амарах тыыныҥ баарын тухары
Айыы сирэ миэхэ даҕаны
Айыллыбытын курдук саныам,
Көмүскэстээх санааҥ күүстээҕин тухары
Күөх халлаан миэхэ даҕаны
Күндээрэрин курдук өйдүөм.
Өлбөөрбүт үрүҥ тыыммытын
Өрүһүйүөх тустааххын,
Хараараары гыммыт тыыммытын
Харыһыйыах тустааххын.
Ытык хайа чыпчаалыгар,
Ытык тиит анныгар
Сүгэ таас буолан сытаргын
Сүрэхпэр ыга тутабын.
Ыраас биһиктэргэ эйигин
Ымыы оҥостон ууруом,
Толомон сэргэлэри эйигинэн
Тойон көтөр төбөлүөм,
Аан дойдуга барытыгар
Ааппын ааттатарым,
Киһи-аймах иннигэр
Киэн туттар бастыҥ баайым
Эн эрэ буолбаккын дуо
Эт-хаан ийэ тылыам!
Люция Дмитриевна Нестерова
САХА ТЫЛА
Норуотум өркөн өйүн мөккүөнүн өрөгөйө
Күүрүүлээх санаатын сылааһын сыралҕана,
Сахам тылын бараммат барҕа баайынан
Сүүһүнэн сылларга сырдыы сыдьаайар.
Норуотум үтүөҕэ тардыһар сүрэҕин баҕата,
Улууканнаах охсуһуу уотугар уһаарыллан,
Силлиэлээх уот буурҕаны кынаттанан,
Өспөт төлөнүнэн кутаалана умайар.
Сахам тылын самныбат сүдү күүһэ—
Норуотум олоххо умсулҕаннаах тапталынан
Күннээҕэр сырдыктык, комүстээҕэр ыраастык
Уҕараабат уотунан күлүмнүү дьиримниир.
Өлүөнэ эбэм уостубат уйгулаах уутунуу
Сүрэҕи-быары минньигэстик сылаанньыта
угуттуур,
Төрөөбүт дойду сөлөгөй салгынынан,
Тыынар тыыммытын биһиктээн араҥаччылыыр
Өлбөт мэҥэ уута—өрөгөйдөөх сахам тыла.
Норуотум өркөн өйүн мөккүөнүн өрөгөйө,
Норуотум үтүөҕэ тардыһар сүрэҕин баҕата,
Норуотум олоххо умсулҕаннаах таптала,
Кэхтибэт килбиэннээх кэрэ кэскилэ –
Көн ийэ сахам тыла!
Василий Васильевич Скрябин – Идэлги
ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛЫМ
Иккистээн эргиллибит
Иринньэҕирбит Ийэ тылбытыгар.
Төннөргө күһэлиннибит
Төрүттэрбит төрүт культураларыгар…
Сэргэхсийии сиккиэр тыала илгийэн,
Сүрэҕи-быары манньытта.
Куту-сүрү үөрэтии күөрэйэн,
Өйбүтүн-санаабытын байытта.
Норуот талыы-талба тылын
Илбиһин, имигэһин тиһэн,
Иилээн-саҕалаан тутуохха.
Өрө анньан сайдарын,
Өбүгэ үгэстэрин сүһэн,
Өлбөт-сүппэт үйэлиэххэ.
Баай-талым, тапталлаах тылы
Төлкөлүүр түөрэҕин быраҕан,
Эккэ-хааҥҥа иҥиэр диэри
Быстыбытын салҕаан, быыһаныахха…
Норуот өлбөт өркөн өйө,
Өрө күүрэр өрөгөйө –
Тыыннаах тыргыл тырым тыла.
Сир симэһиннээх сибэккитэ,
Силигирии сиппит симэҕэ –
Сыһыы сыттаах сахам тыла…
Саргылана Гольдерова – Саргы Куо
САХАМ ТЫЛА
«Сахам тыла, хаһан да умуллума!
Саха үтүө үгэһэ, умнуллума!» — диэн
Алгыам этэ
Алыптаах тыл хомуһун күүһүнэн,
Сүүрбэһис үйэм үөрэхтээх,
Үүнэр-сайдар кэскиллээх
Сахата буоларбынан
Киэн туттуунан.
Ону баар ахсарбаттар дуу
Аламаҕай ыччаттар ытык ийэ тылларын,
Ону баар аахтарбаттар
Аҕалар, ийэлэр төрөөбүт тылларынан
Номохтору, олоҥхолору
Урааҥхай оҕолоругар
Умсугутан,
Угуйан.
Кинилэр ылбаҕай ыччаттарыгар
Төрөөбүт тылларын сүмэтин,
Сүөгэйин иһэрпэтэхтэр,
Имигэс тылларын илбиһин иҥэрбэтэхтэр.
Розалия Ефимовна Сидорова – Ымыычаана
ТОРҮТ ТЫЛЫМ
Төрүт тылым барахсан
Илгэлээх сүмэтин
Иримньэх саҕаттан
Иҥэриммитим мин
Күн күбэй ийэбиттэн
Иһирэх эбэлэрбиттэн.
Төрөөбүт тылым
Сүдү күуһүн
Мин билбитим
Ойуунускай убайбыттан
Төрөөбүг тылым
Өлбөт үйэлээҕин,
Өйгө иҥэр күүстээҕин
Мин билбитим
Улуу эһэбиттэн —
Күн саарга аатырбыт
Улуу Сибиэрэптэн.
Ол кэннэ
Бу улуу төрөөбүт тылбын
Ама хайдах
Атарахсыта саныамый?!
Кини сүдү күүһүгэр
Хайаан сүгүрүйбэт буолуомуй?!
Уран тыл
Уһуктар кэмигэр
Уйуһуйан хаалбакка
Укулаатын булларан
Уруйдуу- айхаллыы
Ууран истэрбин,
Уһугун булларбатах
Улуктаах олохтон
Уһуктуу тыынын
Уйан дууһабар
Уһугуннарыам этэ.
Төрөөбүт төрүт тылым
Сүмэһининэн нүөлүйэн,
Сүппэтэх-өспөтөх
Сүдү күүһүнэн уохтанан
Үнүгэс буолан үүнэбин.
Талба-талыы тыллары
Таламмын туттаммын
Туруу бараан дойдубар
Силигилии туруоҕум.
Төрүт буорум дьонноругар
Төрөөбүт тыл кэрэтин
Араас өҥүнэн ойуулаан
Куруук үөрдэ турдарбыан.
Төннүү бүтэһик тыына
Тууйар түгэнигэр
Олорон ааспыт олохпор
Бу суолум
Биир кэрэ сулус буолан
Сандаара умайыа этэ.
***
Ордук хонуга суох
Онус ыйбыт олунньубут
Тохсус ыйы тохсунньуну
Тымныытын кытары атаарда
Олунньубут үүммүтүн бэлиэтэ
Оргуйар тымныыбыт уҕараата
Охонооһойоп таҥара күн
Оҕуспут муоһа кыларыйда
Онус ый, онус ый олунньу
Олохпут биир бэлиэ кэрчигэ
Төрүт тылбыт, ийэ тылбыт
Түстэммит бэлиэ кэмэ
Тыл баарын тухары
Омук баар буолуо
Туругурдун төрүт тылбыт
Омук быһыытынан уратыбыт
Куочун. Сатай.
***
Хоһоону холбоору хатыһан,
Ыйыыны-кэрдиини батыһан
Тууйуллар тумаҥҥа киириэҕиҥ,
Тыл наардыыр бэрээдэк ирдиэҕиҥ.
Киппииччэ кириэпэс тутуоҕуҥ,
Дьаарыстаан дьэргэтэ ууруоҕуҥ,
Таас килиэ хааччаҕы оҥоруоҥ,
Тоҥ аргыар тыынынан тоҥоруоҥ.
Алыптаах ыраҕын хаайыаҕыҥ,
Иэйиигин ыксары баайыаҕыҥ,
Килэгир муус килиэ дьиэлиэҕиҥ,
Сыыһаҕын эн тута билиэҕиҥ.
Остуруок олбуоргун үрэйиэҥ,
Көрүүнньүк күрүөнү көтүрүөҥ,
Оннугар ийэ буор кутуоҕуҥ,
Сибэкки сиэмэтэ угуоҕуҥ.
Дьэ манна үүнүөҕэ чэлгийэр,
Иэйиинэн имиллэ илгийэр,
Ийэ сир кэрэчээн симэҕэ,
Сахабыт уус тылын сүүмэҕэ.
Н. Пахомов
Саха тыла.
Сахам тыла, сайдам саҥам,
Сайа охсор сылаас иэйиим…
Сахам тыла, санаам күүһэ,
Сайдар-үүнэр тирэх тылым.
Сахам тыла силис курдук,
Сиртэн-буортан күүһүн ылар.
Сахам тыла лабаа курдук,
Сырдык сиргэ дьулуруйар…
Сахам тыла олоҥхоттон,
Аал-Луук мастыы сараадыйар.
Сахам тылын дьүрүскэнэ,
Алаас аайы ыллыыр чыычаах.
Сахам тыла, бурҕас гыныа,
Тымныы Оҕус тыына буолан.
Сахам тыла, дьүһүн куттаах,
Тырымныаҕа дьүкээбиллии…
Сахам тыла, сүүрүк тыаһа,
Сандал саастыын аргыстаһар.
Сахам тыла дохсун долгун,
Сааскы халаан күүһүн тэҥэ…
Сахам тыла, самаан сайын,
Сирэм күөххэ үүнэр симэх…
Сахам тыла, кустук курдук,
Суулуу тутан курдуу кууһуо.
Сахам тыла, түптэ сыта,
Сайылыкка һайдыыр саҥа…
Сахам тыла — ийэм тыла,
Сахабын диэн, мин киэн туттуум.
Айаанньа Уус.
Сахам тылын айылгыта,
Тыйыс дойдум көҥүл тыына.
Сахам тыла дойдум курдук,
Тымныы эйгэ, сылаас тыына…
Сахам тылын сүмэһинэ,
Айыыларбыт абылаҥар…
Ситим тардар оһуор-ойуу,
Айыы тылын Ытык Иитэ…
Ойуу тылын оһуордара,
Айыыларбыт алгыстара…
Олоҥхоттон Олох арда,
Аргыс буолар Ийэ тылбыт.
Кырыа кыһын уһун түүнэ,
Олоҥхобут уохтаах тыла…
Кэпсээн кэрэ кэрэһитин,
Ойуу-тылын уран тыына…
Сахам тылын ырыа кута,
Кырыымпабыт кылыһаҕар…
Сахам тыла, хоһоон тыына,
Көҥүл туойар хомус тыла.
Сахам тылын сүрүн үөһэ,
Өбүгэбит өркөн-өйө…
Сүрэх бүтэй өтөн киирэр,
Өлбөт-сүппэт Ийэ-Кукка…
Сахам тылын инникитэ,
Улуу норуот тапталыгар.
Силис-мутук чэчирэтэр,
Утум тардар ыччатыгар…
Айаанньа Уус.
Тыл көнө, тыл ыраас иэйиитэ,
Чаҕаарар оҕо саас кэмиттэн…
Тыл сылаас, тыл чараас бүрүөтэ,
Чэлгийэр эдэр саас ньууругар…
Онтон бу олохпут үөһүгэр,
Тыл тоҕо киртийэр-хахтыйар…
Омуктан киирии тыл күүһэ дуу,
Тыл төрдө түөрэҥнээн ылар дуу?
Төрөөбүт төрүт тыл аҕыйыыр,
Олоххо, үөрэххэ даҕаны,..
Туттуллар суолтата да кэмчи
Охсуута оҕоҕо, ыччакка…
Тыл сүппэт,.. сүһүрэр-бааһырар,
Кэлимсэ сайдыыны батыһар…
Тылынан туттааччы аҕыйыыр,
Киирии тыл кэбийэр, кээрэтэр…
Төрүт тыл сүппэтин туһугар,
Ситимниир »сибээстэн» сэрэниэх.
Тапталга сууламмыт оҕону,
Ситимтэн тэйэрин ситиһиэх.
Айаанньа Уус.
Айхал сахам тылыгар!
(Алгыс поэматтан)
Сахам тыла!
Сахам тыла!!
Сахам тылын
Санаатым да:
Сахам сайдам саҥата –
Сахам күннээх дууһата,
Сахам мааны майгыта,
Сахам далай баҕата,
Сахам ньыгыл айылгыта,
Сахам сырдык анала,
Сахам дьикти дьылҕата!
Сахам тыла!
Сахам тыла – аар тайҕа!
Сахам тыла – баай байҕал!
Сахам тыла – арҕас хайа!
Сахам тыла – мэҥэ халлаан!
Сахам тыла – хаар туундара,
Сахам тыла – таалар сыһыы,
Күөгэлдьийэр күөх алаас!
Сахам тыла – эһэм, эбэм,
Төрөппүт аҕам, ийэм,
Эмпит сылаас эмиийим,
Иитиллибит эмсэҕим!
Кини миигин үүннэрбитэ,
Кини миигин хаамтарбыта,
Илиибиттэн сиэппитэ,
Киэҥ аартыкка киллэрбитэ,
Киһи-хара гыммыта,
Биир саханы айбыта!
Сахам тыла – Аал Луук мас!
Силиһинэн сири үүттээн,
Үс үөтүкэн түгэхтэрин
Өҥөйтөлөөн көрбүтэ,
Төбөтүнэн тоҕус халлаан
Халыҥ бүрүө хаттыктарын
Арыйталыы анньыбыта,
Атын дуолу анаарбыта!
Бүөтүр Тобуруокап
***
Төрөөбүт тыл күнүгэр
Төрүт тылбытынан
Таатталыы холкутук
Таһымнаах олоҕу
Тапталынан олоруохха!
Тиритэ-хорута
Тигинэччи үлэлиэххэ!
Талааҥҥыт таҕыстын,
Туругурдун саха тыла!
Сандаара
2017 сылтан Ил Дархан уурааҕынан муус устар ый иккис баскыһыанньатыгар уол оҕо күнэ бэлиэтэнэр буолбута.
Моисей Ефимов
УОЛБАР
Мин курдук арыт эмиэ санааргыаҥ,
санньыйыаҥ,
Эйиэхэ да баар буолуохтара ыарахан күннэр.
Олох диэн дьэ оннук. Сатаммат, уолчааныам,
Олохтон аҥаардас үөрүүнү көһүтэр.
Аҥаардас көр-нар аргыстаах олох диэн
Баар буолуон сатаммат. Ол – көлдьүн күүгэн.
Чэпчэки буолбатын эйиэнэ олоҕуҥ:
Лыҥкынас ыстаал дуу, көмүс дуу буоллун!
Ыстаал төлөҥҥө уһаарылллан хатарыллар,
Көмүс кири иҥэрбэт, дьэбиҥҥэ да сиэппэт.
Ким олох долгунун күөнүнэн көрсүһэр –
Ол киһи суола көдьүүһэ суох сүппэт.
Макар Хара
Амма уола
Киэҥ үрэх уҥуор
Ол дьирбии сыыртан,
Көттө күдэн буор
Сыыдам сырыыттан.
Дьол, көҥүл иһин
Аттаах сэриилиин,
Походка иһэн,
Билистим кинилиин.
Ол иһэн ыллыыр
Сэрииһит бэрдэ,
Ырыаны таптыыр
Сүрэҕим үөрдэ.
Ыллыыр киэҥ Амма
Кылбаарар уутун,
Саас ахсын манна
Кустуур отуутун.
Ыллыыр түннүккэ
Тыкпыт уоттарын,
Сааскы биэрэккэ
Күүппүт кыыстарын.
Ыллыыр Чапчылҕан
Уруйдуу хаалтын,
Сэрии-будулҕан
Манна аҕаалтын.
«Куруутун бастыыр
Амма уола», — диир,
Хорсунун таптыыр
Кыһыл командир.
Хайҕал ол иһин
Амма уолугар,
Дойдуга иэһин
Төлөөттүн туһугар.
Кини үрэх уҥуор
Ол дьирбии сыыртан,
Көттө күдэн буор
Сыыдам сырыыттан.
Дьол, көҥүл иһин
Аттаах сэриилиин,
Походка иһэн,
Билсистим кинилиин.
Иван Федосеев
УОЛАТТАРБАР СУРУК
Уолаттарым –
Көмүс чыычаахтарым,
Мин көтөр кынаттарым,
Мин сүүрэр атахтарым.
Билиҥҥитэ атаахтыыгыт,
Кыһалҕата суох саатыыгыт.
Туох дьон буолан тахсаахтыыгыт,
Тутуһаҕыт ханнык аартыгы?
Үлүһүйүмэҥ наар оонньууга-көргө,
Үөһэнэн чэпчэкитик көтөргө.
Аҥардас сахсыллыы — джаз, твист
Абырыа cyoҕa, кэбис.
Олоххо акылаат, тирэх —
Ол буолар сайдыы, үөрэх.
Үөрэммэккэ хаалыаххыт,
Үйэ-саас кэмсинэ саныаххыт.
Үчүгэйгэ эрэ тардыһыы —
Өбүгэ үгэһэ, үтүө быһыы.
Кэрэни кэрэхсиир буолуоххут,
Куһаҕан суолу тумнуоххут.
Уолаттарым барахсаттар
Улаатаҕыт күҥҥэ тардыста,
Сырдыкка эрэ сыстаары,
Күөлэһийэ күлүккэ сытымаары.
Киһи ойнугар киһи төрүүр,
Сорох сүтэр. сорох үөскүүр.
Кырдьаҕас киһи бэйэм оннубар
Хаалларыам олоххо эһигини.
Кыстыкпар утуйа барарбар
Көрдөрүмэҥ миэхэ кэмсилгэни.
Уолаттарым,
Көмүс чыычаахтарым,
Үлэнэн эрэ эҥэрдэһэ,
Үүнэ, улаата турдаргыт
Үөрүө этэ аҕаҕыт.
Олоххо эндирдээх суоллар
Үрэх оломноох, чүөмпэлээх,
Үрдэл тахсыылаах, түһүүлээх.
Хайдах олорго сылдьаахтыыгыт,
Хайа ыллыгы тутуһаҕыт?
Кырдьыгы кытаанахтык тутуһуоххут –
Кынаттаах курдук буолуоххут.
Көнө, чиэһинэй майгыны,
Кэдэлдьийбэт, күүстээх санааны
Олоххо аргыс оҥостуоххут, —
Охтууну, самныыны тулуйуоххут.
Уолаттарым –
Көмүс чыычаахтарым,
Киһи буолуҥ!
Тэлэйиҥ аартыгы, суолу!
Дьылҕа биэрдин
Оннук тускулу!
Семен Данилов
УОЛБАР
Халлааным далай куйаарыгар
Күнү күннүктээн дапсыйа,
Хомпоруун көтүү үөрэҕэр
Хотой оҕотун уһуйар.
Алаас нарынчай тыллааҕа,
Чаҕаарыйа, дьирибинии,
Таптал нарын кылыһаҕар
Такайар күөрэгэйчээнин.
Оттон чубуку ыччатын
Очумаастарга чугуулуурга,
Үөрэтэр үрдүк чыпчаалтан
Ырааҕы, киэҥи чуҥнуурга.
Уо! Мин эйигин үөрэтиэм
Лениннии олорорго,
Олоҕу, сири кэрэтик
Лениннии оҥорорго.
Оччоҕо эн да сатыаҕыҥ
Олоххор хоһуун айаны,
Көрүөҥ кыраман ырааҕы,
Ыллыаҥ ырыаны даҕаны.
Наталья Харлампьева
***
Кыра уолу маанылыахха,
Далбарга илдьэ сылдьыахха,
Олох үрдүк өйдөбүллэрин
Киниэхэ иҥэриэххэ!
Кыра уолу маанылыахха
Төрдүн-ууһун ситимниэххэ,
Онтон тахсар ытык иэһин
Мындырдык өйдөтүөххэ.
Кыра уолу маанылыахха,
Тапталга күөлэһитиэххэ,
Омугун үтүө үгэстэрин
Тутуһарга үөрэтиэххэ.
Кыра уолу маанылыахха,
Кыра ытыһын сыллыахха,
Күүтэн турар аартыктарын
Алгыһынан тэлгэтиэххэ…
Кыракый уолчааным
И. Сысолятин В. Ноев мелодията
Дойдубун, дьоннорбун ахтан,
Долгуйа аһабын дьиэм аанын,
Ким хайа иннинэ аан бастаан
Кыра уолум көрсүһэр.
Хос ырыата
Туку-туку, туок тукуругум,
Буку-буку буок, букуругум –
Кыракый уолчааным.
Сүрэхпэр сыһыары тутан,
Сүүһүттэн сыллыыбын-ууруубун,
Сүрдээх да, сүрдээх да үчүгэй,
Сүрэҕим нүөлүйэр.
Хос ырыата
Күндүттэн күндүбүт, кырабыт,
Күммүтүн таһаарар киһибит
Күлэрэ-үөрэрэ кэрэтиэн,
Күн тэҥэ күндүтүөн.
Кыракый уолчааным
Роман Моттуев тыла уонна матыыба
Ийэтэ хоhун иhигэр
Тобугар көтөҕөн олорон
Оргууйдук сыллыы-сыллыы
Биэбэйдиир куолаhа иhиллэр.
Хос ырыата
Көрүүй бу, көрүүй бу
Кып-кыра илиилээх
Кимий бу, кимий бу
Быыкаайык атахтаах
Көрүүй бу, көрүүй бу
Нарын-намчы биэбэйбин
Кимий бу, кимий бу
Күммүт-ыйбыт, тапталбыт
Көрүүй бу, көрүүй бу
Yөрэ-көтө дайарын
Кимий бу, кимий бу
Кып-кыра, нап-нарын
Кэп-кэрэ, мап-мааны
Эн биhи уолчааммыт.
Тапталлаах кыракый уолчааммыт
Сүрэхпит соҕотох мааныта
Көрүөххэ тугун бэрдэй
Албыннаан араастаан туттунар.
Егор Тимофеев
УОЛ ОҔО АНАЛА
Аан ийэ дойдута
Айыллыбыт уол оҕо,
Аҕа ууһун тэнитэргэ
Айыыһыттан айдарыылаах.
Ойор күнүм анныгар
Орто-туруу дойдуга,
Уол оҕо барахсан
Удьуору-ууһатар аналлаах.
Оҕону-урууну ууһатыахтаах,
Олоҕу-дьаһаҕы оҥорсуохтаах,
Сүөһүнү-сылгыны дэлдэтиэхтээх
Сирин-дойдутун тупсарыахтаах.
Уол оҕо тардыыта-диэн,
Күөх харыйаны олордуохтаах,
Кыыс оҕо дьылҕатыгар,
Аар маҥан хатыҥы үүннэриэхтээх.
Ойон күөрэйэн тахсар
Уоттаах маҥан күнүм,
Орто-туруу дойдубун,
Күнүм сирин көҕөрдүө.
Сирим-дойдум көҕөрүө,
Сибэкки-бииһэ дэлэиэҕэ,
Оҕо-уруу үксүөҕэ,
Олохдьаһах тупсуоҕа.
Александра Грязнухина – Хойутаана
ИККИ ИГИРЭ УОЛАТТАР
Урут кэлбитэ убайа
Батыспыта быраата
Убай дэппит Антошка
Быраат дэппит Артурка.
Хонук турдах аайытын
Хайаларын даҕаны
Ончу араарбат буолбуттар
Оннук үксү эбиттэр.
Ийэлэрэ уолаттарын
Икки аҥы билэттиир
Аҕалара букатын
Арбааратын билинэр.
Улааппытгар уолаттар.
Оскуолаҕа барбыттар
Икки таммах кэриэтэ
Тэбис тэҥнэр үкчүлэр.
Учууталбыт буккуллар
Уҥа-хаҥас көрүөлүүр
Хайалара Антонун,
Хайалара Артурун.
Таҥналлара эмиэ биир
Тутталара эмиэ биир
Таайыллыбат таабырын
Талан ылар уустук суол.
Оннук үкчү эбиттэр
Игирэчээн уолаттар.
СИЭН УОЛБАР
Кыччыгыйын билиммэккэ,
Күүскэ хааман дэллэһийэр
Өрөһүттэрэ охсоору,
Өрө уунар илиитин.
Хантан эрэ күүс ылан,
Хардыылыыр кыра киһим,
Ону баара олопос
Харгыстаабат хаамарын.
Харса суохтук хааман тиийэн
Халбарытта олоппоһу
Харгыһыттан босхолотон
Хардыылаата харса суох.
Мэһэйиттэн туораан
Үөрдэ оҕом сыысчаана
Киэн тутта хараҕынан
Кылап гынна көрөн ылла.
Оҕом сыыһа улаатаҥҥын
Олох араас моһоллорун
Ити курдук толлубакка
Иннин хону баран ис.
Норуот маастардарыгар
Өбүгэм саҕаттан, оо, саха мындыра,
Билигин ол сахтан уус удьуор утума
Бэриллэн, салҕанан саҕыллан кэллэҕэ,
Оччоттон баччаҕа бар дьону сөхтөрө.
Урааҥхай сахабыт ураты дьоҕура
Үс саха төрүөҕүн ааттатан кэллэҕэ,
Ойуулаан-дьэргэтэн эгэлгэ мандара
Айыллан-ааттанан күн сирин көрдөҕө.
Хас үйэ болгуону уһааран кэллилэр,
Сымара таастары көрдөөннөр тэллилэр,
Кыстыкка таптайан, тимири ыллатан,
Көмүһү уулларан, симэҕи оҥорон.
Киил маһы хайытан, силимнээн, ыпсаран
Малларын- салларын барытын өҥөстөн,
Хатыҥы нарылаан, чочуйан, тупсаран
Иһити-хомуоһу астына киэргэтэн.
Тириини субалаан, имитэн, сымнатан
Төһөлөөх таҥаһы киэргэтэн тиктилэр,
Ымпыктаан-чымпыктаан тириини аттаран
Синньигэс иҥииргэ оҕуруо тистилэр.
Оо, саха мындыра, үйэни уҥуордаан
Аар саарга аатырда, киэҥ сиргэ билиннэ,
Аныгы үйэҕэ уус саха удьуордаан
Ойуубут-мандарбыт иккистээн тилиннэ.
Удьурҕай. Нам.
***
Уус уонна Иис
Эдэр саас эрдэхтэн
Үс куппун имитэн,
Күннэтэ иистэнэн
Күүс- күдэх эллэһэн,
Иннэлээх сабынан
Олоҕум устата
Сыыйтара айаннаан-
Тоһуйар туората.
Тиктэрэр дьоннорум
Санаатын табарым,
Ол буолар табылым,
Олохпор оһуорум.
Сиэркилэ иннигэр
Сэгэйэ эргийэн,
Астына мичээрэн
Сакаасчыт, оо, үөрэр!
Эн үөрүүҥ — мин үөрүүм,
Кынаттаан көтүтүүм!
Дьаныһар ситиһиим,
Саталлаах ситимим.
Иэйиилээх иннэннэн,
Сэллээбэт сэтиинэн
Күнтэн күн сыыйыллар
Уһун суол тыргыллар.
Күкүр Уус балтата —
Киниэхэ Иис балта,
Убайдыы балыстар,
Илбис тыын аргыстар!
Марта- Мария.
Амма Аччыгыйа
Бараммат-хороммот
Банаардаах-сырдыктаах
Баҕабын толорон
Бастынныыр убайбар,
Ааҕаммын айхаллыыр
Дьоллордоох тускуга
Уhуйан уөрэппит
Учуутал убайбар
Эдэрдиир бэйэкэм
Эрчимнээх сурэхтэн,
Эрэйин чэпчэтэн
Эҕэрдэ ыытабын.
Далайым уутугар
Таннастан сытыахпын,
Талаhа кэбиhэн
Таhырдьа таhаарcан,
Алаарыйар сырдык
Айхаллах кырдьык,
Айаным суолугар
Атаарын кэлэрбэр
Эдэрдиир бэйэкэм
Эрчимнээх сурэхтэн,
Эрэйин чэпчэтэн
Э5эрдэ ыытабын.
УЧУУТАЛБАР
Марфа Куличкина
Учуутал диэн күндү тылынан
Саныырбын, таптыырбын барытын этэбин,
Олоххо сирдээбит үтүөҕэр махтанан
Баһыыба бастыҥын эйиэхэ этэбин.
Учуутал таарыйбыт тарбаҕын сылааһа
Хас биирдии тымырым устунан сүүрэрэ,
Эйэҕэс мичээрдээх хараҕын көрүүтэ
Сүрэхпэр, дууһабар дириҥник иҥэрэ.
Сир ийэ үрдүгэр эн улуу киһигин,
Сүрэҕиҥ сылааһын, баай дириҥ билиигин
Хас биирдии үөрэтэр оҕоҕор биэрэҕин,
Түҥэтэн, үллэрэн бүтэрбэт аптааххын.
Күн күбэй ийэбин таптыырым кэриэтэ
Мэлдьитин эн аатыҥ аргыстах сылдьабын,
Улахан үтүөнү, улууну сиппэтим,
Ол эрэн эн ааккын күлүктүү хаампатым.
Учуутал дэтэртэн улахан үрдүк дьол
Суох эбээт атын дьол Ийэ сир үрдүгэр,
Учуутал баар буолан, билииэнэ баайданан
Көтөрбүт кый ыраах күөх халлаан кырсынан.
МАҤНАЙГЫ УЧУУТАЛБАР
Иван Горнай
Сайын бугул бугуллаан
Өлгөм оту чөмөхтүүр
Отчут уолгун эн таптаан
Биэрдиҥ үөрэх чөмчүүгүн.
Ийэ сирбит салгынын
Мүөтүн иһэ-иһэбин
Үөрэх, үлэ дабаанын
Өрө ыттан иһэбин.
Аҕалбытыҥ бу манна:
Анньылынна алтан сэргэ,
Бу үргэл сулус анна
Буолла дьол түһүлгэтэ.
Ильич, хойуу үөттэрдээх
Ыраах Таатта уолун эн
Көрөн, иитэн үөрэхтээх
Киһи гыммыт бэлиэҕин,-
Баҕарабын, бүгүн, мин
Хоһоон биир да тыла
Норуот иһин, дьол иһин
Кэрэ кэмҥэ ыҥыра
Уордаах дохсун долгуннаах
Олох киэҥ муоратыгар
Умуллубат уоттардаах
Эркээйи буоларыгар.
Ильич, хоспор эн бааргын –
Мин күн аайы көрөбүн.
Үлэ, үөрэх дабаанын
Өрө өксөйөбүн.
УЧУУТАЛ ТУҺУНАН
Леонид Попов
Эн туох эмэ дьоҕурдаах,
Эн туох эмэ туһалаах
Буолар да буоллаххына,
Махталы ыллаххына, —
Учуутал үтүөтэ,
Учуутал өҥөтө!
Кыттыаныҥ диэн кыра,
Сыһыаныҥ диэн кыра:
Учуутал эппитин
Толорон эрдэҕиҥ,
Учуутал ииппитин
Толуйан эрдэҕиҥ.
Оттон эн туох да дьоҕура суох,
Эн дьоҥҥо туох да туһата суох
Буолбут буоллаххына,
Халтай хаамтаххына,
Барыта бэйэҥ буруйуҥ,
Барыта бэйэҥ хоруйуҥ,
Учуутал үөрэҕин
Уу-хаар гыннаҕыҥ,
Күнүн сиэтэҕиҥ,
Күүһүттэн ыллаҕыҥ.
Өссө эбиитин –
Үлүгэрин эбитин! –
Үчүгэй киһини,
Учуутал киһини
Саакка киллэрдэҕиҥ,
Санааҕа түһэрдэҕиҥ…
Учууталлар барахсаттар,
Уу ньирэй бэйэбитин
Улаатыннаран бараннар,
Кэлин туох-ханнык эбиппитин
Кэтээн көрө сылдьааччылар,
Биһи туспутугар
ыалдьааччылар.
Үчүгэйбитигэр –
үөрэллэрин сөҕүөҥ,
Куһаҕаммытыгар –
хомойоллорун көрүөҥ.
Аар кырдьаҕас аҕаларым,
Биэнсийэлээх учууталларым,
Миигиттэн
хомойботоллор ханнык,
Өрүү үөрэ сырыттыннар
маннык!
Петр Еремеев
УЧУУТАЛБАР
Оҕо сааспыт доҕоро
Учууталбыт биһиэнэ
Үйэлэргэ өйдөнөр
Үтүөлээххин биһиэхэ.
Оҕо сааспыт аргыһа
Учууталга махтаныах,
Биэрбит билии сиэмэтин
Сиргэ ыһан чэлгитиэх!
Үтүөлээххин букубаар
Кистэлэҥин арыйбыт.
Ааҕар, суоттуур, суруйар
Абылаҥын иҥэрбит.
Баҕар, сааспыт ырааттын,
Маҥхайыахтын баттахпыт —
Улаханнык ытыктаан
Учууталы саныахпыт!
Д.Егоров
УЧУУТАЛБАР
Үөрэппит учууталым,
Эйиэхэ өрүү махтал.
Эн биэрбит үөрэххинэн
Элбэх ыччат үөрэммитэ.
Мин күндү, мин таптыыр
Кырдьаҕас учууталым.
Мин күндү, мин таптыыр
Кырдьаҕас учууталым.
Ыраах да буолларбыт
Куруутун саныырбыт,
Үөрэппит үөрэххин
Өрүүтүн өйдүүбүт.
Елена Филатова – Сыгыйык
УЧУУТАЛ
Учуутал үөрэтэр оҕону,
Боруоста кыракый оҕону,
Уус курдук уһанан, уһааран
Киниттэн киһини таһаарар:
Чаҕылхай учуутал –
Чаҕылхай киһини,
Көннөрү учуутал –
Көннөрү киһини.
***
Учуутал барахсан
Уйан дууһалаах
Ураты тулуурдаах
Умуллубат уоттаах
Учуутал барахсан
Уолбат билиилээх
Ураты көрүүлээх
Уурайбат түбүктээх
Учуутал барахсан
Улуукан талааннаах
Уһулуччу сүрэхтээх
Уостубат тапталлаах
Учуутал барахсан
Уруйа үрдээтин
Уустуктаах үлэтэ
Уоттара күүһүрдүн!
Чахов Александр Иванович
УЧУУТАЛБАР
Эн бааргын киэҥ-дириҥ
Билиини биэрээччи,
Ыччаты куруутун
Үөрэххэ сирдээччи.
Үгүс дьон оҕотун
Үөрэхтээх оҥорон
Эн аатыҥ тарҕанар,
Ыччатыҥ махтанар.
Биһиги барыахпыт
Эн ыйбыт суолгунан.
Дьон-сэргэ буолуохпут
Үөрэппит дьолгунан.
Оҕолоор, умнумаҥ
Учуутал этиитин!
Кинини ытыктааҥ
Хаһан да куруутун!
Үөрэҕи тарҕатар
Учуутал эйиэхэ,
Үөрэтэр-сырдатар
Кыыскыттан эҕэрдэ.
Учууталга
Киэҥ ыллыкка киллэрбит,
Үөрэх сырдыгын биэрбит
Ытыктабыллаах доҕорум,
Кырдьаҕас учууталым!
Эн ииппит оҕолоруҥ,
Эҥин үлэһит буоланнар,
Олох дьолун оҥоро
Бары тарҕаан бардылар.
Көлүөнэ дьону ииппит
Кырдьаҕас учууталым!
Ылыый мин илиибиттэн
Ыччаттарыҥ махталын!
Чаҕылҕан
Киирэн кэлэ5ин кылааска
Сырдык ыра санаалаах,
Истин мичээр аргыстаах
Киэн билии кынаттаах.
Эн билиин кынатыгар
Олорсоллор о5олор,
Уорэх сырдык суолугар
Тэннэ котон барсаллар.
Махтал кэрэ киЬиэхэ
Учуутал урдук аатыгар,
Угус кыьамньын туьугар
Утуо ба5а санаа5ар.
УЧУУТАЛГА
Лина Полякова тыллара, Валерий Егоров мелодията
Билиигэ угуйар
Бэрт билэр суолгунан,
Уруоккар тиэтэйэн,
Үлэҕэр бараҕын.
Хос ырыата:
Бар дьонуҥ махтала,
Оҕо саас таптала
Эйиэхэ ананар
Учуутал киһиэхэ!
Күннээҕи түбүгүҥ —
Оскуола олоҕо,
Чугдаарар чуорааныҥ
Лыҥкыныыр ырыата.
Хос ырыата.
Үрдүккэ талаһар
Үтүөкэн ыччаты
Үөрэтэн, такайан
Киэҥ суолга таһаардыҥ.
Хос ырыата.
Эн үлэҥ түмүгэ –
Норуоппут дьылҕата,
Үйэттэн үйэҕэ
Дойдубут сайдыыта.
Белолюбскай Арсен
Учууталым кэпсиирин
Көтүппэккэ истэбин,
Уруок биэрэр билиитин
Умнубакка өйдүүбүн.
Билии-сайдыы төрүтэ
Уруок буолар биһиэхэ,
Кини биэрэр билиитэ
Үтүө суолга тиэрдиэҕэ.
Чуораан тыаһа лыҥкыныыр,
Оҕолору ыҥыртыыр…
Улуу дьолго тириэрдэр
Учууталбыт үөрэтэр.
Мин уруокпун бэлэмнээн
Хатылааһыммын көрөбүн.
Туйгун баалга эппиэттээн
Киэһэ дьоммор кэпсиибин.
***
1.Ыытааччы: Учуутал эн —
Маннайгы чугдаарар чуораанныын
Мындыр ой суолугар сирдиигин,
Са5ахтан сапсынар сарыаллыын
Сандаарар сырдыкка илдьэ5ин!
2.Ыытааччы: О5о саас умсул5ан иэйиитин
Оьуордаах олугун уура5ын,
Торообут дойдубут кэскилин
Толколоох туорэ5ин тустуугун.
2.Ыытааччы: Уруйдан, айхаллан учуутал-
Умсугута уьуйар аанньал
Эйиэхэ этиллэр дьин таптал,
Эдэртэн, кырдьа5астан махтал!
Сайа5ас учуутал барахсан
Саргылаах билиини биэрэ5ин
Сандаарар са5а5ы арыйан
Сулустаах суолбутун тэлэ5ин.
Кыттааччыларбыт бэлэмнэнэр бириэмэлэригэр бэйэтин музыкальнай э5эрдэтин тиэрдэр Анна Алексеевна Винокурова.
1.Ыытааччы: Учуутал эн оруу
Уот сулус буоланнын,
Кэрэ5э, сырдыкка
Угуйа тура5ын!
Учууталга
Үөрэххэ уһуйар
Сырдыкка угуйар,
Үгүһү тулуйар
Элбэҕи уйунар.
Олоҕун оҕоҕо
Учуутал аныаҕа,
Үөрэҕи үйэҕэ
Сырдата сылдьыаҕа.
Такайбыт үөрэҕэ
Билиини биэриэҕэ,
Ол онто кэнэҕэс
Олоххо сирдиэҕэ.
Ол иһин Эйиэхэ
Махталы этэбит,
Ытыктыыр киһиэхэ
Эҕэрэдэ тиэрдэбит.
Айаан Чакыр
***
Учуутал киһини уһуйуу,
Оҕону үөрэтии буолбатах…
Уран уус киһиттэн ордуктук,
Оһуору чочуйуу кэриэтэ…
Хаар нарын кыырпаҕын тарбахха,
Уулларан кээспэккэ көрдөрүү…
Хам-ылан тоһута туппакка,
Уһуйар киһигэр кэпсээһин…
Бу буолар билиини бүөбэйдээн,
»Билэбин» дэнэргэ такайыы…
Билии да араастаах буоларын,
Быһааран өйдөөххө өйдөтүү…
Учуутал аахпаты аахтарар,
Суругу-бичиги өйдөтөр…
Учуутал билбэти үөрэтэр,
Сатаабат оҕону суоттатар…
Уһуйааччы олоҕун уоппутун,
Үөрэхтээх киһиэхэ тириэрдиэ…
Уһуйуо-такайыа нарылаан,
Үөрэхтээх үөрүүтүн үксэтиэ.
Айаанньа Уус.
Хадаайы
Хаһыс төгүлүн эбитэ буолла,
Хадаайы аптаах күһүнүгэр —
Хатыҥ көмүс үҥкүүтүгэр,
Алампа үйэлээх курус тэтимин
Аныгы дьоҥҥо бэрсэр кэмигэр
Аа-дьуо ыалдьыт буоллум.
Күҥҥэ мичээрдиир куупаллар,
Күөхтүүн бырастыылаһан
Тоҥхоҥноһор тэҥкэ тииттэр,
Торҕо буруонан дорооболоһор
Олоҥхо балаҕана, Омоллоон күлүгэ —
Ойууһут күһүн баай натюрморта.
Бу манна Переделкино кутун-сүрүн
Булан аҕалан иҥэрбит быһыылаах
Суорун убай — аптаах айар үлэһит!
Суруйааччы Пегас ата күн аайы
Өҥ хонууга өл хабар, мэччийэр —
Өспөт строкалары бэлэхтиир…
Ырыа тэлбит ыллыгын устун
Ыарҕа талах быыһынан хаамабын:
Таатта суруксут саарыннарын
Тапталларын, мөккүөрдэрин —
Көмүс номох буолбут олохторун
Көхсүбүнэн сэрэйэн дьүһүйэбин.
Хаһыс төгүлүн эбитэ буолла,
Хадаайы үйэлээх күһүнүгэр —
Былыргыны уонна билиҥҥини
Быһа ситимҥэ холбуур түгэнигэр
Санааларым хоноһолуулларый,
Саха саргытын үөскэтэллэрий…
Хабырыыс Ондороос
Семен Данилов
ХАТЫҤ
Хотонуктаах балаҕаным
Хотугулуур оттүгэр,
Хоҥкугуркаан төбөлөөх
Хотун хатыҥ турбута.
Комүс тардыы лабаатыгар
Күнүм-күнүм киириитэ
Көҥүл көтөр биистэрэ
Хоно кэлэр этилэр.
Хатыҥ хампа сэбирдэҕин
Халыҥ суорҕан гынаннар,
Кыра, кыра чыычаахтар
Хонор-сүтэр этилэр.
Алтан аалыы саһарҕа
Аралыйа тахсыыта,—
Көҥүл көтөр биистэрэ
Көтөн хаалар этилэр.
Оччоҕуна, доҕоттоор,
Ороһуйа майгылаан,
Улуу хатыҥ барахсан
Уйадыйар курдуга.
Хампа хаарыс лабаатын
Хоҥкуҥната нуоҕатан —
Харах уута холоонноох
Хаарыан сиигин тоҕоро.
Семен Данилов
ЧЫЫЧААХ
Сарсыарда сытынан
Сайылык аҥкыйар,
Мин курдук уһуктан
Биир чыычаах саҥарар.
Кэпсэтэн эрэрдии
Кэҕиҥнии-кэҕиҥнии —
Дьоҕустай бэйэтэ
Дьохсоллон олордо.
Чу-бу-чууп чуубурҕаан
Чуумпуну аймаата,
Чочумча син тохтоон
Толкуйдуу сатаата.
Чу-бу-чууп чуубурҕаан
Туох диирин билбэтим,
Дьоҕустай төбөтүн
Толкуйун таайбатым.
Көрүдьүос тойугар
Күүстэрбин көмтөрөн —
Көтөрүм олоҕор
Көҕүйэ санаатым.
Савва Тарасов
Тыа ыалыгар
Тыа ыала…
Тыаһа суох иһийэммин
ат эккирэтэр
Ааттаах хосторун кэрийэбин.
Устунан, улам-улам ирэммин,
дьиэ иччитэ
Аарыма кырдьаҕастыын кэпсэтэбин.
Олорбута,Орто дойдуттан тэйбиттии,
суос-соҕотоҕун…
Ону-маны хардарар быһыта.
Улахан кэрэхсэтэрэ суохпун диэбиттии,
табаҕын тобоҕун
Хаста да эҕирийэ тыыммыта.
Салҕаммын,
Саҥата суох көрбүтүм кэриччи
көстүүнэй эркиннэрин…
Хаартыскалар – эргэлээр-эргэлэр… бааллар
саҥалар…
Биир эркиҥҥэ олортон тэйиччи –
Грамоталар кэккэлэрэ…
Хас биирдиилэрэ хатыламмат куолаһынан
саҥараллар.
Саҥараллар
Саҥата суох хаһаайыннарын оннугар
кимнэрин-туохтарын,
Ханнык күннэр, хайа дьыллар туоһулара
буолалларын,
Ханнык кураан уот сутун ортотугар
кыайыыны аҕалтарын…
Кылаабынай командующай долгутар
махталларын…
Ырааппакка,
Ыйыппакка, чуумпураммын тураммын
биллим бэртик
Бу оҕонньор миинэн ааспыт уот буурҕаларын.
Баҕардым – кистээбэппин – субу кини
буоламмын
эр бэрдэ дэтэрдик
Олох үрдүк мындаатын тэһиинин
ыытымыахпын.
…Ыал аайытын
Мин өрүү эркиннэри кэрийэммин
чуумпурарбын
таптыыбын.
Билэ сатыыр курдукпун мин кимиэхэ
киирбиппин.
Сороҕор санааам көнөн, үөрэммин,
өр чаардыыбын,
Тахсабын ардыгар мин, киирбиппин
кэмсинэммин.
Иван Горнай
Саҥа ыал
1
Сайылык баай хатыҥар
Салама ыйыырбыт,
Сайыҥҥы түүн барыгар
Чараҥы таптыырбыт.
Саһарбыт сэбирдэххэ
Самыыртан, тыалтан диэн…
Саһарбыт, сэрэйдэххэ,
Ким эрэ күлүө диэн.
Саһарбыт сэбирдэххэ…
Сайыммыт кэмчитиэн:
Саһарбыт сэбирдэхтэр
Түһэллэр дии бэлиэр.
Саһаллар көмүс күннэр –
Саспаппыт биһиги,
Самыырдар да түстүннэр –
Саспаппыт билигин.
Былыргылыы ыал буолар
Быһаарыы кэрэтэ!..
Быһыыта, кини туолар
Кэмэ да кэлбитэ.
Билсибиппит биһиэнэ
Бэлиэр сылын ааспыт,
Бэртээхэй саҥа дьиэнэн
Киэргэммит алааспыт.
Уруу буолуон иннинэ
Ол дьиэҕэ кэлэммит,
Уруу дьонун иннинэн
Сиэттиһэн киирэммит,
Саргыбыт төрүөтүгэр
Саҥа ыал – биһиги
Саҥа дьиэ өһүөтүгэр
Ыйыахпыт биһиги.
Кэргэн буолан таптаһар
Килбик сылаас үөрүү
Кэхтибэтин туһугар –
Кэрэ буолуом өрүү!
Күндү сирим тулабар,
Күнүн ахсын көбүү,
Көҕөрөрүн туһугар
Көмө буолуом өрүү!
Мин хомойон ытыаҕым,
Мин таптаан иэйиэҕим,
Мин өлүүттэн быыһыаҕым –
Мин, ийэ, ол иэһим!
Мария Алексеева – Арылы Дуйдаах
Саҥа ыалга
Сиргэ түспүт сэрэбиэй,
Окко түспүт оҥоһуу –
Сааскы, сырдык, сибэтиэй
Күҥҥэ тиксэн холбоһуу.
Дьылҕа тойон сүктэриэ
Суоруллубут соругу,
Саҥа олох бэлэхтиэ
Таптыыр дьолу толору.
Икки сүрэх битийиэ
Дьол утаҕын сомсоору,
Икки өрүс силбэһиэ
Байҕал буола сотору.
Аалай баарыс тиириллиэ
Сайа охсор тыал хоту,
Таптал Аала тиксэриэ
Кытыл диэки ыал дьону.
Иэйэхсиккит сипсийиэ
Хомуһуннаах хоһоону,
Айыыһыккыт күндүлүө
Умсулҕаннаах чороону.
Кэрэ кэскил кэтэһиэ
Күөх кырыстаах кытылга,
Уйгу-быйаҥ тосхойуо
Аргыстаһар сылларга.
Сергей Егоров
САХА ЫАЛА
Сайдам мааны саха ыалын
Тэйэ сылдьан ахтан-санааан,
Тэһийбэккэ ыллаан-туойан
Ахтылҕаммын таһаарабын.
Саха ыала, Саха ыала
Айах тутар ыалдьытымсах
Дьэдьэн суорат, күөрчэх сүөгэй
Остуолугар өрүү дэлэй.
Ааһар олоҕум устата
Миигин ыҥырар уоскута
Саха ыалын итии чэйэ
Саҥа буспут алаадьыта.
Саха ыалын сылаас дьиэтэ
Үөрэр-көтөр хоноһоҕо
Саха тылын минньигэһин
Манна сылдьан билэҕин.
Борис Павлов
Күөх унаар буруолаах ыаллар
Дойдум чэбдик сарсыарданы
Былаат курдук бааммыт,
Бэҕэһээҥҥи сэлэһиибит
Хаар анныгар хаалбыт.
Сөҕүрүйбэт сүлбэ курдук
Ыраас иэйии түмсүбүт,
Онтон буолуо дойдум
миэнэ
Өссө ордук тупсубут.
Кэккэлээбит бу дьиэлэр
Төлкөлөөбүт түөлбэ диэннэр,
Күлбүт-үөрбүт сонноох
дьоннор
Хас биирдиилэрэ дьоһун
дьоллор.
Саадьаҕай ынахтар,
Адаархай талахтар,
Киирэр-тахсар саҕахтар,
Алаадьылаах аймахтар:
Дьиҥэр, саха киһитэ
маны эрэ ахтар.
Үүт бүтэй күрүө,
Үрэҕи туоратар муоста,
Дьиҥэр, дууһа муунтуйар
Маны эрэ суохтаан.
Туох диэхпиний,
тугу этиэхпиний?
Олоххо бааллар араас
суоллар…
Эн биһи кыттыгастаах
баҕабыт туоллар.
Биэрэккэ киирэбин,
эрдинэн эрэбин,
Дойдум хааллар
хаалар.
Далбаатыыбын,
Хаһыытыы сатыыбын
Эйигин таарыйбатыннар
хаҕыс тыаллар!
Ханнык да халааннар
кыайан ылбатыннар!
Өссө биирдэ ахтан
эргиллиэхпэр диэри
Этэҥҥэ олоруҥ, күөх унаар
буруолаах ыаллар!
Баал Хабырыыс
Үс ырыа
Мин үс ырыаны ыллыыбын,
Үс ытык ырыаны.
Бар дьоммор бастаан аныыбын
Арчылаах алгыһы
Ийэ сирбэр ааттаан ыллыыбын
Мин иккис ырыабын,
Кытаанах, тыйыс тылламмыт
Ытык андаҕарбын,
Үсүһэ – өстөөхпүн саайар
Өлүлээх батаһым,
Тыл гиэнэ дьулаана саамай
Мин хааннаах кырыыһым.
Мин үс ырыаны ыллыыбын,
Үс ытык ырыаны.
Бу үс ырыаны ыллыаҕым
Мин хаһан даҕаны.
Семен Данилов
Оҕо саһым ырыата
Үгүс сылы уҥуордаан,
Үрдүк күнү саната,
Мин кулгаахпар чугдаарда
Оҕо сааһым ырыата.
Ол ырыаны ыллаата
Күөх тумулга, соҕотох,
Сарыы, саары таҥастаах
Саха кэнэн оҕото.
Ол ырыаны чугдаарта,
Аҕам саспын аат ааттаан,
Оҕо чоргуй куолаастаах
Оҕо сааһым ахтыыта.
Хаҥыл санаа буолан дуу,
Харах уута буолан дуу,
Санаа-оноо былаастаах
Сааспын сайа оҕуста.
Үгүс сылы уҥуордаан,
Үрдүк күнү саната,
Мин кулгаахпар чугдаарда
Оҕо сааһым ырыата.
Күннүк Уурастыырап
Ырыабар
Ырыам, салгыҥҥа көрүлээн,
Ыраах-быдан сатараа!
Үлэ күүрээнин көҕүлээн,
Үрдүк кыайыытын албаа!
Уостубат долгун күүскүнэн
Уоттаах сүрэҕи көбүт.
Эгэлгэ күндү көргүнэн
Эдэр бэйэни көччүт.
Кыһалҕа, эрэй эстиитин,
Кыра дьон дьолун туойуй!
Хотугу кыраай ситиитин,
Коммуна кыаҕын хоһуй!
Кэлэр кэмнэри айхаллаан,
Кэрэ тылгын кэрэхсэт.
Үүнэр күннэри дьылҕалаан,
Үгүс дьоҥҥо биһирэт.
Ырыам, салгыҥҥа көрүлээн,
Ыраах эҥсэн дуораһый!
Үлэ күүрээнин көҕүлээн,
Үрдүк сиртэн уораһый!
Күннүк Уурастыырап
Ырыаһыкка
Эн туойар тойугуҥ кутуллар хоһооно
Сайаҕас санааны сааскылыы сайгытар.
Долгуннаах нуоталаах куолааһыҥ дорҕооно
Дьоллордоох кэрэ кэм тускутун санатар.
Эн ырыаҥ көмүһэ сүрэхпэр кутуллан
Эриэккэс бу үйэ үөрүүтүн үксэтэр,
Дьол, муора уутунуу, сүүрүктээн суккуллар
Дойдутун олоҕун суолтатын үрдэтэр.
Эн ыллаа кэрэ дьол киэркэйэр кэмигэр,
Кэхтиини билбэккэ үүнэҥҥин, өрүүтүн, —
Саҥа көр олохпут күннээбит сиригэр
Сахабыт норуотун бараммат үөрүүтүн.
Мин кыра сааспыттан ырыаны таптааммын,
Күөрэгэй туойарын күннүктээн истэрим.
Ырыаһыт буоларга ымсыыра санааммын,
Ырабын-баҕабын лиэнтэҕэ тиһэрим.
Ол кэмнэр, ахтыллан, мин өйбөр кэлэннэр,
Оөо саас оһуордаах күннэрин санааатым,
Эҥини-кэрэни элбэҕи этэннэр,
Эриэккэс үөрүүбүн эйиэхэ анаатым.
Василий Саввин
Мин ырыам
Ыҥыырга олорон ыллыы истим,
Ымыы санааларбын сааһылыы,
Ылбаҕай тыл утаһынын тистим,
Ыраах айаҥҥа алгыы.
Ырыам бар дьоммор тиийиий,
Ырбыты күүркэтэр күүс буолан!
Ырыам бар дьоммор иһиллиий,
Ыарыыны кыйдыыр музыка буолан!
Мин ырыам
Умайабын – айар имэҥ
Уотун сылаас кутаатыгар.
Куппун-сүрбүн туттарабын
Хоһоон хас биир тылыгар.
Миэнэ ырыам номоҕун
Мэлдьи сырдык сиэркилэтэ –
Киһи уустук олоҕун
Хатылааммат эйгэтэ.
Олоҕум тиһэх чааһа
Охсоору да турдаҕына,
Ырыа тылын ботугуруом,
Ынчык оннугар, тыыннаахпына…
Василий Саввин
Эйэ иһин!
Киһи аймах билигин да
Мүччү тута иликкин –
Ядернай сэрии сэбэ
Дэлби тэбэр иэдээнин!
Барыта – эн илиигэр,
Барыта – эн билиигэр,
Барыта бэйэҥ айбыт
Кутталгар олоробут.
Күннэтэ эн көмүскээ:
Планета-ийэбит
Үйэлэргэ симэнэрин,
Үйэлэргэ чэлгийэрин.
куоттарыма, хойутаама,
Куруук мэлдьи сэргэх буол!
Киһи аймах, кыра да уот
Көрдьүгэнин умуруор!
Сир дьоно бука бары
Сиргэ бигэ Эйэ иһин
Бүгүн биир киһи курдук
Көтөҕүөҕүҥ илиибитин!
Маай
Үтүөкэн да бырааһынньык
Үүннэ үөрүү аргыстанан,
Дьиэлэр ахсын киирдэ дии,
Дьолунан кынаттанан.
Маай, миэхэ кэрэни эрэ
Санатаҕын куруук.
Сиргэ атын эрэй-муҥ,
Санаабар, суоҕун курдук…
Дьоҥҥо наар баҕараҕын –
Дьолу, эйэни, көҥүлү,
Дьиэгэ, иҥэ-дьаҥа суох
Дьиҥнээх доҕордоһууну.
Ким сырдык санаалаахха,
Ким ыраас дууһалаахха
Этиэхпин баҕаарабын:
Эҕэрдэ, эн – Маайгын!
Местников Дмитрий Дмитриевич
«ЭЙЭ ИҺИН!» БИИР ТЫЛЛААХ
«Эйэ иһин!» биир тыллаах
Ньыгыл, модун санаанан
Айар үлэҕэ турдубут,
Сырдык үөрэххэ дьулустубут.
«Эйэ иһин!» диэн куоластаах
Буор көһүйэни кутабыт,
Сири ньүөлсүтэ турабыт,
Үрдүк үүнүүнү ылабыт.
«Эйэ иһин!» диэн ырыалаах
Дьоллоох олоҕу тутабыт.
Көҥүл сайдыы туһугар
Ньыгыл кэккэнэн турдубут.
Попова Вера Афанасьевна — Аал
Эйэ — норуот тыла
Дьааттаах сидьиҥ үөнүнэн,
Дьаҥ-дьаһах арааһынан
Атомынан, водородунан
Америка, Эн, тииһимэ.
Эйэ — модун күүстээх,
Көҥүл — улуу кэскиллээх.
Биир сомоҕо лааҕырга
Мөлүйүөннэр түмсэллэр.
Эйэ — народ тыла.
Киһи аймах кэскилэ
Ити тылга ананна.
Эйэ сэриини кыайыа!
Хатылаев Петр Терентьевич
Эйэ иһин
Ийэ дойду күнтэн күн
Үүнэн-сайдан, кытаатар.
Эйэ тирэҕэ буолан,
Народтарга суол ыйар.
Эйэ, эйэ тэнийэн,
Үгүс дойду холбоһор.
Мөлүйүөннэр түмсэннэр:
— Эйэ иһин! — дэһэллэр.
Мөлүйүөннэр түмсэннэр
Сэриини утараллар.
Эйэ иһин турарга
Утаппыттыы баҕараллар.
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Оһуокайдыыр оһуокай!
Айар, ыллыыр, хоһуйар
Алгыс тыллаах этээччи
Ааттаах аллар атастарым,
Дьуокар үҥкүү туһугар
Дууһаҕытын туттарбыт
Дьонум-сэргэм, доҕотторум!…..
Н.Е. Петров.
Өбүгэбит саҕаттан
Үтүө үгэс биһиэхэ
Үйэ сааспыт тухары
Үйэтийэ тураахтыыр.
Үүттээх сүөгэй далбардаах
Үтүө төрөл төрүөҕү
Үөскэтээхтээн-үөрдүтэн,
Үрдүк кирбии ситиһэн,
Үлэбитин үтүөлээн
Үстүүр үрдүк кэрдиискэ
Үүнэн сайдан испиппит
Үчүгэйин эбит……
А.Е. Алексеев.
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Оһуокайдыыр оһуокай!
Эҕэрдэлээх ыһыахха
Элбэх дьону сиэтэммин
Эһиэкэйбит үҥкүүтүн
Эргимтэтин кэҥэтэн
Эбэн-этэн иһиэҕиҥ!
Кыһарыйбыт кыһыммыт
Кыйдаммытын кэнниттэн,
Күөҕэ көбүөр үрдүгэр
Көрү-нары тутуоҕуҥ!…….
В.Л. Алексеев.
Чэйиҥ-чэйиҥ, чэкийдээр.
Чэгиэн буортан тирэнэн
Дьиэрэҥкэйдээн оонньуоҕуҥ!
Эһиэкэйдиир-эһиэкэй,
Оһуокайдыыр оһуокай!
Саймаархайдыыр салгыннаах,
Сандаархайдыыр күннэрдээх,
Саккырастай самыырдаах,
Саалыыр кулун көтөлөөх,
Саадьаҕай тарбыйах үүрбэлээх,
Сайыннарбыт барахсан
Салаллаахтаан кэлиитэ,………
М.Ф. Варламова
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Эҥэрдиирэ дьоннорум
Эҥэрдэһэн тураҥҥыт,
Эмээхсинниин, оҕонньордуун
Эркиннэһэн, кэккэлээн:
Элгээн күөлүм, дьэ, саҕа
Элбэхтиирэ киһилээх
Эҥээрийэр түһүлгэни,
Эгэлгэлээх хоһоонноох
Элбэх үгүс үйэлэргэ,
Эргэлиир сылларга
Эркээйигэ эстибэтэх
Эһээкэйдиир ооньуутун
Этээхийдээн эҥээритиҥ……
В.Д. Данилов
Оһуокайдыыр оһуокай,
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Саллар сааспыт тухары
Сааскы куска сааланар
Саха киһитин үгэһэ,
Саамай күүтэр түгэнэ
Сааһыт дьонум сахсаанын
Санатардыы эттэххэ
Саҥа үйэ дьонуттан
Сатабыллаах сааһыттан…………..
А.Г. Зверев
Оһуокайдыыр оһуокай,
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Хоммут уоспут хоҥнорон,
Хоһоон, ырыа саҥаран
Холоонноохой дьоннорбун
Хоробуоттаах оонньуурбар
Хомуйа тардан киллэрэн,
Хоннохторбор кыбытан,
Хоруоҥкалыы тиһэммин,
Хоҥор хаастыы сиэтэммин,
Хоолдьуктаах бэйэкэм
Хоҥкулдьуйа хаамаары
Хомунаммын кэлбитим……
Ю.Е. Иванов.
Оһуокайдыыр оһуокай,
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Айылҕаттан талыллан
Аҕыс далбар салаалаах
Аардыыр сүдү хатыҥ
Арыйа көрөн турбутум:
Аламай сайын сатыылаан,
Сиэмэ силис тардынан,
Ситэн үүнэн долгуйан,
Аҕыс былас от саҕа
Аллар далбар салаалаах,
Тоҕус былас от саҕа
Долгулдьуйар мутуктаах,
Дьоһун мааны хатыҥ мас
Төгүрүччү-эргиччи
Төлө батыыр түмэтилээх,
Тула өттө эргиччи
Туора тардыы дьураалаах……
И.Д. Константинов
Оһуокайдыыр оһуокай,
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Төгүрүччү сиэттиһэн
Түһүлгэни төрүттээн,
Төрүт саха үҥкүүтүн
Түмсэн оонньоон бардахха,
Оҕо эдэр ыччатыам,
Оһуокайдаан дуоратан
Оҕуй-доҕуй үктэниҥ,
Эһиэкэйдээн дьиэрэтэн
Эҕилдьийэ хамсаныҥ
Ириитимин тутуһан,
Илиилэри эймэтэн,
Дабыдалы дайытан,
Тоҕоноҕу доҕутан,
Оккумалы оонньотон
Уллуҥаҕы ойутан,
Тилэҕинэн тибийэн,
Тобугунан доҕуйан,
Сүһүөҕүнэн сүдьүйэн,
Такымынан тамнанан…….
Оһуокайдыыр оһуокай!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Н.Е. Петров
Эр дьоннор күннэрэ
Аан дойду үрдүнэн бу бүгүн
Эр дьоннор Күннэрэ үһүгүн.
Дьэ, бүгүн бэлиэтээн күннүүгүн
Аналлаах күҥҥүнэн, үөрүүгүн!
Эр дьоннор баар буолан Сир ийэ
Турдаҕа күннэтэ чэлгийэ.
Эн модьу томороон санныгар
Эйэлээх күөх халлаан тайанар.
Эр киһи тапталбыт биһигэ,
Модороон илиитин тиһигэ
Уу кыһыл оҕотун сэрэнэн,
Көтөҕөр иһирэх иэйиинэн.
Эр дьоннор! Күннээх күн тапталбыт,
Дьиэ кэргэн туллубат тутаахпыт.
Суон дурда хаххалаах эрэлбит,
Күндүттэн күндүбүт, кэргэммит.
Дьахтартан үрдүк эн төбөҕүн
Күөрэччи туттаҥҥын көтөҕүн.
Ол эрэн сайаҕас куккунан
Төҥкөйөн туруоҕуҥ, чуумпуран.
Эр киһи! Эр дьоннор! Кэргэттэр!
Ийэҕэ тапталлаах уолаттар!
Күн айыы уолан хаан эрэттэр,
Бүгүн Күн эһиэхэ ананар!
Марта- Мария.
03.11.18.