1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (3 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...
141 просмотров

Людмила Николаевна Григорьева (1944-1987)

Людмила Николаевна Григорьева Таатта  улууһун Ытык Күөл бөһүөлэгэр Таатта бастакы агронома Николай Павлович Григорьев дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1952 с. оскуолаҕа киирбитэ, 1966 с. Чөркөөх орто оскуолатын бүтэрбитэ. 1966-1969 сс. оскуолаҕа лабораннаабыта. 1974 с. Саха государственнай университетын  бүтэрэн саха тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта.
Студенныы сылдьан Саха сирин историятын үөрэтиини  саҕалаабыта. 1973 с. университекка сэдэх хаартыскалар бастакы быыстапкаларын оҥорбута, онно элбэх биллиилээх дьон сылдьыбыттара. «А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев олохторун, айар үлэлэрин оскуолаҕа  үөрэтиигэ фотоальбом» диэн темаҕа дипломнай үлэни көмүскээбитэ. Үөрэҕин бүтэрээт, үлэтин Чөркөөх орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учууталынан саҕалаабыта. Классик суруйааччыларга фотоальбом оҥорор санаалаах Дьокуускай куоракка киирбитэ. 1975 с. Дьокуускайдааҕы архыыпка научнай сотруднигынан үлэлээбитэ.
Саха народнай суруйааччыта Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон көҕүлээһининэн уонна тэрийиитинэн Чөркөөххө Саха сиригэр бастакынан аһаҕас халлаан анныгар политсыылка музейа аһыллыбыта. Онно Людмила Николаевна 1977 с. директорынан анаммыта. Кини ис сүрэҕиттэн баҕаран туран, олус бэриниилээхтик үлэлээбитэ, Суорун Омоллооҥҥо улахан көмө буолбута. Кинилэр история уонна культура пааматынньыктарын харыстааһыҥҥа, чөлүгэр түһэриигэ Таатта оройуонун салалтатын, общественноһын кытта сүҥкэн үлэни ыыппыттара. Людмила Николаевна Боотурускай улууска олорбут сыылынайдар, кинилэр дьиэ кэргэттэрин тустарынан үгүс саҥа докумуону, матырыйаалы, экспонаттары хомуйууга уонна экспозиция быһыытынан туруорууга элбэх сыратын биэрбитэ. Саҥаттан саҥаны буларга, ону дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэ охсорго хотунан-соҕуруунан үгүстүк командировкаҕа сылдьыбыта.
Л.Н. Григорьева үлэлээбит 10 сылыгар Чөркөөх музейыгар араас дойдуттан  174 614 көрөөччү сылдьыбыта.  «Песни революции», «Народные песни Якутии», «Графики Якутии», «Музей в Черкехе» диэн документальнай киинэлэр уһуллубуттара. Музей 1985 с. НХСБ I степеннээх дипломунан наҕараадаламмыта.
«Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта, НХСБ боруонса мэтээлинэн бэлиэтэммитэ.

Оҥорбут кинигэтэ

Саха бастакы суруйааччылара А. Е. Кулаковскай, А. И. Софронов, Н. Д. Неустроев : фотографиянан, докумуонунан, иллюстрациянан : [фотоальбом] / хомуйан оҥордулар: Л. Н. Григорьева, Д. К. Сивцев-Суорун Омоллоон. – Дьокуускай : Бичик, 1998. – 108 с. : ил.

Кини туһунан

Л. Н. Григорьева : (1943-1987) : [буклет]. – [б.м.и, б.г.и.]. – Библиогр.: 20 назв.
Удьуор кэрэ дьон / хомуйан оҥордулар: И. Я. Жерготова, П. П. Григорьев, Д. К. Осипов ; кылаабынай редактор Е. С. Шишигин ; литературнай редактор О. Н. Корякина-Умсуура. – Дьокуускай : Офсет, 2012. – 194 с. : ил.
Осипов, Д. К. О, Родина – души моей основа : статьи, воспоминания / составитель, автор вступительной статьи Д. К. Осипов. – Якутск : Бичик, 2020. – 112 с. : ил.
***
Аартыгы арыйааччылар : биобиблиографическай справочник / «Таатта» хаһыат редакцията» автономнай тэрилтэ, И. А. Аргунов аатынан Таатта улууһун киин библиотеката, «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон архыыбын салаата ; кинигэ идеятын ааптара И. И. Бочонин ; бырайыак салайааччыта, сүрүн редактор А. К. Посельская ; хомуйан оҥордулар: Т. Д. Бочорукова [уо.д.а.] ; архыып матырыйаалларынан сыһыарыыны Л. П. Слепцова оҥордо ; Б. Ф. Неустроев-Мандар Уус ойуулара ; кинигэ таһын П. С. Доргуев оҥордо. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2012. – 222 с. : ил. О ней, с. 144-146.
Таатта – 2019 : ытык-бэлиэ күннэр / «Таатта» улууһа» муниципальнай оройуон, Таатта улууһун библиотекаларын кииннэммит ситимэ. Ытык Күөл киин библиотеката, Таатта улууһун кыраайы үөрэтээччилэрин көҥүл түмсүүтэ ; хомуйан оҥордо Е. И. Шестакова ; Тааттатааҕы муниципальнай архыып сэбиэдиссэйэ Л. П. Слепцова бэлэмнээбит матырыйааллара туһанылыннылар ; кинигэ тахсарыгар эппиэттээх А. К. Билюкина. – Ытык Күөл : [и.с.], 2019. – 125 с. : ил. – Библиогр.: с. 18-20 (10 назв.).
О ней, с. 18-20.
Краеведы Якутии : [биографический справочник] / Якутский Государственный объединенный музей истории и культуры народов Севера им. Ем. Ярославского ; составитель П. В. Винокуров ; ответственный редактор А. Н. Алексеева. – Якутск : «Полиграфист» ЯНЦ СО РАН СССР, 1990. – 68 с. : ил.
О ней, с. 64-65.
Краеведы Якутии : биобиблиографический справочник / Министерство культуры и духовного развития Республики Саха (Якутия), Якутский государственный объединенный музей истории и культуры народов Севера им. Ем. Ярославского ; автор идеи и главный редактор Е. С. Шишигин ; составитель П. В. Винокуров ; репродукции и фото А. И. Винокурова. – Якутск : Бичик, 2007. – 272 с. : ил.
О ней, с. 221.
Наша гордость : энциклопедия выпускников якутского отделения / составители: Васильева С. П. [и др.]. – Якутск : Көмүөл, 2017. – 332 с.
О ней, с. 131-132.

Хаартыскалар

1. Төрөппүттэрэ Николай Павлович, Анна Федотовна Григорьевтар
2. Төрдүс кылааска үөрэнэ сылдьан учууталларынаан. 1958 с.
3. Саха государственнай университетын саха салаатын студена
4. Убайа, суруйааччы, төрүччүнү оҥорооччу Федот Захаровтыын
5. Чөркөөхтөөҕү музей тэрийээччилэрэ
6. Чөркөөххө Суорун Омоллооннуун
7. Ытык кырдьаҕас М. Баевтыын. Айсен Дойду дьиэтээҕи архыыбыттан
8. Николаевскай таҥара дьиэтин куолакаллара
9. Ойуунускай алааһыгар
10. Ыраахтан кэлбит ыалдьыттардыын
11. П. А. Ойуунускай кыргыттара Саргылана уонна Сардаана Платоновналары кытта
12. Дьокуускай куоракка саха бастыҥ дьонунуун
13. 1973 с. Дьокуускайга бастакы быыстапкатын кэмигэр учуонайдары кытта
14. Л. Н. Григорьева быыстапкатын матырыйааллара
15. Л. Н. Григорьева тус коллекциятыттан сэдэх хаартыскалар