1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (1 оценок, среднее: 4,00 из 5)
Загрузка...
3 206 просмотров

Үлэ туһунан өс хоһооннор

Бурдук, төбөтө астаннаҕына эрэ, ас буолар.

Отонноотоххо оннооҕор оҥоойук туолар, үлэлээтэххэ үлэ бүтэр.

Сатабыллаах сата баһын холбуур.

Үлэ үксэ, тыл аҕыйаҕа үчүгэй.

Алаадьы арыылааҕа үчүгэй, үлэ көхтөөҕө ордук. Түөһүн күүһүнэн, илиитин эрчиминэн.

Киһи тугу баҕарар кыайар, санаатын ууруо эрэ кэрэх.

Хайаны намыһаҕынан дабайыллар, үлэни чэпчэкититтэн саҕалыыллар.

Кэпсиирдээҕэр оҥорор ордук.

Сүрэхтээх киһи туохтан да маппат.

Сүрэхтээх киһи сүгүн буолбат.

Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойутаан турбут чыычаах хараҕын хастар.

Туттуоҥ иннинэ толкуйдаа, кэрдиэҥ иннинэ кээмэйдээ.

Хоһуун киһи хоргуйбат.

Үлэ — сыа кырбыыр буолбатах.

Үлэ — харахха үүт ыгар буолбатах.

Алдьатыы дөбөҥ, оҥоруу уустук.

Үлэни хаһааныма, аһы хаһаан.

Үлэлээ оччоҕо өллөнүөҥ.

Орулуур уох, күрүлүүр күүс.

Үлэ ата — от хаата, үлэ киһитэ — ас хаата.

Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ.

Үтүө тыл баайдааҕар күндү.

Үлэ — хайҕал, үлэ — чиэс, үлэ албан аат.

Үлэлиэҥ — киһи буолуоҥ, үлэлээмиэҥ — кии буолуоҥ.

Үлэ аһатар, оттон сүрэҕэ суоҕу ытатар.

Үлэ киһини киэргэтэр.

Үлэни таптыаҥ — киһи бэрдэ буолуоҥ.

Үлэ — дьол аргыһа.

Үлэни үөрэ-көтө үлэлээ.