1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...
475 просмотров

Дэбдиргэ бөһүөлэгин остуоруйата

Е. Д. Андросов суруйарынан былыр Дэбдиргэ күөлүн үрдүгэр хатыҥ чараҥҥа 3 улуу ойуун көрсөн күрэстэспиттэр. Үс түүннээх күн кыырбыттар, онтон “Үтүө дойду эбит, хайабыт да кыайбата, Дэбдиргэлээх диэн буоллун!” – диэбиттэр. Онтон ыла Дэбдиргэлээх, Дэбдиргэ диэн буолбут. Э. К. Пекарскай тылдьытыгар (2191 стр.) “Дэбдиргэ” диэн тыл эбэҥкилии “бэлэх биэрии”, сахалыы “салама”, сороҕор “дөлбүргэ” дииллэр диэн суруллар (А. С. Бойтунов “тэптиргэ” (булчут тэрилэ) диэн сахалыы тылга тэҥнээбитэ.

Дэбдиргэҕэ дьон былыр-былыргыттан олорбуттар. Бастакы ыал Баайка Захаров эһэтэ Болтохой Дьаакып (Алексеев) дьиэ кэргэнэ. Кинилэр дьиэлэрэ Дэбдиргэлээх алааска билиҥҥи оскуола оннугар турбута. Кэлин арҕаа Кураанах алааска Киргиэлэй Бояров, Сымалыырга Хооһой – Афанасиф Лонгинович Бояров, Чаамык диэн дьон олорбуттар. Болтохой Дьаакыптаах Алексеевтар диэн араспаспаанньаларын Яковлев диэҥҥэ уларыттарбыттар.

Дэбдиргэ бөһүөлэгэ 1929 с. улаастар, сайдар. Моччоҕо, Мээндийэ, Сымалыыр, Чабычах, Дэбдиргэлээх, Кураанах диэн алаастарга арахсар. Бу сылтан ыла бөһүөлэктээһин күүскэ ыытыллар.