1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (2 оценок, среднее: 3,00 из 5)
Загрузка...
2 433 просмотров

Үлэ, идэ туһунан бэргэн этиилэр

Үлэ

  • Сир үүнүүтүнэн, киһи үлэтинэн биллэр.
  • Кэккэҕэ киирдиҥ – симэлийэн, сүтэн хааларга дылыгын эрээри, таммах курдук модун сүүрүк кыаҕар кыттыһаҕын… Николай Лугинов
  • Үлэлээн, эрэйдэнэн киһи үчүгэй үлэһит буолар.
  • Уопсай дьыалаҕа кыырпах да саҕа кэтэх, хос санаа буккуһара сатаммат.
  • Киһини бытыгын иһин буолбакка, үлэтин иһин ытыктыах баара.
  • Төрөөбүт дьонун-сэргэтин, төрөөбүт норуотун олоҕун кытта сибээһэ быһыннар эрэ, киһи үлэтэ-хамнаһа да үөтэлээбэт үгэстээх. Софрон Данилов
  • Таптыыр идэ туһунан анаан кэпсэтии ыраахтан ыалдьыттаһар, сэдэхтик көрсүһэр дьоҥҥо ордук табыллан тахсар.
  • Эйэлээхтик, көрдөөхтүк үлэлээтэххэ, киһи сылайбат, салгыбат…
  • Таптыыр үлэҥ ырыа курдук эбээт, тахсардаах-тахсыбаттаах. Таҕыстар эрэ, тохтуоххун баҕарбаккын. Амма Аччыгыйа
  • Эрэйдэнэн бултаабыт булт минньигэс. Иван Гоголев
  • Киһи норуотугар туһата үйэ уһунунан буолбакка, үлэ үйэлээҕинэн кэмнэнэр-кээмэйдэнэр.
  • Бу орто дойдуга киһи көлөһүнүн таһаарбакка олорбот дойдута.
  • Үйэ-саас тухары – норуот, эйэ уонна үлэ үһүөн арахсыспат биирдэр. Киһи-аймахха илиинэн оҥоһуллубут, биитэр өйтөн булуллубут күндүттэн күндү туох баарын барытын үлэһит норуот, соҕотох кини эрэ айбыта уонна айар.
  • Үлэһит киһи эстэр, өлөр тускула суох. Киһини үлэ киһи онорбута. Үлэ киһиэхэ кини тыыннаах буоларыгар быйаҥы эрэ биэрбэтэҕэ, өссө кини киһи өйө-санаата сайдыытын, прогрессивнай буолуутун эмиэ айбыта.
  • Үлэһит киһи эстэр, өһөр тускута суох. Суорун Омоллоон
  • Үгүс үчүгэйгэ көҕүйбэккэ

Үлэлээтэххинэ үссэниэҥ,

Алыс аймааһыҥҥа аралдьыйбакка

Аһыыргын санаатаххына абыраныаҥ,

Кэлтэччи киһиэхэ кэнтэйбэккэ

Кэскилгин тэриннэххинэ

Киһи-хара буолуоҥ.

Алампа

  • Улахан үлэтэ суох, улахан патриотизма суох, цивилизация суох. Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Үлэ — олох ис хоһооно,

Үлэтэ суох олох суох.

Үлэ диэн дьол доҕуһуола,

Үлэтэ суох дьол да суох.

  • Оһох оттуллар аналлаах:

Оттуллубатаҕына — тымныйар.

Өрүс сүүрүгүрэр аналлаах:

Сүүрүгүрбэтэҕинэ — сытыйар.

Хатыҥ көҕөрөр аналлаах:

Көҕөрбөтөҕүнэ хатар, өлөр.

Кынаттаах көтөр аналлаах:

Көппөтөҕүнэ — сорсуйар.

Хомус хоһуйар аналлаах:

Хоһуйбатаҕына — дьэбиннирэр.

Киһи үлэлиир аналлаах:

Үлэлээбэтэҕинэ — өлүктүйэр.

  • Үлэ диэн дьол доҕуһуола,

Үлэтэ суох дьол да суох…

Үлэ диэн үтүө киһи

Үйэлэргэ өлбөт мэҥэ…

Үлэ диэн дьон аргыһа,

Олох үрдүк муудараһа.

Семен  Данилов

  • Киһи сүөһүттэн уратыта диэн үлэ үрдүк ис хоһоонун өйдөөһүнүгэр сытар. Николай Лугинов
  • Күн анныгар үлэтэ суох туох да айыллыбат, оҥоһуллубат, туох баар киһиэхэ, тыыннаахха сыһыаннаах ийэтэ — үлэ. Бүөтүр Тобуруокап
  • Үлэ киһититтэн ордук чиэстээх, ытыктабыллаах бу күн анныгар ким баар буолуой? Үлэ үөрүүтүттэн ордук үрдүк, ыраас үөрүү туох баарый? Иван Гоголев-Кындыл
  • Үлэни саҕалыах эрэ иннинэ ыарахан. Үлэлээн бардахха, киһи үлэ иһигэр киирэн, улам сыстан, таттаран барар, кыаллыа да суох курдук кыаллан иһээччи. Василий Яков­лев-Далан
  • Үлэнэн туох бары кэмнэнэр,

Үлэттэн дьол-соргу тарҕанар.

В. Ксенофонтов

  • Үлэ бөҕөнү үлэлиэҥ,

Үп-ас бөҕөнү өлөрүөҥ.

Илья  Баишев

  • Үлэ, үлэ барахсан буоллаҕа дии, олох туллар тутааҕа: дьону дьоллуур, киһини кэскиллиир.             Леонид  Попов
  • Киһи олох олорорун устата үлэлиир

Тус бэйэтигэр, тулалыыр эйгэтигэр,

Үлэ иилии эргийэр эн, күҥҥүн,

Үлэ, үлэ эрэ арыйар эн, кимҥин.

Үлэнэн оҥоһуллар уйгу,

Үлэнэн салаллар саргы.

Саргы Куо

  • Үлэ көҕө диэн бу улуу күүс. Михаил Ефимович Николаев
  • Норуоту норуот, өрөспүүбүлүкэни өрөспүүбүлүкэ оҥоруохпутун баҕарар буоллахпытына, үлэҕэ сыһыаннаах, үлэни өйдүүр, билэр, төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин таптыыр, ытыктыыр ыччаты иитэн таһаарыахтаахпыт.
  • Биһиэхэ барыта баар: баай сир-уот, билиигэ-көрүүгэ, үлэҕэ-хамнаска тардыһыылаах нэһилиэнньэ. Онон, бары биир киһи курдук турунан, үлэлиэххэ-хамсыахха эрэ наада. Егор Афанасьевич Борисов
  • Саха киһитэ куруутун аччык буолуохтаах, аһаабакка буолбатах, үлэнэн түбүгүрэ сылдьыахтаах. Эдьиий Дора
  • Дьиҥ чахчыта үчүгэй үлэһит үлэлии сылдьан аатырыы, албан аат, наҕараада тустарынан хаһан да санаабат. Михаил Алексеев
  • Үчүгэйи үлэ-хамнас үөскэтэр,
    Үлүгэри үлэлээбэт үксэтэр.
  • Көлөһүнү тохпокко эрэ,
    Олоххо тугу да ситиспэккин.
  • Үлэҕэ үлүһүйүү
    Үчүгэйгэ өксөйүү.

Идэ

  • Таптаатахха, сөбүлээтэххэ идэ барыта, дьоҥҥо туһалыыр идэ барыта үчүгэй. Кылаабынайа — үчүгэйдик үлэлиэххэ наада. Куһаҕаннык үлэлиир буоллаххына, ханнык да бэйэлээх үтүө идэ быыһыа cyoҕа. Софрон Данилов
  • Хас биирдии идэҕэ аат-суол, чиэс диэн баар. Эдьиий Дора