1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (1 оценок, среднее: 4,00 из 5)
Загрузка...
724 просмотров

Уол

  • Уол оҕо барахсан!

Уол оҕо барахсан дьоллоох,

Охтон түспэт оҥоруулаах.

Уол оҕо барахсан… Суорун Омоллоон

  • Мин даҕаны,

Уол оҕо, эр киһи буоламмын,

Биир көлүөнэ дьылҕатын

Билэн-көрөн ааспытым,

Төһөнү эрэ син оҥорбутум,

Төрөөбүт иэспиттэн толорбутум.

Онон,

Иннибэр төһө да иэстээҕим иһин,

Кэннибэр хаалар кэриэстээх инибин.      Болот Боотур

  • Мин санаабар, киһи олоҕо

Эрэйтэн эриллэн тахсар:

Ыараханы туоруохтаах уол оҕо,

Оннукка үүнэр киһи барахсан!

Леонид Попов