1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...
866 просмотров

Н.Е. Винокуров-Урсун муус устар 13 күнүгэр — 75 сааһа

Автор: | 10.04.2020

СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, поэт, прозаик, литературнай кириитик, П.А. Ойуунускай аатынан СР Государственнай бириэмийэтин, Казахстан «Алаш» литературнай бириэмийэтин лауреата, Таатта уонна Нам улуустарын бочуоттаах гражданина Николай Егорович Винокуров-Урсун  муус устар 13 күнүгэр 75 сааһын туолла.

Николай Егорович Таатта оройуонун 2-с Байаҕантай (билиҥҥинэн Алдан) нэһилиэгэр Чуппу диэн сиргэ төрөөбүтэ. 1972 с. Саха Государственнай университетын, 1975 с. Тыл, литература уонна история Институтун аспирантуратын, 1987 с. Новосибирскайдааҕы Үрдүкү партийнай оскуола суруналыыстыкаҕа салаатын бүтэрбитэ. «Күөрэгэй» диэн бастакы хоһооно 1961 с. «Бэлэм буол» хаһыакка бэчээттэммитэ. 1980 с. «Аларга» диэн бастакы кинигэтэ тахсыбыта.
Николай Егорович «Хотугу сулус» сурунаал поэзияҕа салаатын сэбиэдиссэйинэн, «Чолбон» сурунаал кылаабынай редакторынан, Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитэ. Билигин П.А. Ойуунускай аатынан Литературнай музей салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир.

Н.Е. Винокуров-Урсун кинигэлэрин И.А. Аргунов аатынан Ытык Куол киин библиотекатын электроннай библиотекатыгар киирэн ааҕыҥ

? «Винокуров Николай Егорович – Урсун»

«Куорат уола»

«Отут ордуга үс сыл»

«Хараҥа сискэ»

«Чэгиэн-чаҕаан»

«Өбүгэ түһүлгэтэ»

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *