1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...
998 просмотров

Итоги улусного конкурса «Мин төрөөбүт дойдум»

Литературным объединением «Уран тыл», действующим при центральной библиотеке,  ко Дню России был проведен улусный конкурс эссе «Мин төрөөбүт дойдум». На конкурс поступило 12 работ.

Итоги конкурса:

Диплом I степени — Грязнухина А.А. — Хойутаана

Диплом II степени — Бушуева Е.А.

Диплом III степени — Санникова З.Л. — Үчүгэй

Номинации:

«Кэрэхсэбиллээх кэпсээнньит» — Басова Ф.А.

«Тааттаны кэрэтин кэпсээччи» — Колодезникова И.А. — Ымыы

«Күөх Таатта сэһэнэ» — Лукачевская М.В.

«Тэмтэкэй алааһа» — Филатова Е.А. — Сыгыйык

Поздравляем победителей! Благодарим всех участников конкурса, желаем творческих успехов!

Представляем работы конкурсантов

 

Оҕо  сааһым  ахтылҕана – Туора –Күөлүм

Грязнухина Александра Афанасьевна – Хойутаана

Туора-Күөл — мин төрөөбүт дойдум. Оҕо сааһым ааспыт, эдэр сааспар олорбут, сүрэхпэр  сөҥмүт кэрэ өйдөбүллэрим  дойдута. Таатта  улууһун  туорах саҕа  Туора-Күөлэ, намылыйа устар  “Наммара” үрэххэ  турар кыра дэриэбинэ. Төһө да кыратын  иһин, кини быйыл  төрүттэммитэ 185 сыла. Бу  Саха сирин эмиэ атын сирдэрин курдук уратылаах, урааҥхайдар, айылҕаттан айдарыылаахтар, омук бэртэрэ манна олорон, айан-тутан  ааспыттара.Дьүлэй нэһилиэгэр 18  олоҥхоһут улуу сахаларын тылын  алыбынан  бар  дьону сөхтөрбүттэр. Миинэ уола  Дьөгүөсэ, күүстээх-уохтаах  Бабыат  Макаарап курдук  сүдү дьоннор  бааллара. Тоҕус  улуу  ойууттар  тоҕуоруһан  күрэстэспиттэрин туһунан бэйэтэ  туспа  сэһэн.

Улуу  революционер  Петр Алексеев  сыылкаҕа  кэлэн“Булгунньахтаах”  диэн сиргэ  кэлэн, балаҕан  туттан,  сахалары кытта  ыкса  доҕордоһон, Э.К.Пекарскайдыын  бииргэ  алтыспыттар. Онон  мин  төрөөбүт  түөлбэм сэһэнэ, номоҕо, кэпсээнэ олус элбэх.Ол туһунан Туора-Күөллэр  таһааттарбыт кинигэлэрэ  кэрэһэлииллэр.

Кимиэхэ баҕарар кини  киинэ түспүт, биһигин ыйаабыт  сирэ  туохтан да күндү, сүрэҕэр-быарыгар чугас, дойдугуттан  тэйдэххинэ  ахтылҕаннаах, угуйар  алыптаах  буоллаҕа. Этиллибитин курдук, мин Туора-Күөл  биир “Кулудьума” диэн ортотугар  икки  күөллээх, куула, халдьаайы диэн ыаллар  түөлбэлээн  олорор, киэҥ  алааска  күн  сирин  көрбүппүн.Ытанньах  эбиппин. Бу  кыыс  улааттаҕына  “ырыаһыт”  буолсу  диэн эппиттэр. Билгэлээбиттэрин  курдук  биллибэт-көстүбэт да  буоллар ырыаһыппын. Кэлин колхуос тэриллэн, дьон  үксэ дэриэбинэҕэ  киирэн “Кулудьума” оттуур  сир  буолбута. Урут  сир астыы сылдьан төрөөбүт алааспын  көрөр  этим.

Аны  наһаа  кытыгырас  үһүбүн, ол иһин  куула  ыалга   сорук-боллур  буолааччы, “ыт атах” мин  эбитим  үһү. Онтум  туһалаатаҕа  буолуо, оскуолаҕа  сылдьан  спортсменка  бөҕө  этим. Оскуола  чиэһин хайыһарга, чэпчэки  атлетикаҕа  элбэхтэ көмүскээбитим. Аҕабын  батаммын дьиктээх, дьээбэлээх тыллаах, үөннээх  этим. Билигин да  дьүөгэлэр  ортолоругар  киирдэхпинэ, ол  көрүдьүөһүм  быардарын  тарбыыр. Артыыс  буолуохпун  баҕарар  этим. Ол  баҕам  ыалдьан  хаалан  туолбатаҕа. Кыра  сылдьан  маҥнайгы  Ильич  уота  кэлиитин, Сталин  өлбүтүн  өйдүүбүн. Бөһүөлэккэ  киирэн ийэм   медпууҥҥа  санитарканан  үлэлии  киирбитэ. Мин  үрдүбүнэн аҕыс  сыл аҕа  эдьиийдээхпин. Ийэ,эдьиий  тапталыгар  бигэнэн  улааппытым. Эдьиийим иистэнньэҥ буолан  араас  ырбаахылары, бэл  мотуруоскай  көстүүмү  тигэн  кэтэппитэ. Ийэм  балыыһа  бары  үлэтин  соҕотох толороро. Биирдэ  ийэм хайыта  барбыт илиитин көрөммүн  ытаабытым, ол хлору  наһаа  туттарыттан эбит. Мин  ийэбэр көмөлөһөн  үрэҕи  туора  сытар Туора-Күөлбүттэн күн  аайы  уу баһарым. Далаһаҕа  туран  ыллаан  чоргуйарым.Ол далаһам  уу  түгэҕэр  түспүтэ  ырааттаҕа. Таҥас  сууйар, куурдар  кып-кыракый, күп-күөх хонуучааным  эмиэ суох. Билигин  үөһэ эрэ  тыынабын. Салааскалыыр  үрдүк  сыырбыт  санаабытыгар  кыччаабыт  курдук. Ол  сыырбытыгар сэрии кыттыылаахтарыгар  өйдөбүнньүк  бэлиэ  турар. Бөһүөлэк ортотугар билиҥҥинэн күөх  зона  дьэдьэннээх, хатыҥнаах чараҥ этэ. Ити  курдук  саҥа  дьиэ-уот  тутуллан  бөһүөлэк  көстүүтэ  уларыйан иһэр. Ойуоккалыы оонньуур  ыллык суолларбыт  оспуттара  ырааппыт да буоллар, биһиги  сыгынньах  атахпыт  суоллара  син  биир  сыталлара  буолуо  дии сааныыбын. Үс  күөл  холбоспут быһыппыт  нэлэйэн киэҥ да  киэҥ, сыалай  байҕал курдук  көстөрө. Онно  күнү  быһа  чомполонон  үгүс оҕо  дьоммутуттан сэмэлэммитэ буолуо. Бу аллара дэриэбинэ. Ытык-Күөлтэн киириигэ  ып-ыраас, күп-күөх , көбүс-көнө кырдалга былыргы  начаалынай оскуолабыт  турбута. Маҥнайгы  учууталбытын Тимофей  Петровиһы  олох  умнубаппыт. Ол  оскуолабыт көнө кырдалыгар мээчиктии, лапталыы  киэһээ хойукка  диэри оонньуурбут. Былыргы  оҕо наар  атах сыгынньах  сылдьара, ийэ  буорбутуттан  күүс-уох  ыларбыт. Учууталбыт  ону  ордук сөбүлүүр  быһыылааҕа. Ол  хонуубутун  куруук  ыраастыы  сылдьар  буолааччы. Уоммутуттан  тахсыбыт эрэ саастаах  оҕолору Аммаҕа оттото  ыыталлара, улахан  дьону кытта тэҥҥэ  сылдьарбыт. Амма эбэбит барахсан  аргыый  аҕай  устара.Хочото  барыта  сардаана  буолара, сарсыардааҥҥы, киэһээҥҥи  сарыалы  кытта  кытыаста  умайа  көстөрө  үчүгэйиин! Айылҕа эбэбит  ол  кэрэ  көстүүлэрин хоһоонунан хоһуйар өй хомуллубатахэбит. Амма эбэ  ып-ыраас  уута, күн  уотугар  күлүмүрдүү оонньуура – биир  кэрэ көстүү. Билигин  харахпытыгар  кэрэ хартыына  курдук санаан  көрөбүт. Оо, Сахабыт  сирин  айылҕата дьиктитин, ырааһын эбитин! Бу оҕо саас кэрэ кэмнэрин, хатыламмат түгэннэрин  элбэҕи  суруйуохха сөп  эбит. Хатыламмат оҕо  саас  ойбута, эрчимнээх эдэр саас  элэстэммитэ  түргэнин!

Билигин  олох наһаа  күүскэ, тэтимнээхтик  сайдар. Мин тапталлаах  Туора-Күөлүм  ол  тэтиминэн сайдан, саҥа  көлүөнэ солбуллан  сайдыы  күүскэ  барар. Ол курдук  таас дьиэтигэр тиийэ тутуулар, ититэр систиэмэ, водопровод, суол оҥоһуута  бүттүлэр. Бэйэбит  үөрэппит  оҕобут Олег  Дмитриевич Осипов  республикаҕа  тиийэ биллэр  салайааччы  буолан, төрөөбүт  нэһилиэгэр  үтүөтэ элбэх. Онтон  астынабыт. Дойдубар баран кэллэхпинэ, тыыным  уһуур, хаамарым-сиимэрим  түргээтиир, ахтылҕаным  тахсан, күүс-уох ылан  киирэбин.

Тупса тур Туора-Күөлүм,

Төрөөбүт төрүт буорум.

Таптыыбын, ахтабын

Таттарыылаах төрөөбүт дойдум!

 

«Любовь к Родине»

Бушуева Евгения Анатольевна

У каждого из нас есть сокровенное, родное место, в котором мы родились и выросли, по этому любовь к Родине есть в сердцах каждого из нас. Просто кто-то острее и глубже, а другие же в круговороте повседневной жизни не задумываются об этом.

Но настоящая и истинная любовь к Родине — это, всего, любовь к месту, где ты родился, сказал первое слово, сделал первый шаг, вырос, нашел верных друзей, встретил первую любовь, шагнул во взрослую жизнь. Куда бы ни забросила тебя судьба, священным будет это место, в которое всегда хочется возвращаться. Зовется оно малая Родина. Малые Родины сливаются в целую страну, к которой каждый ее гражданин испытывает возвышенные чувства — патриотизм, гордость, восхищение.

В наше время не каждый обладает таким чувством, как любовь к своей Родине. У некоторых любовь к отечеству проявляется гордости за страну. Но если вдруг родную землю, родной край и дом постигнет какая-то беда или кто-то захочет причинить вред родной Отчизне, то в каждом из нас проснутся самые, что ни на есть, патриотические чувства, ненависть к врагу, что посмел причинить вред родному краю.

Любовь к Родине это, по моему мнению, как любовь к матери, у всех она у нас есть, все мы ее бесконечно любим, просто за то, что она есть. Конечно, есть тысячи других мам, сотни других стран, миллионы других малых Родин, но для нас есть только одна та родная, что дала нам жизнь, что стала для нас единственной.

Однажды в каждом маленьком сердце просыпается любовь к Родине.

Она приходит со временем. Только  человек способен понять своё истинное отношение к Родине. Истинная любовь к Родине, к своему отечеству не позволяет перейти на «сторону другого государства», на «сторону обидчика Родины».

Любовь к Родине не означает любовь к политике государства, к устоям общества, к правовому режиму, к качеству жизни. Нам может быть и

Интересна и привлекательна жизнь и устои общества других стран, но истинно мы будем любить только свою Родину, возвращаться только туда, чтить и помнить ее, ведь только здесь наш родной дом, наша родная земля,

Наш родной край.

Повзрослевшие юноши и девушки разъедутся по миру и поисках лучшей жизни. Многие осядут и в других странах, создадут свои семьи, бизнес. Проживут жизнь насущными проблемами. И вдруг наступит тот момент, когда воспоминания о Родине вызовут бурю эмоций и ностальгических чувств. Встреча с Родиной из укромных уголков души выплеснут те самые светлые помыслы и деяния, самые лучшие побуждения.

У каждого своя родина, и это чудесно. Каждый любит и проявляет свою любовь по-разному. Даже если не проявляет – это не значит, что любви нет. Прививать любовь к своему краю нужно детям, с малых лет. Много рассказывать о улусе, селе в котором он родился. Родина – место, где ты не только вырос. Родина понимается сознанием.

Родина чувствуется сердцем. Родина принимает тебя таким, каким ты есть. Родина всегда отвечает взаимностью. Она просто есть, её нельзя продать или изменить. Что бы кто ни говорил – пусть признается хотя бы самому себе, что он любит свою Родину. Ее можно только любить и лелеять, заботиться о ней, привносить в нее только самое лучшее, искоренять то, что ее портит, Ранит, защищать ее так, как защищали бы свой родной дом, свою семью.

Из всего сказанного можно сделать вывод, что наша страна держится на народе, который в ней живет, и пока мы любим и гордимся ею, она будет и оставаться нашим родным домом.

 

Сайдыы төрдө – Дьохсоҕон (эссе)

Санникова Зоя Лукинична — Үчүгэй

Таатта…Таатта – эбэ Хотун!..эн,эрийэ-буруйа устар киэҥ таһааҕар,талыы-талбаТааттаҕа, дьоһун-мааны дьоннордоох дьоллоох Дьохсоҕоҥҥо төһөлөөх үгүс улуукан дьон төрөөн-үөскээн ааспыттара буолуой?! Өйдөөн кэлэбин, устар ууну сомоҕолуур уран-уус тыллаах, уу сахалыы төрүт тыллаах, олохтоох ытык төрүттэрбин, удьуор ууһун ууһаппыт уруу-хаан аймахтарбын.

Таатта…Аҥаат-муҥаат алаастардаах, таалар налыы хонуулаах, талба нарын талахтаах, чэлгийэр от үрэхтээх, быыһыгар, быттыгар хоннорон, ыдьымыр-дьыдьымыр долгуннаах, талаҕа мускуллар Таатта эбэ Хотуҥҥа уутуйан үөскээбит эбиттэр, улуу уруу-хаан аймахтар, аата ааттаммат ойууннар,удаҕаннар, олоҥхоһуттар, бөлүһүөктэр, устар ууну сомоҕолуур уран-уус тыллаах  улуу суруйааччылар үксэ дьоллоох Дьохсоҕон сиригэр-уотугар сахалыы сиэринэн килбиктик кирийэн үөскээбит эбиттэр.

Күөрэгэйбит көй халлааҥҥа көччүйэ көрүлүүр, талах чыычааҕа татыйык таптаабытынан туойар, кэрии тыаҕа кэҕэ кыылбыт кэрээбэккэ этэр кэрэ кэмигэр, көбүөр бэрдэ күөх хонуулаах Аар Айылҕа анаабыт мааны туонатыгар төрөөн-ууһаан олорбут эбиттэр Дьохсоҕон олохтоохторо.

“Бу- улуу дьоннорбут ханна уутуйан үөскээбиттэрэй?”-диэтэргит,этиэм этэ: « Киинтэн тэйиччи өҥ буордаах сылгы-сүөһү мустар, уйгу-быйаҥ олохсуйар алаас сиргэ ананан үөскүүллэр эбит.Ол эбэтэр, чуумпу,тыас-уус суох сиригэр кинилэр өйдөрө өһүллэр,толкуйдара тобуллар,тыллара-өстөрө байар,саппааһырар,эттэрэ-сииннэрэ чэбдигирэр.Онон, чэгиэн буолуоххун баҕарар буоллаххына,төрүт аскар төннөн,алаас сиргэ,өбүгэ сиригэр аҕыйах ыал буолан олох олоруохха сөп.

Айарга-тутарга чуумпу олох тоҕоостоох, ону таһынан айылҕаны кытта бииргэ буолаҕын.

Билиҥҥи үйэҕэ айылҕа айгыраата,дьон-сэргэ муунтуйда, кута-сүрэ тоһунна, кэнчээри ыччат кэхтэр туруктанна.Онно биир эрэ суол баар,улуу дьоммут хайдах улуу буолбуттарын чинчийиллиэхтээх?!.

Ол кинилэр-олорбут сирдэрэ, астара-таҥастара,эттэрэ-сииннэрэ, тыллара-өстөрө, өйдөрө- санаалара буолуохтаах.

Оччотугар саха тыла сиик буолан симэлийиэ суоҕа,саха омук сайдар-үүнэр кэскиллэниэ. Удьуорбут төрдүн күүһүн-күдэҕин күүһүрдэн,силиһин-мутугун ситэри сириэдитэн биэриэҕин.Ол буолар кэскиллээх инникини өтө көрүүбүт.Оччотугар, саха омугу хайа да бэйэлээх туора омук аадьыйыа. Баттыа суоҕа. Икки атахтааҕы үлэ, үлэ, үлэ эрэ абырыыр, хайа да бэйэлээх оборчоттон таһаарар кыахтаах. Ол курдук,үлэһит норуот,хайа да түгэҥҥэ өлөн-охтон быстыа суоҕа, туруулаһан бэйэтин иннин көрүнүө.

Аарыма ытык кырдьаҕаһы, Ытык өбүгэлэрбитин, кинилэр тэлбит ыллыктарын суолун ытыгылаабат буолуу таҥнастыыга, төттөрү барыыга тиэрдэр. Онон өбүгэлэрбит солообут омоон суолларын оһорумуоҕун, кинилэр хаалларбыт кэс тылларын кэнчээри ыччакка тиэрдиэҕиҥ.

Түмүкпэр этиэм этэ: «Улуу убайдарбыт уутуйан туран үөскээбит сирдэрин Дьохсоҕону саха тылын биһигинэн ааттаан туран,саха  тылын үөрэтэр кыһаны,тыл үнүстүтүүтүн тэрийиэҕин, саха тыла сүмэтэ сүппэтигэр кыһаныаҕыҥ. Саха тылын, кыра дьоҕус Дьохсоҕону алаас куоратынан ааттыаҕыҥ атастаар!..Өбүгэлэрбит олорбут ытык сирдэрэ үйэлэргэ улуутуйдун!

Улуу эһэбит Өксөкүлээх Өлөксөй эһэбит кэриэс тылынан түмүктүүбүн:…Ытык тылбын ырыыналаарыҥ, кыһалҕа-кыдьык кыпчырыйарыгар дьэ эбии сэтэрэн өрөйөн-чөрөйөн, кэннинэн кэхтибэккэ,иннинэн чугуйбакка, өрө үүнэн, тэһэ сиэһэн,киил мас курдук чиркэйэн,сүрү-кэби көтөҕүнэн, бэйэ-бодону тардынан,сыккырыыр сылаас тыын хаалыар диэри барар буолуҥ!».

 

Басова Федора Афанасьевна

Самаан сайын,чээлэй солко күөх таҥаһын таҥныбыт.Дьэрэкээн сибэкки симэҕин тэлгэтэн киэргэммит,алааһы тилэри хойуутук үүммүт,ыраахтан ким эрэ көстүбэт илиитэ ураннык чочуйан уруһуйдаабыт оһуордаах көбүөрүн санатар.Хас биир от мас унньуктаах уһун кыһынтан төлөрүйэн быйаҥнаах сайыҥҥа тиийэн ситэри сигилилээн,сырдыкка сылааска тардыһан тиллэн биһиги Аан Ийэ дойду биир тыынар тыыннааҕа Айылҕа буолабыт диирдии хас тыал суугунун кытары сипсийэр курдуктар.Үрүҥ сотолоох хатыҥнар лаглаҕар лабааларын намылытан,халадаай ырбаахы кэпиттэр дьэргэйэ тэбиниэх эбиттэр.Баараҕай тииттэр төбөлөрө тыалга хамныылларын көрөн оҕо сааспын санаан кэллим,итинник тиит үөһээ хатаастан тахсан аллараа көрөрүм онно баҕар сүрэхпэр кэрэ айылҕа,тардар күүһэ абылаан тулабын сонуургуу,кэрэхсии көрбүтүм буолуо.

  • Доо түс түс барыахха…

Дьүөгэм аллараа кэтэһэ сатаан тэһийбэххэ кумаар сиириттэн тарбанан ылаат үөһээ хантайан туран ыҥырар.Сайын күөххэ көрүлээн,били сыаптаах ыты босхо ыыппытка дылы күнү быһа таһырдьаттан киирбэххэ оонньуур үчүгэйэ сүрдээх буоллаҕа,хаһан киэһээ сиик түһэн туман тахсыбытын кэннэ дьиэ диэки дьэ ысаан ыллык устун аҕылаан мэҥилээн сүүрэбин.Дьонум барахсаттар хаһан даҕаны мөхпөт кыыһырбат,көҥүлбүн күөмчүлээбэт этилэр.Оҕо көҥүлгэ бэйэтэ көрөн билэн,тутан хабан үчүгэйи куһаҕаны араара күөрэнэр диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.Дьон оҕолорун харыстаан,хааччахтаан дьиэҕэ хаайан олордоллоро сыыһа дии саныыбын,ол эрэн биир өттүнэн бэрээдэккэ үөрэтэн инникки өттүгэр күнүн аттара үөрэтэрэ туох куһаҕаннаах буолуой.Ол эрэн Саха оҕото айылҕаҕа чугаһынан син – биир санаатынан сылдьара ордук бөҕө буоллаҕа.Кыракый Дэриэбинэ дьоно бэйэ бэйэлэрин билсэр буолан ылсыы бэрсии,бултаабыт киһи бултуттан бэрсэн.кустаабыт киһи куһуттан бэрсэн.Ыалларга илдьэн биэр диэн Ийэм эттэҕинэ биһиги түргэн үлүгэрдик илдьэн биэрэн төннөрбүтүгэр Ийэм барахсан хайа туохх диэтилэр диэн кэтэһэн турар буолара,наһаа үөрдэ махтанна аххан диэтэхпитинэ сирэйэ сырдаан дьон үөрбүтүттэн бэйэтэ үөрэрэ,ол онтута бэйэбитигэр сыстан билигин даҕаны кэһии биэрэн дьон үөрбүт сирэйин көрөртөн үчүгэй суох дии саныыбын.Оччотооҕу кырдьаҕастар наһаа сайаҕас оҕону кытта оҕо булан хаадьылаһа бэйэлэрин тэҥнээхтэрин курдук кэпсэтэн элбэхтик сүбэ ама биэрэллэрэ.Биир даҕаны ыал дьиэтин күлүүһүнэн хатыырын көрбөтөҕүм бары сиппииринэн баттатан баран барбыт буолаллар,оччолорго киһи киһиэхэ эрэниитэ үтүө санаа үрдүктүк туттуллара саарбаҕа суох.

Тыаҕа олорор дьикти киһи баар этэ Сахачай диэн,кэргэнинээн олороллоро хас эмэ сиргэ балаҕан туттан көһө сылдьан олороллоро,кинилэр Дэриэбинэҕэ киирбит буоллахтарына биллэр туох баар ыт барыта төгүрүччү эргийэ сылдьан тохтоло суох үрэллэрэ бу сиэх аһыах айылаах моргуор өргө дылы иһиллэрэ,хаххаланар көмүскэнэр эрэ туппут тайахтара буолара кэм тайах мастан куттанан ыттар киирэн биэрбэттэр.Сахачай барахсан аны санаатахха Аылҕаттан айдарыылаах киһи кэлэн ааспыт бэйэтин кыаҕын таһаарбахха муунтуйан хаатыланан сырыттаҕа,кини көрүүлэрэ барыта сөп түбэһиринэн сыллыктаатахха олоҕу,инники кэлэр кэми өтө көрбүт курдук.Наһаа сымнаҕас эйэҕэс майгылааҕа,наар айаҕын иһигэр кэпсии баллыгырыы сылдьар идэлээҕэ ону истэр эрэ киһи истэр,күүстээх кыахтаах буолан ыарахан үлэни үлэлээн ким даҕаны кыайбатаҕын онон айаҕын ииттинэн олордоҕо.Мин саамай улахан баҕам аны Сахачайдаах дьиэлэрин көрбүт киһи диэн,эдьиийим кинилэр дыбарыас дьиэҕэ олороллор өссө Сулус диэн уоллаахтар диэн кэпсээн миигин олох даҕаны бутуйан кэбистэ,ама хайаан диэн баран итэҕэйбэтэҕим да буоллар оччотооҕу оҕотук кэнэн санаам баһыйан,аны хас кинилэр Дэриэбинэҕэ киирдэхтэрин аайы ыраахтан кэтиир идэлэнним,баҕар туох эмэ чахчы оннугун көрдөөммүн туох эмэ итэҕэтэр баарын булаары.Харахпар кинилэр дыбарыас хурустаал дьиэлэрэ,үрүҥ түүлгэ бүрүнэн сытар Сулус диэн уоллара харахпар көстөр…Биир үтүө күн оҕолору мунньан Сахачайдаах дьиэлэрин ханан олороллорун сабаҕалаан көрдүү бардыбыт,хата наһаа ырааҕа суох эбиттэр Дэриэбинэ таһыгар буолан санаабытыгар өр хааман тиийбиппит.Таһыттан көрдөххө балаҕан турар,халҕан айаҕар кэргэнэ мөх быыһыгар туран та таҥас тэбиир били илдьирийбит таҥаһа уларыйбатах,бобуомньуктуу бааммыт былаата хос бааммытынан кубарыйбыт дьүһүнэ ыраахтан көстөр.Ону ыраахтан тыа быыһыттан одуулуу олорон баҕа санаам туолбаҕыттан дуу,улаханнык хомойбуппун өйдүүбүн,туохтааҕар даҕаны кинилэр баай тот олохтонуохтарын,дьон тэҥинэн үөрэ – көтө олороллорун төһөлөөх баҕарбытым буолуой,сырдык ыраас санаа киһи киһиэхэ үтүөнү баҕарыыта баҕар онтон сайдан тахсара буолаарай..Аһыныгас санаа,туланы харыстыырга кырдьаҕаһы кыамматка көмөлөһөргө,барытын көрөн сүрэххинэн ылынар буоллаҕын.

Ол курдук оҕо сааһым үтүө мааны дьэрэкээн ыллыгын устун хааман көрдөххө,онно баҕар олох атын диэххит,орто саастаах дьон бары даҕаны оҕо сааһа оннук ааспыта буолуо,хас киһи өйдөбүлэ бэйэтэ билэринэн үйэтин тухары арыаллыыр,сүтэн оһон хаалбахха син –биир тиллэн кэлэр,ол иһин ону саныырга оҕоҕо иитии улахан оруолу ылар.Оҕо дьоло оҕо сааһын умнуллубат түгэннэрэ,тулалыыр дьонун тапталлара,элбэх дьону кытта алтыһан дьонтон үчүгэйи сиидэлээн иҥэринэр олоххо бэлэм буолан тахсар.Билигин оҕону хааччахтааһын бэйэтигэр эрэ бүгэн санаатын кыайан этиммэххэ улаатара,ыарахаттардаах буолуон сөп,ол туһунан ырытар быраабым суох.Оҕо сааһым үтүө өйдөбүллэрэ сылаас сүүрээн буолан өрүү сүрэхпин сылыталлар,истиҥ дьонум мөссүөннэрэ түүлбэр көстөн үөрдэллэр,суох буолбуттарын да иһин санаабар харыстыы,харыһыйа сылдьаллар.

 

Колодезникова Ирина Афанасьевна — Ымыы

«Тааттам саҕа кэрэ үрэх,

Тааттам курдук үтүө дойду

Күн анныгар суоҕа буолуо…

Суоҕа чахчы!!!»

 

Өссө биир тыйыс тымныылаах, аргыйар аргыардаах, кыыдааннаах кыһын кыйданан

Сахам сирин халыҥ хаара ууллан, халыгырыы сүүрбэхтээт хара сиргэ иҥэн сүттэ.

Сир-дойду эмиэ чэҥин-мууһун уулларан саҥалыы киэркэйэн, күөҕэ, солкото суугунаан, тупсан аҕай кэллэ.

Сылтан сыл оннук, саас аайы… Ол гынан баран, барытын саҥаттан көрөн сүрэҕим үөрэр.

Киһи төрөөн кэрэҕэ тардыспытым, кэрэни таптаабытым, ол Тааттам… Тааттам барахсан — үйэм тухары күөххэр күөлэһиппит, мааныгынан  манньыппыт үрэҕим.

Тааттам аргыый аҕай талбаарыйан, имэрийэн-томоруйан, сөрүүн уугар сөтүөлэтэн, илгэлээх уугунан илбийэн киһи гынан кииллитэн, саха оҥорон сандаарытан төһө киһини киһи оҥорон устубутуҥ буолуой?

Алгыс алҕыыр курдук алаастарыҥ, кэскил түстүүр курдук кэриилэриҥ ураты да кэрэлэр, бииртэн биир хатыламмат дьиктилэр.

Манна хас баараҕай тиит, хас аар хатыҥ киһилии саҥараллара буоллар, ааспыт кэми кэпсиэх, ол кэпсииллэрин бигэргэтэн лабааларын даллаҥнатан ыйан көрдөрөн биэрэ туруох курдуктар:

— Көр эрэ, оол быллаардар быыстарынан кыракый Былатыан ынаҕын көрдүү сылдьыбыта диэн дуу,

Алампа барахсан аламай күн анныгар аан бастакы атылын атыллаабыт алааһа диэн дуу эбэтэр Өксөкүлээх Өлөксөй өйтөн сүппэт айымньытын манна айбыта диэн дуу,

Бу суол Суорун Омоллоону  оҕо сааһыттан олох суолугар атаарбыта диэн дуу… Оннук элбэх, араас остуоруйалаах мин төрөөбүт төрүт буорум, ытык сирим.

Бу кэрэтин, бу үчүгэйин!

Итинник санаатахпына сүрэхтиин долгуйабын, сүргэлиин көтөҕүллэбин — Тааттаҕа төрөөбүппүнэн киэн туттабын.

Манна ынах лаҥкыначчы маҥырыырыныын, сылгы дьырылаччы кистиириниин, наҕылыччы-наскыччы оһуохайдаан намылытардыын, оллоонноон олорон олоҥхолоон омолуйардыын, сахалыы ис сүрэхтэн тахсар саҥалыын, түптэ сытыныын, мутукча дыргылыныын барыта истиҥ, сахалыы киэҥ-холку — бу мин Тааттам — төрүттэрбит төрүттээбит төрүт түөлбэлэрэ.

 

«Күннээх халлаан анныгар

Күндүргэтэрим эрэ эн,

Орто дойду олоҕор

Ордорорум эрэ эн,

Төрөөбүт дойдум, төрүт буорум,

Төлкөм миэнэ — улуу дьолум».

 

Лукачевская Матрена Васильевна

Күөх Тааттам биэрэгэ

Кииним түспүт сир киинэ,

Төрүт сирим — Чөркөөҕүм

Төлкөм түөрэх кэбиһиитэ.

 

Төрөөбүт төрүт сирим Чөркөөҕүм миэхэ ийэм тэҥэ күндү. Тулалыыр айалҕатыныын, бэл, тыынар салгыныныын ураты. Үрэҕи кыйа үүммүт будьурҕай талахтара киһини абылыыр дьикти күүстээхтэр.

Хантан маннык кэпсээҥҥэ киирбит «Таатталары талах курдаабыт » мастарый? Тапталлаах үрэхпит таһымныыр таһаатын арыаллыы айанныыр намчы лабаалардардаах, ыраас уутугар күлүгүн көрүнэр дьылыгырас умнастардаах, кураан кэмҥэ өһөстүк туттубут будьуруспут лабаалардаах иирэ талахтар дойдубуттан ыраата сылдьар кэмнэрбэр өрүүтүн ахтылҕаным аргыстара этилэр. Ханнык да бэйэлээх суугунас кэрэ сирдэртэн, күөх суугун тыалартан ордорор, дууһалыын ылларар мин сүрэхпэр уйаламмыт төрөөбүт дойдум айылҕата!

 

Киһи буолбут дьылҕабар тыа сирин эйгэтэ, төрөөбүт тылбыт төлкөлөөх үөрэҕэ, сүөһү-ас ииттинэр төрүт дьарыкпыт сүрүн тирэх буолаллар. Тыа сирин төрүт дьарыгар көлүөнэ ситимэ быстыбакка салҕана турар эрэ түгэнигэр сахалыы куттаах, бөҕө тирэхтээх саҥа үйэ дьоһун дьоно иитиллэн тахсыахтара турдаҕа. Маннык тэринии биир — икки ыал харытын күүһүнэн үлэлээн ситиһэр үлэтин түмүгэ буолбакка, улуус иннигэр уктар, күөрэччи уунар киэн туттуута аатырар далааһыннаах хамсааһыныгар кубулуйуон баҕарабын. Хонуу -хонуу муҥунан хороҕор муостаахпыт хотуулаахтык холбоһоро, сыһыы -сыһыы муҥунан сыспай сиэллээхпит сырыылаахтык сылдьара — бу биһиги, таатталар, барҕа баайбыт! Төрүт дьарыгы тутан хаалыы, сайыннарыы, аныгылыы хамсатыы саамай кэскилэ -төрөөбүт тылбытын тыыннаах илдьэ сылдьар мэктиэбит буолар. Дьарыкпыт сүттэр эрэ тылбыт күүһэ мэлийэн, туттуллар эйгэтэ татымсыйар, көйгөтүйэр. Сири кытта үлэ, оттооһун, бурдугу үүннэрии, ньүөлсүтүү, бааһынаҕа сыһыан, дьыл кэмнэринэн күүрээннээх,  тутаах дьарыктар тыа сирин дьонун куппутун-сүрбүтүн тыыннаан сылдьарыгар итэҕэйэбин. Куппут-сүрбүт чөл буолуутун харыстыыр, арчылыыр соҕотох аанньалбыт- төрөөбүт дойдубут, тапталлаах Таатта үрэхпит талах курдаах  айылҕата.

Таатталар дэтэр биир сүрүн бэлиэбит- сахалыы саҥарар киэн туттуубут! Бу — эмиэ төрөөбүт дойдубут биһиэхэ анаабыт сүдү баайа. Көлүөнэлэртэн бүөбэйдэнэн кэлбит уус-уран баайбыт кэскилэ, иэйиитэ, нарын-намчы дьылҕата биһигиттэн тутулуктаах. Айар- тутар кыахпытыттан, толкуйбут тутулуттан. Дириҥ силистээх, модун лабаалардаах олоҥхоҕо ойууланар Аал Луук маспыт көҕөрө лаглайар, чэлгийэ наскыйар, бары дойду үтүө санаалаахтарын түмэр ытык сирбит сырдык аартыгар сардаҥалаах саламанан симэнэ турарыгар эрэнэбин.

Сиэннэрбит сиэттиспитинэн төрөөбүт тылларынан холкутук кэпсэтэн, санааларын сайа этэн сэрбэйэ улааталларын тухары «төрөөбүт дойдубар тапталбын анаатым» диэн киэн туттан этиэх этим.

 

Тэмтэкэй алааһа

Филатова Елена Афанасьевна — Сыгыйык

Төрөөбүт дойду барахсан, кини хайа даҕаны муннугар-быттыгар тиийдэххэ барыта күндү, сылаас, киһи ис сүрэҕин иһинэн сайан киирэр дьикти күүстээх.

Ол эрэн хас биирдии саха киһитигэр, түөрэҕэ түспүт өбүгэлэрин сирэ туохтааҕар да чугас, ордук чаҕылхай ахтылҕаны, иэйиини, тапталы саҕар абылаҥнаах.

Тэмтэкэй алааһа. Оҕо сааһым сырдык ахтылҕанын быыһыгар саһан сылдьар, кырыалаах тыйыс кыһын даҕаны харахпар хатыҥнара суугунаһан, сибэккитэ ситэн, дьэдьэнэ тэтэрэн, күөрэгэйэ дьырылаабытынан, сиккиэрэ сипсийбитинэн  көстөн-тиллэн  кэлэр бүөм алааһым. Соҕотох манна төһөлөөх үгүстэ тиэстибитим, ыаҕыйа тутуурдаах элэстэммитим эбитэ буолла. Аан маҥнай ийэм барахсан сиэтэн илдьэн, бу алааһы көрдөрөн, кини туһунан умнуллубат сэһэнин оргууй аҕай кэпсээбитин үйэм тухары умнубаппын. Алаас быллаардарын анныгар турбут балаҕаннарын, титииктэрин оннулара күөх отунан саба үүнэн, сэмэй сэргэ чоройон манна дьон-сэргэ олорон ааспыттарын туоһулуу билигин даҕаны бааллар. Манна этэ дии оччолорго… кырыыстаах сэриигэ ыҥырыллан барбыт убайым Лаппай уол маҥан ата үктээбит ыллыгын суола, сытыы хотуурунан сайын аайы хойуу оту сомсубут, далайбыт  суолун сурааһыннара, ийэккэм улахан ыаҕыйанан уу баспыт көлүччэтин оҕото, сыттаах, күп-күөх хойуу ук быыһыгар тэтэрчи буспут дьэдьэн минньигэһэ, үрүҥ дьүһүннээх атыыр оҕус күрдьүөттүүр муннун тыаһа, алаас үрдүгэр өрө күөрэйэн тахсан көрүлүүр күөрэгэй, түптэ буруота  салгыҥҥа устар хойуу тумана, сииктээх от, балаҕан аанын аһыллан-сабыллан лип гынар, күннэҕи түбүк тохтообот  ой дуораана, күһүҥҥү хагдан окко сурдурҕуур саха этэрбэһин , көмүлүөк тыһырҕыыр, сыарҕа кыыкыныыр тыастара уонна эбэм хомуһун ырыата…

Билигин манна чуумпу, бэл күөрэгэй ыллаабат, хайдах эрэ тулам тугу эрэ кистии сатыыр курдук, миигин эрэ булбаталлар-таарыйбаталлар диэх курдук иһийэн, бүгэн турар. Бу дьикти, бэйэтин кэмин тутан турар курдук өбүгэм алааһыгар, дириҥ ахтылҕанаах бэйэм эрэ дьаарбайабын, сэргэтин имэрийэбин, ол үйэҕэ кыттыһабын. Сүрэҕим тэбэн, уостарым аһыллыбакка даҕаны барыларын кытта кэпсэтэбин-сэлэһэбин, кинилэр эрэ көҥүллэринэн көҥүл күөлэһийэбин, кинилэрдиин бииргэ буолабын.

Алааһым быллаарын үрдүгэр тахсан, күөх окко олорон ыра гыммыт дуоһуйуубун, уоскуйуубун бигиибин. Айар аартыктарым ааннарын сэгэтэбин, күүс-уох мунньунабын, өбүгэлэрим алгыстарын ылабын. Өрүү маннык,  аныгы үйэ балысханнаах сүүрүгэр суурайыллыбакка, тимир тиһилик тэпсилгэнигэр хаарыйыллыбакка, чөл, чөкө туруктаах кэлэр кэнчээрилэрим харахтарын үөрүүтэ, сүрэхтэрин тардыһыыта буола турууй Тэмтэкэй алааһым барахсан. Аныгыс кэлиибэр уол оҕом кэлсэн, эн сэһэниҥ кистэлин истиэ, сэргэҕин имэрийиэ, дьэдьэҥҥин амсайыа, хаалларбыт суолларгыт ыллыгын үктүө…

Көрсүөххэ диэри алааһым, тапталлаах дойдум Тааттам- биир ырайа…

 

Кыыс- АммаЧычымаҕар сайын кэлиитин кэрэхсиибин

Сорошева Дария Ивановна

Мин оҕо сааһым Аммаҕа, Чычымаххаа аспыта. Амма өрүспүт барахсан ып-ыраас, дьэҥкир, сып-сылаас уутугар төһөлөөх элбэхтик сөтүөлээбиппит буолуой?!  Аҕабын, кытта өрүскэ балыктаан, Кытылга Аммабиэрэгэр аҕабынаан, ийэбинээн от сүмэһиннээҕин оттоон ынахтарбытын битэмииннээх отунан аһатан сылы туоратар этибит. Чычымаҕым алааһым тыатыгар ийэбин кытта сылдьан, сир аһа бөҕө астаан, Амма туһунан ырыа бөҕөтүн ыллаан улааппыт киһибин. Санаатахха, төрөппүттэрим баар эрдэхтэринэ, кэрэ да кэмнэр ааспыттар эбит. Аны даҕаны ааспытын иһин?!. Аммабыт барахсан сөхтөрөр- астыннарар, кэрэтик киэргэнэн симэммитин киһи сөҕө-махтайа көрөр, маннык кыраһыабай айылҕалаах, ураты дойду баара буолуо дуо?.. Айаннаан иһэн ураты кырасыабай айылҕатын умсугуйа көрөбүн. Күөх солко суугунун үрдүгэр бүрүнэн самаан сайыммыт барахсан, салаллан тиийэн кэллэ. Тула өттүм барыта сырдаан, мутукча дыргыл сытынан ыспахтаан мин дууһабын сылаанньытар. Кэрии тыаҕа кэҕэ кыылбыт этэн чоргуйара ыраахтан иһиллэрэ кэрэтиэн!.. Хатыҥ- чараҥнардаах алаастарым көмүс ытарҕаларын иилинэн,  күн уотуттан сырдаан, алаастарга-сыһыыларга чэлгийэ, күөх солкоҕо сууламмыта тоҕо баҕас үчүгэйэй… Оҕо-аймах күннээх сайыҥҥа таһырдьаттан киирбэт буолла,  үрүмэччи буолан көтө-дайа үүммүт кэрэ сайыны уруйдаата. Бу кэрэ көстүү барыта мин уйан дууһабар сөҥөн сылдьар…  Бу буолар төрөөбүт дойдуга сүгүрүйүү…

Саха норуотун биир баар-суох духуобунай баайын, үрүлүйэ устар ыраас, дьэҥкир уулаах Кыыс — Аммабытын, кини тулалыыр эйгэтин,айылҕа биэрбит баайын-дуолун, кыылын-сүөлүн, сирин аһын биир киһи курдук харыстыах тустаахпыт!…Бары бииргэ буолуоҕун, үүнэр көлүөнэни кэрэ айылҕаны харыстыырга үөрэтиэҕин.. Ол буолар биһиги ытык иэспит Ийэ дойдуга бэриниилээхпит!..

 

Таҥха кэмигэр

Пинигина Валентина Владимировна — Арылы

 

Таҥха саха төрүт үгэһэ.Былыргылар этэллэринэн, ахсынньы 22 хонугуттан (кыһыҥҥы Ньукуолун, күн-түүн тэҥнэһэр таҥарата) тохсунньу 19 хонугар (Кириһиэнньэ, Уунан ыраастанар таҥара) диэри сир түннүгэ аһыллар үөр-сүүрүк үксүүр кэмэ.

Дьэ, маннык кэмҥэ киһи эрэ барыта инники дьылҕатын ыйдаҥардан көрөр, кистэлэҥ эйгэ аанын алтыһа аһар, абылаҥнаах түгэниттэн биһи да туора турбакка, биир үтүө күн сэрэбиэйдэнэргэ сананныбыт. Оччолорго мин оскуоланы саҥа бүтэрэн, үөрэххэ кыайан киирбэккэ, дойдубар төннөн тахсан, дьааһылаҕа үлэлии сылдьар кэмим. Бу ытыллар олохпут будулҕан үөһүгэр бастакы хардыыларбын оҥорон,  улахан олоххо маҥнайгы саҥа дьылбын көрсүүм этэ.  Тус бэйэбэр туһунан дьаралыктаах кэтэһиилээх кэм үүнэн, олохтон туох эрэ кэрэни эрэнэ кэтэһэр күннэрим этилэрэ.

Дьэ, оҕордук ох курдук оҥостон оруобуна, үлэбит күнүгэр түбэһиннэрэн,

оҕолорбутунбэрийэнсытыартаан, утуталаан, үлэбитин-хамнаспытынүмүрүтээт, түүнүөһэсүбэнэнистиэнэҕэкүлүккөрөргөбыһаарынныбыт. Уоппутунбарытынарааран, чүмэчиуматанырааслиисылан, илиибэр кум -хам тутан, бүлүүһэтүгэҕэруурануматан, күлээрэхаалбытынкэннэбүлүүһэбиноргууйилиибэрылан, бигиитутанэргитэсылдьан, чүмэчиуотунсырдыгаркүлкүлүгүнистиэнэҕэтэйитэнкөрбүтүнэнбардыбыт. Арайсыыйаэргитэнистэҕимахсынсүрдээхырылыччыбубаардыы  тору -томточчукутуллубутбуортомтортахсанкэллэ. Олүрдүгэртуорайкириэсмасанньыллантурарабарыйар. Булгунньахаттыгар, төбөтүнхоҥкутан, былаатынбобуонньуктуубааммыт, уһуун да уһунбылааччыйалаахэдэрдьахтармоһуонаойууланантаҕыста. Киникэнниттэн 5 оҕосубуруһатураракөһүннэ. Куйахакүүрэркөстүүтүттэнсүрэҕимсыыһа бар гынна. Айахпынантахсыахтыысэлибирээтэ. Дьулаанхартыынаттанкуттананбүтүнбэйэмсалыбырасбуоллум. «Бостуойдаакөрөн» диэнкэмсинэрсанаатөбөбөрохсулланааста. Дьэ, олкэннэсэрэбиэйэрэ,туохэрэ, уоппутунхолбоон, чүөчэммиигинуоскутартан соло булбата. Бэйэтэолкэмҥээлбэхоҕолоохыалийэтээтэ. Мин буоллар 17-лээх эрэкыыспын. Онтонтуранкиһим: «Арааската мин дьылҕабынкөрдүҥбыһылаах», — диэнанымиигин алы гынна. Онтонкиэһэ, иккиэнсаҥабытыттанматан, утуйаргабардыбыт. Итиитинэнааспыта. Кэлинсанаанкөрдөхпүтүнэ, иккиэммитдьылҕатынкөрөнаһарбытбуолуохпутунсөпэбит. Эмиэбэйэмкурдук, кэргэнэолохтонэрдэтуораан, биэсоҕолоохогдообохаалаахтаабыта. Дьэ, онтонылакүлүккөрүүсэрэбиэйинолохитэҕэйэбин. Уонна көстүбэт эйгэни кытта эрдэттэн алтыһар сэттээх-сэлээннээх буоларын эппинэн -хааммынан билбитим.

 

Дьоҥҥо наһаа таҥханан үлүһүйүмэҥ чараас эйгэҕитин харыстааҥ диэн этиэхпин баҕарабын. Таҥха кэмигэр этиллибит тыл тохсунньу дьыбардаах халлаанын хамсатан, иччилэнэн, саталанан туоларга барар ыйаахтаах. Онон сэрэбиэй тыынын уйар, бэйэтин ис кыаҕар эрэнэр, сэт-сэлээн диэни өйдүүр эрэ буоллахха сэрэбиэйдэниэххэ сөп.

 

Родина

Стручков Василий Павлович — Сахамыын

Безоблачное небо голубое над головой. Яркий рассвет, птицы начинаают своим свистом приветствовать новое явление дня в виде солнечного диска. Закукарекал петух во дворе, корова замычала, требуя, чтобы ее доили. Вот мать призывает к столу на завтрак. И все очень умиротворенно и радостно, от того, что день начинается и неизвестно чем она закончится. А чем она должна закончиться ты должен обязательно догадываться, потому что ты бодр и свеж как это ясное утро. Тебя наполняет энергией большой любви от всего этого чудесного заряда пробуждения великой природы ты частичка и прямая участница происходящего вокруг тебя изменения в природе. Ночь со своей грустной темнотой ушла напрочь, как будто никогда не вернется вновь. Вот это детское восприятие человеческой души заложенная природой матушкой и есть понятие Родина. Родина где каждый кустик, трава, цветы и деревья и до боли знакомы. Они начертаны в твоей памяти навсегда и сопровождать должны всю жизнь, благославлять, покровительствовать судьбу твою. Ибо жизненный путь тернист, оно требует выносливости и устойчивости. Тот кто в своей душе пронес любовь родины ожидает награда. Это уважение окружающих людей, почетная старость, а впоследствии прославленная молва народной памяти. И так родина где мы родились, где жили и росли, где трудились, крепились. Для человека это все что есть, каждый кто ценит богатство своей родины должен быть благодарным, бережно относиться к природе матушке, своим близким людям. Уважать свой народ, быть поистине человеком большой души. Понятие родина в своей высшей формы разума человечества звучит только так.

 

Төрөөбүт дойдум, Таатта

Андросова Сардана Прокопьевна-Дьөҥкүйээнэ

Киһи. Дойду. Таатта. Сүгүрүйүү.

Тапталлах Тааттабын айхаллаан туойабын.

Хас биирдии киһи, ордук саха киһитигэр.

 

Төрөөбүт дойдута наһаа истиҥ, сылаас, чугас буолар. Мин, тус бэйэм таалар көнө кырдаллаах, Талыы талба Тааттаҕа күн сирин көрөн, улаатан, үлэһит буолан, үйэ аҥарыттан ордук олорон кэллим. Төрөөбүт дойдубуттан, тапталлаах Тааттабыттан харыс да сири халбарыйбакка олоробун, үлэлиибин. Тапталлаах, сүрэҕим аҥара доҕорум эмиэ Таатта, алаас сэмэй уола Спартак Софронов. Төһөлөөх киһи-аймах туойбута, хоһуйбута буолуой? Улуу,  аатырбыт, саханы саха дэппит Таатта. Ол иһин ис-сүрэхпиттэн, дууһалыын сырдаан, санаалыын сымнаан, манньыйан туран астынабын уонна киэн туттабын. Тоҕо?!… Бу, чахчы мин уйаламмыт, көччөх гынан , киэҥ олох суолугар көтүппүт мин дойдум, тапталлаах Тааттам эбээт. Кутум-сүрүм уйаламмыт, өйүм-санаам түмүллүбүт биһигим.

Таатта, саха тыллаах-өстөөх, чаҕылхай сулустара, биллэр-көстөр уус-уран тыллаахтар уутуйан үөскээбит түөлбэлэрэ буолар. Таатта — олоҥхо дойдута. Ханнык баҕарар омук күүһэ өйүгэр, өй күүһэ — тылга сытар. Онон этиэхпин баҕарабын, Тааттаҕа төрөөн, салгынынан тыынан, үрэҕин уутун эппэр-сииммэр иҥэриммит дьоллоохпун.

Майгым-сигилим  Таатталыы киэҥ-холку, сэмэй, көнө. Инникитин, өссө Тааттабыт сайдарын, тупсарын туһугар хас биирдиибит сэмэй кылааппытын, күүспүтүн-уохпутун, өйбүтүн-санаабытын  түмүөхтээхпит. Үлэбитинэн-хамнаспытынан уонна сэргэх соҕустук туттан-хаптан олоруохтаахпыт, бары ыытыллар тэрээһиннэргэ кыахпыт тиийэринэн көх-нэм буолан, кыттыыны ылыахтаахпыт. Хас биирдии дьиэ кэргэнтэн, коллективтан, тэрилтэлэртэн саҕалаан, биир сомоҕо күүс, тулхадыйбат тулааһын буолуохтаах.

Бэйэбит доруобуйабытын бөҕөргөтөн, тулалыыр айылҕабытын харыстыаҕыҥ!

 

Махтанабын, Тааттабар

 

            Бу эбээт мин дойдум,

Кутум-сүрүм уйаламмыт,

Өйүм-санаам түмүллүбүт

Түөрэх түспүт, түөлбэм

Күнтэн күн, эн киэркэй

Үүн,  сайын, чэчирээ

Угуйа, ыҥыра бар дьоҥҥун,

Өрүү миэхэ күндүгүн

Сүрэхпэр баар сылааһыҥ!

Ахтыбыт дойдубар

Эргиллэн мин кэлиэм

Тааттам урэҕэр үөрүүнэн

Дуоһуйа, манньыйа дьаарбайыам

Сибэкки симэхтээх сыһыыбар…

 

Илин эҥэр, Илин эҥэр

Колмогорова Акулина Павловна

Илин диэки көрөбүн
Баар дии онно мин дойдум.
Халлаана да ыраас,сырдык,
Кытыла да күөхтэн күөх.

Былыргы сахха илин
Эллэй Боотур тиийбитэ,
Оҕо-уруу төрөппүт,
саха омук үөскээбит.
Байаҕантай барҕарбыт,
Баар буолбуттар улуустар:
Мэҥэ Хаҥалас,Дүпсүн,
Боотурускай, Бороҕон.

Харахпар  субу тиллэн кэлэр:
Манчаары атынан көтүтэр,
Батталы утары кылыһа
Күн чаҕыл уотугар килбэҥниир.
Майаҕатта Бэрт Хара
Төҥүлү эбэтиттэн
Кыыс Хаҥаҕа сыбыытыыр,
Күүһэ-уоҕа муҥутуур.
Тохтобул алааска
Кээрэкээн кэлбитэ,
Киһи-сүөһү тэнийэр
Бэрт дойдуну булбута.
Таатта үрэх тардыытыгар
Улуу Кудаҥса олорбута.
Дьонун-сэргэтин быыһаары
Хара кырыыска турбута.
Сэһэн Ардьакыап кулуба
Саха Былаанын оҥорор,
Күлүмнүүр омугу түмэр
«Саха сойууһун  «тэрийэр.
Игидэй сиригэр
Олоҥхоҕо Ньургун Боотур
Үс дойдуну тилийэн
Айыы аймаҕын быыһаабыт.
Баай Оруоһуттарбыт толкуйдара
Саха сайдарыгар туһуламмыт.
Бэкээрискэй үс томнаах тылдьыта
Түүр омукка олуһун хайҕаммыт.
Дьүлэйгэ Табаахырап олоҥхоһут
Кылыһахтаах тойуга кэрэхсэнэр,
Эти-сиини сааһынан дьырылыыр,
Балаҕаммыт иһин дьигиһитэр.
Онно дьоһун Дьохсоҕоҥҥо
Саха аатырыан туһугар
Өксөкүлээх айымньытын
Ырааҕы көрөн суруйар.
Алампабыт үйэлээҕи
Хоһоонноругар хоһуйбут,
Арыгы содулун саралаан
Кэпсээнигэр сэһэргээбит.
Ньостуруойап Ньукулай
Олох омсотун күлбүт,
кэмиэдьийэ суруйан
Итэҕэһи сиилээбит.
Тааттаттан тахсыбыттар,
Таатта уутун испиттэр
Бастакы луохтуур Сокуонньукап,
Бастыҥ хаппытаан Бухатыырап.
Дьүһүннээх гиэнэ мааныта,
Саха дьахтарын бастыҥа
Бөҕө Маарыйа -айанньыт,
Ырыаһыт да,олоҥхоһут.
Мария Андросова өйүн
Сыылынай Ионов сөҕөр,
Петроградка сүгүннэрэн
Бэйэтиниин илдьэ барар.
Арассыыйа Бүөтүрэ
Грецияҕа үстэ тиийбит,
Үс Кириэстээх Ондуруоһап
Уоттаах сэриигэ аатырбыт.
Байаҕантай сис баайа
Кырбаһааҥкын атыыһыт
Киэҥ сиринэн тэлэһийэр,
Кыһалҕаны кыччатыһар.
Дэлбэрийбит алааска
улуу Ойуун ууһугар
Былатыан диэн оҕочоос
Төрөөн-үөскээн улааппыт.
Саха омугун туһугар
Олоҕун толук уурбут,
Кэхтибэт кэс тылларын
Кэриэс гынан хаалларбыт.
Дьонун муҥнаахтары
Хараҥаттан быыһаары
Сэмэн Ноҕуруодап
алпаабыты киллэрбит .
Маҥнайгы худуоһунньук
Ытык Күөлтэн Иван Попов
Саха олоҕун чинчийэр,
Хаартыскаҕа үйэтитэр.
Тимир,мас уустара
Уутуйан үөскээбиттэр,
Туоска ,таҥаска иистэнэр
Талааннаахтар тахсыбыттар.
Таҥара дьиэтин дьэндэтэр
Молодьуос Уус үйэтийэр,
Амынньыкы Уус хомуһа
Этигэнэ биһирэнэр.
Дыгыйыктан саҕалаан
Чэриктэй Биэрэ,Чааскын-
олорбуттар ойууттар,
отоһуттар,ичээннэр.
«Түһүлгэ эмчитэ» уҥуохчут
Ытык Гурий Турантаайаппыт
Россияҕа киэҥник аатырбыта,
Бар дьон махталын ылбыта.

Саха тыйаатыра аһыллар:
Артыыстар- Васильев, Варламов,
Сойуус народнайа бастакынан
Мэҥэ ыччата- Дмитрий Ходулов.
Анна Неустроева,ВераДавыдова,
Таатта кыргыттара, үөрэҕи батыспыттар,
Оҕоҕо анааннар айымньы суруйаннар
Бастакы кэккэҕэ ааттанар аналлаахтар.
Литератураны түстэспитэ
Революция уола Эрилик,
Саха народнайдара буолбуттар
Эллэй, Амма,Күннүк,
Суорун,Болот.
Ааспыт олохпут хартыыналара
Бары аахпыт бөдөҥ романнарбыт
«Сааскы кэм»,»Маарыкчаан ыччаттара»
Литература кылааттара буолаллар.

История биир чахчыта :
Ол дүрбүөннээх сылларга
Үрүҥ-кыһыл сэриитигэр
Убай-быраат киирсиилэрэ.
Саһыл Сыһыыга,алааска,
Уон аҕыс хонук устата
Саас Кыһыл сэрии киирсэр,
Кыа хаанынан хаар кытарар.
Сэбиэт былааһын иһин
Абаҕа пионердара
Хорсуннук туруулаһан
Баанданы кыайбыттара.
Бартыһаан Дьөгүөрэп
Үрүҥнэри кыргар,
Үөрэҕи сыаналаан
Оскуола туттарар.
Гитлер сиэмэх сэриитэ
Уоран саба түспүтэ,
Саха сирин уолаттара
Сааны-саадаҕы туталлар.
Илин эҥэртэн уолаттарбыт
Арҕаа сэриигэ аттаммыттар,
Москубаны көмүскээбиттэр,
Берлиҥҥэ тиийэ кыайбыттар.
Мэҥэ, Баатара бэрдэ Сүөдэр,
Сахалартан бастакы Дьоруой,
Буулдьа быыһынан Днепри туораан,
Кыһыл сэриигэ суолу солуур.
Бырдьахаанап артиллерист
Мындыр толкуйун сөҕөллөр,
Маршал бэйэтэ махтанар,
Чугуйбат хорсунун хайҕыыр.
Кириэс Халдьаайы бэргэнэ
Охулуопкап Сүөдэрбитин
снайперынан аатыртылар,
Дьоруой уордьанын астылар.
Үс Албан аат уордьаннаах
Таатта талыыта Петров
Зеелов үрдэлин ылыыга
сатабыла сыаналанна.
Бастакы разведчикпыт Георгий Андросов
Байыаннай Академияны бүтэрбитэ,
Билиэн эрэйин муннунан тыырбыта
Сойууска да кэлэн
аата суох муммута.
Биэс уолу кэтэһэр
Хобороос эмээхсин
Суолга тахсаахтыыра,
Эрэнэ күүтэрэ.
Аас-туор олоххо холкуос дьоно
Олус тоҥмут-хаппыт,сордоммут,
Хоту көһөрүүнү ким умнуой,
Хаалларбыт бааһа хаһан оһуой?

Эйэлээх олоххо эргиллэммит
Сир аайы үлэ күөстүү оргуйар,
Сылгыһыт Лукин,Новгородова-
Соц Үлэ Геройдара үүнэллэр.
Георгий Башарин учуонай-
Үс реалиспыт көмүскээччитэ,
Өксүөнтэй Мординов профессор-
Үөрэх кыһатын ректора.
Билиҥҥи Мэҥэ сириттэн
Ларионов учуонайдаахпыт
Арассыыйаҕа биллиилээх
Акадьыамык аатырбыт.
Спорт, искусство сайдыыта
Балысханнык хардыылыыр,
Кыайыы,саҥа ааттар
Утум-ситим кэлэллэр.
Саахыматы өрө туппут
Үөрэхтээх Бонифатий  Силэпсиэп
Аан дойду турнирыгар
Ботвинниктыын тэҥнэспит.
Кини суолун солооччу
Чычымахха төрөөбүт
Мэхээлэ Афанасьев-
Сойууска бастакы маастар.
Дьахталлартан дуобакка
Зоя Саввина -маастар.
Гроссмейстерга тиийэ үүннэ
Чурапчыттан Гаврил Колесов.
Киэн туттуоҕуҥ биһиги
Татьяна Жиркова-
Аан дойду,Европа
быһыйдарын бастыҥа.
Ат бөҕө, кус быһый удьуора
Эр хоһуун Уйбаан Бөлөнүүскэй
Быыппастар быччыҥнарын күүрдэр,
Дыгыҥҥа сэттэ төгүл бастыыр.
Сахаачча,Болуодьа-
тустуу бастыҥнара,
Илларион — Аан дойду
уолаттарга чемпиона.
Чурапчы тустууктара
Олимпы дабайдылар,
Улуу учуутал Куоркун
Баҕа санаата туолла.
Бөҕөс Байбал Пинигин-
Олимпиада хотойо,
Кыһыл көмүс мэтээли
кэтит түөһүгэр кэттэ.

Илинтэн тахсыбыттара
олоҥхоһут удьуордара,
Ырыаҕа талааннарынан
Норуокка таптаппыттара.
Көмүс күөмэйдээх күөрэгэйбит
Екатерина Захарова кылгас олоҕо хомоппута,
Ааспат аһыыны хаалларбыта.
Лыткина лыҥкынас куолаһа,
Лука Турнин хомуһун тыаһа
Москубаны абылаабыта,
Мөлүйүөннэргэ сөхтөрбүтэ.
Анна Егорова,Макар Хара
Улахан тапталларын ырыата
Саха дьонугар биһирэммитэ,
Алаастары үрдүнэн көппүтэ.
Эдьиийбит Марыына,Аркадий
Ырыалара дууһаҕа иҥэр,
Киристэпиэл дэгэрэҥэ
Ыраахха диэритин дьиэрэйэр,
Ноев дууһатын тойуктара
Сүрэхпит кылын таарыйаллар.
Мааппалаах Сэргэй циркэлэрэ
Алмаас өҥүнэн күлүм оонньуур.
Ольга ырыата Амматын
Хара муораттан ордорор,
Клавдия Онуфриева
Сайылыкпытын айхаллыыр.
Аҕа алааһыгар,күөлүгэр
Үс мас бүтэй күрүө нөҥүөттэн
Настаабыт оҕо сааһын  одуулуур,
Минньигэс дьэдьэнин амсатар.
Балыктаахха наҕыл киэһэҕэ
Кырдьыбат,долгутар вальсыгар
Галина эҥээркэй куолаһа
Ыччаты ыҥыра угуйар.
Меццо-сопрано куоласпыт
Сулус Нина Чигирёва
Операҕа үтүөтүнэн
Уордьанынан бэлиэтэнэр.
Баас куоластаах Иван Степанов
Ньургун Боотуру доллоһутара
Аан дойду ааттаах театрдарынан
Абылыы холкутук кутуллар.
Үҥкүү кэрэ эйгэтэ хаалсыбат
Россия Үтүөлээҕэ -Афанасьев,
Саха балетын саҕалаабыттар
Аҕалаах кыыс Христофоровтар.
Республикаҕа бастакылар,
Атыттарга суолдьут буолбуттар
Оҕо үҥкүү ансаамбыллара
«Доҕордоһуулар»,»Кэнчээрилэр».

Бу кэммит бэлиэ киһитэ
Уус,уруһуйдьут,бөлүһүөк
Ытык Борис Неустроев-
Духуобунас акадьыамыга.
Мандар Уус-барыбыт
Мындыр сүбэһиппит
Моҕол ураһаны туттарар,
Өйдөбүнньүгү тилиннэрэр.
Мандар үөрэҕэ тэнийэр,
Иис-уус кистэлин арыйар,
Үйэлээҕи анаарарга
Өйбүтүн уһугуннарар.

Аллан, Амма курдук өрүстээх,
Таатта,Танда, Суола үрэхтээх,
Хороҕор муостаах хорҕойор,
Сыспай сиэллээх сырыыргыыр
Аҥаат-муҥаат алаастардаах
Өлүөнэбит илин эҥэрэ
Саха сарсыҥҥы саргыланарыгар
Кылаатыҥ үгүһүттэн сөрү-сөхтүм,
Туспа омук буолан ууһуурбутугар
Турууласпыккын муҥурун булбатым.
Илгэлээх Илин эҥэр-
Сахам сирин сорҕото,
История кэрэһитэ,
Уһун тыыннаах номоҕо!

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *