Тохсунньу 18 күнүгэр Ытык Күөл киин библиотека ZOOM платформатыгар Таҥха күннэригэр аналлаах айылҕаттан айдарыылаах, көрбүөччү, «Экстрасенс Якутии-2012» кыайыылааҕын, адвокат идэлээх Мария Дмитриевна Николаева — Санаайалыын кэрэхсибиллээх сэһэргэһии буолан ааста. Мария Дмитриевна «Араҥас сулус» литературнай түмсүү чилиэнэ. Кини хоһоонноро, кэпсээннэрэ хаһыаттарга, сурунаалларга, хомуурунньуктарга бэчээттэммиттэрэ. «Үс кутум тойуга», «Дневник моей магии» кинигэлэр ааптара. Айылҕаттан бэриллибит дьоҕурунан дьоҥҥо көмөлөһөр, сүбэлиир. Бу кэпсэтиигэ үгүс киһи мунаарар ыйытыыларыгар хоруйдары, сүбэ-ама ылла.
Iconic One Theme | Powered by Wordpress