Саха АССР үтүөлээх учуутала, норуот үөрэҕириитин туйгуна, Бочуот Знага орден кавалера, тыыл уонна педагогическай үлэ ветерана, Таатта улууһун бочуоттаах гражданина Анна Васильевна Хоноехова от ыйын 12 күнүгэр төрөөбүтэ 110 сыла.
1911 с. Таатта улууһун Уолба нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1919 с. Уолба нэһилиэгин сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирэр.
1928 c. Дьокуускай куоракка педагогическай техникумҥа үөрэнэ киирэр. Үс сылынан үөрэҕин бүтэрэр.
1931 с. Дьааҥы улууһугар Туостаах диэн сиргэ учууталынан ананан тиийэр.
Ол туһунан 2019 сыллаахха «Таатта», «Дьааҥы аартыга» хаһыаттарга «Бочуот знага» уордьаннаах учуутал А.В. Хоноехова аатын Дьааҥы улууһугар Табалаах орто оскуолатыгар иҥэриэххэ» диэн ыстатыйаны Чөркөөх музейын специалиһа И.Я. Жерготова бэчээттэтэн турар. Изабелла Яковлевна 1998 с. видеоҕа устубутун, ону сурукка түһэрэн хаалларбытын аахтахха Анна Васильевна күүстээх үлэтэ, кини дьоҕура бу баардыы хараххар көстөн кэлэр. 1932 с. Муомаҕа РАЙОНО сэбиэдиссэйинэн ананар. Муома оройуона тэриллэригэр косомольскай ячейкаҕа биир бастакынан Хоноехова А.В. киирбит, ону таһынан Ошустанова И.А., Степанова Г.Ф., Петрова Н.И., Габышева Н.А. чилиэнинэн киирбиттэр. Верхоянскайтан Муома Хонуутугар айаннаан иһэн аара суолга тыатааҕы уун утары көрсөн уһун түүнү быһа хаайан турбутун туһунан Иван Нелунов «Күлүгүрбэт күлүктэр» кинигэҕэ суруллан турар. Ол саҕана Хонууга аҕыйах ахсааннаах дьиэ-уот баар эбит. Анна Васильевна булт дьарыктаах олохтоохтор оҕолорун бэрт эрэйинэн хомуйан 1932 сыллаахха оройуон киинигэр бастакы оскуоланы аспыт.
Анна Васильевна Хоноехова үтүө аата умнуллубат. Табалаах орто оскуолатын бастакы төрүттээччитигэр, учууталыгар бэлиэ суруктаах көһөҥө таас туруорбуттара ону туоһулуур. Кини туһунан «Табалаах орто оскуолата», «Становление и развитие образования в Момском районе», «Момский район» кинигэлэргэ сырдатыллыбыта.
1934 с. дойдутугар төннөн кэлэр, хас да сыл устата пионербаһаатайынан үлэлиир.
1936 с. Платон Алексеевич Ойуунускай салалталаах Таатта оройуонун делегациятыгар киирэн, Саха АССР Конституциятын оҥоһуутугар кыттар. Съезкэ Тааттаттан 9 киһи делегат буолан киирбит, онно хаартыскаҕа туспуттэр. Бу биир ордон хаалбыт хаартыска билигин П.А. Ойуунускай аатынан музейга хараллан сытар.
Биир хаартыска дьылҕата
Мин оҕо сылдьан эргэ хаартыскалар быыстарыгар ийэм Анна Васильевна Хоноехова саха биир чулуу уола Платон Алексеевич Ойуунускайы кытта бииргэ түспүт хаартыскатын (быһата хас да баара) үчүгэйдик өйдүүбүн. Арай хас хаартыска аайы хас да киһи сирэйэ хара чэрэниилэнэн туора сотуллубутун дьиктиргии көрөрүм. Кэнники билбитим ити ”норуот өстөөхтөрө” аатырбыт дьону, оччотооҕу кытаанах ирдэбил быһыытынан хайаан да кириэстии сотуохтааххын эбэтэр хаартысканы суох оҥоруохтааххын. Иккиттэн биирэ – сокуон тыйыс, бириэмэтэ оннук.
Ол эрээри ийэм хаһан да ”норуот өстөөхтөрө” диэн тылы туттубат этэ. Хата кини били туора сотуллубут дьону хас биирдиилэрин намчы тарбаҕынан ыйа-ыйа кимнээхтэрин, толору ааттарын-суолларын, ханнык дуоһунаска үлэлээбиттэрин, ханна хаартыскаҕа түспүттэрин уйадыйан куолаһа титирии-титирии кэпсиирэ, сотору-сотору дириҥник өрө тыынара. Сороҕор өр баҕайы саҥата суох иһийэн одуулаһара, чуумпуран иһийэн ылара. Бука сэрэйдэххэ, арааһа ийэм хараҕар, эдэр эрчимнээх кэмигэр, күөгэйэр күнүгэр саха кэрэмэс дьонун кытта алтыһан ааспыт дьоллоох кэмэ көстөн кэлэрэ буолуо, ол кэмнэр аастахтара, билигин былыт саптаҕа…
Хомойуох иһин, бу кэпсиир сэдэх хаартыскалар сүппүттэр, билиҥҥитэ көстө иликтэр. Мин санаабар кэлин быһыы-майгы уларыйбытын кэннэ, ийэбиттэн ким эрэ сырдатаары, кини туһунан суруйаары уларсан баран (оччотооҕуга куопуйалыыр тэрил суох кэмигэр) устунан умнуллан төннүбэтэх буолуон сөп. Баҕар бу ыстатыйаттан сылтаан уларсыбыт хаартыска көстөөрөй, эрэл кыыма сүтэ илик… Арай бу 1936 сыллааҕы биир хаартыска урут бэчээккэ тахсан дьолго ордон хаалбыт. Бүтэйдии таайдахха, Платон Алексеевич үтүө сабыдыалынан, ол кэмҥэ республика үрдүкү салайааччылара кини этиитин быһа гыммакка, Таатта делегациятын кытта бииргэ түспүтэ баар. Ол өйдөбүл буолан хаалбыт.
1936 сыллаахха Саха сирин 9-с суһал ыҥырыылаах сийиэһэ Саха АССР бастакы Төрүт сокуонун (конституциятын) уопсай барылын оҥорууга 30 киһилээх эрэдээксийэ кэмииссийэтэ тэриллибитэ. Онно Анна Васильевна Хоноехова чилиэнинэн талыллыбыта. Бу сийиэскэ Төрүт сокуон барылын норуот дьүүлүгэр таһаарбыта, ол 1937 c. бигэргэтиллибитэ.
Бэйэтин кэмигэр бу сүрдээх эппиэтинэстээх, икки сыл устата элбэх мөккүөрдээх, кэккэ утарсыылаах үлэҕэ сирэй кыттыбыт тыыннаах туоһу буоларын сөпкө өйдөөн, ийэм балачча сааһыран баран, икки тэттик ахтыыны суруйан хаалларбыт эбит. Хомойуох иһин, онно тоҕо эрэ, П.А. Ойуунускайтан ураты сийиэскэ кимнээх кыттыбыттарын тоһоҕолоон ахтыбатах. Ону баалыыр сатаммат, умнубута да буолуо… Онон ити сийиэскэ ытык Тааттаттан 9 киһи кыттыбытыттан 3 киһи ааттара биллэр: П.А. Ойуунускай, А.В. Хоноехова, Ф. И. Лопатина. Онтон хаалбыт 6 киһи толору ааттарын-суолларын, хантан силистээхтэрин, кэлин хайдах дьылҕаламмыттарын суруйар кыаҕым суох. Били инники ахтыбыт үс киһибиттэн, хомойуох иһин, иккитэ – Ойуунускай уонна Лопатина хааннаах эрэпэриэссийэҕэ түбэһэн кылгас үйэлэммиттэрэ. Иэдээн дии.
Өскөтө Платон Алексеевич сымыйанан буруйданан сор суолламмыта норуокка биллэр буоллаҕына, Фекла Ивановна барахсан дьыалата сырдатылла, арылла илик. Арай аҕыйах сыллааҕыта “Репрессия сиэртибэлэрэ” (ТУЙМААДА. 26.07.2012) кини туһунан сырдаппытым да, ол итэҕэс этэ.
Бу 85 сыллааҕыта Саха сирин 9-c суһал ыҥырыылаах сийиэскэ талба Тааттаттан кимнээх кыттыбыттарын илэ туоһулуур дьоһун суолталаах хаартыска. Биһиги сахалар баар суох сүрүн сокуоммутун торумнаабыт, инники сайдарбытыгар олук охсубут ытык дьоммут бу кэчигирэһэн олороллор. Кинилэр ортолоругар эдэркээн ийэм – Анна Васильевна Хоноехова кыттыспыппыттан төрөппүт уола киэн туттабын.
Үтүө дьыала умнуллубат, хаһан да өспөт!
Иван Гаврильевич Нелунов
1938 с. оҕо суруйааччыта Анна Денисовна Неустроева «Тиргэһиттэр» диэн бастакы кэпсээнэ бэчэттэнэр. Бу кэпсээн биһирэбили ылан хрестоматияларга киирэр. Кэпсээҥҥэ Анна Васильевна — Ааныс, быраата Уйбаан — Уйбааскы, эдьиийэ Даайа — Даайыс прототип буолан киирбиттэрэ.
Анна Васильевна Хоноехова ахтыытыттан
«Тиргэһиттэр» диэн кэпсээнигэр миигин — Ааныс, бырааппын Уйбааны — Уйбаанчык, эдьиийбин Даайаны — Даайыс диэбит. Аҕам Өймөкөөҥҥө таһаҕас тиэйсэрэ, бултаабат этэ, дьоннор бэристэхтэринэ эрэ сиирбит. Саас сайылыкка тахсан бараммыт Байаҕантай диэн тыымпы баарыгар, эдьиийбит этэр оҕолор талахта быһыахха, эһээбитигэр Миитэрэпээххэ тиргэтэ оҥотторуохха диир. Биирдии бэйэбитигэр биирдии тиргэни үс тиргэни оҥорон биэрдэ.
Тиргэлээтибит, сарсыарда эрдэ тураммыт, баҕана үрдүгэр тахсан көрөбүт. Эдьиийбит куруук эрдэ турар, кини көрөр куруук, өр баҕайы туох да иҥнибэтэ. Доҕоор, биирдэ, үчүгэй баҕайы күн эдьиийбит хаһыытыыр: «Оҕолоор, тиргэбитигэр кус иҥнибит, барыаҕын да сырсыаҕын», диир, биһиги тура эккирээтибит. Таҥыннахпыт буолуо, ырбаахылаах этим абааһы, сиидэс, онтукайбын эрэ кэппиппин уонна атах сыгынньах, чугас баҕайы бардыбыт сүүрэн-сырсан. Үчүгэй баҕайытык, арай ортоку — мин тиргэм, бастаан эдьиий гиэнэ, онтон миэнэ, саамай кэнники Уйбаанчык тиргэтэ, үс тиргэни ыраах ыраах-ыраах уурталаан, миэнигэр иҥнибит, бу курдук устар, улахан баҕайы моонньоҕон, ойуута-бичигэ үчүгэйэ сүрдээх. Эдьиийбит араарда, кураанахха кыһаммата, ол тиргэтин иитиэх тустаах буоллаҕа дии. Ылан баран куспутун ким тутарый диир, ону «мин-мин», диибин, «мин куһум» диибин. Былдьаһаммын ыллым. Чэ сөп, кини иитиэр диэри кыратык уһуннардым, учугэй баҕайытык устар, бу курдук устар. Онтон төттөрү уһуннарабын. Уол былдьаһаары сор бөҕө, ону төрүт биэрбэппин, антах анньан кэбиһэбин. Үчүгэй баҕайы, өйдөөх баҕайы эбит диэммин кыратык ыытан түһэн көрүөххэ диэммин,акаары ыытан көрдүм, дьэ доҕоор, көтөн баран хаалла, дьэ алдьархай буолла. Миигин эдьиийим Даайыс кэлэн ууга анньан кэбистэ. Таҥастыын-саптыын бадарааннаах ууга тиэрэ баран түһэн хааллым, уолум эмиэ ытаата, бары үһүөн ытастыбыт куспутун аһыйан, бара турдаҕа дии. Уйбаан буоллаҕына, ити баар миэхэ биэрбэтэҕин саатта, акаары кыыска биэрбитин ити барда, мин уол оҕобун, мин тутуохтаах этим диир. Билигин ол муҥнаах бокуонньук ээ.
Уйбаан, кыыс Даайыс куспутун эккирэтэн үһүөн субуруһан, Дьахтар алааһа диэки барбытын көрдүбүт, онно түһүө диэн, суох онно түспэтэх, уол Тимир баппыт диэн сиргэ барбыта буолуо диэн туорааммыт ол диэки бардыбыт. Ытаһабыт даҕаны, этиһэбит даҕаны, ыраах-ыраах сылдьабыт, тоҕо диэтэххэ миигин кырбыыллар, ол иһин мин ыраах сылдьабын. Кырдьык даҕаны бэйэм даҕаны дэлби аһыйдым. Ити баар дии, эн барытын суох гынныҥ, ийэбит үөрүө этэ, ыалдьар киһи бэйэтэ сиэ этэ, баҕар бэрсиэ этэ, баҕар бэрсиэ суох этэ, ийэбитигэр миин иһэрдиэх буолбуппут, ханна баарый дии-дии ытыыр. (Оччолорго маҥнайгы кылааска үөрэнээри сылдьабын быһыылаах). Онно туораатыбыт, барбыппытыгар, Дыгдаал диэн ыалбыт киһи кустаан иһэр эбит, кустаах иһэр эбит, кустаах, ымсыырдыбыт аҕай, Уйбаан, баҕар, биһги куспут баара буолаарай диэн көрөр. Хайа, бу дьон сирэйгит-хараххыт хайдах-хайдах буолбуккутуй, үһүөн ханна бардыгыт диэн ыйытар. Куспутун сүтэрдибит. Бай, ол сүөһүгэ дылы ханна сүтэр кус диир. Дьэ онно кэпсээтибит. «Даайыспыт ийэбитигэр сиэтээри тиргэлээбиппин: Бу Ааныс, акаары кыыс, ууга уһуннара сылдьан ыытан кэбистэ» диэн эмиэ ытаан-сарылаан барда. Киһибит иэдэйбиккит эбит дии, ол иһин сордоно сылдьар эбиккит дии, ханан-ханан сырыттыгыт диэн ыйытта. Дьөгүөр күөлүгэр, Дьахтар алааһыгар сырыттыбыт, букатын ханна да суох диибит. Оо дьэ, иэдэйээхтээбиккит, Уйбаанчык, эр киһи көр эрэ, манна баар буолаарай, эн көрүөҥ дуо, чэ көр эрэ миэнин, бэркэ туппахтыыгын. Үөрдүбүт. Биэс хас кустаах. Арай үүт үкчү биһиги куспут курдук кус сылдьар эбит, атыыр моонньоҕон сылдьар. Ону тутан ылла. Оо, биһиэнэ сылдьар диэтэ уол. Кырдьык даҕаны диэтим мин, аҕал эрэ моонньуттан тутан көрүөм эрэ диэтим, тутума-хайаама диэн туттарбатылар. Өлбүт буолбат дуо диэтим. Дьэ, оҕонньор күлэр, арааһа эһиэнэ да буолуо, бу сибилигин өлөрдүм диир. Эһиэнэ да буолуо, чэ Даайыс эһиэнэ буоллаҕына ыл диир, ийэҕитигэр илдьэн биэриҥ диэн буолла. Һуу, үөрүү бөҕөнү үөрдүбүт. Миигин имэрийэр, кэбис кини буруйа суох, онтон көрөөрү гынар буоллаҕа дии, аны эрэйдээҕи сымыйанан кырбаабыккыт, ытаама диир. Даайыспыт ылла куһу. Аны Уйбааммыт аҕал миэхэ аҕал диэн онтукабытын кини тутта. Ийэбитигэр илдьэн биэрдибит, куспутун Дыгдаал өлөрбүт, күлэр, сэрэйэр, биһиги онно-онно сырыттыбыт, кини хата өлөрбүт, онон бу биэрдэ, үчүгэй баҕайы буолбат дуо диибит. Үчүгэй-үчүгэй эбит, сүрдээҕин бултаабыккыт, хата киэһэ сиэхпит, барытын хайаан мин сиэхпиний, бары сиэхпит, үчүгэй баҕайы.
Дьэ итини Анна Денисовнаҕа кэпсээбиппин күл да күл буолар. Күлэр эрэ, суруйуом диэбэт. Арай «Тиргэһиттэр» диэн кэпсээнэ «Хотугу сулус» сурунаалга тахсыбытын өр буолан баран биһиги бары аахтыбыт. Ааҕан баран сэрэйдибит, ааппыт эҥин, сирбит-уоппут даҕаны үүт-үкчү баҕайы, куһу сүтэрбиттэр биһиги эрэ буоллахпыт. Аана онтон ыйытар, ити кимнээхтэрий диир, биһиги диибит, инньэ диэмэҥ дуу, оҕолорго биһигини суруйбуттар диэмэҥ диэбитэ. Итинник буолар баҕайыта диэбитэ.
И.Я. Жерготова суруйуутуттан
16.07.1939 с. ыччаты иитиигэ айымньылаах үлэтин иһин Кремилгэ М.И. Калинин илиититтэн «Бочут знага» уордьаны тутар. Бу сыл Таатта оройуонун сэбиэтин дьокутаатынан быыбарданар.
1940 с. Таатта оройуонун үөрэҕин салаатын сэбиэдиссэйинэн ананар. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар Кэбээйи оройуонугар учууталынан үлэлиир.
1949 с. Уолба нэһилигэр Ленин аатынан оскуолаҕа биология учууталынан үлэлиир. Кини салалтатынан оскуола тулатын садынан киэргэтэргэ уонна оскуола учаастагар элбэх оҕуруот аһын ыһыытыгар үлэ барар. Кини үөрэнээччилэриттэн ааттыахха сөп химическай наука дуоктарын, профессор Егоров Н.В., физико-математическай наука дуоктарын, профессор Голиков И.А., филологическай наука кандидатын Винокуров И.П., Нелунов А.Г., суруйааччы Тарабукин В.А. уо. д.а.
1951 с. оройуоннааҕы уонна уобаластааҕы партийнай конференция делегата. Анна Васильевна олус сатабыллаах араатар, лоп курдук уус тыллааҕа диэн дьон-сэргэ ахтар эбит.
1975 с. бочуоттаах сынньалаҥҥа барар.
06.10.2004. 94 сааһыгар олохтон туоруур.
Анна Васильевна кэргэнэ Гаврил Федотович Нелунов идэтинэн географ этэ. Кэбээйи, Таатта улуустарыгар учууталынан, РОНО сэбиэдисэйинэн, кэлин Уолба оскуолатыгар өр кэмҥэ дириэктэринэн үлэлээбитэ. Уолба оскуолатын Бочуот кинигэтигэр киирбитэ, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Кинилэр түөрт уол оҕолоноллор, Полина диэн оҕону иитэн ылаллар:
Нелунов Гай Гаврильевич — өр сылларга П.Алексеев атынан колхуоска үлэлээбитэ. Билигин Нам улууһугар олорор.
Нелунов Анатолий Гаврильевич — Саха сомоҕо домоҕу чинчийэр учуонай, лексиколог, лексикограф, тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата, С.А. Новогородв аатынан, Ил Дарханын бириэмийэлэрин лауреата, РНА СС үтүөлээх бэтэрээнэ, Таатта улууһун ытык киһитэ. Элбэх монография уонна тылдьыт ааптара, 110-тан тахса билим ыстатыйаны бэчээттээппитэ. Анатолий Гаврильевич бэс ыйыгар ыарахан ыарыыттан биһиги кэккэбититтэн туораабыта.
Нелунов Иван Гаврильевич — СӨ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, кыраайы үөрэтээччи, худуоһунньук. “Күлүгүрбэт күлүктэр”, “Түстэммэтэх төлкө” кинигэлэр ааптардара, Иван Гаврильевич үгүстүк өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар саһарбыт хаартыскалар кэрэхсэбиллээх кэпсээннэрин, сэһэннэрин суруйар.
Нелунов Гаврил Гаврильевич — ветеринар үөрээхтээх, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
Мартынова Полина Егоровна — үлэ бэтэрээнэ, Кириэс-Халдьаайыга оҕо саадын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
Анна Васильевна Хоноехова туһунан үтүөкэннээх өйдөбүл дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар үйэлэр тухары баар буолуоҕа.
Хаартыскаҕа: П.А. Ойуунускай маҥнайгы эрээккэ хаҥастан бастакы, Ф.И. Лопатина уҥаттан бүтэһик олороллор. А.В. Хоноехова иккис эрээккэ уҥаттан бастакы турар.
Анна Васильевна 28 сааһыгар орден ыла Москуба куоракка Кремльга туспут хаартыската. 1939 с.
Аҕыс балыстыылар: Устиния уонна Анна. 1939 с.