Арассыыйаҕа Аҕа күнэ бэлиэтэнэр буолла. Ол туһунан уурааҕы Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу дьыл алтынньы 4 күнүгэр илии баттаата. Аҕа күнэ алтынньы ый үһүс өрөбүлүн күнүгэр бэлиэтэнэр буолуоҕа. Быйыл бырааһынньык күнэ алтынньы ый 17 күнүгэр түбэһэр.
1993 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев 532-с №-дээх ыйааҕынан Саха сиригэр «Ийэ күнэ» бигэргэммитэ. Быйыл бу бырааһынньык алтынньы 17 күнүгэр түбэһэр.
«Ийэ баар олохпут ыллыга» (кинигэ быыстапката)
Таатта улууһун Герой Ийэлэрэ
Дьоруой Ийэ – элбэх оҕолоох ийэлэргэ иҥэриллэр үрдүк аат уонна ССРС уордьанын аата. Бу аат уонна уордьан 1944 с. от ыйын 8 күнүгэр ССРС Верховнай Советын Президиумун Ыйааҕынан олохтоммута.
“Дьоруой Ийэ аатын туһунан” балаһыанньаҕа суруллубутунан, бу аат 10 уонна онтон элбэх оҕону төрөтөн ииппит ийэлэргэ — кыра оҕото 1 сааһын туоллаҕына уонна атын оҕолоро тыыннаах буоллахтарына иҥэриллэр уонна уордьанынан наҕараадаланыллар.
“Дьоруой Ийэ” уордьаны кытта тэҥҥэ “Ийэ буолуу мэтээлэ” уонна “Ийэ Албан аата” уордьан баар буолбуттара.
https://youtu.be/o4txiW30WpE