1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (1 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...
847 просмотров

Стихотворения победителей республиканского конкурса «Ытык ыра» посвященный посвященный к 95-летию со рождения заслуженного работника культуры РС(Я), члена Союза журналистов РФ, ветерана педагогического труда Прокопия Харлампьевича Андросова-Дьөҥкү Сээн.

Мария Даниловна Бойтунова
— Сахаана
Нам. Маймаҕа
.

 

Саҥа дьылбыт тыына

( Омоним хоһоон )

Бу хоһоон хомоҕой тыллара
Күлүүһүм аһыллар тыллара,
Хонууга сибэкки тыллара
Мин иэйиим алыптаах тыллара.

Үүннэ бүгүн биир үтүө күн
Сотору саҕахтан тахсыа күн,
Айанныы куоракка мин барыам
Бүгүҥҥү күммүн онно барыам.

Айаммар кэллэ утуйар уум
Утаттым ханнаҕын тымныы уум?
Таҕыстым салгынынан тыына
Билиннэ саҥа дьылбыт тыына.

Аһыыр сирбит аанын аһыахха
Онно киирэн тото аһыахха,
Астына аһаары үөрэбин
Атыылаһабын миин үөрэбин.

Кэһии ыллым дьоммор араас суол
Миигин күүтэр дьиэбэр төннөр суол,
Хоточчу буспут сылгым этэ
Оо, олус тотоойу да этэ.

Саҥа дьыл кэһиитэ ааммын ас
Кэтэһэр миигин минньигэс ас,
Хоһооммун мин эмиэ саҕалыам
Кэргэммин мин саһыл саҕалыам.

Туох диэхпин билбэппин мин олох
Уустугуон олорор бу олох,
Хоһооммун саҥаттан айаммын
Саҕалыам уһун — киэҥ айаммын.

 

Сата Уола.
Уваров Александр Михайлович,
Хаҥалас улууһа Булгунньахтаах сэлиэнньэтэ

 

Таптал

( омоним хоһуйуу )

Күнүм киэһээ киирдэ кыыһа
Саҕах диэки түһэ турда,
Тиийэн кэллэ күүппүт кыыһа
Уолун көрөн үөрэ турда.

Киллэрдилэр күөлгэ тыыны
Олордулар иккиэн онно,
Кыбыстаннар хаайа тыыны
Уурастылар тута сонно.

Ахтыһаннар кыыстаах уолбут
Таптастылар түүнү быһа,
Таптал ууна ыйбыт уолбут
Дьылҕа хааммыт ыйбыт быһа.

Чуумпу тула иһийдэҕэ
Тапталларын тэрийдэҕэ,
Кыыспыт уолга бэриннэҕэ
Киниэхэҕэ эрэннэҕэ.

 

Зинаида Федотова  — Дьол Кыыма
Сунтаар

*Омонимнар…*

Сыыр анныгар аллара
Аҕам турара ойбон аллара,
Итииргээн көлөһүн аллара.

Ааҥҥа саайбыттар хараҕа,
Бүөлээн турар ол хараҕа
Иҥнэрэ дьон хараҕа.

Үрүмэ үүт үөһэ тоҥуута
Үрүмэ былыттар усталлар,
Үрүмэ аччык ыт былыты.

Сүүрүк хоту устуохха,
Сүүрүк кыыһы сырсыахха.

Саас кэллэ, күн күллэ,
Саас ылла, кыах сүттэ.

Атыыр оҕус мэччэйэн сүүс да сүүс,
Ытык кырдьаҕас сааһа эмиэ сүүс.

Таас хайа да хайа ыстаннын
Таас дьүлэй ол аайы кыһаммат.

Хайа, бу хаһан кэлэҥҥин
Хайа үрдүгэр ытынныҥ?
Хайа барар тыаһы иһиттиэҥ?

Ыт саанан ол куһу,
Ыт ылыа эн булкун.

Кут аһыы утаҕы оҕоҕо
Кут уйбат аньыытын оҥоруоҥ.

Ас ааны тэлэччи, эн киэҥник
Ас арааһын онно эн аһыаҥ,
Ас саҕатыгар бычыгырыа көлөһүн.

Саас тыллыбыт үнүгэс,
Таһырдьа үрэр үнүгэс.

Хомус оппут тымныыга сыыгынас,
Хомус тыаһа кулуупка дьырылас.

Тэҥҥэ үктүөх олох устун олук,
Ыраах кыырай суоруллубут олук.

Биир тыллаах бигэ киһи,
Биир сыана биһирэммэт.

Итир былыт быыһынан
Күммүт күллэ,
Итир сыалаах байтаһын
Күөһэ буста.

Туут балыгы илимнээри
Туут хайыһар кэтэр булчут.

Кур оҕус курулуур,
Кур ыга тардыллар.

Бил Бүлүү өрүс оломун,
Бил балык оонньуур туонатын.

Өрүс арыыта үүнүүлээх,
Ынах арыыта иҥэмтиэлээх.

 

Алексеева Анна Анатольевна,

Сунтаар улууһа

Омуоньунунан олоҕум омуна суох омооно.

Сыл аайы саас эргиллэр,

Сылы кытта саас  эбиллэр.

Ый – хараҥа олоҕум сирдьитэ,

Ый суолбун сандаардан.

 

Кут сүрүм долгуйар,

Үүттээх чэйдэ кут, уоскуйуом.

Көтө-дайа сылдьар кыыс этим,

Иэдэһим, кыыс даа,

Ол кэрэ кэми саната:

Долгуйара уһун суһуоҕум

Сүүрдэҕим ахсын

Долгуннуу долгулдьуйара,

Уолан киһи хараҕын одуутуттан

Сүрэҕим барахсан

Долгуйара да долгуйара…

 

Кэм кэрдии кэлэн,

Олорор олох уолан эрэр.

Хос аанын тыастаахтык саптыбакка,

Хос-хос хатылаппакка,

Иһит хампырыйбыттыы аймаммакка,

Иһит миигин иһит.

 

Саха сирэ иэнэ киэҥэ,

Кыыс да дэлэйэ,

Сирэ-тала сатаабакка,

Талбытын миигин.

 

Киэҥ куйаар устун

Куйаар санаам устун,

Ис санаабар мөккүөр…

Ис эрэ куппут чэйбин,

Сылаас аста аһаа….

Төттөрү аста  уурбуппун,

Таптыыр аһыҥ үрүмэ да баар…

Ыт курдук миэхэ үрүмэ,

Ол кэриэтин оххунан ыт

Тэбэр сүрэхпин,

Онно онно олохтонон

Эйигин саната,

Бааһа онно сылдьыа,

Бааһа сатыам суоҕа,

Эн олоххор…

 

Кутуллубут чэй сойбута,

Эн суолуҥ сойбута.

Бүтэй тэлгэһэм иһигэр иһийэ

Бүтэй бэйэм бүктүм.

Түспүт уубун тастым

Ууубун отой көтүттүм,

Уубун ончу хамматым.

Айылҕа да аhыннамиигин,

Миигинниин тэҥҥэ ытаста.

Аа-дьуо ардах аһынна,

Күндүл күн күндээрдэ,

Күл миигинниин диэбиттии

Чаҕылыйа тыкта,

Күл курдук бүтүөх олоҕум

Быылын тэбээтим.

 

Дьэ, өйдөөтүм эбээт:

Эбэм сиэр-туом үөрэҕин умнаммын

Эбэм хомуһун хомуйан

Киллэрбиппин алаһабар,

Киэргэл буолуох кэриэтин,

Кэбилэттэ дии олохпун,

Киэр илтим ону!

Хомуһун тыллаах алгыһынан,

Хомуһун дьүрүһүйэр тыаһынан,

Арчыланным, алгыстанным…

 

Оттуур арыыбын аҕынным,

Өйүөбэр алаадьыбын, арыыбын ылаат,

Ахтылҕаннаах арыыга аттанан,

Үрүҥ бэйэлээх аттанан көтүттүм.

Аал уоппут күүдэпчилэнэр,

Аспын кээстим ботугуруу,

Арай уоппут бэйэлээх киһим

Турар эбит хайа охсубут  аҥаара,

Хайа саҕа бэйэтэсамныбытыан!

Сиккиэр тыал үрэйбит

Кыырыктыйан эрэр аспын хомунан,

Аспын тартым отуубар,

Бултаабыт хааспын астаа дуу диэн

Көрдөһөрдүү көрдө хара харах,

Хааспын түрдэһиннэрээт,

Сонно тута көннө бадахтаах.

 

Хап-хара моонньоҕон хомулунна,

Моонньоҕон күөһэ буста,

Туус кута туран,

Санаа сайа охсуллар:

Олох туус хараҕыныы

Араас  да буолар эбитин…

Таптыыр хоһоонньутум

Сайа сайа этэр санаалара

Олус да чугастар миэхэ…

 

Аһаан-сиэн бүттүбүт,

Сиэн минньигэс сытын

Эн биһикки билиэхпит дуо?

Уонна тугу сэhэргиигин?

Уонна да туоһулас

Кэпсээн кэмчи,

Сэһэн сэдэх…

 

Эмискэ элэстэнэн

Уулуу киирбит тайаҕы көрдүм,

Тайаҕы харбыаластым,

Этим дьырылаата,

Оттон олус соһуйдаҕым ээ,

Күөрэгэй ырыата уоскутардыы

Ыраах дьырылаата.

Уот оттон ыйы одуулуу олордубут,

Ыйы да быһа эн аттыгар

Маннык олоруох курдукпун.

Миигиттэн көс диэн көҥөнөн

Хаһан да тыл быктарбатаҕым,

Көс көтүтэн кэлэммин

Бэйэтэ көспүт киһибин

Көрсө түстэҕим.

 

Өрүү суһуохпун имэрийдиҥ,

Өрүү бииргэ буолуохпут диэтиҥ,

Сүүс сүүстэн өйөнсөн,

Сүүс да сылы уҥуордуох диэн

Ситэрэн – хоторон биэрдэҕим…

 

 Аргунов Владислав Георгиевич

Сунтаар улууһа

Эргимтэ (тоҕус сүһүөхтээх омонимнар)

Төрөөннөр өлөр тыыннаах үөрдэр
Кимнээх санаалара сатанна?
Олох оонньуута кими үөрдэр?
Салайар таҥара, сатана?

Эргийэр түргэнник сир иитэ
Эргэ, саҥа? Араара турбат,
Күн тымныы сири иитэ-иитэ
Бириэмэни тохтоппот туурбат

Эргимтэ көмөр дьэ баайбытын
Күндү бириэмэ диэн аспытын,
Сир, салгын, уу түмэн баайбытын
Киһиэхэ аартыгы аспытын

Таммах курдук кыра санаа
Сүттэ… сүттэ… эргимтэ сиэтэ
Ахсаана суох уоттары санаа,
Быыһаа, дьоннору сиэтэ-сиэтэ

Олохпут хатыланар хаста?
Иккитэ, үстэ, биэстэ, уонна?
Өрөгөй өй сулуһу хаста
Сэниэтин, күүһүн уурда, уонна?

Уонна дойдугун чуолаан иһит
Дьон,оҕо эрэйдээх өс тылын,
Дойдун киртийбит киэҥ иһит
Иһиттэххинэ төрөө-тылын

Төрөө, дууһаҕар арый саҥаны
Ыраас хараххынан тула көр,
Кулгаахха дуорайбат саҥаны
Тупсаҕаран ыарыыр битии-көр

Күннээҕи дьолтон үөрэҕин
Дьэ бэрт, кыбыстыбаккаҕын эт
Толкуй, санаа үөскүүр үүөрэҕин,
Туохтан ыалдьар санаа-эт.

Күн-дьыл куотар, кэлиэҕэ сайын
Эргийэр тутааҕа суох күн-ый
Батыс, ситис, сүүр-көт өрө сайын!
Дьоҥҥо сүбэлээн туһаайан ый!

Бу дойдуга үтүөнү баҕар
Дьоҥҥо. Санааҕар үксэ ыттар?
Көнүөхтэрэ токуртан баҕар,
Уонтан биэһэ үтүөҕэ ыттар.

Олоробут олоҕу хат-хат
Хатыылыы, бэриннин? Өлөн хаал,
Умай уокка, сиргэ быыллыы хат
Эбэтэр ыллыккар, манна хаал

Дьарыккын-сыалгын тиһэҕэр бүтэр,
Дьоллон-сордон хааллар аат-суол,
Эргимтэ түмүгэ онно бүтэр —
Тымныы буор анна — бүтэһик суол…

 

Ольга Владимировна Винокурова  -Саймаара

Бүлүү улууһа

 

Кэллэ эбээт дьикти саас
Күөрэлдьигэс аанын ас,
Күлэр- үөрэр эдэр саас
Күлүмүрдэс кэмин ас.

Бу кэрэ кэмнэри
Ама туох тохтотуой,
Айылҕам кэмнэрин
Ырыанан тохто туой.

Ырыаны айабын саҥаттан
Үөрэбин бу күйгүөр саҥаттан.
Сэргиибин айылҕа тылларын
Истэбин дьэрэкээн тылларын.

Саһарҕа күлүмнэс утаҕа
Мин санаам тиһиллэр утаҕа
Сырдыаҕа сандаара сырайа
Күн курдук тэрэгэр сырайа.

 

Васильев Николай Васильевич (Харыйалаах Уола),

Үөһээ Бүлүү улууһа, Дүллүкү нэһилиэгэ

 

«Долгуннар» ханнык бэйиэт

Суруйда этэй? Бэйи, эт…

Чулуу Киһи, «ол оҕо»,

Ыарахан эбит олоҕо.

 

Икки өйдөбүллээх тылларын

Булан суруйбутун ааҕабын,

Ол онтон иэйиим тылларын…

Эн, эмиэ, булан аах абын.

 

Кини кэннэ туох ситиэй,

Киммит маннык суруйуой? ..

Бэрт баар буолларгын сит, иэй

Онтон ордугу суруй… уой…

 

Дьэ, тоҕо эрэ саарбахтыыбын

Тэҥнэһэр баарын билбэппин,

Эбэтэр бэйэм — саарбах тыыбын?

Поэзияҕа Эн бил «бэппин»…

 

Баҕар, хоһоонум тыла өл, бүт…

Оннооҕор Улуу Киһи өлбүт,

Тугу-тугу туойабын, «сор оҕо»?..

Чэ, кэбис, хааллын дуу сороҕо…

 

Этиллибит тыллар — сытыы охтор

Көттүлэр да төннүбэттэр,

Ардыгар бүтүн киһи да охтор…

Уйбаан, эмиэ, төннүбэт Эр…

 

Оҕо сааспыттан ытыктыы

Хаста аахтым «Долгуннар»-ы?

Поэзия байҕалыгар «Ытык Тыы»

Арбита өксөйөр долгуннары.

 

*** ***

Төһө да сылайдар

Муҥ саатар сыл айдар,

Ыксамар олоҕу

Ытыллар «ол оҕу»

 

Мин баран иһэбин,

Барытын иһэбин.

Ким эрэ эрэбин,

Мин тэйэн эрэбин…

 

Төбөбөбөр ытталлар

Толкуйдар, хатааста,

Муҥ саатар «ыт таллар»

Барыта хат ааста.

 

Көҥүллээн туойуохпун

Ырыалар саҥалар,

Эһэллэр,  туой, уохпун,

Иһиллэр саҥалар…

 

Олоҕум сороҕо

Эн ханна тиэрдиэҥий?

Бу, мэник, «Сор Оҕо»

Дьэ тугу «тиэр» диэҥий?

 

Биирдэ да айбатах

Бу маннык, айбат «таах»,

Ким эрэ, бүтэйдии,

Буойуоҕа: «Бүт! Эй!» дии…

 

Көрбүт харах сэниэ.

Ол онно, бүтүө сэниэ…

Төһө да сылайдар,

Муҥ саатар, сыл айдар.

 

*** . ***

Чаҕыл күннээх сааспар

Харах уутун тоҕо,

Отут сэттэ сааспар

Уо! Ытыыбын, тоҕо?

 

Мин санаам — кыра лыах,

Көтөртөн сылайыам…

Эрэйи кыралыах

Эн дьолгун, сыл айыам…

 

Курус да хартыына

Санаабын сай ыһар,

Бу, тымныы хаар тыына

Сайыны сайыһар…

 

Санаабар, бэс ыйдыын

Билэбин сыт абын,

Бу түүн, туолбут ыйдыын

Ороммор сытабын.

 

Тулабар чуумуруу:

«Соҕотох Эр» диигин!

Олохпор, чуумпур уу,

Эн — тыылаах эрдиигин….

 

Бүтэһик эрэлбит

Туолбакка эрэйдиир,

Итэҕэл, эрэл, бит:

«Аны суох, эрэй» диир.

 

Үөһээ Бүлүү улууһа.
Оҥхой нэһилиэгэ.
1959с төрүөх.
Васильева Глафира Спиридоновна

Омоним хоһооннор

Кииним түспүт си
ригэр.
Киин сиртэн кэл
биччэ
Үөс диэки хаама
бын.
Үөспүн ылларан
оһоотун
Дойдубар дьэгди
йэ кэллим.
Сыыр сырайыгар
дьиэлээх Сүөдэри
Ыы сырайга көр
сөбүн.
Тайахтанар да буоллар
Тайахха сылдьы
бытын кэпсээтэ.
Сүүстэ сылдьы
быт суолугар
Сүүс сүүскэ көрсүбүттэр
Ыта боройон үрбүт.
Ытарга бэлэм буо
лаат.
Үрэр тыалы би
лиммэккэ.
Тардан кээспит чыыбыһын.
Таба ытан саай
бытын
Омуннаахтык сэ
һэргээн
Оҕо сааспар тө
нүннэрдэ.
Саас кус кэлии
тэ
Сэттэ сааспын
туолбутум.
Аҕастарым ик
киэлэрэ.
Аҕабыт сиргэ
барарыгар.
Сүүстэригэр тү
һэр.
Сүүмэх баттахтарын
Өрө анньан бэри
нээт.
Тыытыллыбыт
сиэлтэн.
Сүүмэх, сүүмэх ылан
Ньилбэктэригэр
анньан
Эриэн ситии хап
пыттара.
Сиэр-туом буола
рын
Ситэн баран бил
тим
Аҕабыт киэһэ ха
раҥаҕа
Хара былыт халы
йыыта
Таас түннүк сабыыта сабыллы
бытын кэннэ.
Киирэн кэлтэ со
һуччу.
Эмис тайах түөһүн
Түөһүгэр өйүү кө
ҕөн.
Бас-көс убайбыты
гар
Баһын киллэр диэ
битэ.
Этин эттээн элэҥ
нэтэн.
Тааска өрөһөлүү
уурта.
Эттэммит этит
тэн
Эбээҕэ үгүөрү со
ҕустук
Илдьэргэ сорудах
эттэ биһиэхэ.
Быар хоорунан күндүлэнэн.
Мотуйдубут тотор
бутунан.
Сиэтибит-аһааты
быт астына.
Табан тобуктаа
бытын билээт.
Табалыы ойбут үө
рүүтүттэн.
Элиэнэ дохсун сүүрүгүнүү
Эниэни таҥнары
сүүрээри.
Иҥнэри түспүт маска
Иҥнэн хаалбыт та
ҥаһыттан.
Күлэн тоҕо бар
быппытыгар.
Көр-күлүү буолба
тах.
Булт соноро абы
лаҥнаах.
Улааттан баран
билиэххит диэтэ.
Хара сир тахсыы
та
Хараланан абы
раммыппыт.
Саас хаас кэлии
тэ
Хааһын түрдэччи
туттан олорон
Ханна хайдах тоһу
йуоҕун сыымай
дыыра өйүгэр.
Атаҕынан сыл
дьарга чугас диэн
Быһыттаах атаҕын ордороро
Моонньоҕон оҕо
то ситиитэ.
Моонньоҕон ха
раара буһааччы.
Биим миэхэ көрдөртө.
Биилии олорор быһыччатын.
Төбөлөөҕү оҕо
тыыппатын.
Төбөҕөр хатаа
диэн.
Ыксары ылын
нара эппитэ
Кытаанахтык тур
гута көрбүтэ.
Итии,куйаас күн
нэргэ.
Аһара буһарым иһин.
Киэһээ күөһүн бу
һаат.
Ийэм ыстаан тикпитэ.
Иҥнэри-таҥнары
тардынаат
Оонньуу ойтум тэлгэһэҕэ.
Ойон-тэбэн истэх
пинэ.
Тигээйи эмискэ тикпитэ.
Тохтоло суох ытаа
быппар
Эбэм хараҕын симмэхтиир.
Мурун сотор өрбө
ҕүн
Үлүбээй сиэбигэр
симмэхтиир.
Тигээйи иннэтин
барытын тоһу
туох буолан уоску
тар.
Эһэм саһаан охсон бэлэми
Оҕуска тиэйэн кэ
лэрин кэтэһэрим.
Айылҕа аптаах абылаҥа.
Айылгым эбит миэхэ.
Булт,алт кистэлэ
ҥэ туругум тутула.
Кырыа кыһын оро
йо.
Хаар,сиир кэми
гэр
Ахтабын да туох
хаһыйа.
Үөрдээх куска тү
бэһэн.
Үөрэн ыгылыйан
ыларбын.
Хомус тойугар хо
луубун.
Хойуу хомус суугу
нун.
Холбуллар үүккэ
холонор.
Үүт туман быыһынан
Ньыкыйан,саһан
киирэрбэр.
Хардыыбын кыччатарбын
Атылбын аччатар
бын.
Ытан ылбыт кус
пун
Ытым таһааран
биэрэрин.
Саас кэллэҕин аа
йытын
Сааһым баран ис
тэҕэ.
Ойууру кэтэрим сэдэхсийдэ.
Ойор-тэбэр ыараа
быт.
Оой кэриэтэ эттэх
хэ.
Оһуор,мандар олохпун.
Утумнуур уолат
тардаахпын.
Силис, мутук тэни
тэр
Ситим салгыыыр
Сир симэҕэ сиэн
нэрдээхпин.
Орто Дойду оло
ҕор.
Ситиһиим,кэх
тиим,бүдүрүйүүм
Өрөйүүм, чөрө
йүүм үөрүүм
Барыта бэйэм киэ
нэ.
Олорчу олоҕум туоһута.

 

Аянитова Вера Ивановна

Таатта, Туора-Кюель

 

Омоним хоһооннор

Тиэргэнтэн үүрэн аҕаллым ынахпын

Титииккэ киллэрэн баайдым

Тиэтэлинэн ыы охсон, киллэрэн оргуттум

Үрүмэ үүтүн сойута уурдум.

 

Киһи өрө туппут дьүөгэлэрим

Иистэнэ кэлэллэр «Мөһүүрэлэр»

Харабыл доҕорум Булчутум

Үрүмэ дуу, куттаама.

 

Омоним тыл – Үрүмэ диэн

 

Тыытан, сууйан, ыраастаан

Тымырдаайы өрөн бэлэмнээн,

«Сайдам» культура дьиэтигэр

Сүүс бастыҥата бэлэх ууннубут.

Сахабыт сирэ – төрөөбүт дойдубут

Сахабыт сирэ – үүнэр-сайдар кэскилбит

Сүүс сыллаах үбүлүөйүн

Ситиһиилээх үлэнэн көрсүөҕүҥ.

Омоним тыл – Сүүс диэн

 

Өрөбүл күннэри туһанан

Өрүсүһэн тыаҕа тахсыаҕын

Иһити толору моонньоҕон хомуйан

Махталлаах буолуоҕуҥ айылҕабытыгар.

 

Аҕабыт бултуу барбыта

Аара күөлгэ үөр куска түбэстэ.

Киэһэ сандалы тула олорон

Моонньоҕон миинин тото-хана истибит.

 

Омоним тыл Моонньоҕон

 

Дойдум миэнэ Уус-Тааттам

Дириҥ элбэх күөллэрин тула

Хара төбөлөөх хомус от үүнэрин

Ийэм хомуйан тэллэх тигэрэ.

 

Киэһээ аайы кулуупка кэлэммит

«Мөһүүрэ» кыргыттара мустаммыт

Истиҥ иэйиилээх хомус ыламмыт

Эдэрдэргэ, эмэҥҥэ эҕэрдэ этиэҕиҥ.

 

Омоним тыл Хомус

 

Мойбордоох эһэ тириитин үрдүгэр

Икки атахтарын эрийэ уураннар

Көрсүспүччэ истиҥник сэлэһэ олордулар

Икки үөлэннээхтэр Уйбааннаах Мэхээлэ.

 

Эбэ, эһэ ааттанан

Элбэх сиэн оҕолонон

Субу курдук дьоллоохтук

Сүрэх тэбэрин тухары олоруоҕуҥ.

 

Омоним тыл Эһэ

 

Маҕаачай ынаҕым барахсан

Сыл аайы оҕус ньирэйи төрөтөр

Бэйэтин солбуйар тыһы ньирэйи

Бэлэхтээтэр үөрүөм да этэ.

 

Оҕонньорбор саҥа сон ылбытым

Үөрэ-көтө кэтэн көрдө

Тимэҕин тыһыта кыараҕас буолан ону сэрэнэ кэҥэтэн биэрдим.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *