Ытыктабыллаах Михаил Фомич!
Эн аатырбыт аҕаҥ Куома Чааскын суолун батыһан, аар айылҕаҥ аналынан олоҕуҥ усталаах туоратыгар дьон туһугар үтүө санааҕынан уонна эмтиир идэҕэр бэриниилээх буолуу холобурун чаҕылхайдык көрдөрөн кэллиҥ. Ыарахан ыарыылары эмтээһиҥҥэ, өлүүнү-сүтүүнү аччатыыга, дьон доруобуйатын тупсарыыга бүтүн олоххун аныыргын сөҕө-махтайа билэбит. Дьон-сэргэ эн бараммат үгүс үлэҕин үрдүктүк сыаналыыр, дириҥник махтанар.
Ытыктыыр киһибитигэр сир үрдүгэр баар бары үтүөнү-кэрэни, киил мас курдук чиргэл доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр уҕараабат уйгулаах, кэрээбэт кэскиллээх, дьоллоох-соргулаах дьоһун олоҕу баҕарабыт!