В центральной улусной библиотеке в очень тёплой атмосфере прошла презентация книги «Оҕо саас түөлбэтэ», авторами которой являются краеведы — заслуженный учитель РС (Я) Колесова М.Н. и Почетный гражданин Таттинского наслега Харитонова Ф.М. Детские годы Марии Николаевны и Федоры Михайловны прошли на одной из самых известных улиц — улице Южной села Ытык Кюель. Из архивных материалов авторы узнали то, что здесь в 19 веке проводили собрания политссыльные Трощанский В.Ф., Пекарский Э.К.,Серошевский В.Л. Над некоторыми главами своего знаменитого труда » Якуты» В.Л. Серошевский работал в одном из домов, который находился на данной территории. В 1936 году здесь приземлился первый самолёт, а в 1956 году заработала первая электростанция. По воспоминаниям старожилов, здесь стояли большие берестяные ураса. В годы страшной репрессии недалеко отсюда пытали людей. Таким образом, благодаря Марии Николаевне и Федоре Михайловне проделан колоссальный труд по увековечению памяти старожилов нашего села. Присутствующие на презентации выразили глубокую благодарность авторам книги за проделанную работу, за освещение истории одной из улиц села.
Наһаа үчүгэй кинигэ тахсыбыт. Ааптардарга улахан махтал!
Олус үчүгэй кинигэ тахсыбыт, эҕэрдэ
Наһаа үчүгэй кинигэ, автордарга барҕа махтал.
Олус интириэһинэй, туһалаах кинигэ. Махтал ааптардарга!
Наһаа үчүгэй, дириҥ ис хоһоонноох кинигэ тахсыбыт. Ааптардарга улахан махтал!
Ааптардарга махтал! Интириэьинэй ба5айы кинигэ!
Олус учугэй кинигэ, автордарга махтал!
Олус үчүгэй кинигэ. Эдэр ыччаты элбэххэ үөрэтэр кинигэ.
Олус учугэй уонна интириэьинэй кинигэ тахсыбыт, ааптардарга махтал!
Олус интэриэьинэй ,ураты кинигэ тахсан,нэьилиэк,улуус историятыгар улахан кылааты киллэрдэ,кэнчээри ыччат бэйэтин нэьилиэгин ,кини олохтоохторун,дьарыктарын билэллэригэр олус туьалаах буолара саарба5а суох!Мария Николаевна5а уонна Федора Михайловна5а сыраларын биэрэн туран бу кинигэни суруйан,киэн арана5а таьаартарбыттарыгар махталбын биллэрэбин
Олус интэриэьинэй, бэртээхэй кинигэни таhаарбыттар! Автордарга улахан махтал буолуохтун 👍🏻
Улуус историятын кэрчиктэрин бу кинигэттэн ааҕан билиэххэ сөп эбит
Миролюба Жу
Оҕо саас түөлбэтин туһунан бэртээхэй кинигэни ылсан, оҕо саастарын эргитэн, инники көлүөнэҕэ сүппэт бэлэҕи оҥорбуккутугар, Марияга эйиэхэ, билэрдии, улахан баһыыбабытын тириэрдэбит.
Инникитин да ити дьоҕургутун ситиһиилээхтик салгыы туруҥ. Саҥа дьылга саҥа сүүрээннэри, доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну.
Прудецкая Е.П.
Кинигэни олус умсугуйан,тартаран, биир тыынынан аахтым. Бу ким суруйбутуй, астыктык махтанан суруйбут, чахчы ити кини суруйбутун курдук,олус табыллан бэркэ тахсыбыт, сыра, сылба, бөҕө бардаҕа, чахчы дьоно Эһи буолан оҥоттордоххут, хос хос бэрэбиэркэ, көннөрүү, биьи бэлэми нэһиилэ ааҕабыт, махтал буоллун Марияҕа, Федораҕа, дьоллоох доруобай, уһун үйэлээх буолун
А.С. Оготоева:
Үтүө киэһэнэн! Леналыын салгын сии тахсыахтаах этибит, ону мин кинигэҕин ааҕа олорон ыллардым, миигин сүтэрэн кээспит. Эн суруйааччы буолуон хаалбыт, мин ааҕа-ааҕа киинэ курдук көрөбүн, наһаа үчүгэйдик суруллубут, тыла-өһө, онон эйиэхэ улахан комплимент этэбин.
С.Ф. Кондратьева. Дьокуускай к. 2022 с.
Бу саҥа 2022 сылы көрсө мин бииргэ улааппыт, үөрэммит дьүөгэлэрим Колесова Мария уонна Харитонова Дора биһиги түөлбэ дьонун-сэргэтин олохторун туһунан бэртээхэй кинигэлэрэ таҕыста. Биһиги аймах бары сөбүлээн аахтыбыт, астынныбыт. Киһи сааһырдаҕын аайы төрүттэргин, урукку олоҕу билиэххин уонна ону ыччаттаргар тиэрдиэххин баҕаҥ улаатар да, кэмигэр кырдьаҕастартан ыйыталаһар, билэ-көрө сатыыр майгы эдэр, дохсун эрдэхпитинэ үксүбүтүгэр да суоҕа атахтыыр эбит. Син ону-маны кэпсиир этилэр да кулгаахпыт таһынан истээхтиир буоллахпыт. Үксэ арааһа сэбиэскэй саҕана былыргы барыта куһаҕан, хаалынньаҥ диэн идеология содула буолуон сөп. Мин, биһи көлүөнэ баттаһа төрөөн билбит – көрбүт кырдьаҕастарбыт, бэйэбит үөлээннээхтэрбит, ыччаттарбыт туһунан иһирэх тыллары долгуйа аахтым. Урут билбэтэхпин да биллим-көрдүм. Үөлээннээхтэрбэр Марияҕа уонна Дораҕа бу Таатта нэһилиэгин историятын үөрэтиигэ олус туһалаах дьиҥ норуот туһугар сыралаах үлэлэрин иһин барҕа махталбын тиэрдэбин.
Большакова А.Д.
«Туллукчаан» оҕо библиотеката өр сылларга бииргэ алтыһан олус таһаарыылаахтык үлэлээбит » муос кыттыгаспыт» убаастыыр киһибит М.Н.Колесова уонна олохтоох кыраайы үөрэтээччи Д.М.Харитонова » Оҕо саас түөлбэтэ» диэн бэртээхэй кинигэлэрин бэлэх тутан дуоһуйа астына аахтыбыт. Кинигэни ааҕан араас ыраас санаалар киирдилэр. Дьоллоох оҕо саас тыына иһирэхтик илгийдэ. Хас биирдии киһи умнуллубат оҕо саастаах буоллаҕа. Ааҕааччыны, кими баҕарар, бу түөлбэҕэ олорботох да киһиэхэ дууһатын кылын таарыйар сырдык иэйиилэр, өйдөбүллэр кууһаллар. Ахтыылар ааҕааччыга, ийэҕэ, аҕаҕа, бииргэ төрөөбүттэргэ ытыктабыллаах, харыстабыллаах сыһыаннары, кинилэринэн киэҥ туттууларын, олохторугар холобур оҥостоллорун бэрт судургутук, ол эрэн дириҥник арыйаллар. Кинигэ иитэр-үөрэтэр суолтата улахан. Ол курдук аҕа көлүөнэ дьон оҕоҕо- ыччакка төрөөбүт сири, олорбут-улааппыт түөлбэни таптыырга, харыстыырга угуйар үөрэҕэ буолар.
Дьэ, ити курдук, силис тарпыт түөлбэбитигэр Улахан Сайылык уонна паарка ыалларыгар (Дьоҕууһап, Холкуоһунай уулуссаларга) ананан тахсыбыт кинигэ күн сирин көрбүтүнэн өссө төгүл Таатта талыы-талба эйэҕэстэй эбээлэригэр, Далбар Хотуттарыгар, күн-күбэй ийэлэргэ Мария Николаевна Колесоваҕа (Акимоваҕа), Федора Михайловна Харитоноваҕа (Слепцоваҕа) дириҥ махталбын тиэрдэбин. Түгэнинэн туһанан, бу тиийэн кэлбит сандал сааһынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Кэскиллээх олоҕу, ситиһиини, доруобуйаны, чөл буолууну, олохтон дуоһуйууну баҕарабын. Эргимтэҕит сырдык-ыраас буоллун, тэмтэрийбэт тирэхтээх, иэҕиллибэт итэҕэллээх буолун. Чаҕылыйан тахсар хас биирдии күн сүрэххитин үөртүн, дууһаҕытын сылаанньыттын, олоххутун уһаттын. Өссө да эһигиттэн ыра санааҕытын ыпсаран улууспут, нэһилиэкпит, тэрилтэлэр үлэлэрин-хамнастарын сырдатар, ытык-мааны уонна сэмэй дьоннорбут тустарынан дириҥ ис хоһоонноох саха омук историятыгар киирэр кинигэлэри суруйуохтара диэн эрэнэбит уонна кэтэһэбит.
А. И. Лопатина:
Күндүттэн күндү, кэрэттэн кэрэ, көрдөөх-нардаах дьүөгэбит Морууһа Доркатынаан суруйбут бэттээхэй кинигэтин төхтөруйэ-төхтөруйэ ааҕан, оҕо сааспытын, оонньообут-көрүлээбит Хадаайыбыт ыллыктарын, кэрэ айылҕатын, барыта билэр, убаастыыр дьоммут туһунан уйадыйа ааҕан, дууһалыын долгуйдум, дуоһуйдум.
Кэрэ да кэмнэр ааспыттар, кэрэ да дьоннор олорбуттар, киһи эрэ киэҥ туттар саха ыаллара бэттээхэй ыччаттары кырыымчык кэмҥэ иитэн-үөрэттэрэн, үтүө үлэһит дьону таһаарбыттара биир кыракый түөлбэттэн.
Кэннигэр ыччаттарын ситиһиилэрэ, оҕолоро-уруулара, хаартыскалара элбэҕэ, олох наһаа үчүгэйдик дьаарыстанан, бэттээхэй кинигэ буолбут. Ама кинигэлээхпин диир кинигэ.
Кыргыттар маладьыас да маладьыас кыргыттар. Киэҥ туттабын.
Биһиги таатталар, арааһа, уйан дууһалаах дьоммут быһыылаах, уруккубутун ааҕа-ааҕа уйадыйабыт.
Ушницкая А. Н.
«Оҕо саас түһүлгэтэ» диэн бэттээхэй кинигэни тутан ааҕа олоробун. Кинигэни суруйбут күн сирин көрдөрбүт Моруусаҕа, Дораҕа улахан махтал. Кинигэни ааҕа олорон Ытык-Күөл кэрэ хатыламмат айылҕатын көрө олорор курдуккун. Ити түөлбэҕэ олорон ааспыт дьон-сэргэ, бииргэ улааппыт оонньообут оҕолор тустарынан истиҥник-иһирэхтик ахтыллыбыттара киһини долгутар. Биир түөлбэҕэ икки уулусса оҕолоругар, онно олорон ааспыт дьоҥҥо үчүгэй өйдөбүнньук оҥорбуккут, ыччаттаргытыгар бэлэх буолбут. Хас биирдии ахтыы — туһунан кэпсээн. Мин үксүлэрин ыраахтан көрөн эрэ билэбин, сурахтарын эрэ истэбин. Хас биирдии киһиэхэ төрөөбут дойдута, оонньоон ааспыт уулуссата, онно алтыспыт дьоно-сэргэтэ олус күндү, ол хатыламмат, иккистээн эргиллибэт. Үтүө дьонноох -сэргэлээх эйэлээх түөлбэҕэ улааппыккыт, киһи-хара буолбуккут — ДЬОЛ. Өссө төгүл эҕэрдэ. Айымньылаах үлэни, доруобуйаны, уһун үйэни.
Нестерова Р.В.
Хас биирдии страницатын арыйан истэҕим аайытын оҕо сааһым ыллыгынан сүүрбүт-көппүт кырдалларым, күөлэһийбит хонууларым, сөтүөлээбит кытылларым… Бэл диэтэр, хас биирдии ыкса ыалларым ааннарын сэгэтэн, кинилэри кытта итии үүттээх хойуу чэйи тойуу саахары кытта сыпсырыйа иһэн, саһарчы буспут алаадьыларын амсайан ыалдьыттаан ааһар курдукпун. Бу маны барытын автордар Мария Николаевна Колесова уонна Федора Михайловна Харитонова бэйэлэриттэн суруйбуттара кинигэбит ис хоһоонун наһаа байытар, умнан кээспит оччотооҕу күннээҕи олоххо туттар тылларбытын да, ыалларбыт араспаанньаларын, хос ааттарын булаттаан астынным (заготскот, куула, мааска, Красайдар, Күрүдьүөскэйдэр…).
Мария хас биирдиибитин бэйэбитинээҕэр үчүгэйдик билэрэ сөхтөрдө. Өр кэмҥэ иитиэхтии сылдьыбыт баҕа санаатын төлө көтүтэн, орой мэник оҕо сааспыт умнуллубат сылларын отой бу баар курдук сурукка-бичиккэ киллэрэн кинигэ гынан таһаарбыттарын чахчы да тугунан да кэмнэммэт, сыаналаммат күндү БЭЛЭХ быһыытынан ылынныбыт. Ылбычча киһи ылсыбат сүдү үлэтэ буолбут. Дьоно кинилэр буолан кыайдахтара, күндү дьоммут, Мария уонна Федора (нууччалыы эттэххэ на глубоком патриотизме и голом энтузиазме). Аҥардас дьон ахтыытынан эрэ мунурдаммакка, сөрүү тутан баай, хомоҕой сахабыт тылынан ыпсаран, бэйэлэрэ суруйалларынан «Куһаҕан кусчааннар» диэбиккэ дылы кыайан көппөтөх, ыырдарыттан ырааппатах «дойдулаах суордар» бэйэлэрин кыахтарынан, сурукка тиһэн, кэрэ кэпсээн, сэргэх сэһэн оҥорбуттара ааҕыахтан астык. «Ааҕааччыларбыт дууһаларын кылын таарыйан, санаалара оҕо саастарын түөлбэтигэр кэлэн дьаарбайан ааспыт буоллаҕына биһиги астынабыт, үөрэбит», — диэн билинэллэр.
Ийэбит илиитин сылааһын, минньигэс сытын, иһирэх тылларын, аҕабыт амарах сыһыанын, бииргэ үөскээбит, сырсыакалаһа сылдьыбыт, биир күн Красайдар, иккис күн Бэхтиис Сэлээтиннэр олбуордарынан быһа түһэн парка хойуу тыатыттан дьэдьэннээн амсайбыт, кини кэтэҕиттэн хаптаҕастаан хаһааммыт, Бөтүрүөптэр, Чорбойдор, Сиипсэттэр, Мөлөкүүрэптэр кырдалларыгар лапталаан, бырыычыкалаан оонньообут оҕо сааһым доҕотторун санаппыккытыгар, ол кэмнэ төнүннэрбиккитигэр өссө төгүл МАХТАЛ, МАХТАЛ, МАХТАЛ. Оҕо саастан саҕаланар биһиги ис эйгэбит, баай дууһабыт, аан дойдуну анаарыыбыт, барыгытыгар үүммүт сыл саамай үчүгэйи, кэрэни, сылааһы, сырдыгы эрэ аҕаллын, доруобай, чөл туруктаах буолун, күндү дойдум дьоно барахсаттар.
Ахтар саныыр, дьоллоох оҕо сааһым ааспыт түөлбэтин туһунан бэрт үчүгэй кинигэ тахсыбытын үөрэ-көтө, астына иһиттим. Санаабар дойдум саймаархай салгынынан дуоһуйа тыынан ыллым. Ыаллаһан олорбут ыалларбын илэ көрсүбүт курдук долгуйдум. Итинник кэрэ түгэни миэхэ эдьиийим курдук саныыр күндү дьүөгэм Римма Васильевна Нестерова аныгы үйэ буолан кинигэ страницаларын ватсабынан ыытан дуоһуйа аахтарбытыгар сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн туран махтал, таптал тылларын аныыбын. Кинигэни иилээн саҕалаан сурукка тиһэн бэчээттэппит автордарга барҕа махтал тылларын этэбин. Барыгытыгар чөл туруктаах, ситиһиилээх уһун үйэни! Оҕо сааспар ыалдьыттаан ааспыппар өссө төгүл махтал!
Амматтан Вера Трифонова ( Петрова)