1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (3 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...
991 просмотров

И.А. Аргунов аатынан Ытык Күөл киин библиотеката кыраайы үөрэтээччи, муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ, Тааттыныскай нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Федора Михайловна Харитонова төрөөбүтэ 75 сааһыгар бэлэмнээтэ

 

Кыраайы үөрэтээччи, муниципальнай  сулууспа бэтэрээнэ, Тааттыныскай нэһилиэк бочуоттаах  олохтооҕо Федора Михайловна Харитонова муус устар 25 күнүгэр 75 сааһын туолла

  • 1948 с. муус устар 25 күнүгэр Ытык Күөлгэ төрөөбүтэ
  • Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрбитэ
  • Дьокуускайга, Ытык Күөлгэ иитээччинэн үлэлээбитэ
  • Делопроизводство, стенография, машинопись курстарыгар үөрэммитэ
  • 1980-2004 сс. партия оройуоннааҕы комитетын, улуус дьаһалтатын приемнайыгар сэкирэтээринэн үлэлээбитэ
  • Улуус историятын үөрэтиигэ таһаарыылаахтык үлэлиир
  • Хас да кинигэ ааптара уонна хомуйан оҥорооччута
  • Бэтэрээннэргэ ытыыга күрэхтэһэн бастыыр, миэстэлэһэр
  • Тааттыныскай нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо
  • “За поддержку местного самоуправления в РС(Я)”, “Таатта улууһун 100 сыла”, “Үйэтитиигэ кылаатын иһин”, “Таатта нэһилиэгин сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта

Федора Михайловна Харитонова уонна киин библиотека

 

Аҕатыттан саҕаламмыт ситим

 

Кыраайы үөрэтээччи, Таттыныскай нэһилиэк бочуоттаах  олохтооҕо Федора Михайловна Харитонова киин библиотеканы кытта сибээһэ аҕата Михаил Григорьевич Слепцовтан силис таппыт эбит, кини оройуон бастакы библиотекарынан анаммытын туһунан 1938 с. атырдьах ыйын 28 күнүнээҕи бирикээс архыып докумуонугар хараллан сытар. Библиотека соцкультура дьиэтигэр кыра хоско үлэлээн нэһилиэнньэ ортотугар араас сырдатыы үлэтин ыытара, нэһилиэктэргэ баар ааҕар балаҕаннары салайара, көһө сылдьар пууннары, кыһыл муннуктары үлэлэтэрэ.

Михаил Григорьевич бэйэлэрин кэмнэригэр киэҥник биллибит үөрэхтээх удьуортан төрүттээҕэ. Дьокуускайга реальнай училищены, салгыы Москваҕа Шанявскай аатынан университекка үөрэнэ барбыта. Онтон революция кэмигэр университета сабыллан, Сахатын сиригэр төннөн кэлэн араас үлэлэргэ үлэлээбитэ. Саха чулуу дьонун П. Ойуунускайы, М. Аммосовы, И. Бараховы, А. Бояровы уо.д.а. кытта билсибитэ. Биир дойдулаахтарын П.В. Афанасьевы, П.И. Оросины кытта доҕордоспута, кинилэр Михаил Григорьевиһы дириҥ, киэҥ билиилээҕин иһин “Кыайыгый бөлүһүөгэ” диэн ааттаабыттар. Кини киэҥ билиилээх, саха норуотун былыргытын, фольклорун, төрдүн-ууһун үөрэппит, хаартыскаҕа түһэрэр уонна мунньар, дэгиттэр сайдыылаах киһи эбит. Быйыл төрүттэммитэ 85 сылын бэлиэтиир баай историялаах, өй-санаа, билии биһигэ буолбут тэрилтэни саҕалаабыт  М.Г. Слепцов аата улууспут историятыгар мэлдьи ахтылла туруоҕа.

                                            

Улуус историятын сурукка тиһээччи

 

Федора Михайловна удьуордарын дьарыгын салҕаан улуус биир тарбахха баттанар кыраайы үөрэтээччитэ буолар. Кини илиитин араарбакка архыыпка, библиотекаҕа таһаарыылаахтык үлэлээн сыл аайы саҥаттан саҥа кинигэлэри оҥорон бар дьонугар бэлэхтиир. Кини дьулуурунан, сүрэҕин сылааһын ууран араас темаҕа таһаартарбыт кинигэлэрэ ааҕааччылар сэҥээриилэрин ылан былдьаһыкка сылдьаллар. Ол курдук, историяны хасыһан үөрэтэн, урукку хаартыскалары туһанан улууспут киинигэр анаммыт “Ытык Күөл” (2012 с.), эдьиийэ К.М. Егоровалыын “Түөкэй аҕа ууһуттан төрүттээх Ытык Күөл” (2019 с.), автордар бөлөхтөрүн кытта “Тааттыныскай нэһилиэк. Быраман былыргы (2015 с.), “Таатта нэһилиэгин үйэлээх суола” (2016 с.) кинигэлэри хомуйан оҥорбута. Саха биир үөрэхтээх, баай ис хоһоонноох олоҕу олорон ааспыт, Тааттаҕа библиотека, музей үлэлэрин саҕалааччы, аҕата Михаил Григорьевич Слепцовка аналлаах “Кыайыгый бөлүһүөгэ Слепцов М. Г.” (2014 с.) уонна эдьиийэ К.М. Егоровалыын “М.Г. Слепцов ахтыыта” (2014 с.) кинигэлэри таһаартаран кини үтүө аатын сурукка тиһэн үйэтиппитэ. Нууччалыы тылынан убайын ыстатыйаларын, ахтыыларын түмэн “Слепцов Николай Михайлович. Статьи. Воспоминания” (2020 с.), эһэтин, Ытык Күөллээҕи Преображенскай таҥара дьиэтин бүтэһик аҕабыта И. Попов туһунан  “Отец Иннокентий” кинигэлэри таһаартарбыта. Ону таһынан Е.П., Н.Н. Прудецкайдары кытта аймаҕын, үлэ, сэрии бэтэрээнин туһунан Прудецкий Николай Никонорович (2020 с.), үөлээннээҕэ М.Н. Колесовалыын түөлбэтин дьонун-сэргэтин туһунан “Оҕо сааспыт түөлбэтэ” (2021 с.) кинигэлэри хомуйан оҥорбута. Бу кинигэлэр барыта улуус историятын үөрэтиигэ дьоһун кылаат буолаллара саарбаҕа суох.

 

Библиотека чугас доҕоро

 

Ф.М. Харитонова киин библиотека биир бастыҥ ааҕааччыта, ыытар тэрээһиннэрбитигэр көхтөөхтүк кыттар. Холобур, Алампа үбүлүөйүгэр анаммыт литературнай киэһэҕэ суруйааччы туһунан олус кэрэхсэбиллээхтик кэпсээн, ийэтинэн хаан-уруу аймаҕа буоларын сырдатан  дьон сэҥээриитин ылбыта. Кини кинигэтэ таҕыста да үөрэ-көтө хайаан да библиотекаҕа кэлэн анаан суруйан бэлэхтиир үтүө үгэстээх. Ааптар саҥа кинигэлэрин тахсыылара киин библиотекаҕа, “Сарыал” культура киинигэр тэрээһиннээхтик бэлиэтэммиттэрэ. Федора Михайловна кинигэлэрэ баай ис хоһоонноохторунан, уус-уран маастарыстыбалаахтык суруллубуттарынан, элбэх архыып матырыйааллара туһаныллыбыттарынан, сэдэх хаартыскаларынан, төрүччүнэн ситэрэн бэриллибиттэринэн уратылаахтар. Ол да иһин киин библиотека уонна “Таатта” хаһыат ыытар “Сыл бастыҥ кинигэтэ” улуустааҕы куонкурустарыгар “Ытык Күөл”, “Тааттыныскай нэһилиэк”, “Таатта нэһилиэгин үйэлээх суола”, “Түөкэй аҕа ууһуттан төрүттээх” кинигэлэрэ анал номинациялар кыайыылаахтарынан буолбуттара.

Кыраайы үөрэтээччи быһыытынан Федора Михайловна киин библиотека сыл аайы таһаарар Таатта ытык-бэлиэ күннэрин ыйынньыгар улууспут чулуу дьонун М.Г. Слепцов, Н.М. Слепцов, Г.В. Слепцов, Н.Д. Попов тустарынан ыстатыйалары суруйбута.

Киин библиотека үлэһиттэрэ ытыктыыр киһибитин үбүлүөйдээх дьоһун сааһынан эҕэрдэлээн туран доруобуйаны, дьолу-соргуну, өссө да кыраайы үөрэтиигэ таһаарыылаахтык үлэлээн саҥа кинигэлэринэн бар дьонун үөрдэ турарыгар баҕарабыт.

 

Ф. М. Харитонова кинигэлэрин Электроннай библиотекаҕа сыылканан киирэн ааҕаргытыгар ыҥырабыт:

Ытык Күөл. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2012. – 156, [60] с. ил. 

М. Г. Слепцов ахтыыта / хомуйан оҥордулар: К. М. Егорова, Ф. М. Харитонова. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, [2014]. – 56 с. : ил. 

Кыайыгый бөлүһүөгэ Слепцов М. Г. : (1895-1974) : ыстатыйалар, ахтыылар / хомуйан оҥордо Ф. М. Харитонова. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2015. – 49, [1] с., [22] л. ил. 

 Тааттыныскай нэһилиэк. Быраман былыргы / хомуйан оҥордулар: Ф. М. Харитонова [уо.д.а.] ; бырайыак салайааччыта М. А. Попова. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2015. – 304 с. : ил. 

 Таатта нэһилиэгин үйэлээх суола / кинигэ идеятын ааптара М. А. Попова ; хомуйан оҥордулар: Ф. М. Харитонова [уо.д.а.]. – Ытык Күөл : «Таатта полиграф», 2016. – 544 с. : ил.

 Түөкэй аҕа ууһуттан төрүттээх Ытык Күөл / хомуйан оҥордулар: Ф. М. Харитонова, К. М. Егорова. – Дьокуускай : «ДЬОЛУО» ИД, 2019. – 208 с. : ил.

Прудецкий Николай Никонорович / бэчээккэ бэлэмнээтилэр Е. П., Н. Н. Прудецкайдар, Ф. М. Харитонова ; кинигэ идеята Н. Н. Прудецкай. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2020. – 74 с. : ил.

Оҕо сааспыт түөлбэтэ / хомуйан оҥордулар: М. Н. Колесова (Акимова), Д. М. Харитонова (Слепцова). – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2021. – 228 с. : ил.

***

 

Отец Иннокентий. – Ытык-Кюель : Редакция газеты «Таатта», 2014. – 45, [40] с. ил. 

Слепцов, Н. М. Статьи. Воспоминания / [составитель Ф. М. Харитонова]. – Ытык-Кюель : Редакция газеты «Таатта», 2020. – 168, [40] с. ил.

 

Ф.М. Харитонова туһунан

 

Таатта — 2018 : ытык-бэлиэ күннэр : биобиблиографическай справочник / Таатта улууһун кыраайы үөрэтээччилэрин көҥүл түмсүүтэ, Ытык Күөл киин библиотеката ; хомуйан оҥордо Т. Д. Бочорукова ; редактор Л. П. Слепцова. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2018. – 126 с. : ил. – С. 40-42.

 

Краеведы Якутии : биографический справочник / Якутский государственный объединенный музей истории и культуры народов Севера им. Ем. Ярославского ; автор идеи и главный редактор Е. С. Шишигин ; составители: П. В. Винокуров, Н. К. Гоголева. – Якутск : Бичик, 2011. – Выпуск 2. – 256 с. : ил. – С. 239.

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *