1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...
616 просмотров

Саха норуотун чулуу уола, бөдөҥ судаарыстыбаннай диэйэтэл, саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээччи Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах «Үргэл сулус куорсуннара» өрөспүүбүлүкэ айар түмсүүлэригэр литэрэтиирэ бэстибээлин БАЛАһЫАННЬАТА

I. Уопсай балаһыанньата
1.1. «Үргэл сулус куорсуннара» өрөспүүбүлүкэ айар түмсүүлэригэр бэстибээли ыытыы.
1.2. Өрөспүүбүлүкэ айар түмсүүлэригэр бэстибээл саха норуотун чулуу уола, бөдөҥ судаарыстыбаннай диэйэтэл, саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээччи Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах.
1.3. Өрөспүүбүлүкэ айар түмсүүлэригэр бэстибээл тэрийээччилэрэ: МО «Таатта улууһа» дьаһалтата, И.А. Аргунов аатынан Ытык Күөл киин библиотеката, «Чолбон» уус-уран литэрэтиирэ сурунаала, Ытык Күөллээҕи «Таатта” литературнай музей-заповедник, Норуот айымньытын дьиэтэ, Чөркөөхтөөҕү историко-мемориальнай түмэл, «Уран тыл» литературнай түмсүү, Чөркөөхтөөҕү “Иэйии” айар түмсүү, ООТ «Творец».
1.4. Өрөспүүбүлүкэ айар түмсүүлэригэр бэстибээл 2023 сыл бэс ыйын 28-29 күннэригэр, Таатта улууһун Ытык Күөллээҕи «Таатта” литературнай музей-заповедникка ыытыллар.
II. Сыала-cоруга
2.1. Уус-уран айымньы эйгэтигэр айар дьону, түмсүүлэри түмүү.
2.2. Ааҕыыга тапталы, ураты сыһыаны иҥэрии.
2.3. Саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээччи Былатыан Ойуунускай хоһооннорун дьон умсугуйан туран ааҕарын ситиһии.
2.4. Хоһоон этэр ис санаатын сөптөөхтүк ааҕан, истээччигэ тиэрдэр үөрүйэххэ уһуйуу.
III. Сүрүн ирдэбилэ
3.1. Өрөспүүбүлүкэ айар түмсүүлэригэр бэстибээлгэ айар түмсүүлэр (18 сааһыттан үөһээ дьон) кытталлар.
3.2. Өрөспүүбүлүкэ айар түмсүүлэригэр бэстибээлгэ кыттааччылар ааптар быраабын кэһии түбэлтэтигэр тэрийээччилэр эппиэтинэһи сүкпэттэр.
3.3. Өрөспүүбүлүкэ айар түмсүүлэригэр бэстибээлгэ кыттар айар түмсүүлэр сайаапкалары (сыһыарыы 1) эл.почтаҕа ыыталлар: cod891@yandex.ru Билсэр тел.: 89841086552, 8968153865;
3.4. Өрөспүүбүлүкэ айар түмсүүлэригэр бэстибээлгэ кыттыы төлөбүрдээх. Биирдии киһиттэн — 1700 солк. ( взнос — 200с., күрэскэ кыттыы — 300с., маастар-кылаас — 500с., экскурсия: Хадаайы — 200с., Чөркөөх — 200с.).
3.5. Өрөспүүбүлүкэ айар түмсүүлэригэр бэстибээлгэ айаны, аһылыгы кыттааччы бэйэтэ уйунар. Ытык Күөллээҕи «Таатта” литературнай музей-заповедникка палатканан түһүү. Кыттааччы хааччынар: палатка, утуйар мөһөөччүк, 2 күннээҕи аһылык, аһыыр иһит, олбох.
IV. Ааҕыыга кыттыы ирдэбилэ
4.1. «Дорҕоонноох тылым хоһооно долгутар алгыстаах…» айар түмсүүлэр Былатыан Ойуунускай хоһооннорун ааҕаллар (7-10 мүн.) — бөлөҕүнэн кыттыы.
4.2. «Этэр тылым эгэлгэтинэн…» бэриллибит темаҕа тута хоһуйуу — биирдиилээн кыттыы.
V. Дьүүллүүр сүбэ сыаналыыр кэриҥнэрэ
5.1. Ааҕыы түмүгүн дьүүллүүр сүбэ быһаарар.
5.2. Ааҕыы сыаналанар ирдэбилэ:
— Хоһоону сөптөөхтүк ааҕыы ирдэбилин тутуһуу (сүрүн тыллары сөптөөхтүк бэлиэтээн ааҕыы, тохтобулу тутуһан, сөптөөх тэтиминэн дорҕоонноохтук ааҕыы, куолаһы оонньотуу;
— Ааптар санаатын тиэрдии чопчу, чаҕылхай көстүүлэрэ;
— Хоһоон ис хоһоонун сатаан туруоруу, кэлим сыалга тиэрдии;
— Айымньы ис хоһоонун уус-ураннык ааҕан арыйыы;
— Ааҕыытэтимин тутуһуу;
— Ааҕыыкултуурата,стилистиката, уус-уран уратыта;
— Сценаҕа тахсыы, толоруу култуурата.
VI. Наҕараадалааһын тутула
6.1. Уус-уран ааҕыы түмүгүнэн маннык миэстэлэр олохтоноллор:
— «Дорҕоонноох тылым хоһооно долгутар алгыстаах…» — Кылаан чыпчаал, I, II, III Үрдэллэр олохтоноллор, анал ааттар иҥэриллэллэр.
— «Этэр тылым эгэлгэтинэн…» — I, II, III Үрдэллэр олохтоноллор, анал ааттар иҥэриллэллэр.
6.2. Кыттааччыларга барыларыгар Туоһу сурук бэриллэр.
«Үргэл сулус куорсуннара»

 

Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах
өрөспүүбүлүкэ айар түмсүүлэригэр бэстибээл тосхоло

Ыытыллар кэмэ: 2023 сыл бэс ыйын 28-29 күннэрэ.
Буолар сирэ: Таатта улууһа, Ытык Күөллээҕи «Таатта» литературнай музей-заповедник.

Бэс ыйын 28 күнэ
10.00-12.00.Кыттааччылары көрсүү. Бэлиэтэнии. Палаткаларынан түһүү (Ытык Күөллээҕи «Таатта” литературнай музей-заповедник).
12.00-13.00. Ытык Күөллээҕи «Таатта” литературнай музей-заповедникка экскурсия.
13.00-14.00. Күнүскү омурҕан.
14.00-14.30. Алгыс сиэрэ-туома. Бэстибээл үөрүүлээх аҺыллыыта.
14.30-16.00. «Дорҕоонноох тылым хоһооно долгутар алгыстаах…» айар түмсүүлэргэ уус-уран ааҕыы күрэһэ.
16.00-17.00. «Чолбон: өй күрэһэ» оонньуу.
17.00-18.00. «Этэр тылым эгэлгэтинэн…» тута хоһуйууга күрэс.
18.00-18.30. Киэһээҥҥи омурҕан.
19.00-21.00. «ДьоҺун үлэм — дьолум төрдө, сахам тыла, эн эбит» Ирина Афанасьевна Колодезникова-Ымыыга аналлаах ахтыы киэһэтэ. Кыттыыны ылаллар эстрада сулустара. («Сарыал» култуура киинэ).
21.00-23.00. «Бары бииргэ түмсүбүччэ…» доҕордоһуу киэһэтэ. (Ытык Күөллээҕи «Таатта” литературнай музей-заповедник).
23.00. Ытык Күөллээҕи «Таатта” литературнай музей-заповедникка хонук.

Бэс ыйын 29 күнэ
08.00-09.00. Сарсыардааҥҥы аһылык.
09.00-10.30. Поэзияҕа, прозаҕа уонна уус-уран айымньыны ырытыыга маастар-кылаастар.
10.30-12.00.Суруйааччылар лиэксийэлэрэ.
12.00-13.00. Күрэхтэһии кыайыылаахтарын наҕараадалааһын.
13.00-14.00. Күнүскү омурҕан.
15.00. П.А. Ойуунускай төрөөбүт Муҥха Дэлбэрийбит алааһыгар, Чөркөөхтөөҕү историко-мемориальнай, П.А.Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннаһын музейдарыгар экскурсия.
Кыттааччылар тарҕаһыылара.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *