Үөрүүлээхтик аһыы
Бу дьыл бэс ыйын 28 күнүгэр Тааттатааҕы кииннэммит библиотечнай ситим тэрийиитинэн “Таатта” литературнай музей сиригэр саха чулуу уола П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт “Үргэл сулус куорсуннара” республикатааҕы литературнай фестиваль саҕаланна. П.А. Ойуунускай аатын үйэтитэр, республика айар түмсүүлэрин сомоҕолуур, литератураҕа интэриэһи тардар, ааҕыыны көҕүлүүр сыаллаах тэрээһиҥҥэ Дьокуускайтан, Намтан, Горнайтан, Амматтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Чурапчыттан уонна бэйэбит улууспутуттан литературнай түмсүүлэр, Саха сирин уонна Саха Республикатын суруйааччыларын сойуустарын чилиэннэрэ, “Чолбон” сурунаал, библиотека, музей үлэһиттэрэ, суруналыыстар, кыраайы үөрэтээччилэр, литератураны сэҥээрээччилэр кыттыыны ыллылар.
Тааттаҕа маннык республикатааҕы литературнай тэрээһиннэр уруккуттан ыытыллаллар. Ол курдук П.А. Ойуунускай 125 сылыгар литературнай пикник, Өксөкүлээх Өлөксөй үбүлүөйүгэр литературнай экспедиция, 2015 с. Таатта литературнай миэстэлэринэн туризм тэриллибиттэрэ. Быйылгы литературнай тэрээһини хас да тэрилтэ көмөлөөн ыытта. Ол курдук, «Творец» ООТ, Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ, “Чолбон” сурунаал, «Таатта» литературнай-художественнай музей, Чөркөөхтөөҕү политсыылка музейа, «Уран тыл» улуустааҕы, «Иэйии түһүлгэтэ» Чөркөөхтөөҕү литературнай түмсүүлэр.
Тэрийээччилэр кэлбит дьону көрсөн музей-заповедник устун экскурсия тэрийдилэр. Фестиваль үөрүүлээх аһыллыыта СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ К.И. Христофоров алгыһынан саҕаланна. Ол кэнниттэн делегациялар парадтаан киирдилэр. Салгыы Тааттыныскай нэһилиэк баһылыга Е.И. Павлов, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Г.Г. Вырдылин, саха народнай суруйааччыта, П.А. Ойуунускай хаан-уруу аймаҕа Е.В. Слепцова-Куорсуннаах, Саха сирин уонна Саха Республикатын суруйааччыларын сойуустарын ааттарыттан Н.И. Харлампьева уонна Н.В. Михалева-Сайа, филологическай наука доктора В.Г. Семенова, суруйааччы Г.Г. Андросов, Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Р.Р. Кулаковская тыл эттилэр. П.А. Ойуунускай олоҕор, айар үлэтигэр, Таатта литературнай түмсүүлэригэр аналлаах быыстапкалар дьон болҕомтотун тартылар.
Бөлөҕүнэн уус-уран ааҕыы куонкурса
Фестиваль бастакы куонкурса П. Ойуунускай хоһооннорун уус-ураннык ааҕыыга ананна. Барыта 9 бөлөх кытынна. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан Таатта Харбалааҕыттан “Айаана” бөлөх “Көҥүл ырыата” хоһоону ааҕан Кылаан кыайыылааҕынан ааттанна уонна Таатта улууһун дьаһалтата (М.М. Соров) туруорбут телевизорынан наҕараадаланна. Намтан “Отуу уота” бөлөх бастакы миэстэни ылан А.С. Бурцев туруорбут иистэнэр массыынатынан, иккис миэстэҕэ тахсыбыт Таатта Уолбатыттан “Дьэҥкир алып” бөлөх Тааттыныскай нэһилиэк, үһүс миэстэҕэ тиксибит Таатта Дьохсоҕонуттан “Куорсун” түмсүү улуустааҕы ыччат уонна дьиэ кэргэн отделын, анал ааттары ылбыт бөлөхтөр спонсордар олохтообут сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ саха народнай суруйааччылара Н. Харлампьева, Е. Слепцова-Куорсуннаах, суруйааччы Р. Каженкин үлэлээтилэр.
Биирдиилээн тута хоһуйуу куонкурса
Тута хоһуйууга “Былатыан” диэн тылынан акростих айыытыгар сорудах бэрилиннэ. Кыттааччылар 15 мүнүүтэ устата 8 строкаттан турар хоһоон айдылар. Барыта 38 киһи кыттыбытыттан Кылаан бириис З.П. Боппосоваҕа (Таатта) ананан улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ туруорбут бирииһинэн наҕараадаланна. Бастакы миэстэни Д.Ю. Протопопов (Таатта) ылан А.С. Бурцев туруорбут иистэнэр массыынатынан, иккис миэстэҕэ тахсыбыт Мэҥэ Хаҥаластан Н.В. Сидорова, үһүс миэстэҕэ тиксибит Дьокуускайтан Р.Е. Львова, анал ааттары ылбыт кыттааччылар спонсордар олохтообут бириистэринэн наҕараадаланнылар. Үлэлэри саха народнай суруйааччыта Н.В. Михалева-Сайа, филологическай наука доктора, ХИФУ профессора В.Г. Семенова, Саха телевидениетын ыытааччыта, суруналыыс Г.Е. Белоусов сыаналаатылар.
“Чолбон: Өй күрэһэ” оонньуу
“Чолбон” сурунаал редакцията фестивальга кэлбит хамаандалар ортолоругар Өй оонньуутун ыытта. Барыта үстүү-түөртүү киһилээх 10 хамаанда кытынна. Түөрт түһүмэхтээх күрэххэ кыттааччылар П. Ойуунускай олоҕор, айар-чинчийэр үлэтигэр, Саха сирин историятыгар сыһыаннаах боппуруостарга эппиэттээтилэр. Саамай элбэх баллы ылан Дьокуускайтан “Айар кут” хамаанда бастаата, иккис миэстэҕэ Тааттаттан “Дьохсоҕон”, үһүс миэстэҕэ Амматтан “Айар абылаҥ” хамаандалар тахсаннар “Чолбон” сурунаал” бириистэринэн наҕараадаланнылар. Биһирэбил бириискэ “Мэҥэбил”, “Эҥсиэли” хамаандалар тигистилэр. Оонньууну сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ Т. Павлова ыытта, дьүүллүүр сүбэҕэ бас редактор, суруйааччы Г. Андросов уонна суруйааччы А.И. Слепцов үлэлээтилэр.
Ирина Колодезникова-Ымыы ахтыы киэһэтэ
Саха Республикатын суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, талааннаах хоһоонньут Ирина Колодезникова-Ымыы кэриэһигэр анаммыт ахтыы киэһэҕэ кинини үтүө тылынан ахтан-санаан аастылар, хоһоонноро ааҕылынна, ырыалара ылланна. Тэрээһиҥҥэ Ымыы дьиэ кэргэнэ, Тыараһа нэһилиэгин баһылыга П.П. Турнин, бастакы учуутала Е.П. Чехордуна, детсадка бииргэ үлэлээбит доҕотторо, аймахтара, элбэхтэ алтыспыт киин библиотекатыттан директор А.К. Билюкина, улуустааҕы “Уран тыл” түмсүү салайааччыта С.С. Игнатьева, кэлбит ыалдьыттар Сайа, В. Семенова, В. Никифоров-Суор Уола, “Айар кут” түмсүү кыттыылаахтара ахтан-санаан аастылар. Эстрада ырыаһыттара Эрхаан, Санита Ай, мелодистар Карл Христофоров, Виктор Туманов Ымыы тылларыгар айбыт ырыаларын толордулар. Ахтыы киэһэни Ымыы дьүөгэтэ, суруйааччы Е. Филатова-Сыгыйык истиҥник-иһирэхтик ыытта. Ымыы кинигэлэрин уонна оҥоһуктарын быыстапката тэрилиннэ.
Маастар кылаастар
Фестиваль иккис күнүгэр тэрээһин кыттыылаахтарыгар анаан поэзияҕа, прозаҕа суруйааччылар маастар кылаастары ыыттылар. Айар дьоҕурдаах дьон элбэҕи билэн, үгүскэ үөрэнэн, махтанан тарҕастылар.
Народнай суруйааччылар лиэксийэлэрэ
Саха советскай литературатын төрүттээбит П.А. Ойуунускай, литература, суруйааччылар иннилэригэр турар соруктар тустарынан лиэксийэлэри саха народнай суруйааччылара Н. Харлампьева, Е. Слепцова-Куорсуннаах, Н. Михалева-Сайа аахтылар. Суруйааччылар Г. Андросов, А. Слепцов, Р. Каженкин, ученай В. Семенова бэйэлэрин санааларын эттилэр.
Бары бииргэ түмсүбүччэ
Астаах остуол тула олорон ирэ-хоро сэһэргэһии, литературнай түмсүүлэр уопут атастаһыылара, бэйэлэрин айымньыларын билиһиннэриилэрэ, музыкальнай эҕэрдэлэр тэрилиннилэр.
Чөркөөххө экскурсия
Фестиваль кыттыылаахтара П.А. Ойуунускай төрөөбүт Муҥха Дэлбэрийбит алааһыгар, Чөркөөхтөөҕү историко-мемориальнай музейга, П.А. Ойуунускай аатынан СР Государственноһын музейыгар экскурсияҕа сылдьан баран астынан, махтанан тарҕастылар.
Түмүк
Республикатааҕы фестиваль үрдүк таһымнаахтык ыытылынна, кэлбит дьон бары астынан, махтанан бардылар. Маннык айар түмсүүлэри сомоҕолуур, саха биллиилээх суруйааччыларын кытта алтыһыннарар, литератураны сэҥээрээччилэри түмэр тэрээһиннэр инникитин да ыытылла туралларыгар баҕаларын эттилэр.
Тэрээһини ыытыыга күүс-көмө, өйөбүл буолбут спонсордарбытыгар махталбытын биллэрэбит:
- Таатта улууһун дьаһалтата (М.М. Соров)
- Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтэ (Г.Г. Вырдылин)
- Таатта нэһилиэгин дьаһалтата (Е.И. Павлов)
- Таатта улууһун ыччат уонна дьиэ кэргэн отдела (И.Ф. Иванов)
- Бурцев Айаал Семенович
- Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтата (А.П. Семенов)
- “Тааттаавтодор” (И.И. Бочонин)
- ООО “Монтажник” (А.А. Ханин)
- Билюкин С.К. СӨ норуотун маастара
- С.А., М.С. Коркиннар дьиэ-кэргэн
- Бочоруков П.К. бааһынай хаһаайыстыба чилиэнэ
- “Абсолют” маҕаһыын (А.А. Элякова)
- “Байдам” маҕаһыын (В.В. Андросов)
- “Экономъ” маҕаһыын (А.Н. Данилова)
- “Баай ас” маҕаһыын (С.Н. Андросов)
- “Уйгу” маҕаһыын (В.В. Никифорова)
- “Мебельный” маҕаһыын (Л.П. Бурцева)
- “Нужные вещи” маҕаһыын (И.В. Гоголев)
- “Детский мир” маҕаһыын (З.Н. Николаева)
- “Модун” маҕаһыын (С.Н. Винокурова)
- “Расцвет” маҕаһыын (Е.А. Большаков)
- “Мозаика” маҕаһыын (В.В. Афанасьев)
- “Татьяна” маҕаһыын (Т.И. Ноенохова)