Билсиҥ, бэлэх кинигэ!
Кинигэ ааптара РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕин тиһигин бочуоттаах бэтэрээнэ, Баайаҕа нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Ольга Николаевна Макарова. Ольга Николаевна Б.Ф.Неустроев-Мандар Уус кинигэлэрин тылбаасчыта, Баайаҕа модельнай библиотекатын иһинэн үлэлиир «Көмүлүөк күлүмэ», улуустааҕы «Уран тыл» литературнай түмсүүлэр ыытар тэрээһиннэрин ырытааччыта, киин библиотека истиҥ доҕоро. Уран тыл маастара — Ольга Николаевна республикаҕа литература кириитигин быһыытынан биллэр. Ол курдук, 2019 сыллаахха «Чолбон» сурунаал А.И.Софронов-Алампа аатынан «Бастакы эрэдээктэр бириэмийэтин» уус-уран литература кириитикэтигэр номинациятын кыайыылааҕа, В.Н.Протодьяконов кэриэһигэр иккис, 2021 сыллаахха бастакы миэстэлэри ылбыта.
Бу кинигэҕэ Ольга Николаевна литература кириитигин быһыытынан араас кэмҥэ суруллубут ыстатыйалара, бэлиэтээһиннэрэ киирбиттэр.
«Айымньы күлүүһүн арыйдахха» кинигэттэн цитаталар:
«Өксөкүлээх Өлөксөй курдук норуотун ис кутун төрдүттэн түөһэн үөрэппит улуу бөлүһүөк, саха омук быһыытынан уратылаах, бу муус-хаар хайыҥнаах, томороон тоҥноох, өҥүрүк күйаастаах дойдуга олох олорор кырдьыгын, төрөөбүт норуотун олоххо дьулуурун, барыга тулуурун, кутун-сүрүн, өйүн-санаатын курдат сүүрдэн айбыт-туойбут, үйэлэргэ үрдэппит уратылаах ырыа-хоһооннорун ыччат дьоҥҥо, кэлэр көлүөнэлэргэ тиэрдии-хас биирдии саха киһитин ытык иэһэ».
«Анемподист Иванович Софронов — саха норуотун, саха литературатын ураты уйан иэйиилээх, уйаҕас куттаах, уран тыллаах, олоххо дуулаҕа дьулуурдаах, модун тулуурдаах уратылааах киһитэ, суруйааччыта. Олох охсуулаах долгуннарыгар туос оҥочолуу эриллибит-мускуллубут, ол эрээри күдэн тумарыкка, будулҕан буһурукка туһаайбыт сулуһун сүтэрбэтэх, ылбыт хайысхатыттан туораабатах эрдииһит.»
«Елена Васильевна Слепцова — Куорсуннаах — билиҥҥи саха литературатыгар биллэр-көстөр миэстэни ылар ураты суоллаах-иистээх суруйааччы. Ааҕааччы кини айар ыллыгар хара ааныттан ыксалаһа түһэн, биһирээн, кэрэхсээн, уус-уран тылыгар умсугуйан, поэт уонна прозаик быһыытынан киэҥ ыырданарыгар кынат үүннэрдэҕэ, хонноктоохтук үлэлииригэр кыах биэрдэҕэ. Оттон сорох ааҕааччы сэрэхтээхтик, уһуннук чуҥнаан, ситэ эрэммэттии эргийэ-бигээн, баҕар, кыйаханыы былаастаах күүркэйиини, өрүкүйүүнү, туруулаһыыны үөскэтэн айылҕаттан бэриллибит ботуччу дьоҕур үгүс өрүттээхтик сытыыланарыгар, кылааннанарыгар эмиэ тэбинэргэ модьу модьоҕо буолбут буолуохтаах».
«Гаврил Гаврильевич (Андросов) суруйааччы, суруналыыс буолан туран, хас биирдии ааҕааччы төрөөбүт норуотун сорҕото буолан олорон норуотун уруккутун, чулуу, улуу дьоннорун сэҥээрэригэр, кэрэхсииригэр, билиҥҥи кэми кытта сөптөөхтүк ситимнээн саныырыгар уонна үүнүөхтээх сарсыҥҥыга сыһыаран анаарарыгар өйүн-санаатын кылаанын, сүрэҕин төлөнүн бүтүннүү туһулуур».