1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (2 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...
357 просмотров

Таҥха

Таайтарыылаах таҥха : виртуальнай быыстапка

Тохсунньу ый — сыл бастакы ыйа, кыһын оройо, тымныы өрөгөйө. Ый саҕаланыытыгар, үгэс курдук, күнү уһатардыы былытырар үгэстээх. Күнү-дьылы билгэлээччилэр тохсунньу ыйы от ыйыгар сөп түбэһиннэрэллэр. Тохсунньуга тымныйдаҕына, от ыйыгар кураан буолар. Оттон хаардаах, былыттаах буоллаҕына, ардахтаах ыйы күүтэллэр. Хараҥа бүрүүкүүр кэмигэр, дьон хараҥа оройугар, дьыл быыһыгар бит-билгэ көбөр диэн итэҕэйэллэр.

Ол курдук, сүллүүкүн таҕыстаҕына бит-билгэ дэлэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, биттэммит бит олоххо киирэр диэн этэллэр. Ити курдук таҥхаланыы диэн үөскээбит.

Былыр былыргыттан тохсунньуга биһиги өбүгэлэрбит таҥха иһиллииллэрэ. Фольклор матырыйаалларыгар Дьылҕа Хааны, Чыҥыс Хааны, Одун Хааны кытта тэҥҥэ ахтыллар Айыылартан биирдэстэрэ. Таҥха Хаан киһи дьылҕатын туһунан тугу этэрин айылҕа бу дьикти кэмигэр билгэлэнэн инникилэрин торумнанан көрөллөрө. Онон Таҥха – Дьылҕа таҥараларыттан биирдэстэрэ, саха киһитин оҥоһуутун билгэлиир итэҕэлэ. Былыр таҥхалааһын, билгэ, таайыы көрүҥэ элбэҕэ:

  1. Аттар кэпсэтиилэрэ
  2. Биһилэх көрүүтэ
  3. Буосканан сэрэбиэй
  4. Бүлүүһэ сүүрдүүтэ
  5. Бүргэс сүүрдүүтэ
  6. Иннэнэн сэрэбиэй
  7. Кыыс оҕо дуу? Уол оҕо дуу?
  8. Остуол хаамтарыыта
  9. Таҥха иһиллээһин
  10. Хаартынан сэрэбиэй

 Таҥха туһунан тугу ааҕыахха сөбүй?

  1. Тэрис. Итэҕэл тылдьыта / Тэрис. – Дьокуускай : Бичик, 2012. – 128 с. https://e.nlrs.ru/open/35060
  2. Бравина, Р. И. Киһи уонна дьылҕа / Р. И. Бравина. – Дьокуускай : Бичик, 2002. – 160 с.
  3. Бравина, Р. И. Олох. Дьылҕа. Өлүү. / Р. И. Бравина. – Дьокуускай : Бичик, 2006. – 208 с.
  4. Федоров, А. С. Өбүгэ сиэрэ-туома / А. С. Федоров. – Дьокуускай : Бичик, 2011. – 448 с.
  5. Таайтарыылаах таҥха / хомуйан оҥордулар: В. И. Бочонина, Т. М. Нохсорова. – Дьокуускай : Бичик, 2011. – 160 с. https://e.nlrs.ru/open/14485
  6. Таҥха : (айыы итэҕэлин үгэһин ситимэ) / хомуйан оҥордулар: А. Н. Павлов-Дабыл, Л. А. Афанасьев-Тэрис. – Дьокуускай : Бичик, 2001. – 63 с.
  7. Игнатьев, Н. Л. Билгэлээһин уонна таҥхалааһын / Николай Игнатьев-Билгэ. – Бүлүү : [и.c.], 1995. – 58 с. https://e.nlrs.ru/open/14488
  8. Кулаковский, А. Е. Научные труды / А. Е. Кулаковский. – Якутск : Книжное издательство, 1979. – 484 с. https://ytybibl.ru/index.php/poisk-knig/115/view_bl/75/etnografiya/733/nauchnye-trudy?tab=getmybooksTab&is_show_data=1
  9. Бэс Дьарааһын. Талыллыбыт айымньылар / Бэс Дьарааһын (Г. Д. Бястинов) ; киирии тылы суруйда Н. Габышев. – Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1960. – 315 с. https://e.nlrs.ru/open/23099

Таҥха туһунан тугу билэрбитин тургутан көрүөххэ : Тургутук

  1. Ханнык ый бэлиэтэй?
  • Ахсынньы
  • Тохсунньу
  • Олунньу
  1. Таҥарата?
  • Хаан
  • Таҥха
  • Таҥха Хаан
  1. Суолтата?
  • Инникини көрүү
  • Ааспыты көрүү
  • Инникини өтө көрүү
  1. Үүнээйитэ?
  • Тиит
  • Харыйа
  • Тэтиҥ
  1. Тохсунньу ый Таҥха хаһыс оронугар олороруй?
  • онус
  • ахсыс
  • тохсус
  1. Былыргы сэрэбиэй?
  • Хаартынан сэрэбиэй
  • Кинигэнэн таайыы
  • Кумааҕынан сэрэбиэй
  1. «Уот оттооччулар» хаһан тахсалларый?

—  11-12

—  6-7

—  13-14

  1. Сүллүүкүн тугу саамай сөбүлүүрүй?

— Көмүс

— Харчы

— Ас

  1. Кириһиэнньэ тохсунньу хаһыс күнүгэр буоларый?
  • 19
  • 7
  • 14

Тургутук эппиэттэрэ :

 

  1. Тохсунньу ый бэлиэтэ. Орто күөрчэх (көҕүөр ойуу) ойуулаах. Бу ый былыргынан бүтэй кэм, тохсунньу дииллэрэ. Дойду сахалара билигин да инньэ дииллэр.

 

  1. Таҥха Хаан киһи дьылҕатын туһунан тугу этэрин айылҕа бу дьикти кэмигэр билгэлэнэн инникилэрин торумнанан көрөллөрө.

 

  1. Бу ыйга сахалар инники олохторун өтө көрөллөрө, билгэлэнэллэрэ.

 

  1. Таҥха Хаан үүнээйитэ тиит мас буолар.

 

  1. Тохсунньу ый Таҥха ахсыс оронугар олорор. Онон, бу ыйга төрөөбүт киһи биһигэ ити ороҥҥо түһэр.

 

6.  Хаартынан сэрэбиэй былыргы сэрэбиэйгэ киирсэр, кинигэнэн, кумааҕынан аныгы сэрэбиэй.

 

7. Тохсунньу 6-с түүнүгэр бастаан «уот оттооччулар» о.э. кыанар      эдэр-сэнэх өттө эргэ өтөхтөрү, быраҕыллыбыт дьиэлэри сөргүтэн олохсуйаллар.

 

8. Сүллүүкүн саамай сөбүлүүрэ харчы.

 

  1. Кириһиэнньэ тохсунньу 19 күнүгэр буолар. Сүллүүкүннэр киирэллэр.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *