1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (2 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...
211 просмотров

2025 с. Манчаары оонньууларын ымыылара

2025 с. Манчаары оонньууларын ымыылара

Ымыылар ааптардара Санаайа Доргуева, Ытык Күөлтэн төрүттээх,  Уһук Илиҥҥи федеральнай университет (Владивосток к.) 3 курсун студена 

 

Тоттооной оҕусчаан. Олус сэмэй. Баппат күүһүн билинэн,  толкуйдаан-толкуйдаан баран биирдэ сорунар. Ол эрээри мүччүргэннээх сырыыларыгар биир биир мэһэйдэри туоруур, тоҕо солуур. Модьу көрүҥнээх эрээри мааны камзоллаах, илиитигэр мээнэ киһи кыайбат, эрчиллэр таастаах.

 

Кэрэ Кытыл. Таатта эбэ сиэн кыыһа. Доҕотторо аҥардас Кэрэ диэн ааттыыллар. Нарын, сэмэй эрээри, туруоруммут сыалын ситиһэр. Сыыдам, мэһэйдэри ойон, сүүрэн холкутук туоруур быһый атахтаах кыыс. Көрүҥэ спортивнай, уһун уу суһуоҕа дьууппа курдук эргийэн кэлэр, сэттэ таастаах диадемалаах.

Талах бэргэн. Булчут, бэйэтин кыанар, сымса. Таатта талаҕын курдук имигэс, муҥура суох сэниэлээх уолан. Кыратык ыһыллаҕаһын мэлдьи бииргэ сылдьар доҕоро туллук өйдөтөр, санатар үгэстээх. Талах бэргэн дьээбэлээх-хооболоох, доҕотторугар олус бэриниилээх. Уол көрүҥэ спортивнай, мэник арбайбыт баттахтаах. Чээлэй күөх сахалыы стилизованнай спортивнай көстүүмнээх. Санныгар доҕоро туллук олорсо сылдьар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *