1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...
171 просмотров

Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу»

Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сыллара биллэриллибитинэн «Улахан оонньууну» биллэрэн, «Чолбон» сурунаал өрөспүүбүлүкэ 12 улууһун уонна Дьокуускай куораты хабан саха литературатын ордук билэр, сахалыы ааҕарын таптыыр ыалы булан таһаарарга «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу» күрэс биллэрдэ. Кыайыылаах дьиэ кэргэн Өлүөнэ очуостарыгар сынньанар путевканан наҕараадаланыаҕа. Ким ордук бэлэмнээх, ким ордук саха литературатын билэр кыайдын!

Таатта улууһугар «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу» кулун тутар 4-с күнүгэр күнүс 14.00 ч. И.А. Аргунов аатынан киин библиотекаҕа буолар. Ооньууга кыттыан баҕалаахтар сайаапкаҕытын 89841086552 номерга ыытыҥ.

 

«ЧОЛБОН ӨЙ КҮРЭҺЭ. УЛАХАН ООННЬУУ» балаһыанньата

1. СҮРҮН ТОРУМА

1.1. Бу Россияҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар аналлаах «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньууну» (мантан аллараа күрэс) «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ партнердарын кытары тэрийэр;

1.2. Күрэс дьон-сэргэ уус-уран литератураҕа уонна суруйааччылар олохторугар билиитигэр-көрүүтүгэр сигэнэр;

1.3. Күрэс икки түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа: 1-гы – ТУРГУТУУ (улуустарга ыытыллар), 2-с – ФИНАЛ (Дьокуускай куоракка ыытыллар).

2КҮРЭС СЫАЛА-СОРУГА

2.1. Дьиэ кэргэн болҕомтотун саха уус-уран литературатыгар тардыы;

2.2. Сахалыы уус-уран литератураны ааҕыыны көҕүлээһин;

2.3. Сахалыы ааҕар, литератураны таптыыр дьону булан түмүү, иитии уонна өйөөһүн.

3.  КҮРЭС КЫТТЫЫЛААХТАРА

 3.1. Хас биирдии хамаанда үс (3) киһиттэн туруохтаах: 5-с кылаастан үөһээ оскуола үөрэнээччитэ, төрөппүт уонна эһэ эбэтэр эбэ (эһэ биитэр эбэ бииргэ төрөөбүтэ кыттыан сөп);

3.2. Хамаанда кыттыытын иһин 800 солкуобай төлүүр эбэтэр «Чолбон» сурунаалга сыллааҕы сурутуутун квитанциятын көрдөрөр;

3.3. Күрэс түмүгэр элбэх очкону хомуйбут хамаанда кыайар;

3.4. Күрэс биэс түһүмэхтэн турар (суругунан литератураны төрүттээччилэр, бастакы норуот суруйааччылара, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэминээҕи литература, 60-90-с сыллардааҕы литература, билиҥҥи кэм литературата).

4. НАҔАРААДАЛААҺЫН

4.1. Күрэс түмүгүнэн очколарынан 1-гы, 2-с уонна 3-с миэстэлээх хамаандалар быһаарыллаллар. Ону сэргэ икки түһүмэх түмүгүнэн бастыҥ уонна көхтөөх кыттааччыларга биирдиилээн анал бириистэр олохтонуохтара;

4.2. Улууска кыайбыт хамаанда өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ кыттарга туоһу суругу ылар;

4.3. Финал (өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэх) Дьокуускай куоракка ыытыллыаҕа уонна «САХА» НКИК көрдөрүллүөҕэ. Бу түһүмэххэ бастаабыт хамаанда Өлүөнэ очуостарыгар сынньанар путевканан наҕараадаланыаҕа.

            Күрэс хаамыыта сонуну киэҥник тарҕатар ньымалар нөҥүө киэҥник сырдатыллыаҕа.

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *