1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (2 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...
168 просмотров

Атос Кулаковскай төрөөбүтэ 85 сылыгар

Атос Реасович Кулаковскай  

 (02.04.1939 — 30.08.2016)

Саха Республикатын үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Таатта уонна Уус Алдан улууһун бочуоттаах гражданиннара

 Атос Кулаковскай Таатта оройуонугар Чөркөөххө саха литературатын төрүттээбит Өксөкүлээх Өлөксөй уола, суруйааччы, учуутал Реас Алексеевич Кулаковскай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Чычымах 7 кылаастаах оскуолатын, 1958 с. Дьокуускайдааҕы педагогическай училищены бүтэрбитэ. 1958-1959 сс. Орто Халыма орто оскуолатыгар учууталлаабыта, хайыһар секциятын уонна драматическай куруһуогу салайбыта. Орто Халыма оройуонун ДОСААФ бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбитэ.

1962-1967 сс. Саха государственнай университетыгар физика-математика факультетыгар үөрэммитэ. Манна үөрэнэр сылларыгар комсомолга уонна профсоюзка көхтөөх общественнай үлэтэ сыаналанан, кини аата СГУ «Бочуотун Кинигэтигэр» киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран СГУ-га математика кафедратыгар, Уус-Алдан оройуонугар Курбуһах, Суотту оскуолаларыгар үлэлээбитэ. 1975-1979 сс. Уус-Алдан оройуонун үөрэҕин салаатыгар инспектордаабыта, партия райкомугар инструкторынан үлэлээбитэ. 1979-1984 сс. оройуон культуратын салаатыгар сэбиэдиссэйдээбитэ.

1984 с. төрөөбүт Тааттатыгар төннөн, партия райкомугар инструктордаабыта, онтон пропаганда уонна агитация отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1987-1989 сс. Ытык Күөл 1№-дээх орто оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ. Оскуола материальнай-техническэй базата бөҕөргүүрүгэр үгүс сыратын биэрбитэ. Бу сылларга үөрэтиигэ кабинетынан систиэмэ олохтоммута, таас оскуола тутуута саҕаламмыта. 1989 с. Атоса Реасовиһы оройуон үөрэҕин салаатын сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Кини салайар кэмигэр Ытык Күөл 1№-дээх, Чөркөөх, Хара Алдан орто оскуолаларын, Туора Күөл начальнай оскуолатын дьиэлэрэ, Баайаҕа начальнай, Чымынаайы уонна Уолба оскуолаларыгар салҕааһыннар, Чымынаайы, Уус Таатта, Баайаҕа, Игидэй, Дьохсоҕон, Ытык Күөл 2№-дээх оскуолаларын мастарыскыайдара тутуллубуттара. 1992 с. республикаҕа бастакылартан биирдэстэринэн Таатта гимназията аһыллыбыта. Атос Реасович улуус оскуолаларыгар каадыры бөҕөргөтүүгэ, олохсутууга улахан болҕомтотун уурара. Бу кэмҥэ Чычымахха уонна Уус Тааттаҕа учууталларга уопсай дьиэлэр тутуллубуттара. Улуус оскуолалара экспериментальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ күүскэ үлэлээбиттэрэ.

1999-2007 сс. А.Р. Кулаковскай СР Үөрэнээччилэрин ситиһиилэрин көрдөрөр республикатааҕы музей дириэктэринэн, республикатааҕы Эбии үөрэхтээһин уонна оҕолору гражданскай-правовой  иитии киинин методиһынан айымньылаахтык үлэлээбитэ.

Хайыһарга ССРС спордун маастара (1968 с.), СР спордун бочуоттаах бэтэрээнэ (2002 с.).

Саха Республикатын үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, , «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн наҕараадаламмыта (2011 с.), Таатта (2001 с.) уонна Уус-Алдан (2014 с.) улуустарын бочуоттаах гражданина аата иҥэриллибитэ.

 Кинигэлэрэ:

 Өксөкүлээх уола / редактор С. И. Тарасов. – Дьокуускай : Бичик, 2003. – 303 с. : ил. https://ytybibl.ru/index.php/poisk-knig/115/view_bl/73/literaturovedenie/298/ks-k-leekh-uola?tab=getmybooksTab&is_show_data=1

Кырдьаҕас оскуолаҕа махтал тыллар… : С. Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах оскуолатын 100 сааһыгар анаан / хомуйан оҥордулар: Кулаковскай А. Р., Чарина И. С. – Дьокуускай : CMYK-мaster, 2006. – 43 c. : ил.

 Өксөкүлээх уола / редактор С. И. Тарасов. – Дьокуускай : Сайдам, 2009. – 303 с. : ил.

А.Р. Кулаковскай туһунан

 Атос Кулаковскай / хомуйан оҥордулар: М. С. Кулаковская [уо.д.а.]. – Дьокуускай : Сайдам, 2016. – 288 с. : ил.

***

Кыайыы кынаттаах Албан аат – тыыннаах : [4 кинигэлээх] / хомуйан оҥордо С. И. Беркина ; редактор И. А. Сивцева ; [киирии тыл: И. А. Сивцева, М. М. Соров, С. И. Беркина]. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2015. – 3-с кинигэ : Сэрии сылын оҕолоро. – 368 с. : ил. –  С. 67.

Таатта улууһун бочуоттаах гражданиннара : [биографическай ыйынньык] / кинигэ идеятын ааптара А. К. Посельская ; хомуйан оҥордулар: Е. И. Софронова, Н. С. Иовлев. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2015. – 110 с. – С. 46.

Таатта — 2019 : ытык-бэлиэ күннэр / «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон, Таатта улууһун библиотекаларын кииннэммит ситимэ. И. А. Аргунов аатынан Ытык Күөл киин библиотеката, Таатта улууһун кыраайы үөрэтээччилэрин көҥүл түмсүүтэ ; хомуйан оҥордо Е. И. Шестакова ; Тааттатааҕы муниципальнай архыып сэбиэдиссэйэ Л. П. Слепцова бэлэмнээбит матырыйааллара туһанылыннылар ; кинигэ тахсарыгар эппиэттээх А. К. Билюкина. – Ытык Күөл : [и.с.], 2019. – 125 с. : ил. – Иһинээҕиттэн: Кулаковскай Атос Реасович төрөөбүтэ 80 сыла / В. А. Сизых. – С. 29-31. – Библиогр.: с. 30-31 (10 назв.).

Педагогическая энциклопедия / Министерство образования Республики Саха (Якутия) ; редакционная коллегия: Ф. В. Габышева [и др.] ; научные редакторы: М. Г. Михайлова, С. М. Петрова ; составитель В. С. Иванова ; ответственный за выпуск О. М. Чоросова. – Якутск : ООО РИЦ «Офсет», 2003. – Т. 2. – 408 с. : ил. – Из содерж.: Кулаковский Атос Реасович. – С. 181.       

Трудовая слава Якутии : почетные граждане Республики Саха (Якутия), городов и улусов / Правительство Республики Саха (Якутия) ; авторы-составители: М. П. Габышев, К. Е. Павлов ; редколлегия: Н. В. Шадринов (руководитель) [и др.]. – Якутск : Сахаполиграфиздат, 2003. – Т. 1. – 416 с. : ил. – Из содерж.: Кулаковский Атос Реасович. – С. 348.