«Кинигэ — 2023« улуустааҕы куонкурус түмүгэ
Ытык Күөл киин библиотеката уонна «Таатта» хаһыат редакцията ыытар үгэс буолбут сыл бастыҥ кинигэтин быһаарар улуустааҕы куонкурустара түмүктэннэ. Олохтоох ааптардар саҥа кинигэлэрин учуоттуур уонна ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тарҕатар, кинилэри өйүүр уонна айар дьоҕурдарын сайыннарар, бэчээттээһин хаачыстыбатын тупсарар сыаллаах куонкурус быйыл 16-с төгүлүн ыытылынна.
Куонкуруска 2023 сылга тахсыбыт тематыттан, ханна бэчээттэммититтэн тутулуга суох улуус 11 нэһилиэгиттэн барыта 44 кинигэ кытынна. Ордук элбэх удьуор аймах уонна биирдиилээн дьон туһунан кинигэлэр, уус-уран литература, методическай пособиелар тахсыбыттар.
Дьүүллүүр сүбэ киирбит кинигэлэр ис хоһооннорун, тутулларын, ис-тас оҥоһууларын, суруйуу маастарыстыбатын, бэчээттээһин уонна библиографическай ирдэбиллэр тутуһууларын көрөн 6 номинациянан кыайыылаахтары быһаарда.
Бастыҥ кинигэлэр:
- «Улуус устуоруйатын чинчийии» — «Туруулаһыы. Тупсуу.» (хомуйан оҥордо И.А. Сивцева)
- «Үтүө киһи аатын үйэтитии» — «Бар дьонум, дойдум туһугар» (хомуйан оҥордулар: А.И. Егорова, Л.В. Ефимова, С.И. Неустроева, О.Д. Осипов)
- «Уус-уран маастарыстыба» — О.Н. Макарова. «Айымньы күлүүһүн арыйдахха»
- «Бастыҥ уус-уран айымньы» — П.Е. Самсонов-Бүөтүр Хара. «Таптал баар!»
- «Ааҕааччы сэҥээриитэ» — «Хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин» (хомуйан оҥордо Е.Ф. Кузьмина)
- «Бастыҥ оҥоһуулаах кинигэ» — «Нэһилиэги салайбыт тоҕус тойоттор. Сэттэ сэмэй саха дьахтара» (хомуйан оҥордулар А.С. Жулева, К.А. Жулева, Т.Э. Лопатина)
Куонкуруска киирбит кинигэлэр быыстапкалара киин библиотекаҕа турар, кэлэн көрүҥ, санааҕытын үллэстиҥ.