2023 сыл бастыҥ кинигэтин улуустааҕы куонкурсугар киирбит кинигэлэр
Киин библиотека уонна «Таатта» хаһыат редакцията үгэс буолбут сыл бастыҥ кинигэтин быһаарар «Кинигэ — 2023» улуустааҕы куонкурустара түмүктэннэ.
Олохтоох ааптардар саҥа кинигэлэрин учуоттуур уонна ааҕааччы киэҥ араҥатыгар таһаарар, олохтоох автордары өйүүр, кинилэр айар дьоҕурдарын сайыннарар, бэчээттээһин хаачыстыбатын тупсарар, ааҕыыны пропагандалыыр, библиотека фондун хаҥатар сыаллаах куонкурус быйыл 16-с төгүлүн ыытылынна.
Балаһыанньа быһыытынан куонкуруска сыл устата тахсыбыт тематыттан, ханна бэчээттэммититтэн тутулуга суох олохтоох ааптардар кинигэлэрэ кытталлар. Киирбит кинигэҕэ тематын суолтата, билиини биэрэр хайысхата, ис хоһооно, кинигэ тутула, суруллубут уус — уран маастарыстыбата, ис, тас көстүүтэ, полиграфическай хаачыстыбата, издательскай уонна библиографическай ирдэбили тутуһуута сыаналанар.
Быйыл Игидэйтэн, Дьохсоҕонтон, Баайаҕаттан, Уус Тааттаттан, Кыйыттан, Харбалаахтан, Туора Күөлтэн, Хара Алдантан, Чөркөөхтөн, Ытык Күөлтэн 2023 сылга тахсыбыт 44 кинигэ киирдэ. Кинигэлэри олохтоох ааптардар «Бичик», «Дани-Алмас», «Сайдам», «Алта», «Долун», «Ю. Гагарин аатынан СӨ типографията» уо.д.а. республика бэчээттиир тэрилтэлэригэр уонна бэйэбит «Таатта» хаһыаппыт редакциятыгар бэчээттэтэн таһаартарбыттар.
Ааптарга өр кэмҥэ сыралаһан, сүрэҕин сылааһын иҥэрэн, бириэмэтин харыстаабакка үлэлэспит үлэтин түмүгэ кинигэ буолан тахсара өссө ордук суолталаах уонна үөрүүлээх буолара өйдөнөр. Куонкуруска киирбит кинигэлэри темаларынан арааран билиһиннэрэбин.
Таатта улууһун историятыгар сыһыаннаах кинигэлэр
Таттинский улус : библиографический справочник / составители: У. И. Заболоцкая, Е. И. Шестакова. – Якутск : Дани-Алмас, 2023. – 644 с.
Таатта — 2024 : ытык-бэлиэ күннэр : биобиблиографическай справочник. – Ытык Күөл : [и.с.], 2023. – 172 с.
Туруулаһыы. Тупсуу (1 чааһа) / хомуйан оҥордо И. А. Сивцева. – Дьокуускай, Дани — Алмас, 2023. – 586 с.
Туруулаһыы. Тупсуу (2 чааһа) / хомуйан оҥордо И. А. Сивцева. – Дьокуускай, Дани — Алмас, 2023. – 76 с.
Таатта улууһуттан Үлэ Кыһыл Знамята, Үлэ Албан аата орденнар кавалердара / хомуйан оҥордо С. Т. Кычкина. – Ытык Күөл : [и.с.], 2023. – 81 с.
Кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын / хомуйан оҥордо Е. Ф. Кузьмина. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2023. – 316 с.
Мурунов А. Г. Тааттаҕа дуобат сайдыыта. – Дьокуускай : Айар, 2023. – 216 с.
Саарыннар учууталлара. – Ытык Күөл : А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй, 2023. – 24 с.
Нэһилиэктэр, тэрилтэлэр историялара
Таатта Харбалааҕа — мин дойдум / хомуйан оҥордулар: Блахирова В. В., Лотова Л. Д., Трофимова В. П. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2023. – 92 с.
Тааттам ахтар-саныыр асчыттара / хомуйан оҥордо М. Е. Бондарева. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2023. – 276 с.
Таатта улууһугар уйулҕаны арыаллааһын тэриллиитэ, сайдыыта / хомуйан оҥордулар: Миронова С. К., Колодезникова С. А., Постникова М. Ю., Сидорова С. Н. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2023. – 108 с.
Нэһилиэги салайбыт тоҕус тойоттор. Сэттэ сэмэй саха дьахтара / хомуйан оҥордулар: А. С. Жулева, К. А. Жулева, Т. Э. Лопатина – Дьокуускай : Ю.А. Гагарин аатынан СӨ типографията, 2023. – 96 с. ; 64 с.
Иэйиини таһаарар айылгылаах, толбоннурар оонньуулаах кэрэ дьоммут… : П.В. Толстяков аатынан Чөркөөхтөөҕү норуот тыйаатыра / хомуйан оҥордулар: Мотрена Яковлева уо.д.а. – 2023 с. – 40 с.
Ючюгяев С. С. Дьохсоҕон – спорт туоната. – Дьокуускай : Дани — Алмас, 2023. – 196 с.
Чөркөөх удьуор учууталлара / хомуйан оҥордо В. Ф. Решетникова. – Дьокуускай : SAKHATIME, 2023. – 330 с.
Удьуордар, биирдиилэн дьон туһунан
Улуу Оруоһуттар удьуордара / хомуйан оҥордо А. Н. Михайлов. – Дьокуускай: Сайдам, 2023. – 432 с.
Ыарҕа аҕа ууһуттан силис тардан / хомуйан оҥордулар: М. Е. Бондарева, В. А. Иванова-Христофорова – Покровскай : «ИП Никифоров А.М.», 2023. – 248 с.
Удьуор ситимэ Беркиннэр / хомуйан оҥордо С. И. Беркина. – Дьокуускай : Алаас, 2023. – 392 с.
Холобур буолар олох : И.А. Аргунов төрөөбүтэ 100 сылыгар ананар / хомуйан оҥордо Г. С. Попова. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2023. – 96 c.
Бөтүрүөп Маайа / хомуйан оҥордулар: В. Н. Потапова, У. Н. Захарова. – Дьокуускай : Алта, 2023. – 152 с.
Бар дьонугар анаммыт олох : [Н.Н. Николаев туһунан] / хомуйан оҥордо А. Н. Неустроева – Дьокуускай : Дани-Алмас, 2023. – 92 с.
Бар дьонум, дойдум туһугар : [И.А. Гуляев туһунан] / хомуйан оҥордулар: А. И. Егорова, Л. В. Ефимова, С. И. Неустроева, О. Д. Осипов. – Дьокуускай : Алаас, 2023. – 320 с.
Почта Рита: [М.А. Андросова туһунан] / хомуйан оҥордо Т. И. Андросова. – Дьокуускай : Дани-Алмас, 2023. – 260 с.
Айыы санаа аанньала : Наталия Дмитриевна Иванова үтүө аатыгар сүгүрүйэ / хомуйан оҥордулар: Т. Е. Иванова, М. Д. Слепцова. – Дьокуускай : СӨ НБ БК, 2023. – 208 с.
Олоҕун оскуолаҕа анаабыта : [С.С. Бурцева туһунан] / бэчээккэ бэлэмнээтилэр: Федорова В. Т., Туласынова Х. Е. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2023. – 92 с.
Уус — уран литература, литературоведение
Самсонов П. Е.-Бүөтүр Хара. Таптал баар! : кэпсээннэр. – Дьокуускай : Айар, 2023. – 128 с.
Жулева А. С.-Суһума. Эйиэхэ : кэпсээннэр. – Дьокуускай : DOLUN, 2023. – 61 с.
Филатова Е. А.-Сыгыйык. Хомурахха хоммут хоһооннор. – Дьокуускай : Айар, 2023. – 64 с.
Егасова А. М.-Дьохсоҕон кыыһа. Наадьа : кэпсээн – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2023. – 24 с.
Мочкин Е. М. Ааспыт саҕахтары арыйан : [ахтыылар, хоһооннор]. – Дьокуускай : Дани-Алмас, 2023. – 48 с.
Савватеев Н. Х.-Урсай. Ыра санаа чөмчүүктэрэ : [хоһооннор]. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2023. – 32 с.
Иэйии биһигэ : [Игидэй нэһилиэгин «Иэйии» литературнай түмсүүтэ] / хомуйан оҥордулар: Жулева К. А., Матаннанова М. П. – Дьокуускай : DOLUN, 2023. – 74 с.
Макарова О. Н. Айымньы күлүүһүн арыйдахха : саха литературатыгар ырытыылар, сэҥээриилэр, бэлиэтээһиннэр. – Дьокуускай : Алта, 2023. – 304 с.
Олоҥхо
Егасова А. М. Оллоонноон олорон «Ноо« дэһиэҕиҥ… – Ытык Күөл, «Таатта» хаһыат редакцията, 2023. – 102 с.
Олоҥхо педагогиката — саҥа үйэҕэ : үлэ уоппутун кэтэхтэн көрүү матырыйааллара / хомуйан оҥордулар: Е. Т. Алексеева, Э. В. Давыдова, И. М. Тихонова. – Ытык Күөл, «Таатта» хаһыат редакцията, 2023. – 184 с.
Оҕолорго аналлаах кинигэлэр
Попова Т. Л. Дьохсоҕоҥҥо оҕо аймах ыһыаҕа / хомуйан оҥордулар: Т. Л. Попова, А. П. Саввина. – Дьокуускай : Сайдам, 2023. – 132 с.
Дедюкина П. Р., Николаева Н. И. Оттомноох оҕоҕо оччугуйкаан кэпсээннэр. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2023. – 48 с.
Пинигина-Арылы В. В. Таабырыннар : [хоһооннор] – Дьокуускай : Дани-Алмас, 2023. – 20 с.
Пинигина-Арылы В. В. Көтөрдөр : [хоһооннор] – Дьокуускай : Дани-Алмас, 2023. – 36 с.
Пинигина-Арылы В. В. Кыыллар уонна үөннэр-көйүүрдэр : [хоһооннор] – Дьокуускай : Дани-Алмас, 2023. – 48 с.
Ырыанньык
Баишева З. П. Сардаҥа ардаҕа : ырыалары хорга анаан тупсаран оҥоруута [ноталаах ырыанньык] – Дьокуускай : Дани -Алмас, 2023. – 120 с.
Методическай пособиелар
Методический сборник «Золотые уроки» / составитель О. М. Слепцова. – Ытык-Кюель : редакция газеты «Таатта», 2023. – 169 с.
Мин дойдум — мин тирэҕим : өрөспүүбүлүкэтээҕи А.Е. Мординов ааҕыыларын эссе-куонкуруһун үлэлэрэ / хомуйан оҥордо О. П. Андросова. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2023. – 52 с.
Сборник тезисов призеров и победителей республиканской научно-практической конференции «Шаг в будущее»/ составители: Е. И. Неустроева, А. В. Слепцова, М. Ф. Чашкина. – Ытык-Кюель, 2023. – 48 с.
Дьүүллүүр сүбэ киирбит кинигэлэри көрөн, сыаналаан баран бары ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир кинигэлэри кыайыылаахтарынан быһаарда:
- «Улуус устуоруйатын бастыҥ чинчийии» анал аат:
И. А. Сивцева хомуйан оҥорбут 2 чаастаах «Туруулаһыы. Тупсуу.» кинигэтэ
- «Ааҕааччылар сэҥээриилэрэ» анал аат:
Е. Ф. Кузьмина хомуйан оҥорбут «Кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын» кинигэтэ
- «Үтүө киһини үйэтитии» анал аат:
А. И. Егорова, Л. В. Ефимова, С. И. Неустроева, О. Д. Осипов хомуйан оҥорбут «Бар дьонум, дойдум туһугар» кинигэлэрэ
- «Бастыҥ уус-уран кинигэ» анал аат:
Самсонов П. Е.-Бүөтүр Хара. «Таптал баар!» кинигэтэ
- «Уус-уран маастарыстыба» анал аат:
Макарова О. Н. «Айымньы күлүүһүн арыйдахха» кинигэтэ
- «Бастыҥ оҥоһуулаах кинигэ» анал аат:
А. С. Жулева, К. А. Жулева, Т. Э. Лопатина хомуйан оҥорбут «Нэһилиэги салайбыт тоҕус тойоттор. Сэттэ сэмэй саха дьахтара» кинигэлэрэ
Куонкуруска киирбит кинигэлэри көрдөххө тас көстүүтүттэн саҕалаан бэчээттээһин хаачыстыбата сыл аайы тупсан иһэр. Аныгы кэм сайдыытынан CD-дискэ сыһыарыылаах, QR-кодтаах, төрүччү таблицалаах кинигэлэр элбээн эрэллэр. Ол эрээри, билигин да сорох кинигэлэр бэчээттэнэллэригэр стандарт тутуһуллубата, ханна, хаһан тахсыбыта биллибэт, хайаан да ирдэнэр библиотечнай-библиографическай классификация индекстэрэ туруоруллубатах кинигэлэр көстөллөр. Бу индекси киин библиотека специалистара кинигэ ис хоһоонуттан көрөн анал таблицаларынан босхо туруоран биэрэллэр.
Кинигэ таһаартарбыт нэһилиэктэр, тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон киин библиотека улууска сыһыаннаах литератураны мунньар, харайар уонна пропагандалыыр соҕотох тэрилтэ буоларын өйдөөн, кинигэҕитин хайаан да бэлэхтииргитигэр көрдөһөбүт. Оччоҕо эрэ кинигэҕит элбэх ааҕааччыга тиийиэ, үйэлээх буолуо, кинигэ быһыытынан бэйэтин аналын толоруо. Ону таһынан анал дуогабарынан оцифровкаланан электроннай библиотекаҕа киирэн аан дойду ханнык баҕарар муннугуттан ааҕыллар кыахтаныа.
Куонкуруска кыттыбыт бары ааптардарбытыгар махталбытын, кыайыылаахтарга эҕэрдэбитин тиэрдэбит уонна барыларыгар айар үлэ аартыгар өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Быйылгы дьылга тахсыбыт кинигэлэр ааптардарын эһиил буолар “Кинигэ — 2024” куонкуруска кыттаргытыгар ыҥырабыт. Киин библиотекаҕа кэлэн куонкуруска киирбит кинигэлэр быыстапкаларын сэргээҥ, санааҕытын үллэстиҥ, тускутугар туһаныҥ! Ааҕар киһи билиилээх, билиилээх киһи сайдыылаах, сайдыылаах киһи ситиһиилээх буоларын умнумуоҕуҥ!