Василий Никитич Протодьяконов
(01.07.1934-15.09.2017)
СР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ,
РФ үрдүк үөрэҕин бочуоттаах үлэһитэ,
П.А. Ойуунускай аатынан СР Государственнай бириэмийэтин лауреата,
Таатта улууһун бочуоттаах гражданина
Литература кириитигэ, учуутал В. Н. Протодьяконов 1934 с. от ыйын 1 күнүгэр Таатта улууһун Чөркөөҕөр төрөөбүтэ. Сэттэ кылаастаах оскуола кэнниттэн Дьокуускайдааҕы педагогическай училищены 1954 с. бүтэрбитэ. Үс сыл армияҕа сулууспалаан баран, 1957 с. СГУ саха салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн 1962 с. саха тылын уонна литературатын кафедратыгар ассистенынан, онтон старшай преподавателинэн, доценынан, литература кафедратын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Университекка 55 сыл устата олохтон туоруор диэри “Саха литературатын историята”, “Саха литературатын кириитикэтин историята”, “Саха литературатын оскуолаҕа үөрэтии методиката” диэн уустук биридимиэтттэри үөрэппитэ. Үлэтин ис хоһооно — саха тылын күүһүн тилиннэрии, омук кырдьыгын, уратытын туруулаһыы. Бэйэтэ эппитинии, “Бэйэм санаам биир: урут да, билигин да, этэр да этим. Бар дьоҥҥо. Көнөтүк. Баарынан.” диэн олоҕун устата кырдьык суолун тутуһан үлэлээн-хамнаан, үөрэтэр оҕолорун такайан кэлбитэ.
Василий Никитич ытыктанар учуутал эрэ буолбатах, кини суруйааччы, чинчийээччи, литература, театр кириитигэ, тылбаасчыт, сценарий суруйааччы, ырыа айааччы этэ, саха литературата, искусствота, культурата, норуот өйө-санаата сайдарыгар улахан кылаатын киллэрбитэ.
Саха литературатын төрүттээччилэр, П. Ойуунускай, ааттара ааттаммакка сылдьыбыт Г. Баишев-Алтан Сарын, В. Леонтьев, В. Никифоров, К. Гаврилов, бырааттыы Ксенофонтовтар айымньыларын уонна үлэлэрин, кинилэр үтүө ааттарын сөргүтүүгэ харса суох үлэлэспитэ. Режиссер Андрей Борисовтыын Саха театрыгар туруорбут “Үс саха төрүөҕэр …” , “Бүдүрүйбүт көммөт”, Олоҥхо театрыгар “Эллэй Боотур” испэктээктэрэ көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыттара. Василий Никитич Саха театрын үс кинигэлээх антологиятын оҥорсон 2011 с. П.А. Ойуунускай аатынан СР Государственнай бириэмийэтин лауреатын үрдүк аатын ылбыта.
Устудьуоннуу сылдьан, бииргэ үөрэнэр доҕоро И. Дмитриев-Сиэн Чолбодук “Ньургуһуннар” хоһоонугар ырыа айбыта уостан түспэккэ билигин да ыллана сылдьар. А.И. Софронов — Алампа “Саха ырыата” хоһоонугар өрөгөй ырыатын суруйбута Таатта улууһун гимнэ буолбута. Бастакы кинигэтэ “П. А. Ойуунускай айымньыларын 8-с кылааска үөрэтии” диэн босуобуйата 1982 с. бэчээттэнэн тахсыбыта. Литература историятыгар Алтан Сарын үлэлэрин хомуйан таһаарбыт “Тоҕус этиҥ тойуга” кинигэтэ, “Саха суруйааччылара” хрестоматията ааҕааччылар сэҥээриилэрин ылбыта. Кэлин 2019 с. үөрэнээччилэрэ Е. А. Архипова уонна Л. П. Григорьева учууталларын үлэлэрин хомуйан “Туруулаһыы” диэн үтүө тыл баар” кинигэни оҥорон таһаарбыттара.
В.Н. Протодьяконов тыыл бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, РФ Үрдүк профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, П. А. Ойуунускай аатынан СР Государственнай бириэмийэтин лауреата, Таатта улууһун бочуоттаах гражданина.
Кинигэлэрэ
П. А. Ойуунускай айымньыларын 8-с кылааска үөрэтии : Учууталга көмө. – Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1982. – 64 с.
Саха суруйааччылара : санаалар, этиилэр. – Дьокуускай : Бичик, 1995. – 105 с.
Алтан Сарын. Тоҕус этиҥ тойуга / хомуйан оҥордо В. Н. Протодьяконов. – Дьокуускай : Бичик, 1998. – 384 с. : ил.
Ырыалар… Санаалар. – Дьокуускай : Сахаполиграфиздат, 2004. – 69 с.
«Айар тыл уоттаннын!!! Тыл илбиһэ төлөннөннүн!!!» : Кэм – Литература – Төрүт үгэс туһунан санаалар. – Дьокуускай : Бичик, 2009. – 304 с.
Доҕоруом, таптаа даа тыыннаахпар!.. : хоһооннор, ырыалар. – Дьокуускай : Бичик, 2009. – 45 с.
«Туруулаһыы» диэн үтүө тыл баар : (чинчийиилэр, ыстатыйалар, этиилэр) / хомуйан оҥордулар: Е. А. Архипова, Л. П. Григорьева ; [киирии ыстатыйаны суруйда Г. Г. Филиппов ; киирии тыл автора Л. П. Григорьева] ; Российскай Федерация наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министерствота, М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, РФ хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна культураларын института. – Дьокуускай : ХИФУ издательскай дьиэтэ, 2019. – 325 с. : ил.
Дорогой Максим, у нас есть будущее, счастливое и мирное… / [П. А. Ойунский ; автор-составитель, предисловие В. Н. Протодьяконов] ; Ем. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна культураларын холбоһуктаах музейа, Чөркөөхтөөҕү «Саха сиринээҕи политическай сыылка» мемориальнай музей. – Якутск : Көмүөл, 2013. – 89, [11] с. ил.
Саха литературнай кириитикэтин историята : (1917-1945 сс.) : хрестоматия / Рос. Федерация үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа м-бэтэ, М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федер. ун-т, РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна культураларын ин-та ; [хомуйан оҥордо, киирии, түмүк ыстытыйалары суруйда В. Н. Протодьяконов ;
эппиэттиир эрэдээктэр Л. П. Григорьева]. – Дьокуускай : ХИФУ бэчээтин дьиэтэ, 2017. – 422 с.
В. Н. Протодьяконов туһунан
Кыым саҕааччы, суолдьут сулус Баһылай Бырдьахаанап / хомуйан оҥордулар: В. Б. Окорокова, Е. М. Поликарпова. – Дьокуускай : Бичик, 2018. – 320, [24] с. ил.
***
Таатта улууһа. 100 сыл, 100 суруйааччы / бырайыак ааптара А. Ф. Постников-Сындыыс ; хомуйан оҥордулар: П. Е. Самсонов [уо.д.а.] ; аан тыл М. А. Протодьяконов. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2012. – 362 с. – С. 302-304.
Кыайыы кынаттаах Албан аат – тыыннаах : [4 кинигэлээх] / хомуйан оҥордо С. И. Беркина ; редактор И. А. Сивцева ; [киирии тыл: И. А. Сивцева, М. М. Соров, С. И. Беркина]. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2015. – 2-с кинигэ : Тыылга Кыайыыны уһансыбыттар. – 668 с. : ил. – С. 318.
Таатта улууһун бочуоттаах гражданиннара : [биографическай ыйынньык] / кинигэ идеятын ааптара А. К. Посельская ; хомуйан оҥордулар: Е. И. Софронова, Н. С. Иовлев. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2015. – 110 с. – С. 78.
Таатта — 2019 : ытык-бэлиэ күннэр / «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон, Таатта улууһун библиотекаларын кииннэммит ситимэ. И. А. Аргунов аатынан Ытык Күөл киин библиотеката, Таатта улууһун кыраайы үөрэтээччилэрин көҥүл түмсүүтэ ; хомуйан оҥордо Е. И. Шестакова ; Тааттатааҕы муниципальнай архыып сэбиэдиссэйэ Л. П. Слепцова бэлэмнээбит матырыйааллара туһанылыннылар ; кинигэ тахсарыгар эппиэттээх А. К. Билюкина. – Ытык Күөл : [и.с.], 2019. – 125 с. : ил. – Библиогр.: с. 59-60 (12 назв.). – С. 58-60.
Якутия — 2004 : календарь знаменательных и памятных дат / Национальная библиотека Республики Саха (Якутия). Центр национальной и краеведческой библиографии, Отдел ретроспективной национальной и краеведческой библиографии ; составители: Я. А. Захарова, Л. И. Кондакова ; редактор Т. С. Максимова. – Якутск : Сахаполиграфиздат, 2003. – 160 с. – Библиогр.: с. 92 (20 назв.). – С. 90-92.
Известные выпускники Якутского государственного университета. Кто есть кто / Федеральное агентство по образованию, Государственное образовательное учреждение высшего профессионального образования «Якутский государственный университет имени М. К. Аммосова» ; составители: профессор кафедры политологии, ответственный редактор И. С. Сивцев, профессор кафедры истории России Ю. Н. Ермолаева, заведующий кабинетом истории России исторического факультета ЯГУ С. И. Иевлева. – Якутск : Сахаполиграфиздат, 2007. – Выпуск 1. – 128 с. – С. 92.
Трудовая слава Якутии : почетные граждане Республики Саха (Якутия), городов и улусов, заслуженные работники / Правительство Республики Саха (Якутия) ; составители: М. П. Габышев, К. Е. Павлов. – Якутск : Сахаполиграфиздат, 2010. – Т. 3. – 442 с. : ил. – С. 248.
Наша гордость : энциклопедия выпускников якутского отделения / составители: Васильева С. П. [и др.]. – Якутск : Көмүөл, 2017. – 332 с. – С. 53.
Энциклопедический словарь Якутии / Академия наук Республики Саха (Якутия) ; главный редактор доктор экономических наук Е. А. Борисов ; заместитель главного редактора доктор исторических наук А. И. Гоголев ; члены научно-редакционной коллегии: доктор исторических наук А. Н. Алексеев [и др.]. – Новосибирск : Наука, 2018. – 520 с. – С. 347.
***
Учуутал, литература кириитигэ В. Н. Протодьяконов : Биобиблиографическай испииһэк. – Ытык Күөл, 2009. – 8 с. https://ytybibl.ru/index.php/poisk-knig/115/view_bl/66/bibliografiya/89/uchuutal-literatura-kiriitige-v-n-protodyakonov?tab=getmybooksTab&is_show_data=1
В. Н. Протодьяконов кынаттаах тыллара
- Омук күүһэ — өйүгэр, өйүн күүһэ — тылыгар!!!
- Дьиҥнээх бэйиэт норуот өйүн уонна талаанын өрө сүгэн тахсар
- Сайдыы төрдө — төрүт үгэс диэн ол аатырар
- Улуу айымньы үс суолтан, үс кэрэттэн турар: бастакыта — дириҥтэн дириҥ өй (сонун идея, сонун ис хоһоон); иккиһэ — олус истиҥ-иһирэх иэйии, сүрэх-быар тыллара; үсүһэ — саха былыргы ойуулуур-дьүһүннүүр тылын салбырҕаһа-баайа, дэгэтэ, дорҕоон, тыл, этии, санаа дьүөрэтэ; дорҕоон, тыл муусуката саха кулгааҕар туохтааҕар да ордук кэрэтик, минньигэстик сайан киирэрэ.
- Саха улуу суруйааччылара — Кулакуоскай, Соппуруонап, Ойуунускай, Ностуруойап уо.д.а. — айымньылара кэм аастаҕын аайы ордук кэрэтийэн, чаҕылыйан иһэллэрэ — сокуоннай. Ол иһин биһиги кылаассыкаҕа кылаассыкалыы сыһыаннаһарбыт — төрөөбүт литературабыт инники сайдыытыгар ытык иэспит буолар. Ойуунускайдыы эттэххэ: “Өксөкүлээх Өлөксөй кэриэһэ туоллун — айар тыл уоттаннын!!! Тыл иччитэ төлөннөннүн!!!”