1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (2 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...
70 просмотров

Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Игнатий Слепцов төрөөбүтэ 100 сылыгар

Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ

  Игнатий Игнатьевич Слепцов

төрөөбүтэ 100 сылыгар

 (08.07.1924 – 07.05.1976)

Биллиилээх мелодист, талааннаах артыыс, режиссер И.И. Слепцов 1924 сыллаахха от ыйын 8 күнүгэр Уолба нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1940 с. Уолба сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ. 1941 сыл күһүнүгэр Ытык Күөл орто оскуолатыгар салгыы үөрэнэ киирбитэ уонна 1942 сыл сааһыгар үөрэҕин түмүктээбитэ. Тааттатааҕы народнай суукка секретарынан үлэлээбитэ. Онтон 1944 с. Саха драмтеатрын иһинэн тэриллибит студияҕа үөрэнэ киирбитэ. 1945-1949 сыллардаахха Ньурбатааҕы государственнай көһө сылдьар колхознай театрга артыыһынан үлэлээбитэ. 1951 сылтан төрөөбүт оройуонугар метеостанцияҕа маҥнай кэтээн көрөр технигинэн, онтон начальнигынан үлэлээбитэ. Оройуоҥҥа культура уонна искусство, уус-уран самодеятельность сайдыытыгар көхтөөхтүк кыттыбыта уонна бэйэтин улахан кылаатын киллэрбитэ..

Игнатий Слепцов бастакы мелодията В. Чиряев «Доҕорбор» диэн хоһоонугар 1947 с. айыллыбыта. 1957 с. Саха сирин ыччатын маҥнайгы республикатааҕы фестивалыгар «Олус да тупсубуккун», «Хоть знала бы» диэн бэйэтин саҥа айымньыларынан кыттан лауреат буолбута. 1959 с. ыччат иккис фестивалыгар «Күөрэгэй», «Ыһыах», 1963 с. «Тааттаҕа»,  «Туруйа», 1967 с. «Кэргэммэр», «Ырыам аргыс буолуохтун» диэн саҥа ырыалары айан, республикатааҕы фестивалларга кыттан үрдүк ситиһиилэммитэ. 1957 с. Москваҕа буолбут Саха АССР литературатын уонна искусствотын биэчэрдэрин, 1972 с. Башкирияҕа уонна Москваҕа ыытыллыбыт Саха АССР литературатын уонна искусствотын күннэрин биир актыыбынай кыттыылааҕа этэ. 1972 с. кини 24 ырыата пластинкаҕа уһуллан республика тас өттүгэр тиийэ тарҕаммыта, сорох ырыалара магнитофон лиэнтэтигэр, нота лиистэригэр суруллан тэрилтэлэр фондаларыгар ууруллан сыталлар. 1968 с. «Кругозор» диэн аан дойдутааҕы сурунаалга кини ырыата сахалартан бастакынан тахсыбыта.

Игнатий Игнатьевич ырыа айан ыллыырын таһынан Таатта народнай театрыгар артыыс, режиссер уонна салайааччы быһыытынан биллэр-көстөр үлэни ыыппыта. П. Ойуунускай «Кыһыл Ойуун», М. Обутова-Эверстова «Күөрэгэй», Суорун Омоллоон «Күкүр Уус» драмаларын туруорбута уонна сүрүн оруоллары бэйэтэ ситиһиилээхтик толорбута. 1973 с. туруорбут И. Избеков «Сыгый Кырынаастыыр» драмата Бүтүн Россиятааҕы народнай театрдары көрүүгэ Илин Сибиир зонатыгар Улан-Үдэ куоракка кыттан лауреат үрдүк аатын ылбыта.

Кини олохтоох ааптар быһыытынан эмиэ биллэр. Ырыаларын тылын үксүн бэйэтэ айара, ону таһынан «Скрипка», «Кыараҕас хоско», «Мичийэ уонна Мичээр» диэн кэпсээннэри суруйбута ааҕааччылар сэҥээриилэрин ылбыта.

Игнатий Игнатьевич 1958 с. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. 1968 с. Саха АССР культуратын уонна искусствотын сайдыытыгар ситиһиилээх үлэтин иһин киниэхэ Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитин аата иҥэриллибитэ.

Сүрүн үлэтинэн 1961 с. коммунистическай үлэ ударнига буолбута, 1963 с. ССРС Гидрометсулууспатын «Социалистическай куоталаһыы туйгуна» значогунан наҕараадаламмыта.

           Кинигэлэрэ

  Хомуурунньук : И. И. Слепцов — Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, мелодист, автор ырыалара / Таатта оройуонун культураҕа отделын методическай киинэ : [буклет]. – Ытык Күөл : [и.с.], 1990. – 24 л. https://ytybibl.ru/index.php/poisk-knig/115/view_bl/69/iskusstvo/637/khomuurunnuk?tab=getmybooksTab&is_show_data=1

Ырыам аргыс буолуохтун : [ыpыанньык] / хомуйан оҥордулар: Д. Д. Данилов, А. Н. Семенов ; [нотаты оҥордо И. С. Баишев ; киирии тыл автора Н. Андросов] ; Республикатааҕы норуот айымньытын дьиэтэ. – Дьокуускай : Полиграфист, 1994. – 38, [1] с. : нот.

 Аҕаа кэпсэтиэх… И. И. Слепцов, А. И. Слепцов кэпсээннэрин, хоһооннорун хомуурунньуга [хомуйан оҥордо А. И. Слепцов ; редактор Б. И. Павлов]. – Дьокуускай : Көмүөл, 2009. – 76 с. https://ytybibl.ru/index.php/poisk-knig/115/view_bl/52/khudozhestvennaya-literatura/234/a-aa-kepsetiekh?tab=getmybooksTab&is_show_data=1

 Умса бырах, тиэрэ бырах… : кэпсээн, хоһоон хомуурунньуга / И. И. Слепцов, А. И. Слепцов. – Дьокуускай : Бичик, 2012. – 96-64 с. https://ytybibl.ru/index.php/poisk-knig/115/view_bl/52/khudozhestvennaya-literatura/206/tiere-byrakh?tab=getmybooksTab&is_show_data=1

Кини туһунан

 Слепцова, А. П. Ырыа аргыстаммыт олох / А. П. Слепцова, П. Х. Андросов. – Ытык Күөл : ООО «Татта полиграф», 2002. – 119, [4] с. ил. ; 2012. – 127 с. : ил. https://ytybibl.ru/index.php/poisk-knig/115/view_bl/69/iskusstvo/118/yrya-argystammyt-olokh?tab=getmybooksTab&is_show_data=1

Слепцова, А. П. Ырыа аргыстаммыт олох / А. П. Слепцова, П. Х. Андросов. – 2-с тахсыыта. – Ытык Күөл : ООО «Татта полиграф», [2009]. – 128, [4] с. ил. ; 2012. – 127 с. : ил.

***

Таатта улууһа. 100 сыл. 100 суруйааччы / бырайыак ааптара, редактор А. Ф. Постников-Сындыыс ; хомуйан оҥордулар: П. Е. Самсонов [уо.д.а.] ; [аан тыл М. А. Протодьяконов]. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2012. – 362 с. – С. 334-336.

Кыайыы кынаттаах Албан аат — тыыннаах : [4 кинигэлээх] / хомуйан оҥордо С. И. Беркина ; редактор И. А. Сивцева ; [киирии тыл: И. А. Сивцева, М. М. Соров, С. И. Беркина]. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2015. – 2-с кинигэ : Тыылга Кыайыыны уһансыбыттар. – 668 с. : ил. – С. 597.

Таатта — 2019 : ытык-бэлиэ күннэр / «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон, Таатта улууһун библиотекаларын кииннэммит ситимэ. И. А. Аргунов аатынан Ытык Күөл киин библиотеката, Таатта улууһун кыраайы үөрэтээччилэрин көҥүл түмсүүтэ ; хомуйан оҥордо Е. И. Шестакова ; Тааттатааҕы муниципальнай архыып сэбиэдиссэйэ Л. П. Слепцова бэлэмнээбит матырыйааллара туһанылыннылар ; кинигэ тахсарыгар эппиэттээх А. К. Билюкина. – Ытык Күөл : [и.с.], 2019. – 125 с. : ил. – Библиогр.: с. 61-62 (30 назв.). – С. 60-63.

Энциклопедия культуры и искусства Якутии / Министерство культуры и искусства и духовного развития Республики Саха (Якутия) ; составители: В. А. Босиков [и др.] ; редколлегия: В. А. Босиков (главный редактор) [и др.]. – Якутск : Бичик, 2011. – 608 с. – С. 465-466.

 Киэҥник биллэр ырыалара

 Тааттаҕа. И. Слепцов тыллара уонна мелодията

Күөрэгэй. И. Слепцов тыллара уонна мелодията

Ырыам аргыс буолуохтун. И. Слепцов тыллара уонна мелодията

Киэн тутта ыллыыбын. И. Слепцов тыллара уонна мелодията

Кэргэммэр. И. Слепцов тыллара уонна мелодията

Олус да тупсубуккун. И. Слепцов тыллара уонна мелодията

Кэҕэ. И. Слепцов тыллара уонна мелодията

Сибиэтэ. С. Данилов тыллара, И. Слепцов мелодията

Аҕынным. И. Слепцов тыллара уонна мелодията

Томторго. И. Слепцов тыллара уонна мелодията

Тулаайах туруйа. И. Слепцов тыллара уонна мелодията уо. д. а.