1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (3 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...
97 просмотров

Сардана Платоновна Ойунская төрөөбүтэ 90 сылыгар

Сардана Платоновна Ойунская төрөөбүтэ 90 сылыгар

 (06.09.1934 — 13.07.2007)

 Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ,

филологическай наука кандидата,

СР  культуратын үтүөлээх үлэһитэ,

П.А. Ойуунускай аатынан СР Государственнай бириэмийэтин лауреата,

Таатта уонна Чурапчы улуустарын бочуоттаах гражданина

Сардаана Платоновна 1934 с. балаҕан ыйын 6 к. Москва куоракка П.А. Ойуунускай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата  хаайылларыгар 3 саастааҕа. Ийэлэрин Акулина Николаевнаны норуот өстөөҕүн кэргэнэ диэн ханна да үлэҕэ ылбакка эрэйдээбиттэрэ. В.А. Протодьяконов-Кулантай үп наркомунан үлэлии олорон ийэлэрин сберкассаҕа үлэҕэ ылалларыгар көмөлөспүтэ. 1940 с.  Н.Н. Павлов-Тыаһыт үс оҕолоох, бэйэтэ ыарыһах, норуот өстөөҕө аатыра сылдьар Акулина Николаевнаны  кэргэн ылбыта. Сэрии саҕана Николай Николаевич хаайыллыбытын кэннэ ийэлэрэ тыҥатынан улаханнык ыалдьан балыыһаҕа эмтэнэ киирбитигэр Сардааналааҕы НКВД детприемнигар ылбыттара. Онно кинилэр 6 ый олорбуттара. 1943 с. ийэтин дойдутугар Чурапчыга көһөн кэлбиттэрэ. Үөрэҕэр үчүгэй, оскуола олоҕор актыыбынайдык кыттар Сардаана пионер буолбута, кэлин комсомол кэккэтигэр киирбитэ. Орто оскуоланы 1954 с. бүтэрэн 1957 с. университекка нуучча тылын факультетыгар үөрэнэ киирбитэ.

1962 с. Саха государственнай университетын  бүтэриэҕиттэн, тапталлаах аҕата П.А. Ойуунускай тэрийбит, билиҥҥитэ Гуманитарнай чинчийии институтугар айымньылаахтык уонна үтүө суобастаахтык үлэлээн саха науката, культурата сайдарыгар бэйэтин дьоһун кылаатын киллэрбитэ. Кини бастаан фольклор салаатыгар саха норуотун  уус-уран айымньыларын дириҥник үөрэтэн, ырытан, тылбаастаан хас да кинигэ, хомуурунньук тахсарыгар ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Ол курдук «Саха таабырыннара» (1975), «Саха норуотун ырыалара-тойуктара» (1982), «Саха остуоруйалара» диэн икки тылынан (1976, 1977, 1980) тахсыбыт хомуурунньуктар бэчээттэниилэригэр быһаччы кыттыыны ылбыта. 1986 с. Алма-Ата куоракка биллиилээх фольклорист Б.Н. Путилов салалтатынан «Саха норуотун таабырыннара» диэн темаҕа кандидатскай диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Кэлин Сардаана Платоновна «Памятники фольклора народов Сибири и Востока» диэн серияҕа кыттан, «Кыыс Дэбилийэ» уонна «Модун Эр соҕотох» диэн героическай эпостары бэчээккэ бэлэмнээн, аан тылы суруйан, тылбаастаһан бэрт улахан суолталаах үлэни толорбута. Бу үлэлэр түүр омуктар фольклордарын аан дойду таһымыгар таһаарыыга олук уурсубуттара.

Гуманитарнай институт иһинэн П.А. Ойуунускай суруйан хаалларбыт айымньыларын хомуйар, үөрэтэр уонна бэчээккэ бэлэмниир сыалтан институт директора В.Н. Иванов быһаччы салайыытынан анал фонд тэриллибитэ. Онтон ыла Сардаана Платоновна литературоведтар отделларыгар көһөн, сүүрбэччэ сыл бу фонд салайааччытынан үлэлээбитэ. Ол түмүгэр аҕатын 3 томнаах айымньыларын хомуурунньуга аан тыллаах, хос быһаарыылаах, комментарийдаах бэлэмнэнэн күн сирин көрбүтэ. Аатырбыт «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону биир кинигэнэн толору бэчээккэ таһаарбыта. Аҕатын баай нэһилиэстибэтин норуокка тиэрдии, үйэтитии кини олоҕун сыала-соруга буолбута уонна ону чиэстээхтик толорбута.

Кини бэйэтэ эмиэ айар талааннааҕа, хоһоон, эссе суруйара, «Хоочугур уола Былатыан» поэмата, «Дойдум, Таатта, дорообо!» айымньылара ааҕааччылар сэҥээриилэрин ылбыттара. Аҕатын туһунан ахтыылара, «Аҕам сырдык аата» диэн кинигэтэ 1999 уонна 2003 сс. иккитэ бэчээттэнэн Платон Алексеевич Ойуунускай үтүө аатын үйэтитиигэ дьоһун үлэлэринэн буолбуттара.

Сардаана Платоновна — учуонай-фольклорист, литературовед, филологическай наука кандидата, Россия Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан СР Государственнай бириэмийэтин лауреата, СР Духуобунаһын академиятын академига, Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Таатта уонна Чурапчы улуустарын бочуоттаах гражданина.

Кинигэлэрэ

Көҥүл ырыата / П. А. Ойуунускай ; хомуйан оҥордо С. П. Ойунская. – Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1968. – 440 с.

Саха таабырыннара = Якутские загадки / таабырыннары түмэн тылбаастаата, аан тылын суруйда, комментарийын оҥордо С. П. Ойунская ; научнай редактор Н. В. Емельянов ; художник А. П. Мунхалов ; ССРС Наукаларын Академията. Сибиирдээҕи салаа, Саха сиринээҕи филология, Тыл, литература уонна история института. – Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1975. – 374, [2] с.

 Саха народнай ырыалара = Якутские народные песни / составители: С. П. Ойунская [и др.]. – Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1976. – 230 с.

Киһи тыла — ох : таабырыннар, өс хоһоонноро / хомуйан оҥордулар: Горохов С. И., Ефремов П. Е., Ойунская С. П. ; редактор В. А. Тарабукин. – Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1982. – 52, [4] с.

Саха народнай ырыалара: IV чааһа / С. П. Ойунская оҥордо; Научнай редактор Н. В. Емельянов; Р. Р. Киренскэй уруһуйдара. – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1983. – 280 с.

   Аҕам сырдык аата : поэмалар, эссе, ыстатыйалар уонна ахтыылар. – Дьокуускай : Бичик, 1999. – 286 с. ; То же [2-с тахсыыта]. – Дьокуускай : Бичик, 2003. – 335 с.

 Саха таабырыннара = Якутские загадки / хомуйан оҥордулар: С. П. Ойунская, Е. П. Чехордуна. – Дьокуускай : Бичик, 2002. – 176 с.

Дьулуруйар Ньургун Боотур : олоҥхо / П. А. Ойуунускай ; бэчээккэ бэлэмнээтилэр: П. Н. Дмитриев, С. П. Ойунская. – Дьокуускай : Сахаполиграфиздат, 2003. – 544 с.

 «Мин аатым ааттаныа…» : (П. А. Ойуунускай туһунан ахтыылар) / хомуйан оҥордулар: И. Е. Федосеев, С. П. Ойунская ; Саха Республикатын наукаларын Академията, Гуманитарнай чинчийии института. – Дьокуускай : Изд-во СО РАН ЯФ, 2003. – 336 с.

Кууһума : сэһэннэр, ахтыылар / Тыаһыт ; хомуйан оҥордо С. П. Ойунская. – Дьокуускай : Бичик, 2004. – 256 с.

***

Якутские народные песни / [автор вступительной статьи С. П. Ойунская] ; перевод А. Плитченко ; художник Е. Заболоцкая]. – Якутск : Книжное издательство, 1988. – 285, [1] с. : ил.

Якутские народные загадки : специфика жанра / ответственный редактор Н. В. Емельянов ; Российская академия наук / Сибирское отделение, Якутский научный центр, Институт языка, литературы и истории. – Санкт-Петербург : Наука. Санкт-Петербургское отделение, 1992. – 110, [1] с.

 Кыыс Дэбилийэ : якутский героический эпос / Российская академия наук. Сибирское отделение, Институт филологии ; сказитель Н. П. Бурнашев ; подготовка текста: П. Н. Дмитриева, В. В. Илларионова, А. Д. Нестеревой ; перевод Н. В. Емельянова, П. Е. Ефремова, С. П. Ойунской ; вступительные статьи: Н. В. Емельянова, В. Т. Петрова ; музыковедческая статья А. П. Решетниковой. – Новосибирск : Наука, 1993. – 326, [2] c. : ил., нот. – (Памятники фольклора народов Сибири и Дальнего Востока / редколлегия: … А. П. Деревянко (гл. ред) [и др.].

Могучий Эр Соготох : якутский героический эпос = Модун Эр Соҕотох : олоҥхо / Российская академия наук. Сибирское отделение, Институт филологии ; сказитель В. О. Каратаев ; перевод П. Е. Ефремова, С. П. Ойунской, Н. В. Емельянова ; вступительные статьи Н. В. Емельянова, С. П. Рожнова ; музыковедческая статья Э. Е. Алексеева. – Новосибирск : Наука, Сибирская издательская фирма РАН, 1996. – 437, [2] с. : ил., нот. – (Памятники фольклора народов Сибири и Дальнего Востока / редколлегия: А. П. Деревянко (гл. ред) [и др.] ; т. 10).

 П. А. Ойунский и Якутский театр : (заметки, эссе, воспоминания) / Академия наук Республики Саха (Якутия), Институт гуманитарных исследований. – Якутск : ЧИП Ли В. Г., 2003. – 73 с. : ил.

Кини туһунан

  Сырдыгынан сыдьаайан… : ахтыылар / [хомуйан оҥордулар: Д. Е. Васильева, Л. Н. Романова ; киирии тылы суруйда Д. Е. Васильева]. – Дьокуускай : Бичик, 2008. — 143, [1] с., [8] л. ил.

Таатта улууһа. 100 сыл, 100 суруйааччы / бырайыак ааптара, редактор А. Ф. Постников-Сындыыс ; хомуйан оҥордулар: П. Е. Самсонов [уо.д.а.] ; аан тыл М. А. Протодьяконов. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2012. – 362 с. – С. 123-127.

Таатта улууһун бочуоттаах гражданиннара : [биографическай ыйынньык] / кинигэ идеятын ааптара А. К. Посельская ; хомуйан оҥордулар: Е. И. Софронова, Н. С. Иовлев. – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2015. – 110 с. – С. 70.

Таатта — 2019 : ытык-бэлиэ күннэр / «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон, Таатта улууһун библиотекаларын кииннэммит ситимэ. И. А. Аргунов аатынан Ытык Күөл киин библиотеката, Таатта улууһун кыраайы үөрэтээччилэрин көҥүл түмсүүтэ ; хомуйан оҥордо Е. И. Шестакова ; Тааттатааҕы муниципальнай архыып сэбиэдиссэйэ Л. П. Слепцова бэлэмнээбит матырыйааллара туһанылыннылар ; кинигэ тахсарыгар эппиэттээх А. К. Билюкина. – Ытык Күөл : [и.с.], 2019. – 125 с. : ил. – Библиогр.: с. 70-75 (48 назв.). – С. 69-70.

Якутия — 2004 : календарь знаменательных и памятных дат / Национальная библиотека Республики Саха (Якутия). Центр национальной и краеведческой библиографии, Отдел ретроспективной национальной и краеведческой библиографии ; составители: Я. А. Захарова, Л. И. Кондакова ; редактор Т. С. Максимова. – Якутск : Сахаполиграфиздат, 2003. – 160 с. – Библиогр.: с. 103-104 (27 назв.). – С. 101-104.

Ученые-исследователи Института гуманитарных исследований Академии наук РС (Я) : биобиблиографический справочник / составители: Е. П. Антонов [и др.]. – Якутск : ИГИ АН РС (Я), 2005. – 288 с. : ил. – С. 193-194.

XXI век — век общества Знания / Саха (Якутская) республиканская организация общества «Знание» России ; составитель В. Т. Иванов ; ответственные редакторы: К. И. Иванова, В. А. Максимов. – Якутск : Бичик, 2006. – 224 с. : ил. – С. 165-166.

Трудовая слава Якутии : почетные граждане Республики Саха (Якутия), городов и улусов / Правительство Республики Саха (Якутия) ; авторы-составители: М. П. Габышев, К. Е. Павлов. – Якутск : Сахаполиграфиздат, 2006. – Т. 2. – 472 с. : ил. – С. 244.

Романова, Л. Н. 75 лет со дня рождения С. П. Ойунской, заслуженного работника культуры РС (Я), лауреата Государственной премии РС (Я) им. П. А. Ойунского, кандидата филологических наук, фольклориста, литературоведа / Л. Н. Романова // Якутия-2009 : календарь знаменательных и памятных дат. – Якутск, 2009. – С. 117-120.

Якутия2009 : календарь знаменательных и памятных дат / Национальная библиотека Республики Саха (Якутия). Центр национальной и краеведческой библиографии, Отдел ретроспективной национальной и краеведческой библиографии ; составитель Л. Г. Федорова ; ответственный редактор Т. С. Максимова. – Якутск : Бичик, 2009. – 184 с. – Библиогр.: с. 119-120 (18 назв.). – С. 117-120.

Энциклопедия культуры и искусства Якутии / Министерство культуры и искусства и духовного развития Республики Саха (Якутия) ; составители: В. А. Босиков [и др.] ; редколлегия: В. А. Босиков (главный редактор) [и др.]. – Якутск : Бичик, 2011. – 608 с. – С. 352.

Энциклопедический словарь Якутии / Академия наук Республики Саха (Якутия) ; главный редактор доктор экономических наук Е. А. Борисов ; заместитель главного редактора доктор исторических наук А. И. Гоголев ; члены научно-редакционной коллегии: доктор исторических наук А. Н. Алексеев [и др.]. – Новосибирск : Наука, 2018. – 520 с. – С. 286.

Писатели Якутии : биобиблиографический справочник / Министерство культуры и духовного развития Республики Саха (Якутия), Ассоциация писателей Якутии, Национальная библиотека Республики Саха (Якутия) ; автор-составитель В. Н. Павлова ; редакционная коллегия: О. Г. Сидоров [и др.] ; в сборе материалов принимали участие: Е. В. Слепцова-Куорсуннаах, Г. А. Фролова, Л. А. Баишева-Федорова ; ответственный за выпуск, [автор предисловия] О. Г. Сидоров. – Якутск, 2019. – С. 422-423.